21.07.2022 | 10:00

Дмитрий Дедюкин: Уһун үйэлэнии — дьылҕа бэлэҕэ

Бүгүн кэпсэтэр киһим тыыл, үлэ, спорт бэтэрээнэ, Таатта улууһун, Баайаҕа нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо, “Баайаҕа саарына”, “Таатта Ытык ыала”, “XX-с үйэ чулуу булчута” бэлиэлэрдээх Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ытык кырдьаҕаһа, 93 сааһыгар сылдьар Дмитрий Ефремович Дедюкин.
Дмитрий Дедюкин:  Уһун үйэлэнии — дьылҕа бэлэҕэ
Ааптар: Вера КАНАЕВА
Бөлөххө киир

Дмитрий Ефремович икки үйэни ситимниир дьоһун олоҕу олорон, үлэлээн, ааспыт сэрии будулҕанын, сут сутурҕан сылларын, аччыктааһыны тулуйан, Кыайыыны аҕалсыбыта. Сэрии толоонуттан эргиллибэтэх бииргэ төрөөбүт убайдарын ааттарыгар сүгүрүйэн, кэриэстээн, үйэтитэн, ытык иэһин толорон, кииннэрин түһэрбит, биһиктэрин ыйаабыт дойдуларыгар Мэҥэ бэлиэни оҥорон, кэнчээри ыччатыгар далаһа бырахта.

– Үтүө күнүнэн, Дмитрий Ефремович! Өрөспүүбүлүкэ биир киин хаһыатын, «Киин куорат» ааҕааччыларыгар олоҕуҥ туһунан кэпсииргэр көрдөһөбүн. Алаас ааттаах, дойду сурахтаах дииллэринии, хаһан, ханна төрөөбүккүттэн саҕалыахха.

–  Мин ытык Тааттаҕа уустар түөлбэлээн, уутуйан үөскээбит дойдуларыгар Баайаҕа сиригэр 1928 сыллаахха алтынньы ый 28 күнүгэр Баайаҕа үрэҕэ Алдан өрүскэ түһэр тардыытыттан чугас сытар кэрэ айылҕалаах, бултаах-астаах Баймаайы үрэх сүүрүгүрэ устар алааһыгар күн сирин көрбүтүм.

–  Орто дойду олоҕун бэлэхтээбит төрөппүттэриҥ туһунан ахтан аас  эрэ.

– Төрөппүттэрим дьадаҥы дьон этилэр, ыарахан, кырыымчык кэмҥэ олоххо тардыһыы күүһүнэн олорбуттара. Оччотооҕу дьон үөрэх-хаар суох дьон буолаахтаатахтара. Ийэм Варвара Семеновна Неустроева, аҕам Ефрем Герасимович Дедюкин туруу үлэһит, үтүө дьон этилэрэ. Биһиги бииргэ төрөөбүт сэттиэ этибит. Убайдарбын Василийы уонна Михаилы алдьархайдаах сэрии эргиллибэттии былдьаабыта. Улахан убайым Василий  көмүс уҥуоҕа үйэ саас тухары Вологда куоракка харалла сытар. Төрөөбүт дойдутун буорун оҕолор баран уурбуттара. Онон киһи буолан айыллыбыт, оҕо буолан сүүрбүт-көппүт ийэ сирин буора чуумпутук угуттуу сытар. Төрөөбүт алааспар Баймаайыга “убай” диэн ааттаабыт, сэрии толоонугар букатыннаахтык хаалбыт чугас дьонум Василий, Михаил уонна сэрииттэн эргиллэн кэлбит Семен ааттарын үйэтитэн, мэҥэ бэлиэ оҥотторбутум. Бэлиэни оҕолор сүүрэн-көтөн куоракка “Сахасталь” диэн тэрилтэҕэ үлэх биэрбиттэрэ. Тимир тимиргэ эҥсиллэр тыаһын дуораана сүүрбүт-көппүт алаастарыгар, биһиги бу баарбыт диэбиттии, салгын устун устуоҕа. Төрөөбүт Баймаайыбыт  Баайаҕаттан биэс көстөөх сиргэ баар.

Бииргэ төрөөбүттэрим Семен Баайаҕа бастакы суоппара, уон икки оҕоломмута, сэрии кыттыылааҕа, Николай учуутал, Афанасий сахалартан бастакы полярнай лүөччүк уонна Анна эргиэҥҥэ үлэлээбиттэрэ. Удьуор ситимэ ууһаан, тэнийэн олороруттан олуһун үөрэбин, астынабын.

