25.04.2024 | 13:00

Дьокуускайга куор турда

Дьокуускайга куор турда
Ааптар: Розалия ТОМСКАЯ
Бөлөххө киир

Муус устар 17 күнүгэр Дьокуускай куорат Эпидемияны утары үлэлиир санитарнай хамыыһыйатын мунньаҕа куор ыарыыны кытта ситимнээх эпидемиологическай балаһыанньа тула буолан ааста.

Куору утары туруоруллар вакцина эмэ тиийбэт буола сылдьыбытыттан, 2023-2024 сылларга өрөспүүбүлүкэҕэ куортан харысхала суох нэһилиэнньэ ахсаана эбиллибитэ, ол түмүгэр ыарыы тарҕаммыта, оҕолорго бөлөҕүнэн ыалдьыы тахсыбыта бэлиэтэнэр.

 

Муус устар 22 күнүттэн Дьокуускайга куортан быһыыта суох оҕолор быстах кэмҥэ оскуолаҕа, уһуйааҥҥа сылдьалларын хааччахтыыр дьаһаллар ылылыннылар. Роспотребнадзор быһаарыыта тахсыар диэри бу оҕолор тэрилтэҕэ сылдьаллара тохтуур диэн Үөрэхтээһин управлениета иһитиннэрдэ. Маннык миэрэлэринэн үрдүк уонна орто үөрэх кыһаларын устудьуоннара, социальнай тэрилтэлэр үлэһиттэрэ кытта хабылыннылар.

 

Быһыыны буор босхо туруортараҕыт

Куор ыарыыта элбээбитинэн сибээстээн, оҕо консультациятын кабинеттара өрөбүлэ суох үлэлииллэрин туһунан СӨ Доруобуйа харыстабылын министиэристибэтэ иһитиннэрдэ. Быһыыны күн аайы 19:00 чааска диэри тиийэн олорор сиргитинэн поликлиникаҕа босхо ылаҕыт.

Бэлиэтээн этэллэринэн, бастакынан вакцинаны куор инфекцията турбут сиригэр (оскуолалар, уһуйааннар о.д.а. тэрилтэлэр) баар дьон ылыахтаахтар. Куор регистрацияламмыта 72 чаас ааһа илигинэ бу ыарыыны сэрэтэр быһыы ылыллыахтаах.

 

Куортан утары быһыыны ылыы Национальнай вакцинация халандаарыгар киирэ сылдьар – оҕо 1 сааһыгар бастакы быһыытын ылар, 6 сааһыгар – ревакцинация диэни ааһар. Иккитэ ылбытын эрэ кэннэ оҕо куортан уонна бу ыарыы араас ыарахан содулуттан үйэтин тухары иммунитеттаах буолар.

 

СӨ Доруобуйа харыстабылын министиэристибэтэ куортан утары быһыыны көхтөөхтүк туруортарарга ыҥырар!

 

Куортан быһыыта суох, 17-гэр диэри саастаах оҕолордоох төрөппүттэр олохтоох поликлиникаларыгар тиийэн комбинированнай вакцинаны ылыахтарын сөп. Бу вакцина куор, краснуха уонна эпидемическэй паротит (сибииҥкэ) утары үлэлиир, эрэллээх иммунитеты үөскэтэр быһыы буолар.

Бу иннинэ куор киэҥник тарҕаныыта 2019 сыллаахха бэлиэтэнэ сылдьыбыттаах. Онно карантин биллэриллибэтэҕэ, арай балыыһаларга ыарыһахтары ылыы бэрээдэгэ, саҥа ыарыы турбутунан сибээстээн, кыратык уларыйан биэрбитэ. Куортан быһыылаах эбэтэр хаан анаалыһынан куортан иммунитеттаах эрэ ыарыһахтары ылар буолбуттара.

