Дьокуускай — таптал куората
От ыйын 8 күнүгэр киин куоракка бүтүн Арассыыйатааҕы дьиэ кэргэн, таптал уонна эрэл күнүнэн аан бастаан I өрөспүүбүлүкэтээҕи сэлэлии хаамыы буолан ааста.
20-тэн тахса колоннанан саҥа холбоспут эдэр ыаллар, элбэх оҕолоохтор, өр сылларга бииргэ олорбут аҕам саастаахтар, үлэ кэлэктииптэрэ уонна уопсастыбаннай тэрилтэлэр Циркэ дьиэтиттэн Хомсомуол болуоссатыгар тиийэ хаамтылар.
Николай уонна Александра Костроминнар оҕо кэлээскэлээх хаамыы күрэҕэр кытта, Аллараа Бэстээхтэн кэлбиттэр.
«Биһиги бүтүн дьиэ кэргэнинэн кыттар бастакы күрэхпит. Кэлээскэбитин оруобуна биир нэдиэлэ оҥордубут, киэргэттибит. Тас көстүүтүн Саха АССР төрүттэммитэ 100 сылыгар анаатыбыт», - диэн кэпсиир Николай Костромин.
Сэлэлии хаамыыга элбэх араас омук бэрэстэбиитэлэ тоҕуоруһан олорор Дьокуускай куоратын национальнай общиналара, диаспоралар, ол иһигэр бүрээттэр общиналара, кэриэйдэр ассоциациялара о.д.а. кыттыыны ыллылар. Инньэ гынан бырааһынньык хабаана ордук кэҥээтэ, суолтата дириҥээтэ.
Ноговицыннар Дьиэ кэргэн бырааһынньыгар уруу таҥастаах кэлбиттэр. Түгэнинэн туһанан тэрийээччилэргэ махталларын биллэрдилэр.
«Бу бэлиэ күн биһиги 10 сыл анараа өттүгэр буолбут дьоро күммүтүн хаттаан ахтан-санаан ыллыбыт. Маннык хаамыы үтүө үгэскэ кубулуйарыгар, сыллата кыттааччы ахсаана элбээн иһэригэр баҕарабыт», - диэн баҕа санааларын этэллэр Станислав уонна Юлия Ноговицыннар.
Бу дьоро күн 40-тан тахса сыл бииргэ олорбут элбэх оҕолоох ыалларга «Таптал уонна бэриниилээх буолуу иһин» уонна «Дьиэ кэргэн политикатын сайдыытыгар кылааттарын иһин» мэтээллэри Саха Өрөспүүбүлүкэтин Бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччы Дмитрий Садовников туттарда.
«Үйэлэр тухары дьиэ кэргэн – уопсастыба кэрэһитэ, таптал мэктиэтэ уонна сарсыҥҥы күҥҥэ эрэл буолан кэллэ. Дьиэ кэргэн института суох күүстээх судаарыстыбаны олохтообоккун. Чуолаан духуобунас, сиэр-майгы уонна култуура сыаннастара уопсастыба сайдыытыгар сүҥкэн суолталаахтар!»- диэн тоһоҕолоон бэлиэтээтэ Дмитрий Садовников.
Өрөспүүбүлүкэ бастыҥ үлэ династияларын кинигэтигэр киллэриллибити туоһулуур сибидиэтэлистибэни Дьокуускай куораттан доруобуйа харыстабылын салаатыгар үлэлиир Любимовтар-Климовскайдар династиялара ылла. Маны таһынан, куорат баһылыгын солбуйааччы Наталья Степанова 27 уонна онтон тахса сыл бииргэ олорбут Дьокуускай куорат тоҕус бастыҥ ыалыгар куорат баһылыга Евгений Григорьев эҕэрдэтин туттарда.
«Таптал уонна бэриниилээх буолуу иһин» мэтээли Дьокуускай куораттан Иван Ефимович Негенбляҕа уонна Ольга Александровна Сидоровоҕа туттардылар.
Дьокуускай куорат баһылыгын социальнай боппуруостарга солбуйааччы Наталья Степанова Иван Ефимович уонна Ольга Александровна куорат үгүс олохтооҕор, чуолаан ыччат дьоҥҥо, эдэр ыалга холобур буолалларын бэлиэтээтэ.
«Уопсастыба предметин кинигэтэ сэбиэскэй кэмҥэ «дьиэ кэргэн – уопсастыба уйата» диэн этиинэн саҕаланара. Эһиги бачча сыл тапталынан, биир санаанан салайтаран олороргут барыбытыгар үтүө холобур буолар. Дьолу-соргуну уонна саамай кылаабынайа – кытаанах доруобуйаны!»- диэн баҕа санаатын тиэртэ Наталья Степанова.
Иван Ефимович Саха сирин уонна Дьокуускай куорат салалталарыгар, кинилэр дьиэ кэргэттэригэр истиҥ эҕэрдэлэрин, болҕомтолорун иһин махтанна.
«Биллэн турар, биһиги дьиэ кэргэммитигэр кэрэ күннэр элбэхтэр эрээри, тургутуулар да бааллара. Мин кэргэним кыһамньытынан, кини болҕомтотунан баччааҥҥа диэри үөрэ-көтө олоҕу олоробун. Ольга Александровнаны кытта бииргэ олорбуппут 57 сыл буолла. Элбэх сиэн, хос сиэн эбээтэ, эһээтэ буоларбытынан дьоллоохпут», - диир Иван Ефимович.
Саха сиригэр олорор ыаллар туһунан чахчылар
2010 сыллааҕы Бүтүн Арассыыйатааҕы биэрэпис чахчытынан, Саха сиригэр 259 тыһыынча ыал баар, ол иһигэр: 124 тыһыынча ыал – оҕолоох дьиэ кэргэттэр, 59 тыһыынча ыал – оҕото суох, 68 тыһыынча – аҥаардас ийэ, 8 тыһыынча – аҥаардас аҕа.
Бүгүн Саха өрөспүүбүлүкэтигэр дьиэ кэргэни өйүүр уонна пропагандалыыр элбэх дьаһал үлэлиир. Ол курдук, 2025 сылга диэри дьиэ кэргэн уонна демографическай политика концепцията бигэргэннэ; бу концепция олоххо киириитигэр 2010 сыллааҕы биэрэпис сүҥкэн оруолу оонньообут.
2021 сыл түмүгүнэн Саха сирин демографическай балаһыанньатын, Уһук Илиннээҕи федеральнай уокурук уонна Арассыыйа атын регионнарын кытта тэҥнээтэххэ, үтүө туруктааҕынан сыаналыахха сөп. Ол курдук, дойдуга оҕо төрөөһүнэ атын регионнардааҕар үрдүк.
Хаартыскалары yakutskcity.ru сайттан туһанныбыт