15.12.2021 | 13:00

Дьокуускай куорат сэттэ дьиктитин билэҕин дуо?

Ааптар: Дьокуускай куорат «Айыы Кыhата» оскуолатын 8 «б» кылааһын үөрэнээччитэ Родион Слепцов
Бөлөххө киир

Хас биирдии омук, дойду, сир туох эмэ уратылаах, дьиктилээх буолар. Ол дьикти аан дойдуга биллибит да, биллибэтэх да буолуон сөп. Аан дойду аатырбыт 7 дьиктилээҕэ биллэр. 
Биһиги Дьокуускайбыт эмиэ дьиктилээх. Ону өйдөөн көрбөппүт, сэҥээрбэппит. Тоҕо диэтэххэ кинилэри көннөрү пааматынньык, эбийиэк, тэрилтэ, оҥоhуу курдук саныыбыт. Ол иhин историяны билэр, үөрэтэр оруннаах.
Ол курдук «биhиги тапталлаах куораппытыгар аан дойдуга ханна да суох дьиктилэр бааллар дуо?” диэн ыйыттахха, үгүс киhи мунаарыа дии саныыбын. Мантан аллараа куораппыт 7 дьиктитин билиhиннэрэбин.

 

1 дьикти: Сэлии түмэлэ

1991 сыллаахха Дьокуускайга аан дойдуга ханна да суох түмэл (ол эбэтэр музей) үлэлээн барбыта – Сэлии (ол эбэтэр мамонт) түмэлэ. Түмэл Петр Алексеевич Лазарев көмөтүнэн тэриллибитэ. Түмэлгэ хас да тыhыынча сыл анараа өттүгэр үөскүү сылдьыбыт сэлии кыыл туhунан матырыйааллар, экспонаттар бааллар. Түмэлгэ киирэргэ 1977 сыллаахха Халыма өрүс үөһээ сүүрүгэр көстүбүт сэлии оҕотун муляһа турар. Кини Дима диэн ааттаммыт. Оттон дьиҥнээх экспоната Санкт-Петербург куоракка хараллан турар. Урут түмэл тэриллэ илигинэ, Саха сиригэр булуллубут экспонаттар Мосвкаҕа, Санкт-Петербурга көһөрүллэллэрэ, онтон түмэл тэриллиэҕиттэн бэйэбитигэр хараллар буолбуттара. Сэлии түмэлэ Кулаковскай уулуссатын 48 нүөмэрдээх дьиэтигэр баар.

 

2 дьикти: Хомус түмэлэ

1990 сыллаахха Дьокуускайга Хомус аан дойдутааҕы Киинэ уонна Түмэлэ үлэтин саҕалаабыта. Түмэли Иван Егорович Алексеев – Хомус Уйбаан тэрийбитэ. Биллэрин курдук, хомус (атыннык варган дииллэр) 89 дойдуга, 200 омукка баар, 162 араас тимиртэн оҥоһуллар инструмент буолар. Билигин Хомус түмэлигэр барыта 9 тыhыынча кэриҥэ экспонат баар. Аан бастаан хомус ойууннар туттар тэриллэрэ эбит, онтон кэлин олоххо-дьаhахха туттуллар буолбут. Урукку кэмнэргэ хомуhунан киhи санаарҕабыллаах тардыылары, таптыыр киhиэхэ хоhуйан тардыылары, туойсууну оонньуур эбиттэр. Кэлин элбэх буолан тардыы сайдыбыт. Хомус саха омук инструмена буоларынан сибээстээн ханнык баҕар ыhыах кини дорҕоонноох тыаhынан арыллар. Хомус оннооҕор космоска кытта баран тыас таhаарбыта. Хомуспут Киинэ Дьокуускай куораппыт Киров аатынан уулусса 31дьиэтигэр баар.

 

3 дьикти: Шергин шахтата

Великий Устюг куораттан төрүттээх атыыhыт Ф. Шергин 1828-1837 сыллар усталарыгар 116,6 м дириҥнээх (саамай түгэҕэр баар скважинатын кытта 140 м) шахтаны хаспыта. Бастаан иhэр уу ылаары холуодьас хаhан испит диэн история кэпсиир. Шахта тиит маhынан 52 м диэри ытыстаммыт. Шахта Дьокуускай куорат Кулаковскай уулусса 18 нүөмэрдээх дьиэтин тиэргэнигэр турар.

 

4 дьикти: Ирбэт тоҥу чинчийэр институт

Биллэрин курдук, Сир (кураанах сирин) 25%- нын ирбэт тоҥ бүрүйэр. Оттон Арассыыйа сирин-уотун 65% ирбэт тоҥ үрүгэр «турар». Ол иhин, ирбэт тоҥу үөрэтээри, 1960 сыллаахха Арассыыйа Наукатын Академиятын Сибиирдээҕи салаатын П.И. Мельников аатынан ирбэт тоҥ институтун аспыттара. Институт иннигэр 1941 сыллаахха ирбэт тоҥу үөрэтэр станция баар этэ. Институт Дьокуускай куорат Мерзлотнай уулуссатын 36 нүөмэрдээх дьиэтигэр турар.

