03.11.2023 | 12:00

Дьокуускайга — «Синергия» IT-үөрэҕэ

Дьокуускайга — «Синергия» IT-үөрэҕэ
Ааптар: Айталина Софронова
Бөлөххө киир

Урут куруук экэнэмиис, юрист идэлэрэ инники күөҥҥэ сылдьыбыт эбит буоллахтарына, билигин олохпут уларыйан,  IT-идэлэр кэскиллээхтэринэн ааҕыллар буоллулар. Айтишниктар медицинаҕа, бааҥҥа, суруналыыстыкаҕа уонна да атын олоҕу хамсатар  тыын салааларга, этэргэ дылы, көмүскэ тэҥнээхтэр. Кистэл буолбатах, билиҥҥи балысхан сайдыылаах, былдьаһыктаах, үрдүк күүрүүлээх олоххо IT-та суох туох даҕаны кыаллыбат.

Балаҕан ыйын 1 күнүгэр киин куоракка “Синергия”  сыыппара колледжа аһыллыбыта. Бу дойду үрдүнэн 68 бэрэстэбиитэллээх бөдөҥ чааһынай үөрэх тэрилтэтэ. Сүнньүнэн колледжка IT–исписэлиистэри бэлэмнииллэр. Ол курдук анимацияттан саҕалаан цифровой куттал суох буолуутугар диэри араас хайысхалаах аныгы олоххо наадалаах исписэлиистэри такайан таһаараллар.

Күн бэҕэһээ саҥа үөрэх киинин кытта билсэн кэллибит, устудьуоннар санааларын иһиттибит уонна колледж дириэктэрин кытта атах тэпсэ олорон ирэ-хоро кэпсэттибит.

Семен Семенов, Дьокуускай-дааҕы цифровой идэлэр колледжын дириэктэрэ:

— Үөрэх бырагырааматыгар информационнай систиэмэлэр уонна бырагыраамалар, цифровой маркетинг, графическай дизайн, информационнай куттал суох буолуута, анимация уонна мультипликация курдук хайысхалар киирдилэр. Инникитин хайысхабыт кэҥиир чинчилээх, онно үлэлэһэ сылдьабыт. 

Биһиги колледжпытыгар 9-с кылаас кэнниттэн түөрт сыл, онтон 11-с кылаас кэнниттэн үс сыл кэриҥэ үөрэнэллэр.

Быйыл бастакы сылбытыгар барыта 169  устудьуоннаахпыт, эһиил бу сыыппара икки төгүл улаатарын туһугар сыал-сорук туруорабыт. Сүрүннээн Дьокуускай куораттан уонна хоту улуустартан элбэх оҕо быйыл күһүҥҥүттэн билиини сомсо, үөрэнэ кэллэ. Бэлиэтээн этэр буоллахпына, автономнай кэмиэрчэскэйэ суох колледж “Синергия” Арассыыйа үрдүнэн бастакы буолар.

— Тоҕо биһиги куораппытын талбыттарый?

— Бу ыйытыыга маннык хоруйдуом: тоҕо  диэтэххэ биһиги өрөспүүбүлүкэбит IT-хайысхатыгар уонна креативнай индустрияҕа улахан болҕомтону уурар. Ити эйгэҕэ туспа торум оҥоһуллан турар. Ону таһынан Сахабыт сирэ «креативнай регион” аатын ылар.

Практикаҕа улахан болҕомто

— Үөрэх чааһыгар, чуолаан практическай үлэҕэ, улахан болҕомтону уурабыт. Быйыл хас даҕаны цифровой уонна экономика эргимтэтин кытта үлэлиир бөдөҥ тэрилтэлэри кытта илии баттастыбыт. Билигин Дьокуускайдааҕы «Якутия” технопаарканы кытта дуогабар түһэрсээри олоробут. Кэлэр сылтан оонньуу оҥорооччуларга ураты болҕомтону ууран үлэлиир былааннаахпыт.

— Педагогическай састаап туһунан сырдата түс эрэ.

— Билигин биэс уһуйааччы үлэлиир. Сорох уһуйааччыларбытын дуогабарынан үлэҕэ ылан олоробут. Бэйэлэрэ тэрилтэлээх, этэргэ дылы, бэйэлэрин салааларыгар “профессионаллар”. Саамай сүрүн болҕомто – устудьуон производстваны кытта үлэлиирин олохтооһуҥҥа. Кырдьыгынан эттэххэ, теория-практика буоллаҕына, бу устудьуон үөрэҕин бүтэрэн үлэһит буолар күнүгэр тугу да билбэтэх буолар, бу маннык үөрэх сыыһа дии саныыбыт. Устудьуон үөрэнэрин тухары үлэ бырассыаһын, хайдах оҥоһулларын, бородууксуйа хайдах чочуллан тахсарын этинэн-хаанынын, илиитинэн тутан-хабан билиэхтээх.

Инньэ гынан, биһиги үөрэхпит бырагырааматын тэрилтэлэри кытта бииргэ сөбүлэһэн оҥоробут. Эппитим курдук, уһуйааччыларбыт бэйэлэрэ тэрилтэлээх дьон, онон чаҕылхай устудьуоннар үөрэхтэрин бүтэрдэхтэринэ үлэ миэстэтинэн хааччыллар кыахтаахтар.

