09.03.2024 | 10:00

Дьокуускайтан ырааппакка

Дьокуускайтан ырааппакка
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Кэлиҥҥи сылларга уопсастыбаннай туоналары тэрийиигэ, кыбаарталларга тиэргэннэри тупсарыыга дьоһун үлэ ыытыллар. Онон үүммүт сааскы ылааҥы күннэри көхтөөхтүк, сэргэхтик атаарарга усулуобуйа элбэх – сыырдарга, оҕо балаһааккаларыгар, катоктарга, хайыһар суолугар. Оттон бэйэ бас билэр хаҥкылаах, хайыһардаах буоллахха, үгүс сиргэ киириитэ босхо. 
(Куорат кытыытынааҕы нэһилиэктэргэ катоктар кулун тутар ортотуттан арыллан барыахтара).

Хаҥкылаан сырылатыахха

 

Сайсары күөлгэ

Ыраас муустаах, киэһэтин араас өҥүнэн оонньуур гирляндалаах, үрдүк хаар күрүөлээх улахан каток “Триумф” спорт комплексын таһынааҕы күргэ аннынан Сайсары күөлгэ үлэлээтэ.

Куорат үрдүнэн бу эрэ катокка киирии төлөбүрдээх буолан биэрдэ – 150 солк. Каток ааныгар икки харабыл уол турар.

Хаҥкыны уларсыы – 1 чааһа 250 солк.

Прокаттыыр дьиэлэригэр атах таҥаһын уларыттыахха сөп эрээри, гардеробка курдук туппаттар эбит. Дьон мала-сала истиэнэни кыйа тэлгэнэ сытар.

Таалай күөлгэ

Таалай күөлгэ үгэс буолбут каток тигинэччи үлэлии турар. Хаҥкы уларсык ылыы эмиэ 250 солк., уларсарга солуок буолар пааспары, массыына докумуоннарын эбэтэр суотабай төлөпүөнү хайаан да туттарыахтааххыт.

Күөл кытыытынан атах таҥаһын уларыттарга, олоро да түһэргэ аналлаах ыскамыайкалары кэчигирэппиттэр. Хаҥкыһыттар атахтарын таҥаһын манна тоҥуу хаарга быраҕаттаабыттар, атын туттарар сылаас сир суох.

Каток бэйэтэ мууһа ыраас эрээри, кыра хаардаах – ол аата хатааһылыырга, ордук үчүгэйдик сатаабат дьоҥҥо, син тирэхтээх буолар.

Мантан чугас кафелар, төлөбүрдээх сылаас туалет, Водянова балаһаакката баар буолан, куорат хабыллар хаба ортотугар да турарынан,  – бары өттүнэн табыгастаах каток.

Маны таһынан, Таалайга Киин уокурук управатын күүһүнэн сыллата муус сыырдар оҥоһуллан, оҕо аймаҕы дьоллууллар – босхо сыырга быстыбат уочарат субуллар.

Арай сыллата кыаллыбат биир кыһалҕа баар – катокка түһүүгэ кирилиэс суох. Былырыын сезон арыллыбыта быданнаабытын кэннэ да буоллар кирилиэс туруорбуттара, кэмигэр ыраастаабакка, начаас муус буола килэйбитэ.

Щорс күөлүгэр

Щорс күөлүгэр куорат үрдүнэн саамай ыраас, килэркэй каток кутуллубут. Бу Уһук Илиҥҥэ саамай улахан иэннээх каток дииллэр.

Бэйэ хаҥкылаахтарга манна киириитэ босхо, уларсык ылыы – биир чааһа 250 солк.

Щорс күөлүн катогар эрэ “пингвин” диэн тэрили уларсыахха сөп – биир чааһа 150 солк. Көрдөххө, бэрт судургу, пластик турбанан бэйэ оҥоһуга. Маны үтэ сылдьан, сатаабат да киһи хаҥкылыан сөп.

Күөлгэ Бааһынай ырыынагын диэкинэн кирилиэһинэн киирэр табыгастаах.

202-ис дьоҕус оройуоҥҥа

“Северное сияние” муус пааркаҕа хаҥкылыахха, тюбиҥҥа, зорбка, банааҥҥа, квадроциклга хатааһылыахха, муус сыыртан сырылыахха сөп.

Манна сыллата муус, хаар оҥоһуктар тураллар. Итии киллэринэргэ кафе үлэлиир.

Сарсыарда 11:00 чаастан киэһэ 19:00 чааска диэри үлэлиир.

Киирии билиэт сыаната улахан дьоҥҥо – 250 солк., оҕолорго – 150 солк. 5-гэр диэри саастаах оҕолор босхо киирэллэр.

Элбэх оҕолоохторго, доруобуйаларынан хааччахтаах дьоҥҥо чэпчэтиилээх. 

Хайыһардаан дайыахха

Хайыһар проката Култуура уонна сынньалаҥ пааркатыгар баар.

Быйыл сыаната үрдээбит, 1,5 чааһа улахан дьоҥҥо 250 солк. буолбут, 12 сааһыгар диэри оҕолорго – 150 солк. Элбэх оҕолоохторго уонна биэнсийэлээхтэргэ – 120 солк., дастабырыанньаҕытын булгуччу көрдөрүөхтээххит.

Хайыһары тоһуттахха, ыстараап олохтоммут – 3500 солк., хаалыгы тоһуттахха – 400 солк.