 

Куор – олус сыстыганнаах

Куор – олус сыстыганнаах, сытыытык киирэр, салгынынан тарҕанар ыарыы. Бастаан күөмэй ыарыытын курдук сөтөл саҕаланар, мурун уута сүүрэр, онтон харах ириҥэрэр (конъюктивит), уопсай мөлтөөһүн буолар, температура 38-тан тахсар. 4-5 күнүнэн ыарыһах этэ-сиинэ ымынаҕынан бүрүллэр.

 

Куортан харыстанар соҕотох ньыма – быһыыны туруортарыы!

 

Куортан быһыы ылбакка, кыра сылдьан ыалдьыбыт ордук диир сыыһа. Куор ыарыытынааҕар содула олус ыарахан буолуон сөп.

Ыалдьан баран этэҥҥэ аһарыммыт эбэтэр эрдэ-сылла быһыы туруортарбыт киһи бу ыарыыга үйэтин тухары ылларбат.

 

Улахан дьон эмиэ быһыы ылыан сөп

Быһыы национальнай халандаара диэн баар, оҕолорбутун төрөөттөрүн кытта онон укуоллатан барабыт. Барытын кэмигэр туруортарар туһалаах. Оттон оҕо ыалдьан, тумуулаан прививкатын көтүтэр түгэнигэр, “эккирэтэбит”, кыратык хойутаан да быһыы турдаҕына, син биир туһалыыр.

 

Куору утары быһыы оҕоҕо 1 сааһыттан 18-һын туолуор диэри туруоруллуон сөп.

 

Улахан дьоҥҥо – урут ыалдьыбатах, ыалдьыбыттарын, быһыы ылбыттарын өйдөөбөт дьоҥҥо 35 саастарыгар диэри турар. 36-55 саастаахтарга, куорга сыстар куттал баар буоллаҕына (медиктэргэ, атыы-эргиэн, ОДьКХ, социальнай эйгэ тэрилтэлэрин үлэһиттэрэ, вахтанан үлэлиир дьон, кыраныыссаны туорааһыҥҥа үлэлиир судаарыстыбаннай сулууспалаахтар) быһыы оҥоһуллуохтаах.

Куор салгынынан уонна илии тутуһуунан холкутук тарҕанар буолан, ыарыы сибикитэ баар буолла да, учаскуобай бырааскытын ыҥырыахтааххыт. Учаскуобай бырааскытын билбэт буоллаххытына, поликлиника регистратуратыгар эрийэн, аадырыскытынан бырааскыт аатын-суолун чопчулуугут уонна сайаапка түһэрэҕит.

Куордаабыт киһини, ама буоллаҕына, балыыһаҕа киллэрэ сатаабаттар. Дьиэтиттэн тахсыбакка, атын дьону кытта көрсүбэккэ ыарыытын аһарыныахтаах.

 

Быһыыта суох улахан киһи куордаабыт киһиттэн 100 бырыһыан сүһүрэр. Ол иһин бу ыарыыны “олус сыстыганнаах” диэн ааттыыллар.

 

Атын ыарыыга бутуйуохха сөп

Куору кирииби, тумууну, тымныйыыны кытта бутуйуохха сөп. Бастаан айах иһэ сүһүрэр. Инкубационнай кэмэ (ол аата ыарыыга сыстыбыт кэннэ күүһүрэр, организмҥа тарҕанан баран биллэрэр кэмэ) – 7-14 хонук.

Салҕыы катаральнай кэмэ саҕаланар. Ыарыһах температурата тахсар, 4-7 күн түһүө суоҕун сөп. Сөтөл саҕаланар, мурун бүөлэнэр. Хараҕа кытарар, ууланар. Быраас ыарыһах айаҕар бытархай маҥан ымынаҕы булуон сөп.

Онтон үһүс түһүмэх – ыарыы сытыырхайыыта. Температура тахсарыттан интоксикация, титирэстээһин, сөтөл баар буолар. Ыарыһах этин бүтүннүү ымынах ыһар. Бастаан сирэйигэр, моонньугар көстөр. Онтон сарсыҥҥы күнүгэр ымынах санныгар, курданарыттан үрдүгэр тахсар. Үһүс күнүгэр сототугар тарҕанар. Бастаан ымынах бытархай буолар, онтон баастара силбэһэллэр. 5-6 күнүнэн хаптайарга, ааһарга барар. 7-10 күн устата баас суола хаалыан сөп.