Баймаайыга мэҥэ бэлиэни туруоруу

– Аас-туор кэмҥэ үгүстэр үөрэхтэн маппыттара. Эн оскуолаҕа үөрэммитиҥ дуо?

–  Төһө да ыарахан кэмин иһин, үөрэх тохтооботоҕо. Олох кыаммат эрэ үөрэммэтэҕэ. Онон сэттэ саастаахпар Баайаҕа оскуолатыгар үөрэнэ киирбитим. Убайдарым сэриигэ ыҥырылланнар, сут-кураан сатыылаан, 1943 сыллаахха үөрэхпин тохтоппутум. Сэттэ кылаас үөрэхтээх 15 саастаах уол “Кутаама” холкуоска сүөһү-хонуу биригэдьииринэн үлэбин саҕалаабытым. Оччотооҕу кээмэйинэн улахан үөрэхтээхтэргэ киирсэбин. Сэрии сылларын кэмигэр хоргуйан иэҕэҥнэс буолбут дьону, үксүн оҕо, дьахтар аймаҕы холкуос өрөбүлэ суох үлэтигэр туруоруу, иччилэрин курдук быста ырбыт оҕустарынан от-мас, балбаах тиэйтэрии, хонуу, хотон үлэтин салайыы чэпчэкитэ суох этэ.

Тойон Мүрүгэ

– Өр сыл  булчутунан үлэлээбитиҥ.  Кэпсээҥҥэ кэпсэнэр байанайдаах, сорсуннаах булчут аатын сүгэҕин. Булт сүрүн өйдөбүлэ тугуй? Булчут идэтигэр хаһааҥҥыттан уһуйуллубуккунуй?

– Мин сүүрбэ түөрт сыл биригэдьиирдээн баран, өбүгэлэрим тутан кэлбит дьарыктарын салҕаан, баай хара тыаны суохтаппакка, суо-хаан олохторун сойуппакка, бэйэм баҕа өттүбүнэн бултуу барбытым. Булт өбүгэттэн кэлбит үгэс. Сахалар булчут хааннаахпыт. Ол эрээри киһи барыта булчут буолбат. Айылҕа талан ылан бултуур күүһү иҥэрэр, бултуурга көҥүлү биэрэр, учууталы аныыр. Булчут идэтигэр элбэх тургутугу ааһаҕын, ыллык суолтан саҕалаан түҥ тайҕа ыырдарынан сылдьарга уһуйуллаҕын. Сайыҥҥы куйаас, кыһыҥҥы томороон тымныы, сытыы тыал эн аргыстарыҥ буолаллар. Таба туттуу, таба тайаныы эн табыллыыҥ буолар. Булка уһуйбут оҕолорум Бүөккэ Токумов, Баанньа Неустроев. Бөрөлүүргэ реаниматолог быраас Александр Слепцовы уһуйбутум. Уолбун Миитээни 20-чэ сыл батыһыннара сылдьан бултаппытым. Былааммын куруутун аһара толорорум. Булт араас көрүҥүн, күндү түүлээҕи, хара тыа адьырҕа кыылларын барыта 40-ча бөрөнү, 10-ча эһэни өлөрбүтүм.  Булт тардыылаах, абылаҥнаах идэ. Саха баарын тухары сорсуннаах булчуттар баар буолуохтара. Айылҕа бэйэтэ ыҥыра-угуйа туруоҕа. Айылҕабытын эрэ алдьатыа, киртитиэ суохтаахпыт.

Бороҕоҥҥо биир дойдулаахтара И.Д. Дедюкин, С.Н. Луковцев буолан

– Бөрөнү элбэҕи бултаабыт улахан булчуккун истэбит. Адьырҕа кыыл ир суолун ирдээн, бултуур үөрүйэххинэн муннукка ыкпыт сырыыларгыттан билиһиннэр эрэ.

