06.04.2024 | 14:00

Дьоллоох сыһыан харгыстарыттан босхолонуу

Дьоллоох сыһыан харгыстарыттан босхолонуу
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Фэншуйунан утуйар хос олох эниэргийэтин күүһүрдэр сиринэн буолар. Утуйар хос уоскутар, ону тэҥэ умсугуйууну уһугуннарар буолуохтаах. Иирсии-айдаарсыы, сыһыан тымныйыытын, арахсыы төрдө утуйар хоско баар буолуон сөп. Онон утуйар хоспутуттан тапталы төттөрү төлкөлүүр бэлиэлэри киэр кыйдыаххайыҥ.

 

- Соҕотох сүрэхтээх уруһуйу эбэтэр атын оҥоһугу – таптал икки сүрэх бэлиэлээҕин умнума.

- Соҕотох кыыс уруһуйун эбэтэр атын оҥоһугу – ити хаһан да бүппэт соҕотохсуйууну бэлиэтиир.

- Түүлгэ, таптаһыыга уонна сынньалаҥҥа сыһыана суох маллары (холобура, суруйар остуолу, кинигэ долбуурун, компьютеры, тэлэбиисэри, спордунан дьарыктанар тэриллэри, төлөпүөнү).

- Сүүнэ улахан миэбэли, аһаҕас долбуурдаах кинигэ ыскаабын.

- Урукку таптыыр киһиҥ хаартыскаларын, суруктарын, аккырыыккаларын, анабылларын. Итилэр саҥа олоҕу оҥосторгутун мэһэйдииллэр, онон таһаҕас оҥостубаккаҕыт быраҕыҥ. Эһиэхэ ким ордук суолталааҕын быһаарыҥ – урукку эбэтэр билиҥҥи тапталгыт уонна талыҥ.

- Арахсыы арыаллаах, туора хаамыы тойуктаах кинигэлэри.

- Сытыыны, иннэлээҕи, уһуктааҕы, хатыылааҕы барытын – кактустары, сытыы сороҕолоох люстраны (манна даҕатан эттэххэ, өскөтүн люстра эһиги төбөҕүт үрдүгэр ыйанан турар буоллаҕына, плафоннарга уларытыахха наада).

- Урукку тапталлааххыт малын-салын.

- Ахтылҕанынан уонна мунчаарыынан туолбут ырыаны-тойугу.

- Хайа барбыт уонна эмтэрийбит оҥоһуктары.

- Быылы, кири-хоҕу, ыһыллыыны-тоҕуллууну, бөҕү-саҕы, утуйар уонна кэтэр таҥас курсуйбут сытын – кирдээхтиин кир киксэр, ыраастыын ыраас ыаллаһар.

- Бороҥуй уоту – ыарахан тыыннаах салгыны үөскэтэр.

- Хара, халлаан күөх өҥнөөх, туох эмэ сытыылаах эбэтэр суоһурҕанар кыыл уруһуйдаах (холобура, адьырҕалар: тыатааҕы, баабыр, леопард) утуйар таҥаһы.

- Уу бэлиэлэрин (аквариуму, фонтаны, уу уруһуйдаах хартыынаны).

- Тапталлааххыт хаһан эрэ бэлэхтээбит хатан хаалбыт сибэккитин дьөрбөтүн – тапталгыт уоҕа суох буолар, кэхтэр кутталланар.

- Дьиэ үрдүнээҕи сиэркилэни, кэргэнниилэр күлүктэрин көрдөрөр сиэркилэлээх ыскаабы. Икки киһи оннугар түөрт киһини көрүү –таҥнарыыны төрүөттүүр саамай күүстээх бэлиэ.

- Балкоҥҥа тахсар ааны – итини уҕарытарга аан үрдүгэр “тыал муусукатын” ыйыахха сөп.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Биэнсийэлээхтэргэ туох көмө баарый?
Сонуннар | 09.11.2024 | 10:00
Биэнсийэлээхтэргэ туох көмө баарый?
Быйылгыттан 100 сааһын туолбут ытык кырдьаҕастарга 1 мөл. солк. харчы төлөнөр буолбута. Биэнсийэлээхтэргэ өрөспүүбүлүкэ уонна дойду таһымнаах өссө ханнык өйөбүллэр баалларый?   Үлэ бэтэрээннэригэр Үлэ бэтэрээннэригэр, 55 саастарын туолбут эр дьоҥҥо уонна 50 саастарын туолбут дьахталларга, социальнай өйөбүл тугу үлэлээбиттэриттэн тутулуга суох көрүллүөхтээх.   Биэнсийэҕэ эбии 1226 солк. төлөнөр, сайабылыанньаҕытын МФЦ-га эбэтэр...
Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Дьон | 21.11.2024 | 12:00
Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Суруналыыс кэпсэтэр киһитин кытта кини олоҕун, үөрүүтүн, үлэтин-хамнаһын, кыһалҕатын тэҥинэн үллэстэр. Оннук эрэ сүрэҕэр чугастык ылынан суруйдаҕына, ааҕааччыга тиийэр ыстатыйа тахсар. Мин Александрдыын кэпсэтэрбэр, чэчэгэйим кэйиэлээн, төбөм ыараан да ылбыта, сотору атаҕын быстарын кэпсиир, ону хайдах эрэ тулуйан истибит киһи дии олорбутум. Хараҕым уута да сүүрэрэ, күөмэйбин туох эрэ кэлэн...
Тулагыга «Икки булчут» скульптура баар буолла
Сонуннар | 12.11.2024 | 17:14
Тулагыга «Икки булчут» скульптура баар буолла
Баай Байанай ыйыгар түбэһиннэрэн, сэтинньи 9 күнүгэр Тулагы Киллэм нэһилиэгэр «Икки булчут» пааматынньык үөрүүлээх арыллыытын Тулагы оскуолатын үөрэнээччилэрэ киинэҕэ устаннар, сурукка тиһэннэр, нэһилиэк биир бэлиэ түгэнин үйэтиттилэр. Муниципальнай хантараак чэрчитинэн боруонсаттан кутуллубут скульптурнай композиция ааптарынан Арассыыйа худуоһунньуктарын сойууһун чилиэнэ Роман Викторович Босов буолар. Композицияҕа уончалаах уолчаан убайын таҥаһын кэтэн, бобуччу...
Кэлэр нэдиэлэттэн, сэтинньи 18 күнүттэн, куорат оптуобустара саҥардыллыбыт схеманан айанныахтара
Сонуннар | 14.11.2024 | 14:28
Кэлэр нэдиэлэттэн, сэтинньи 18 күнүттэн, куорат оптуобустара саҥардыллыбыт схеманан айанныахтара
Сэтинньи 18 күнүттэн куорат уопсастыбаннай тырааныспарын ситимин уларытыы бырайыагын маҥнайгы түһүмэҕин быһыытынан бастакынан 2, 4, 5, 6, 7, 14, 16, 19, 35 №№-дээх оптуобустар саҥардыллыбыт схеманан айаннаан саҕалыахтара. Быйылгыттан маны кытта икки урут суох, саҥа маршрут киирдэ – 11 №-дээх уонна 12 №-дээх. Санатар буоллахха, 11 №-дээх маршрут алтынньы 14...