23.04.2022 | 12:00

Дьокуускай олохтоохторугар бэйэ аһын тиэрдэллэр

Дьокуускай олохтоохторугар бэйэ аһын тиэрдэллэр
Ааптар: Розалия Томская
Бөлөххө киир

«Кэникээн»  хааччахтаммыт эппиэтинэстээх тэрилтэ Дьокуускай куорат олохтоохторугар Саха сиригэр тыа хаһаайыстыбатынан дьарыктанар олохтоох оҥорон таһаарааччылар бородууксуйаларын дьиэҕэ диэри тиэрдэн биэрэр өҥөнөн дьарыктанар. Тэрилтэ үүттэн, эттэн, балыктан, көтөртөн, араас отонтон сибиэһэй аһы-үөлү өрөспүүбүлүкэ улуустарыттан түмэн, атыылаһааччыга тиэрдэр ураты суолу тутуһан үлэлиир.

Күннээҕи аһылыгы дьиэҕэ босхо аҕалан биэрии дьаҥ бүрүүкээбит кэмигэр эрэ буолбакка, уопсайынан куорат курдук тэтимнээх олохтоох сиргэ дьоҥҥо олус наадалааҕын көрдөрдө. “Кэникээн” ХЭТ салайааччыта Константин Егорович Тимофеев — СӨ Тыа хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ, Арассыыйа агропромышленнай комплексын үтүөлээх үлэһитэ, СӨ Тыа хаһаайыстыбатын туйгуна, өр сылларга  өрөспүүбүлүкэҕэ киэҥник биллибит “Сахаагропродукт” кэпэрэтиибин салайбыт баай уопуттаах, сатабыллаах салайааччы:

– Оҥорон таһаарыы уонна атыы-эргиэн эйгэтигэр элбэх сыл үлэлээн баран, дьиҥнээх, үчүгэй хаачыстыбалаах, сибиэһэй, экология өттүнэн ыраас олохтоох бородууксуйаны нэһилиэнньэ киэҥ араҥатыгар тиэрдиини быһаарар суоллары көрдөөбүтүм.

Саха сиригэр тыа хаһаайыстыбатын бородууксуйатын оҥорон таһаарыы улахан кэскиллээх дии саныыбын. Биһиги курдук тыйыс айылҕалаах сиргэ хороҕор муостааҕы, сыспай сиэллээҕи иитэр олус уустук. Кылгас сайыммыт устата оттоон-мастаан, сир астаан, бултаан-алтаан хаалыахтаахпыт. Айылҕа биэрэр кыаҕын барытын туһанан, күнү-дьылы сөпкө аттаран үлэлээтэхпитинэ эрэ киһи буолабыт.

Улуустартан киирэр минньигэс ас

– Былырыын ахсынньыга, Дьокуускай олохтоохторун улуустартан киирэр аһынан-үөлүнэн хааччыйар сыаллаах, бытархай (розничнай) атыынан-эргиэнинэн дьарыктанар “Кэникээн” хааччахтаммыт эппиэтинэстээх тэрилтэни арыйбыппыт.

 Билигин биһиги «Чурапчы» ТХПК,  «Эрэл» ТХПК (Нам), «Кириэстээх» ТХПК (Сунтаар), «Сыа Бүлүү» ТХППК (Бүлүү), "Байар" ТХПСПК (Ньурба), «Хоту» ТХПК (Мэҥэ Хаҥалас), «Таатта» ТПК, “Мүрү –Ас” ТХППК (Уус Алдан), КФХ Фермер АС, «Ника» ХЭТ, «Саюри» ХЭТ (Дьокуускай) кытары үлэлиибит.