– Бөрө сылгыны-сүөһүнү тардан, элбэх хоромньу оҥордоҕуна, атын сиртэн көмөҕө ыҥырааччылар. Холобура, 1990 сыллаахха Хара Алдаҥҥа өр кэм устата таба туттарбатах, сылгы бөҕөнү тардыбыт икки бөрөнү бултаппыттара. Онтон 2000 сыллаахха Победаҕа, дьоҥҥо-сүөһүгэ кутталламмыт, олохтоох булчуттар хас да сыл сонордоспут тоһуурдарыгар иҥнибэт, 70-ча дьиэ сүөһүтүн тардан улахан хоромньуну оҥорбут аарыма сур бөрөнү бултатаары, Ытык Күөлгэ киирэ сырыттахпына, Победа баһылыга  Егор Захаров "булчут, бөрөһүт үһүгүн, биһиэхэ бултаһан көр" диэн ыҥырбыта. Биһиги күрэтэн, саанан ытан, хапкааҥҥа да иҥиннэрэн көрдүбүт диэбитэ. Ол ала-чуо Победа эрэ сүөһүтүн тардар, ыаллыы сытар Туора Күөл сүөһүтүн-сылгытын тыыппат дьикти бөрө үһү, кэлин кыыллыйан букатын бөһүөлэк кытыытыгар кииртэлиир буолбут. Ол туһунан Александр Постников "Бөрө өһүөнэ" диэн ыстатыйатыгар суруйан турардаах.. Мин сарсыныгар 7 хапкааннаах Победаҕа бардым. "Беларусь" тыраахтар, биир сирдьит биэрэн, үһүө буолан кэрийдибит. Нөҥүө күнүгэр суолун суоллаан, сылдьыбыт ыырын уонна убаһаны таппыт сирин үөрэтэммин, үс хапкааны ииттим. Сана дьыл буолара икки хонук хаалла, хапкааннарбын иитэн баран, тугу гына олоруохпунуй диэн, Баайаҕабар кэллим. Дойдубар тиийээппин кытта “бөрө иҥиннэ” диэн ыҥыран ыллылар. Ол бөрөм билигин Ытык Күөлгэ баар музейга турар.

– Бултаабыт кыылларгын чуучулалыыгын дуо? Сорох дьон көрдөрүүгэ диэн уураллар эбит.

– Бэйэм өр сыллаах булпун дьон-сэргэ, оҕо-уруу көрөн үөрдүн диэн, тоҥмутун ириэрэн, тыыннаах курдук араастаан тутуннаран тоҥорон, дьиэм таһыгар күрдьүллүбүт хаарга таһааран туруорарым. Киһи бөҕө кэлэн илэ көрөн, билии ылан махтанан бараллара. Билигин кыылы бултааһын сокуон өттүнэн хааччахтанар, көҥүлгэ сорохтор тиксибэттэр.

Кыыһа Саргылана, аймахтара

– Дмитрий Ефремович, уһун үйэлэнии туох кистэлэҥнээҕий?

– Уһун үйэлэнии – дьылҕа хаан бэлэҕэ. Онно эбии киһи чөл өйдөөх-санаалаах буолуохтаах. Манна сөптөөх аһылык сүрүн оруолу ылар. Үрүҥ аһы күннэтэ сиэтэххэ, айылҕа анаан айбыт сирин аһын, булдун аһылык оҥоһуннахха уонна элбэхтэ аар айылҕалыын алтыстахха, кини салгынынан тыыннахха, киһи өлүөр сылдьар, өр олорор. Тыа сиригэр сүөһү ииттэн олордоххо биирдэ иҥэмтэлээх аһы ылабыт. Билигин сүрэхтээх киһи олорор үйэтэ. Нэһилиэккэ тэрилтэ аҕыйах, олохтоохтор бары тэрилтэ үлэтигэр хапсыбаттар, миэстэ тиийбэт буоллаҕа. Урукку курдук ыал аайы сүөһүнү дэлэттэххэ, ас-таҥас, үлэ-хамнас быһаарыллыаҕа.

– Киһи орто дойдуга оҕо төрөтөн удьуору ууһата кэлэр.  Хас сыллаахха ыал буолбуккунуй? Хас оҕолооххунуй?

– Аналбын төрөөбүт сирим бэйэтэ көрүһүннэрбитэ. Кутаама үрэхтэн тардыылаах кыыһы Баймаайы үрэх баһыгар сүгүннэрэн таһаарбытым. Ити 1948 сыллаахха. Кэргэмминээн, оҕолорум күн күбэй ийэлэрэ Христина Иннокентьевна Мандаровалыын 62 сыл олус дьоллоохтук, эйэлээхтик  олорбуппут. Уһуннук бииргэ олордоххо, саныыр санааҥ, көрөр көрүүҥ биир буолан хаалар. Ийэбит тыыл, үлэ бэтэрээнэ этэ. Бэйэм курдук тыыл ыарахан олоҕун этинэн-хаанынан билбитэ. Үөрэнэр дьол киниэхэ тиксибэтэҕэ. Холкуоска сүөһү үлэтигэр үлэлээбитэ. Олоҕум аргыһа Христина Иннокентьевна мин чулуу булчут буолуубар улахан үтүөлээх киһи. Кини сабыдыалынан “XX-с үйэ чулуу булчута” ааты сүгэбин. Түөрт оҕоломмуппут: Людмила – медик, Саргылана – педагог, уолаттар Дмитрий, Василий суоппар идэлээхтэр. Элбэх сиэннээхпит, хос сиэннээхпит. Сиэннэр аныгы кэм ирдэбилинэн уонна, үөрэх да дэлэйэн, ким медик, ким педагог, ким юрист буоллулар. Хос сиэннэр оскуола саастаахтар. Үчүгэйдик олордоххо, дьыл – хонук дииллэрэ баар суол. Олох элэстэтэн  түргэнник даҕаны ааһар эбит.