— Ол эбэтэр эһиги колледжкыт биир кэлим эксээмэнэ суох оҕолору үөрэххэ ылар?

— Билигин орто үөрэх кыһалара БКЭ-тэ суох үөрэххэ ылаллар. Сүрүннээн оҕо аттестатын сыанатын көрөбүт. «Анимация” идэтигэр туттарсыан баҕалаах эдэр киһи айар эксээмэни хайаан даҕаны туттарар.

Үөрэх төлөбүрдээх. Нэһилиэнньэ чэпчэтиилээх араҥатыгар уонна аттестаттара орто бааллаах абитуриеннарга  чэпчэтии көрүллэр. Холобур, аҕалара анал байыаннай дьайыыга кытта сылдьар түгэннэригэр. Ону таһынан, элбэх оҕолоох дьиэ кэргэн, кыаммат ыал оҕолоругар.

— Оттон бүддьүөт миэстэтэ баар дуо?

— Билиҥҥи туругунан бүддьүөт миэстэтэ көрүллүбэт. Кыһабытыгар лицензиябытын бу сыл атырдьах ыйын үс күнүгэр ылбыппыт. Аны биир сылынан аккредитацияны ааһан бараммыт, үөрэх министиэристибэтэ ыытар күрэхтэригэр кыттан, бүддьүөт миэстэлэрин арыйары былаанныыбыт.

— Бары IT-ны интэриэһиргээн, инникилээҕин билэн кэлэллэр дуу, биитэр “сатаан үөрэххэ киирбэтэх оҕолор” диэннэр эмиэ бааллар дуу?

— Бары интэриэстээх буоланнар кэлэр буоллахтара дии. Билигин олохпут сайдан, уларыйан, чахчы, IT-хайысхата инники күөҥҥэ таҕыста. Аны туран, сорох дьон: «Аҕыйах сылынан IT-исписэлиистэрбит олус элбиэхтэрэ суоҕа дуо?” – диэн ыйыталлар. Мин маннык этиэм – цифровизация кимэн киирэн иһэр, IT-та суох туох даҕаны оҥоһуллубат буолла, этэргэ дылы, тэрилтэҕэ программист суох түгэнигэр, бүтүн тэрилтэ үлэтэ тохтуур чинчилэннэ. Мин санаабар, 10-20 сылынан өссө элбэх исписэлиискэ наадыйыахпыт. Оннооҕор атыыбыт-тутуубут барыта цифровой эйгэҕэ кубулуйда. Ол иһин эһиилги сылтан марткетплйестарга үлэлиир исписэлиистэри бэлэмнээн таһаарыахпыт.

— Бүгүҥҥү күн туругунан IT-хайысхатын ханнык идэтэ саамай ирдэниллэрий?

— Анимация уонна графическай дизайнердар ордук күүскэ ирдэнэр буоллулар. Саха сиригэр билиҥҥитэ мультик, оонньуу оҥорор дьон тарбахха баттаналлар, бэрт сотору кэминэн бу исписэлиистэр олус ирдэниллэр буолуохтара. Аан дойдуну атыйахтыы аймаабыт пандемия киһи тэйиччиттэн олорон дойду хайа баҕарар муннугар үлэлиир уонна үөрэнэр кыахтааҕын көрдөрдө дии. Айар идэлээх дьон Саха сиригэр эрэ буолбакка, аан дойду бары муннугар үлэ булан үлэлиир кыахтаахтар. Холобур, айтишниктарбыт оннук таһымҥа тиийэн олороллор.

 

Тохсус кылаас кэнниттэн туттарсар хайдаҕый?

Диана Шарина, Дьокуускайдааҕы цифровой идэлэр колледжын графическай дизайҥҥа салаатын бастакы кууруһун устудьуона, устудьуоннар идэлээх сойуустарын чилиэнэ:

— Мин Дьокуускай куорат Л.А. Колосова аатынан 33-с №-дээх орто оскуолатын 9-с кылааһын кэнниттэн туттарсан киирбитим. Хайдах бу үөрэх кыһатын билбиккитий диир буоллаххытына, мин үөрэммит оскуолабар “Синергияттан” бэрэстэбиитэллэр кэлбиттэрэ уонна бу саҥа колледж туһунан сиһилии кэпсээбиттэрэ. Бэйэм эрдэ интэриниэт нөҥүө “Синергия” университетын туһунан билэр этим, оскуола кэннэ Москва эбэтэр Питер куоратыгар тиийэн үөрэнэр баҕалааҕым. Хата, биһиэхэ, ыраата барбакка, арыллыбыта олус үчүгэй.

Номнуо икки ый ааста, үөрэхпин олус сөбүлээтим. Нэдиэлэҕэ алта күн үөрэнэбит, биир күҥҥэ үстүү пааралаахпыт. Түөрт сылынан исписэлиис буолан тахсыахтаахпыт. Уопсайа биһиги салаабытыгар 48 устудьуон үөрэнэр, мин ыстаараста солбуйааччыта буоллум. Уһуйааччыларбыт олус үчүгэйдэр, эйэҕэстэр. Билигин оскуола бырагырааматын үөрэтэ сылдьабыт, тоҕо диэтэххэ тохсус кылаас кэннэ кэлбиппит.