Бу ааттаабыт тэрилтэлэргэ оҥоһуллар сибиэһэй эт, үүт аһы, полуфабрикаттары, халбаһылары, оҕуруот аһын, айылҕа отонноруттан оҥоһуллар натуральнай сироптары, саахардаммыт отону бэйэтинэн дьиэҕэ диэри тиэрдэн биэрэбит. Маны таһынан, бастакы уочарат наада буолар бородуукталары таһабыт – бурдугу, килиэби, саахары, куруппа арааһын.

Үчүгэй өҥөнү дьон тута сэргиир

Константин Егорович «кэлэктииппит бүгүрү үлэһит уонна биир санаанан салайтарар дьонтон таҥыллыбыт буолан, үлэбит тахсыылаах” диэн тоһоҕолоон бэлиэтиир. Кини урут бииргэ үлэлээбит кэллиэгэлэрин, араас сылларга алтыспыт дьонун түмпүт.

– Үлэһити талыыга сүрүн болҕомто уонна бириэмэ ууруллуохтаах. Аһы килийиэннэргэ тиэрдэн биэрэр курьердар, атыылаһааччыны кытта ыкса ситимнээхтик алтыһар менеджердэр уонна атыыһыттар дьоҥҥо тэрилтэ туһунан санааны саҕаллар. Кинилэр дьону кытта уопсай тылы була охсор, кэпсэтэр дьоҕурдарыттан, түргэн-тарҕан туттууларыттан, ураты хаачыстыбаларыттан элбэх тутулуктаах.

Ханнык баҕарар табаары атыылыырга киһини кытта ыкса сыһыан, туһунан үлэ элбэҕи быһаарар. Килийиэн хаһан баҕарар эйэҕэс сыһыаны, хаачыстыбалаах өҥөнү эрэйэр.

Бу бизнеспитин саҕалыырбытыгар бассаапка бөлөх тэрийэн үлэлээбиппит, атыылаһааччылар туох атыыга тахсыбытын күнүгэр утары билэн, сакаастаан ылаллара эбиллэн барбыта. Үчүгэй өҥө баарын “этэрбэс араадьыйата” начаас тарҕаппыта. Билигин “Кэникээн” тэрилтэ өҥөтүнэн туһанар дьон элбээн иһэрэ үөрдэр, биһиги үлэбитин кынаттыыр, сөпкө баран иһэрбитин дакаастыыр.

 “Кэникээн” ХЭТ бассаапка уонна телеграмҥа баар бөлөхтөрө бэркэ үлэлииллэр. Күннэтэ ханнык сибиэһэй ас кэлбитин биллэрэ олороллор, ыйытыыларга хоруйдууллар, сакааһы ылаллар.

Күрэстэһии баара элбэҕи быһаарар

– Ханнык баҕарар бэйэ дьыалатын арыйарга ыарахаттар баар буолаллар. Үчүгэй үлэһиттэри, эрэллээх атыылаһааччылары бэйэҥ буларыҥ таһынан, биһиги эйгэбитигэр, аһы килийиэҥҥэ дьиэтигэр тиэрдэн биэриигэ улахан күрэстэһии баар. Ол эрэн биһиги бэйэбит үлэбитин суобастаахтык уонна сыыдамнык оҥорорго кыһаллар буоламмыт, инникибитигэр бигэ эрэллээхпит.

Инникитин аспыт арааһын элбэтэр былааннаахпыт, бииргэ үлэлэһэр маҕаһыыннарбыт ахсаанын хаҥатабыт, хас да саҥа маҕаһыыны кытта кууһунан атыылыыр сыананан дуогабар түһэристибит.

Куораппыт сайдыытыгар  сэмэй кылааппыт

– Мин бэйэм сөбүлүүр дьарыкпынан үлэлиирбин ордук суолталыыбын. Ону тэҥэ куораппыт сайдыытыгар кылааппытын киллэрэбит дии саныыбын. Бар дьоҥҥо туһаны аҕалар эрэ дьыала сайдар кэскиллээх, инникилээх буолар.

