08.07.2021 | 13:30

Дмитрий Петров: «Дьарык тохтообот!»

Ааптар: Айталина Софронова
Бөлөххө киир

“Дыгын оонньууларын” күрэҕин кэтэһэн-кэтэһэн баран, дьэ, икки күн устата күөх экрантан арахпакка олорон көрдүбүт. Бары билэрбит курдук, ыраас кыайыыны Хаҥалас хотойо Егор Филиппов ылла.

Хас биирдии көрөөччү, бэйэтин фаворитыгар күүс-көмө, тирэх буолла. Бу сырыыга спорт саҥа сулустарын, кинилэр кимнээхтэрин туһунан сырдатабыт.

- Бүлүү улууһун Тааһаҕар нэһилиэгэр төрөөбүтүм. Бииргэ төрөөбүттэр алтыабыт, ыал улахан оҕото буолабын.

Спортка уруккуттан сыстыгас соҕуспун. Сүрүннээн баскетболунан, волейболунан дьарыктанарым. Ыһыахтарынан хас сайын ахсын ыстаныыга, сүүрүгэ, хапсаҕайга куоталаһан көрөөччүм. Алтыс кылааска оҕо спортивнай оскуолатыгар үөрэнэ сылдьаммын, буоксанан дьарыктаммытым.

- Дмитрий, туох идэлээххин, ханна үлэлиигин?

- Өктөмнөөҕү тыа хаһаайыстыбатын академиятын филиалыгар агроном идэтин ылбытым. Идэбинэн Хаҥалас улууһун Хачыкаат нэһилиэгэр үлэлии сылдьыбытым, билигин Дьокуускайга “Хозмаркет” атыы-эргиэн киинигэр үлэлии сылдьабын.

- Син биллибитиҥ ыраатта, “Боотур” кулуубка хайдах кэллиҥ этэй?

- Алҕас кэлбитим. Бииргэ үлэлиир кэллиэгэм Ариан Слепцов “Боотур” кулууб салайааччыта Уйбаан Белолюбскай саҥа, эдэр уолаттарга күрэхтэһии оҥороору сылдьар диэбитэ. Ариан эмиэ бэйэтин холонон, күрэхтэһээри сылдьар этэ. Хайдах эрэ, бэйэбин тургутан көрүөхпүн баҕарбытым. Сотору буолаат Иван Прокопьевич ыҥырбыта. Биллэн турар, улахан дьарыгым да суох, формам да суох. Күрэхпит саҕаланан, мин сүүрбэ хаһыс эрэ миэстэ буолбутум. Дьарыктанар баҕаттан Уйбааҥҥа бэйэтигэр тиийэммин, тылланан дьарыктаныахпын баҕарабын диэн эппитим, оннук курдук кыахтаах, күүстээх эр бэрдэрин кытта биир саалаҕа эрчиллэн дьарыкпын саҕалаабытым. Номнуо, быйыл үһүс сыла буолар.

Чөл олоххо сыстан, доруобуйа көннөрүнэн, өй-санаа өттүнэн улаатан бэйэбин атын суолга таһаардым дии саныыбын. Иван Прокопьевич дьарыктанар уолаттарын спордунан эрэ угуттаабакка,  олох ханнык баҕарар боппуруоһугар, көстүүтүгэр үөрэтэр, сүбэлиир-амалыыр, аҕабыт кэриэтэ киһибит. Дьарыктаныам иннигэр 105 киилэлээх этим, билигин 84-85 буолан оннубар сылдьабын диэхпин сөп.

- Спорт эйиэхэ ханнык хаачыстыбаны иҥэрдэ?

- Инники сылларбын кытта, билиҥҥи кэми тэҥнии туттахпына билигин барытын сааһыланабын, туспа режимнээхпин, аспын-үөлбүн барытын көрүнэбин. Спорт хаачыстыбата элбэх буоллаҕа. Холобура, ыараханы тулуйуу, бэрээдэк, чөл турук, чэгиэн буолуу, уйулҕа да өттүнэн киһини уларыта тутара элбэх.

- Быйылгы күрэҕи хайдах сыаналыыгын?

- Быйылгы сезоҥҥа бэйэм көрдөрүүлэрбин куһаҕана суох дии санаатым. Былырыыҥҥыттан лаппа үчүгэй. Дыгын оонньуутугар ситэ аһыллыбатым быһыылаах, күрэххэ арааһынай туох барыта буолар, ону киһи туох да диэбэт.

- Эдэр киһи буоллаҕыҥ, бэйэҥ саастыылаахтаргар эйигин холобур оҥостор уолаттарга тугу баҕараҕын?