Куор ыарыы киһи доруобуйатыгар улахан содуллаах. Ымынах ыһар кэмигэр үксүн отит, синусит, бэл, пневмония, круп эбэтэр энцефалит буолуохха сөп.  Олус ыараханнык куордаабыт дьон суорума суолланаллара кытта бэлиэтэнэр.

 

Хайаан да бырааска көрдөрүөхтээххит

Куорга сыстыбыт киһи бастакы уочарат тугу гыныахтааҕый? Бастатан туран, атын дьоҥҥо сыһыарбат туһунан толкуйдуохтаах. Куор вируһун утары эмп диэн суох. Ол иһин интэриниэттэн көрө-көрө, кирииптэн утары эмтэри о.д.а. иһии туһалаабат. Хайаан да бырааска көрдөрүөхтээххит. Быраас бастакы уочарат эһигиттэн сыстыан сөптөөх дьону быһаарыахтаах, наада буоллаҕына, ыалдьыбыт киһини балыыһаҕа киллэрэр.

Хат дьахталлар куорга сыһыннахтарына, болдьохторуттан эрдэ оҕолонуохтарын, оҕо куоттарыахтарын сөп. Бастакы триместрга сылдьар ийэ сыһыннаҕына, оҕо доруобуйатыгар улахан охсуулаах буолар.

Оҕо сылдьан куортан биирдэ быһыы ылбыт киһи сыстыан сөп дуо? Куортан быһыы иккитэ төхтүрүйэн ыытыллыахтаах. Бастакыта – оҕо биир сааһын туолуон иннинэ. Бастакы быһыы кэнниттэн оҕо 85 бырыһыаныгар иммунитет үөскүүр, иккис быһыы кэннэ оҕо 95 бырыһыана иммунитеттанар эбит. Нэһилиэнньэ барыта вакцинацияны ааспыт буоллаҕына, “кэлэктиип иммунитета” диэн үөскүүр.

Улахан киһи быһыы ыллаҕына, иммунитета мөлтүөн сөп, ол эрэн куорга сыһыннаҕына, чэпчэкитик аһарынар кыахтанар. Үксүн улахан дьон, чэпчэкитик аһарынар буолан, куордаабыттарын билбэккэ хаалыахтарын сөп. Оччоҕо оҕолорго, ордук 1 саастарын туола илик кырачааннарга, куттал үөскүүр. Онон бырааһы ыҥырар хайаан да наада.

Эпидемиологтар ыарыһах сыһыарыан сөптөөх дьонун быһаараллар. Кимиэхэ суһал вакцинация наадатын эмиэ кинилэр эрэ быһаараллар.

 

Быһыыттан аккаастанар төрөппүттэри буруйдуурбут сөп дуо?

Аан дойдутааҕы доруобуйа харыстабылын тэрилтэтэ иһитиннэрэринэн, куор 2018 сылтан ыла күүскэ тарҕанна. 2018 сыллаахха Европа сиригэр уонунан тыһыынчанан куордааһын бэлиэтэммит. Онтон ыла Арассыыйаҕа куорунан сүһүрүү 12 төгүл эбиллибит. Ыарыы тарҕаныытын сүрүн биричиинэтэ – аныгы дьон быһыыттан аккаастаныылара.

Ханнык баҕарар быһыыттан аккаастанар, оҕолоругар туруортарбат аныгы төрөппүттэр ахсааннара эбиллэ турар. Кинилэр маныаха кэккэ биричиинэлэри этэллэр. Быһыы буортутун туһунан төһө баҕарар уһуннук кэпсиэхтэрин сөп. Сокуон кими да күһэйбэт, оҕотун хайдах дьаһайарын төрөппүт бэйэтэ эрэ быһаарар. Уһуйааннарга, оскуолаларга төрөппүттэр мөккүһэр, сатаспат буолар төрүөттэрэ – прививка ылыы. Быһыыта суох оҕо атын оҕолору сыһыарыан сөп дииллэр. Оттон оҕону быһыыта суоҕун иһин тэрилтэҕэ ылартан аккаастыыр эмиэ сатаммат.