Сүүрүк кыргыттар Сардана Трофимованы, Валентина Доргуеваны кытта

– Эт-хаан өттүнэн туруктаах, доруобай буоларга тугу тутуһуохтаахпытый? Спортсмен быһыытынан бэйэҕин билиһиннэр эрэ.

–  Спорт өлбөт үйэлэнии тирэҕэ буоллаҕа. Спорт эти-сиини чэбдигирдэр, туругу тупсарар эйгэ. Мин спордунан балайда хойутаан дьарыктаммытым. Сүүрүүгэ 28 сааспыттан сыстыбытым, ол аата 1956 сылтан дьарыктанабын. Ол дьыл сайыныгар куоракка Спартакиадаҕа киирэммин 10 000 км уһуҥҥа биэтэккэ иккис кэлэн, үс бастыҥ иһигэр аатым ааттаммыта. Бастакынан Томпоттон сылдьар Василий Охлопков буолбута. Онтон 5000 км төрдүс миэстэ буолбутум. Кыайыы элбэх дьулууру, тулууру эрэйэр. Бу сүүрүүгэ түөрт уонча киһи сүүрбүтэ. Ким да эрчийбэтэҕэ, бэйэм баҕабынан дьарыктанарым. Иккис буолбуппар майка бириис биэрбиттэрэ. Онно үөрбүтүм, астыммытым баара. Мэтээл игин диэн мэлигир, арай билигин мэтээл арааһын бэлэхтииллэр. Оччолорго стадион саҥа тутуллан эрэрэ. Күрэхтэһиибит пааркаҕа ыытыллыбыта. Оройуоммар 5000 уонна 10 000 км сүүрүүгэ охсубут рекордум  сүүрбэттэн тахса сыл турбута. “Дьулуур” кулууп сүүрбэ сылыгар 75-тэн үөһэлэргэ, а.э. 80 сааспар иккис буолбутум. Билиҥҥэ диэри спорт мин олоҕум аргыһа, сааспар сөп түбэһиннэрэн хаамабын, күн бэҕэһээ дьэдьэннээн, хаптаҕастаан киирдим. Билигин, баҕарыаҥ эрэ кэрэх, хас нэһилиэк аайы спортзал баар. Киһи бириэмэни аттарынан, быыс-хайаҕас булан, аҥаардас эти-хааны сайыннара, хас да көрүҥүнэн дьарыктаныан сөп үйэтэ.

– Саха киһитэ уһун кыһыны туораан күөххэ үктэнэригэр, үрдүк Айыылартан үтүөнү, өлгөм үүнүүнү, табыллыыны алгыс нөҥүө ылар. Ыһыах диэн тугуй? Быйыл хас ыһыахха сырыттыҥ?

– Уруккуну саппыт былыттар кэтэхтэригэр, омоон суол туманныран көстөр кэмиттэн өбүгэлэрбит ыһыах ыһаллара. Бу биһиги, сахалар, хайаан да тутуһар уонна сүгүрүйэр үгэспит буолар. Күнтэн тэһииннэнэн олорор саха киһитэ ыһыахтаатаҕына, алгыс ыллаҕына эрэ астынар. Мин быйыл дойдубар Баайаҕаҕа, Ытык Күөлгэ улууһум ыһыаҕар уонна оҕочоос буолан улааппыт дойдум Байаҕантайым ыһыаҕар сырыттым. Быйылгы Байаҕантай ыһыаҕа Томпо улууһун Мэҥэ Алданыгар ыытылынна. Икки сыл ыарыы бүрүүкээн, буолуохтаах кэмигэр ыытыллыбатаҕа. Бу ыһыаҕы Мандар Уус толкуйунан урукку Байаҕантай улууһун биэс улуустарын нэһилиэктэрэ түмсэн ыһыахтыыбыт. Маннык үгэс умнуллубакка, салҕанар чинчилээҕиттэн үөрэбин. Ону ааһан, Уус Алдаҥҥа тиийэн  VIII-с спортивнай оонньууларга алта күн тилэри, дьонум-сэргэм арыаллаан сырыттым. Оонньуулар аһыллыыларыгар улууһум хамаандатын кытта тэҥҥэ хаамтым. Күрэхтэһиилэри кэрийэ сылдьан көрдүм. Түгэнинэн туһанан маанылаан илдьэ сылдьыбыт бырааппар Иван Денисович Дедюкиҥҥа, улууһум баһылыга Михаил Михайлович Соровка «Киин куорат» хаһыат нөҥүө улахан махталбын тиэрдэбин.