Ханнык баҕарар бизнес бастаан кыра идеяттан саҕаланар, онтон  ону олоххо киллэрэргэ элбэх үлэ тэрээhинэ, сыра-сылба барар.

Билигин дьоҕус уонна орто предпринимательство сайдар кэмэ кэллэ, түгэни мүччү туппакка, олохтоох бэйэ оҥорон таһаарыыны уонна ону тарҕатыыны, батарыыны сайыннарыахха!

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Дьон | 21.11.2024 | 12:00
Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Суруналыыс кэпсэтэр киһитин кытта кини олоҕун, үөрүүтүн, үлэтин-хамнаһын, кыһалҕатын тэҥинэн үллэстэр. Оннук эрэ сүрэҕэр чугастык ылынан суруйдаҕына, ааҕааччыга тиийэр ыстатыйа тахсар. Мин Александрдыын кэпсэтэрбэр, чэчэгэйим кэйиэлээн, төбөм ыараан да ылбыта, сотору атаҕын быстарын кэпсиир, ону хайдах эрэ тулуйан истибит киһи дии олорбутум. Хараҕым уута да сүүрэрэ, күөмэйбин туох эрэ кэлэн...
Биэнсийэлээхтэргэ туох көмө баарый?
Сонуннар | 09.11.2024 | 10:00
Биэнсийэлээхтэргэ туох көмө баарый?
Быйылгыттан 100 сааһын туолбут ытык кырдьаҕастарга 1 мөл. солк. харчы төлөнөр буолбута. Биэнсийэлээхтэргэ өрөспүүбүлүкэ уонна дойду таһымнаах өссө ханнык өйөбүллэр баалларый?   Үлэ бэтэрээннэригэр Үлэ бэтэрээннэригэр, 55 саастарын туолбут эр дьоҥҥо уонна 50 саастарын туолбут дьахталларга, социальнай өйөбүл тугу үлэлээбиттэриттэн тутулуга суох көрүллүөхтээх.   Биэнсийэҕэ эбии 1226 солк. төлөнөр, сайабылыанньаҕытын МФЦ-га эбэтэр...
Тулагыга «Икки булчут» скульптура баар буолла
Сонуннар | 12.11.2024 | 17:14
Тулагыга «Икки булчут» скульптура баар буолла
Баай Байанай ыйыгар түбэһиннэрэн, сэтинньи 9 күнүгэр Тулагы Киллэм нэһилиэгэр «Икки булчут» пааматынньык үөрүүлээх арыллыытын Тулагы оскуолатын үөрэнээччилэрэ киинэҕэ устаннар, сурукка тиһэннэр, нэһилиэк биир бэлиэ түгэнин үйэтиттилэр. Муниципальнай хантараак чэрчитинэн боруонсаттан кутуллубут скульптурнай композиция ааптарынан Арассыыйа худуоһунньуктарын сойууһун чилиэнэ Роман Викторович Босов буолар. Композицияҕа уончалаах уолчаан убайын таҥаһын кэтэн, бобуччу...
Кэлэр нэдиэлэттэн, сэтинньи 18 күнүттэн, куорат оптуобустара саҥардыллыбыт схеманан айанныахтара
Сонуннар | 14.11.2024 | 14:28
Кэлэр нэдиэлэттэн, сэтинньи 18 күнүттэн, куорат оптуобустара саҥардыллыбыт схеманан айанныахтара
Сэтинньи 18 күнүттэн куорат уопсастыбаннай тырааныспарын ситимин уларытыы бырайыагын маҥнайгы түһүмэҕин быһыытынан бастакынан 2, 4, 5, 6, 7, 14, 16, 19, 35 №№-дээх оптуобустар саҥардыллыбыт схеманан айаннаан саҕалыахтара. Быйылгыттан маны кытта икки урут суох, саҥа маршрут киирдэ – 11 №-дээх уонна 12 №-дээх. Санатар буоллахха, 11 №-дээх маршрут алтынньы 14...