Оскуолаларга бу күннэргэ суһаллык быһыыны туруорууну тэрийдилэр. «Быраастар уулуссаттан кэлэн туруораллар», «санитарнай быраабыла тутуһуллубат» эҥин диэн биричиинэнэн быһыыттан аккаастанар ийэлэр манна да үгүс буоллулар. Аны туран дьыл кэмэ саас буолан, араас дьаҥ элбэх, ыалдьан баран саҥа үтүөрбүт оҕо аччаабыта икки нэдиэлэ устата быһыылартан “медотвод” диэни ылар. Ол иһин быһыыны ылар оҕо ахсаана эмиэ көҕүрүүр, “кэллэктиип иммунитета” оҥоһулларыгар эмиэ харгыстар үөскүүллэр.

 

Илиигитин сууна сылдьыҥ! Чугас дьоҥҥутугар болҕомтолоох буолуҥ!

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Аҕаа, бырастыы
Сынньалаңңа | 27.11.2024 | 10:00
Аҕаа, бырастыы
Уйбаан нэһиилэ сэттис этээскэ сынньана-сынньана кирилиэһинэн тахсан, кыыһа олорор ааныгар кэлэн, оргууй соҕус тоҥсуйда. Баҕардар дьиэҕэ ким да суоҕа дуу дии санаан, кулгааҕын ааҥҥа даҕайан иһиллээн тура түстэ. Киһи атаҕын тыаһа хааман кэлэн, сиэнэ уол куолаһа нууччалыы: «Кто там?» – диэн ыйыппытыгар: – Мин. Тоойуом, мин кэллим, ааҥҥын арый, –...
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Сытыы муннук | 28.11.2024 | 14:00
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Үөһээ Бүлүү улууһун Маҥаас нэһилиэгин 9 оҕолоох ыалын улахан уола Байбал Васильев оҕо эрдэҕиттэн эппиэтинэскэ үөрэммитэ, хайдахтаах да уустуктан чаҕыйбат, кыраларга холобур буола улааппыта күн бүгүнүгэр  диэри биллэр. Ытык киһибит быйыл 75-с хаарын санныгар түһэрдэ, сааһырда. Ол эрээри олоххо киллэрбит кыһыннары кымыстыыр дьарыгын тохтотуон, өбүгэ кымыстыыр үгэһин үйэтитэр баҕатыттан аккаастаныан...
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
Сонуннар | 01.12.2024 | 12:00
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
«Теща» туһунан атын омуктарга олус элбэх анекдот, көр-күлүү баар. Оттон биһиги, сахалар, күтүөт уолбутун хайдах ылынабыт, сыһыаммыт хайдаҕый, төһө тапсабытый? Өйдөспөт түгэн таҕыстаҕына, кыыскын көмүскүүгүн дуу, күтүөт диэки буолаҕын дуу? Онон бүгүн күтүөттэр туһунан кэпсэтиэххэйиҥ.   Светлана Петровна: — Мин ыал буолбутум оруобуна 40 сыл буолла. Ол эбэтэр 1984 сылга дьонум...
Ийэ буор
Сынньалаңңа | 07.12.2024 | 10:00
Ийэ буор
Гаврильева Оксана Павловна – Айсана 1963 с. Мииринэй оройуонун Ботуобуйа нэһилиэгэр күн сирин көрбүтэ. 1982 с. Н.Г. Чернышевскай аатынан Бүлүүтээҕи педагогическай училищены бүтэрбитэ, 1988 с. Дьокуускайдааҕы судаарыстыбаннай университеты бүтэрэн, нуучча тылын уонна литературатын учууталын идэтин ылбыта. Ити идэтинэн Н.Е. уонна П.Н. Самсоновтар ааттарынан Хатас орто оскуолатыгар үлэлиир. Педагогическай билим хандьыдаата,...