17.02.2023 | 12:00

Дьокуускай оскуолаларыгар настаабынньык оруола

Дьокуускай оскуолаларыгар настаабынньык оруола
Ааптар: Наталья Кычкина
Бөлөххө киир

Бу орто дойдуга оройбутунан түһүөхпүтүттэн тула өттүбүтүн көрүнэн барыга-бары үөрэнэбит, үөрэтэбит. Бастаан утаа ийэбит, аҕабыт, эдьиийдэрбит, убайдарбыт үөрэхтэрин ылабыт, онтон оскуолаҕа киирэн учуутал кэпсиирин ылынан, үөрэхтээх дьон буолабыт.
Учуутал иннигэр сүгүрүйбэт, кини аатын үрдүктүк ааттаабат киһи суох буолуохтаах. Кинилэри хоһооҥҥо хоһуйабыт, ырыаҕа ыллыыбыт. Учуутал баар буолан бу суруйан, бэчээттээн тобугурата олордоҕум, кинилэр баар буоланнар аан дойду киһитэ үөрэхтээх, билиилээх-көрүүлээх буолан сырыттаҕа.
Бүгүн ааҕааччыларбар Дьокуускай куораттааҕы Үөрэх управлениетын сайтыттан тылбааһы оҥорон билиһиннэриэм.

2023 сыл дойдубутугар Учуутал уонна настаабынньык сылынан биллэриллибитэ. Настаабынньык тиэмэтэ, биллэн турар, саҥа буолбатах. Үөрэтии-иитии хаамыытыгар кини баара, баар даҕаны буолуо. Аныгы таһымҥа, мин санаабар, үөрэх уонна иитии хаачыстыбатын үрдэтэр сыалтан уопуттаах педагогтар эдэр учууталлары кытта биир ситимҥэ үлэлиэхтээхтэр. Ол үлэ кыттыгас бырайыактары эрэ оҥоруунан муҥурдаммакка, биир-икки үөрэнээччи туһугар буолбакка, бүтүн кылаас ситиһиитин туһугар ыытыллара ордук түмүктээх буолара биллэр.

Былыр-былыргыттан настаабынньык көмөтүнэн үөрэҕэ суох буолууну утары охсуспуттара, начаалынай, ситэтэ суох орто уонна орто үөрэх кыһаларын, кылааска хаалыы кыһалҕаларын уо.д.а. быһаарбыттара.

Мин 1979 сылтан норуот үөрэҕириитин куораттааҕы салаатыгар үлэлээбитим. Бу кэмҥэ үрдүк үөрэҕи бүтэрбит учууталлар сыл устата настаабынньык салалтатынан стажировка бараллара, стажер диэн ааттаналлара.

Үөрэх сыла бүтүүтэ куорат методическай кабинетыгар стажировка түмүгэ тахсара. Анал хамыыһыйа стажер, кини настаабынньыктарын уонна оскуола завуһун отчуотун истэрэ. Ол түмүгэр быһаарыы ылыллар: стажировканы ааста, биһирэбили ылан ааста, эһиил үлэлиэхтээх рекомендациянан стажировканы ааста. Быраабыла курдук, хамыыһыйаны куорат методическай кабинетын сэбиэдиссэйэ салайара, чилиэннэринэн методистар, инспектордар, учууталлар Дьиэлэрин дириэктэрэ Е.Н. Дружинина уонна уопуттаах учууталлар, ол иһигэр З.Н. Округина, Г.М. Свирина уо.д.а. бааллара.

СГУ преподавателлэрэ эмиэ ыҥырыллаллара. Атыттартан элбэхтик Г.А. Мординова сылдьара, кини университет линиятынан стажер- филологтарга эппиэттээх этэ. Стажировка түмүгүнэн Саха АССР үөрэҕин Министиэристибэтигэр отчуоттууллара.

Оччолорго эдэр учуутал оскуолата куоракка эмиэ үлэлиирэ, онно  стажердар эрэ буолбакка, үс сылга диэри ыстаастаах учууталлар эмиэ сылдьаллара. Эдэр учуутал оскуолатын (ШМУ) Е.Н. Дружинина салайара. Билигин педагогическай үлэ бэтэрээнэ, үөрэх Управлениетын бэтэрээнэ, СӨ үтүөлээх учуутала Л.В. Олесова ахтарынан, бэйэтин кэмигэр 25-с оскуолаҕа математика учуутала буола сылдьан Д.В. Атавина (10 №-дээх оскуола), М.С. Слепцова (2 №-дээх оскуола), Д.К. Слепцова (29 №-дээх оскуола) Р.Н. Астафьева (29 №-дээх оскуола), Н.М. Филиппова (29 №-дээх оскуола) уо.д.а. курдук учууталлар уруоктарыгар сылдьара. Атын да предметтэр эдэр учууталларын өйдүүр: Н.К. Сеничевы, Г.И. Басхардыровы, Р.В. Романовы уо.д.а.