Бэйэм уруһуйдуубун уонна графическай дизайны сэргиибин. Инникитин, үөрэхпин бүтэрдэхпинэ, графическай дизайнер быһыытынан ханнык баҕарар тэрилтэҕэ үлэлиир кыахтаахпын. Эбэтэр тэйиччиттэн олорон аан дойду бары тэрилтэлэрин кытта үлэлиэм, онно мин омук тылын үчүгэйдик билэрим ирдэнэр, билигин кыратык үөрэтэн саҕалаатым. 

Дайаана Макарова, графическай дизайн салаатын бастакы кууруһун устудьуона, устудьуоннар идэлээх сойуустарын чилиэнэ:

— Дьокуускай куораттааҕы Классическай гимназияны тохсус кылаас кэнниттэн бүтэрэммин, быйыл күһүҥҥүттэн колледжка туттарсан киирдим. Мин санаабар, тохсус кылаас кэнниттэн информационнай технология эйгэтигэр туттарсар уонна идэ ылар саамай сөп. Билигин IT-хайысхалара олус кэҥээн тураллар, олохпут барыта кэриэтэ технологияны кытта сибээстээх. Мин БКЭ-тэн сылтаан колледжка киирбитим диэххэ сөп. Ол да буоллар санаабын түһэрбэппин, колледжпын бүтэрдэхпинэ хайаан даҕаны үрдэтиниэм.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Биэнсийэлээхтэргэ туох көмө баарый?
Сонуннар | 09.11.2024 | 10:00
Биэнсийэлээхтэргэ туох көмө баарый?
Быйылгыттан 100 сааһын туолбут ытык кырдьаҕастарга 1 мөл. солк. харчы төлөнөр буолбута. Биэнсийэлээхтэргэ өрөспүүбүлүкэ уонна дойду таһымнаах өссө ханнык өйөбүллэр баалларый?   Үлэ бэтэрээннэригэр Үлэ бэтэрээннэригэр, 55 саастарын туолбут эр дьоҥҥо уонна 50 саастарын туолбут дьахталларга, социальнай өйөбүл тугу үлэлээбиттэриттэн тутулуга суох көрүллүөхтээх.   Биэнсийэҕэ эбии 1226 солк. төлөнөр, сайабылыанньаҕытын МФЦ-га эбэтэр...
Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Дьон | 21.11.2024 | 12:00
Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Суруналыыс кэпсэтэр киһитин кытта кини олоҕун, үөрүүтүн, үлэтин-хамнаһын, кыһалҕатын тэҥинэн үллэстэр. Оннук эрэ сүрэҕэр чугастык ылынан суруйдаҕына, ааҕааччыга тиийэр ыстатыйа тахсар. Мин Александрдыын кэпсэтэрбэр, чэчэгэйим кэйиэлээн, төбөм ыараан да ылбыта, сотору атаҕын быстарын кэпсиир, ону хайдах эрэ тулуйан истибит киһи дии олорбутум. Хараҕым уута да сүүрэрэ, күөмэйбин туох эрэ кэлэн...
Тулагыга «Икки булчут» скульптура баар буолла
Сонуннар | 12.11.2024 | 17:14
Тулагыга «Икки булчут» скульптура баар буолла
Баай Байанай ыйыгар түбэһиннэрэн, сэтинньи 9 күнүгэр Тулагы Киллэм нэһилиэгэр «Икки булчут» пааматынньык үөрүүлээх арыллыытын Тулагы оскуолатын үөрэнээччилэрэ киинэҕэ устаннар, сурукка тиһэннэр, нэһилиэк биир бэлиэ түгэнин үйэтиттилэр. Муниципальнай хантараак чэрчитинэн боруонсаттан кутуллубут скульптурнай композиция ааптарынан Арассыыйа худуоһунньуктарын сойууһун чилиэнэ Роман Викторович Босов буолар. Композицияҕа уончалаах уолчаан убайын таҥаһын кэтэн, бобуччу...
Кэлэр нэдиэлэттэн, сэтинньи 18 күнүттэн, куорат оптуобустара саҥардыллыбыт схеманан айанныахтара
Сонуннар | 14.11.2024 | 14:28
Кэлэр нэдиэлэттэн, сэтинньи 18 күнүттэн, куорат оптуобустара саҥардыллыбыт схеманан айанныахтара
Сэтинньи 18 күнүттэн куорат уопсастыбаннай тырааныспарын ситимин уларытыы бырайыагын маҥнайгы түһүмэҕин быһыытынан бастакынан 2, 4, 5, 6, 7, 14, 16, 19, 35 №№-дээх оптуобустар саҥардыллыбыт схеманан айаннаан саҕалыахтара. Быйылгыттан маны кытта икки урут суох, саҥа маршрут киирдэ – 11 №-дээх уонна 12 №-дээх. Санатар буоллахха, 11 №-дээх маршрут алтынньы 14...