- Бэйэҕит олоххутугар сыаллаах-соруктаах, чөл өйдөөх, былааннаах олоруҥ. Хараахтардаах уонна тулуурдаах  буолуҥ. Бэйэҕит итэҕэлгитин, төрүт дьарыккытын, дьоҥҥутун-сэргэҕитин ытыктааҥ. Эйэ дэмнээх буолуҥ, куһаҕан дьаллыкка ылларымаҥ, арыгыны уонна табааҕы эккирэтимэҥ. Чөл туруктаах сылдьаргытыгар уонна спортка сыстаргытыгар баҕарабын.

- Билигин туох былааннааххын?

- Дойдубар тахсан бултуом, балыктыам, сэниэ ылыам. Уонна онтон эһиилги Дыгыммар бэлэмнэнэн саҕалыыбын. Куруук дьарыкка сылдьар буоламмын, этим-хааным бэйэтэ ирдиир буолбут, тохтотон кэбиһэрим кыаллыбат.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Биэнсийэлээхтэргэ туох көмө баарый?
Сонуннар | 09.11.2024 | 10:00
Биэнсийэлээхтэргэ туох көмө баарый?
Быйылгыттан 100 сааһын туолбут ытык кырдьаҕастарга 1 мөл. солк. харчы төлөнөр буолбута. Биэнсийэлээхтэргэ өрөспүүбүлүкэ уонна дойду таһымнаах өссө ханнык өйөбүллэр баалларый?   Үлэ бэтэрээннэригэр Үлэ бэтэрээннэригэр, 55 саастарын туолбут эр дьоҥҥо уонна 50 саастарын туолбут дьахталларга, социальнай өйөбүл тугу үлэлээбиттэриттэн тутулуга суох көрүллүөхтээх.   Биэнсийэҕэ эбии 1226 солк. төлөнөр, сайабылыанньаҕытын МФЦ-га эбэтэр...
Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Дьон | 21.11.2024 | 12:00
Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Суруналыыс кэпсэтэр киһитин кытта кини олоҕун, үөрүүтүн, үлэтин-хамнаһын, кыһалҕатын тэҥинэн үллэстэр. Оннук эрэ сүрэҕэр чугастык ылынан суруйдаҕына, ааҕааччыга тиийэр ыстатыйа тахсар. Мин Александрдыын кэпсэтэрбэр, чэчэгэйим кэйиэлээн, төбөм ыараан да ылбыта, сотору атаҕын быстарын кэпсиир, ону хайдах эрэ тулуйан истибит киһи дии олорбутум. Хараҕым уута да сүүрэрэ, күөмэйбин туох эрэ кэлэн...
Тулагыга «Икки булчут» скульптура баар буолла
Сонуннар | 12.11.2024 | 17:14
Тулагыга «Икки булчут» скульптура баар буолла
Баай Байанай ыйыгар түбэһиннэрэн, сэтинньи 9 күнүгэр Тулагы Киллэм нэһилиэгэр «Икки булчут» пааматынньык үөрүүлээх арыллыытын Тулагы оскуолатын үөрэнээччилэрэ киинэҕэ устаннар, сурукка тиһэннэр, нэһилиэк биир бэлиэ түгэнин үйэтиттилэр. Муниципальнай хантараак чэрчитинэн боруонсаттан кутуллубут скульптурнай композиция ааптарынан Арассыыйа худуоһунньуктарын сойууһун чилиэнэ Роман Викторович Босов буолар. Композицияҕа уончалаах уолчаан убайын таҥаһын кэтэн, бобуччу...
Кэлэр нэдиэлэттэн, сэтинньи 18 күнүттэн, куорат оптуобустара саҥардыллыбыт схеманан айанныахтара
Сонуннар | 14.11.2024 | 14:28
Кэлэр нэдиэлэттэн, сэтинньи 18 күнүттэн, куорат оптуобустара саҥардыллыбыт схеманан айанныахтара
Сэтинньи 18 күнүттэн куорат уопсастыбаннай тырааныспарын ситимин уларытыы бырайыагын маҥнайгы түһүмэҕин быһыытынан бастакынан 2, 4, 5, 6, 7, 14, 16, 19, 35 №№-дээх оптуобустар саҥардыллыбыт схеманан айаннаан саҕалыахтара. Быйылгыттан маны кытта икки урут суох, саҥа маршрут киирдэ – 11 №-дээх уонна 12 №-дээх. Санатар буоллахха, 11 №-дээх маршрут алтынньы 14...