Настаабынньык улахан үлэтин, биллэн турар, завучтар, оскуола предметнэй түмсүүлэрин салайааччылара уонна методистар ыыталлара. Уопсастыбаннай төрүккэ үлэлиир куорат методическай холбоһуктарын салайааччылара эмиэ кырата суох оруоллаахтара. Бастакылар ахсааннарыгар Диана Владимировна Атавинаны ааттаабатахпына табыллыбат, кини бэйэтин уопсастыбаннай ноҕуруускатын туһунан олус дуоһуйан туран маннык этэрэ:

“Математиктар методическай холбоһуктарын салайааччыта ыйга да көтөргө бэлэм!”

Куорат математиктара оччолорго Дьокуускайга эрэ буолбакка, бүтүн өрөспүүбүлүкэҕэ тиийэ тарбахха баттанар этилэр. ЯРИУУ математика кабинетын сэбиэдиссэйэ, бука бары убаастыыр киһилэрэ И.М. Прохоров кинилэри үлэлэригэр үчүгэй түмүктэри көрдөрөллөрүн иһин хайгыыра уонна олус ытыктыыра. Куорат географтарын М.К. Аржакова (23 №-дээх оскуола) өрө көтөҕүллэн туран улахан энтузиастаахтык салайбыта. Харчы төлүүр кыах үөскээбитигэр, онтон аккаастаммыта уонна кытаанахтык эппитэ: “Төлөөтөххүнэ, аккаастанабын”, - диэн.

Харчы буолбакка, үлэ түмүгэ маннык учууталларга саамай кылаабынай этэ. Чахчы – педагогика көмүс пуондата! Куорат методическай холбоһугун аптарытыаттаах салайааччыларынан Н.Н. Плотникова (2-с №-дээх оскуола) – английскай тыл, Г.С. Чугунова (29-с оскуола) – ньиэмэс тыла, К.С. Филиппова (2-с оскуола) – француз тыла, М.Т. Михайлова у=онна Л.С. Платонова (8-с оскуола), С.В. Бердникова (11-с оскуола) – биология, М.В. Остроухова (10-с оскуола) – физкультура,  Р.П. Гурьева  – история (23-с оскуола), О.П. Прокопьева (8-с оскуола) – алын кылаастар, Н.Д. Гусевская (2-с оскуола) – муусука, В.И. Цымбулов (23-с оскуола) – ИЗО уонна черчение, М.И. Брюханова (8-с оскуола) – химия,  Л.А. Азовцева (23-с оскуола) – физика уо.д.а. буолаллара.

Дириэктэрдэри солбуйааччыларга үтүө настаабынньыктарынан И.И. Заводов (10 №-дээх оскуола), Д.Б. Баркауйскайте (23 №- дээх оскуола), Н.А. Кузнецова (30 №-дээх оскуола), Л.З. Емшанова (25 №-дээх оскуола), Р.Я. Антонова (14 №-дээх оскуола) уо. д. а. үлэлээбиттэрэ. Саамай чаҕылхай уонна айымньылаах үлэһитинэн, солбуйааччылартан, биллэн турар, В.И. Кубашевская ааттаныан наада. Үлэҕэ-хамнаска бэриниилээх, умайа сылдьар буолууну 26 №-дээх эрэ оскуола кэлэктиибэ буолбакка, атын оскуола салайааччылара, куорат үөрэххэ управлениетын үлэһиттэрэ көрдөрбүттэрэ. Сырдык өйдөбүл хаһан да сүтүө суоҕа!

Оскуола салайааччыларын, ГорОНО уонна методическай сулууспа биллэр-көстөр, убаастанар, сиппит-хоппут үлэһиттэрин үүннэриигэ ЯРИУУ салайааччылара уонна методистара кырата суох оруолу ылбыттара. Ол туоһута – кинилэр ааттара! Биһиги, аҕа көлүөнэ педагогтар, эһигини өрүү өйдүүбүт! Махтал буоллун эһиэхэ, Нина Адриановна Расторгуева, Неля Николаевна Винокурова, Варвара Сергеевна Иванова, Иван Михайлович Прохоров, Нина Степановна Костина, Татьяна Михайловна Ильина, Петр Петрович Кондратьев, Валентина Егоровна Степанова, Ольга Ильинична Слепцова, Үөрэтиигитигэр уонна настаабынньык буолбуккутугар! Биһиэхэ уонна биһиги ситиһиилэрбитигэр итэҕэйбиккитигэр барҕа махтал!

Кэм-кэрдии, бириэмэ иннин диэки баран иһэр, олох очурдара, суола-ииһэ уларыйар, ол эрээри настаабынньык биһигини кытта өрүү баар буолуо. Билиҥҥи эдэр педагогтар биһиги көлүөнэбит ааспыт үйэ учууталларын курдук настаабынньыгы кытта үлэлэрэ сатаннын, табылыннын.