Оттон бэйэ хайыһардаах дьон Сайсары күөлгэ уонна Күөх Хонууга барыаххытын сөп, онно хайыһар суола үктэнэн сытар.

Сноуборд уонна хайаттан хайыһардааһын

Хайаттан таҥнары хайыһардааһын уонна сноуборд – көхтөөх сынньалаҥ аныгы көрүҥнэрэ дьоҥҥо ордук биһирэнэр буоллулар. Дьокуускайтан чугас хас да туркомплекс маннык сынньалаҥ өҥөтүн оҥорор.

“Бэс тумус”

Бүлүүлүүр суол 26 км баар. Манна дьиэ куортамныахха сөп. Хайыһар уларсык ылыы – биир чааһа 250 солк., маны таһынан тюбинг уонна ледянка уларсыахха сөп.

 

“Төхтүр”

Покровскайдыыр суол 46 км турар спортивнай-саататар комплекс. Дьиэ кэргэнинэн сынньанарга табыгастаах.

3 араас трассалаах: аччыгый – саҥа саҕалааччыларга, киин уонна улахан трассалара – идэтийбит сноубордистарга уонна хайыһардьыттарга.

Сноуборд, хайа хайыһарын уларсык ылыахха сөп. Сыаната көрүҥүттэн көрөн араастаһар.

 Хайаҕа үөһэ тахсарга подъемник үлэлиир. Маны тэҥэ сноутюбинг, швейцария салааската, хаарынан айанныыр кыһыҥҥы бананнар, снегоходтар, оҕо балаһаакката, кафе, куортамҥа бэриллэр дьиэлэр, Муус периодун паарката бааллар.

Беседкалары, мангаллаах зоналары кытта куортамныахха сөп.

 

“Вираж”

“Чочур Муран” тохтобултан 10  мүнүүтэ сатыы хааман тиийэҕит. Сноубордунан, хайыһарынан түһэргэ икки трасса баар, усталара 450 миэтэрэ.

Бэйэтэ экипировкалаах киһи киирэрэ – 200 солк.

Сноуборд, хайыһар уларсык ылыы – биир чааһа 400 солк., күн устата ылар буоллахха – 1500 солк.

Оҕо тэрилин уларсык ылыы – 300 солк.

Снегоходунан үөһээ айаннатан тахсыы – 2000 солк. биир киһиттэн.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Дьон | 21.11.2024 | 12:00
Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Суруналыыс кэпсэтэр киһитин кытта кини олоҕун, үөрүүтүн, үлэтин-хамнаһын, кыһалҕатын тэҥинэн үллэстэр. Оннук эрэ сүрэҕэр чугастык ылынан суруйдаҕына, ааҕааччыга тиийэр ыстатыйа тахсар. Мин Александрдыын кэпсэтэрбэр, чэчэгэйим кэйиэлээн, төбөм ыараан да ылбыта, сотору атаҕын быстарын кэпсиир, ону хайдах эрэ тулуйан истибит киһи дии олорбутум. Хараҕым уута да сүүрэрэ, күөмэйбин туох эрэ кэлэн...
Аҕаа, бырастыы
Сынньалаңңа | 27.11.2024 | 10:00
Аҕаа, бырастыы
Уйбаан нэһиилэ сэттис этээскэ сынньана-сынньана кирилиэһинэн тахсан, кыыһа олорор ааныгар кэлэн, оргууй соҕус тоҥсуйда. Баҕардар дьиэҕэ ким да суоҕа дуу дии санаан, кулгааҕын ааҥҥа даҕайан иһиллээн тура түстэ. Киһи атаҕын тыаһа хааман кэлэн, сиэнэ уол куолаһа нууччалыы: «Кто там?» – диэн ыйыппытыгар: – Мин. Тоойуом, мин кэллим, ааҥҥын арый, –...
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Сытыы муннук | 28.11.2024 | 14:00
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Үөһээ Бүлүү улууһун Маҥаас нэһилиэгин 9 оҕолоох ыалын улахан уола Байбал Васильев оҕо эрдэҕиттэн эппиэтинэскэ үөрэммитэ, хайдахтаах да уустуктан чаҕыйбат, кыраларга холобур буола улааппыта күн бүгүнүгэр  диэри биллэр. Ытык киһибит быйыл 75-с хаарын санныгар түһэрдэ, сааһырда. Ол эрээри олоххо киллэрбит кыһыннары кымыстыыр дьарыгын тохтотуон, өбүгэ кымыстыыр үгэһин үйэтитэр баҕатыттан аккаастаныан...
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сынньалаңңа | 25.11.2024 | 23:17
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сардаана куруук да холку-наҕыл бэйэтэ, мэктиэтигэр хараҕын уута биллэ-көстө ыгыллан тахсыар диэри абатыйда. Кыһыйбытын омунугар „үөрүүлээх“ сонуну тиэрдибит суотабайын дьыбааҥҥа элиттэ. Хаарыан былаан!! Күүтүүлээх көрсүһүү хаалла!! Бүгүн үлэтигэр бардаҕына табыллар буолбут!   Саатар, бэҕэһээ биллибитэ буоллар. Түүҥҥү дьуһуурустубатын кэнниттэн сынньаммакка, түүннэри былаачыйа тиктэн „быччайан“ олоруо суох этэ! Кыргыттара төһө эрэ хомойоллор....