 

5 дьикти: Космофизика института

Юрий Георгиевич Шафер аатынан космофизика уонна аэрономия института 1962 сыллаахха тэриллибитэ. Институт бастаан 1947-1951 сс. Космос сардаҥатын үөрэтэр станция быһыытынан арыллыбыт. Институт иһинэн элбэх лаборатория үлэлиир, атмосфернай «ардаҕы», космос теориятын, космос сардаҥатын, ионосфераны үөрэтэллэр, онтон да атын чинчийиилэри ыыталлар. Тиксиигэ, Өктөмҥө, Майа сэлиэнньэтигэр салаалардаах. Институт Ленин проспегын 31 нүөмэрдээх дьиэтигэр баар.

 

6 дьикти: Өлбүт буойуттарга пааматынньык

Бу пааматынньык (атынан көтүтэн иһэр Манчаары стелата) 1975 сыллаахха тутуллубута, пааматынньыгы архитектордар И. Слепцов уонна В. Петербуржцев толкуйдаабыттара. История уонна култуура пааматынньыктарыгар киирэ сылдьар. Стела тутулунан уратылаах. Манна сахалыы дьыл кэмин кэрдиитэ уруһуйдаах, 1941-45 сс. кэрчигэ. Пааматынньык Улуу Кыайыы болуоссатыгар турар.

7 дьикти: Хотугу норуоттар дьиэлэрэ

Чернышевскай аатынан уулусса 14 нүөмэригэр Хотугу норуоттар дьиэлэрэ баар. Бу дьиэ ураты быһыылаах, тутуулаах. Онно Хоту дойду төрүт олохтоох аҕыйах ахсааннаах норуоттарын үгэстэрэ, интэриэстэрэ түмүллэр. Ити биhиэхэ, биир өттүттэн көрдөххө, кинилэр култуураларын, үгэстэрин харыстааhын, оттон, атын өттүттэн, өрөспүүбүлүкэ норуоттарыгар үрдүктүк сыаналанар, хардарыта өйөhүү, көмөлөсүhүү, интернационализм курдук бириинсиптэри салгыы тутуhуу үлэтин ыытар кыаҕы биэрэр.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Аҕаа, бырастыы
Сынньалаңңа | 27.11.2024 | 10:00
Аҕаа, бырастыы
Уйбаан нэһиилэ сэттис этээскэ сынньана-сынньана кирилиэһинэн тахсан, кыыһа олорор ааныгар кэлэн, оргууй соҕус тоҥсуйда. Баҕардар дьиэҕэ ким да суоҕа дуу дии санаан, кулгааҕын ааҥҥа даҕайан иһиллээн тура түстэ. Киһи атаҕын тыаһа хааман кэлэн, сиэнэ уол куолаһа нууччалыы: «Кто там?» – диэн ыйыппытыгар: – Мин. Тоойуом, мин кэллим, ааҥҥын арый, –...
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Сытыы муннук | 28.11.2024 | 14:00
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Үөһээ Бүлүү улууһун Маҥаас нэһилиэгин 9 оҕолоох ыалын улахан уола Байбал Васильев оҕо эрдэҕиттэн эппиэтинэскэ үөрэммитэ, хайдахтаах да уустуктан чаҕыйбат, кыраларга холобур буола улааппыта күн бүгүнүгэр  диэри биллэр. Ытык киһибит быйыл 75-с хаарын санныгар түһэрдэ, сааһырда. Ол эрээри олоххо киллэрбит кыһыннары кымыстыыр дьарыгын тохтотуон, өбүгэ кымыстыыр үгэһин үйэтитэр баҕатыттан аккаастаныан...
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сынньалаңңа | 25.11.2024 | 23:17
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сардаана куруук да холку-наҕыл бэйэтэ, мэктиэтигэр хараҕын уута биллэ-көстө ыгыллан тахсыар диэри абатыйда. Кыһыйбытын омунугар „үөрүүлээх“ сонуну тиэрдибит суотабайын дьыбааҥҥа элиттэ. Хаарыан былаан!! Күүтүүлээх көрсүһүү хаалла!! Бүгүн үлэтигэр бардаҕына табыллар буолбут!   Саатар, бэҕэһээ биллибитэ буоллар. Түүҥҥү дьуһуурустубатын кэнниттэн сынньаммакка, түүннэри былаачыйа тиктэн „быччайан“ олоруо суох этэ! Кыргыттара төһө эрэ хомойоллор....
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
Сонуннар | 01.12.2024 | 12:00
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
«Теща» туһунан атын омуктарга олус элбэх анекдот, көр-күлүү баар. Оттон биһиги, сахалар, күтүөт уолбутун хайдах ылынабыт, сыһыаммыт хайдаҕый, төһө тапсабытый? Өйдөспөт түгэн таҕыстаҕына, кыыскын көмүскүүгүн дуу, күтүөт диэки буолаҕын дуу? Онон бүгүн күтүөттэр туһунан кэпсэтиэххэйиҥ.   Светлана Петровна: — Мин ыал буолбутум оруобуна 40 сыл буолла. Ол эбэтэр 1984 сылга дьонум...