Саха сиригэр учуутал үлэтэ үрдүктүк сыаналанар. Бэйэлэрин таһымнарыгар ааттары уонна наҕараадалары биэрэллэр: СӨ үтүөлээх учуутала, бэлиэлэр: «СӨ үөрэҕириитин туйгуна», «Учууталлар учууталлара», «СӨ үөрэҕириитин методиһа», «СӨ МО Бочуотунай бэтэрээнэ» уо.д.а.

Уһулуччулаах учууталлар ааттарын оскуолаларга иҥэрэллэр, кылаас кабинеттарыгар учууталларын ааттарын биэрэллэр. Норуот учуутала М.А. Алексеевка пааматынньык, 2 №-дээх оскуола пионер баһаатайа Г.А. Хайдуроваҕа пааматынньык туруоруллубуттара о.д.а. Саха Өрөспүүбүлүкэтин Үөрэҕин уонна наукатын Министиэристибэтин линиятынан “Педагогическая энциклопедия” тахсар (6 том буолла), “Трудовая слава Якутии” бэчээттэнэр, манна биллэр-көстөр үлэһиттэр, ол иһигэр үтүөлээх учууталлар киирэллэр. 

Галина Борисовна Сюндюкова, педагогическай үлэ бэтэрээнэ

Хаартыскалар: Дьокуускай к. Үөрэххэ управлениетын архыыбыттан

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Дьон | 21.11.2024 | 12:00
Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Суруналыыс кэпсэтэр киһитин кытта кини олоҕун, үөрүүтүн, үлэтин-хамнаһын, кыһалҕатын тэҥинэн үллэстэр. Оннук эрэ сүрэҕэр чугастык ылынан суруйдаҕына, ааҕааччыга тиийэр ыстатыйа тахсар. Мин Александрдыын кэпсэтэрбэр, чэчэгэйим кэйиэлээн, төбөм ыараан да ылбыта, сотору атаҕын быстарын кэпсиир, ону хайдах эрэ тулуйан истибит киһи дии олорбутум. Хараҕым уута да сүүрэрэ, күөмэйбин туох эрэ кэлэн...
Биэнсийэлээхтэргэ туох көмө баарый?
Сонуннар | 09.11.2024 | 10:00
Биэнсийэлээхтэргэ туох көмө баарый?
Быйылгыттан 100 сааһын туолбут ытык кырдьаҕастарга 1 мөл. солк. харчы төлөнөр буолбута. Биэнсийэлээхтэргэ өрөспүүбүлүкэ уонна дойду таһымнаах өссө ханнык өйөбүллэр баалларый?   Үлэ бэтэрээннэригэр Үлэ бэтэрээннэригэр, 55 саастарын туолбут эр дьоҥҥо уонна 50 саастарын туолбут дьахталларга, социальнай өйөбүл тугу үлэлээбиттэриттэн тутулуга суох көрүллүөхтээх.   Биэнсийэҕэ эбии 1226 солк. төлөнөр, сайабылыанньаҕытын МФЦ-га эбэтэр...
Тулагыга «Икки булчут» скульптура баар буолла
Сонуннар | 12.11.2024 | 17:14
Тулагыга «Икки булчут» скульптура баар буолла
Баай Байанай ыйыгар түбэһиннэрэн, сэтинньи 9 күнүгэр Тулагы Киллэм нэһилиэгэр «Икки булчут» пааматынньык үөрүүлээх арыллыытын Тулагы оскуолатын үөрэнээччилэрэ киинэҕэ устаннар, сурукка тиһэннэр, нэһилиэк биир бэлиэ түгэнин үйэтиттилэр. Муниципальнай хантараак чэрчитинэн боруонсаттан кутуллубут скульптурнай композиция ааптарынан Арассыыйа худуоһунньуктарын сойууһун чилиэнэ Роман Викторович Босов буолар. Композицияҕа уончалаах уолчаан убайын таҥаһын кэтэн, бобуччу...
Кэлэр нэдиэлэттэн, сэтинньи 18 күнүттэн, куорат оптуобустара саҥардыллыбыт схеманан айанныахтара
Сонуннар | 14.11.2024 | 14:28
Кэлэр нэдиэлэттэн, сэтинньи 18 күнүттэн, куорат оптуобустара саҥардыллыбыт схеманан айанныахтара
Сэтинньи 18 күнүттэн куорат уопсастыбаннай тырааныспарын ситимин уларытыы бырайыагын маҥнайгы түһүмэҕин быһыытынан бастакынан 2, 4, 5, 6, 7, 14, 16, 19, 35 №№-дээх оптуобустар саҥардыллыбыт схеманан айаннаан саҕалыахтара. Быйылгыттан маны кытта икки урут суох, саҥа маршрут киирдэ – 11 №-дээх уонна 12 №-дээх. Санатар буоллахха, 11 №-дээх маршрут алтынньы 14...