Уус Алдаҥҥа VIII-с спортивнай оонньууларга Таатта улууһун хамаандата, 2022 сыл

– Дмитрий  Ефремович, аныгы ыччакка тугу сүбэлиэҥ этэй?

– Ыччаттар, оҕолорбут барахсаттар куһаҕан дьаллыкка сыстыбакка, спордунан, күүскэ да буолбатар, ситимнээхтик, бэйэ кыаҕын көрөн, күннээҕи түбүгү сөпкө аттаран дьарыктаныахтарын баҕарабын. Ону тэҥэ үлэни өрө тутан олоруохтарын наада. Үлэһит, бэйэтин кыанар киһи олоҕун таһыма үрдүк, өйө-санаата туруктаах, инникилээх буолар. Хамсаныы уонна өй киһини баһылыахтаах.

– Ытыктабыллаах Дмитрий Ефремович, дириҥ ис хоһоонноох кэпсээҥҥэр махтанабын. Өссө да орто дойду  ыалдьыта буолан уһуннук олор, өйүҥ-санааҥ бөҕөх буоллун, ыарыы ыалласпатын диэн баҕа санаам бастыҥын аныыбын.

Бороҕоҥҥо VIII-c спортивнай оонньуулар үөрүүлээх аһыллыыларыгар
Сорсуннаах булчут Дмитрий Дедюкин 

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Дьон | 21.11.2024 | 12:00
Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Суруналыыс кэпсэтэр киһитин кытта кини олоҕун, үөрүүтүн, үлэтин-хамнаһын, кыһалҕатын тэҥинэн үллэстэр. Оннук эрэ сүрэҕэр чугастык ылынан суруйдаҕына, ааҕааччыга тиийэр ыстатыйа тахсар. Мин Александрдыын кэпсэтэрбэр, чэчэгэйим кэйиэлээн, төбөм ыараан да ылбыта, сотору атаҕын быстарын кэпсиир, ону хайдах эрэ тулуйан истибит киһи дии олорбутум. Хараҕым уута да сүүрэрэ, күөмэйбин туох эрэ кэлэн...
Биэнсийэлээхтэргэ туох көмө баарый?
Сонуннар | 09.11.2024 | 10:00
Биэнсийэлээхтэргэ туох көмө баарый?
Быйылгыттан 100 сааһын туолбут ытык кырдьаҕастарга 1 мөл. солк. харчы төлөнөр буолбута. Биэнсийэлээхтэргэ өрөспүүбүлүкэ уонна дойду таһымнаах өссө ханнык өйөбүллэр баалларый?   Үлэ бэтэрээннэригэр Үлэ бэтэрээннэригэр, 55 саастарын туолбут эр дьоҥҥо уонна 50 саастарын туолбут дьахталларга, социальнай өйөбүл тугу үлэлээбиттэриттэн тутулуга суох көрүллүөхтээх.   Биэнсийэҕэ эбии 1226 солк. төлөнөр, сайабылыанньаҕытын МФЦ-га эбэтэр...
Тулагыга «Икки булчут» скульптура баар буолла
Сонуннар | 12.11.2024 | 17:14
Тулагыга «Икки булчут» скульптура баар буолла
Баай Байанай ыйыгар түбэһиннэрэн, сэтинньи 9 күнүгэр Тулагы Киллэм нэһилиэгэр «Икки булчут» пааматынньык үөрүүлээх арыллыытын Тулагы оскуолатын үөрэнээччилэрэ киинэҕэ устаннар, сурукка тиһэннэр, нэһилиэк биир бэлиэ түгэнин үйэтиттилэр. Муниципальнай хантараак чэрчитинэн боруонсаттан кутуллубут скульптурнай композиция ааптарынан Арассыыйа худуоһунньуктарын сойууһун чилиэнэ Роман Викторович Босов буолар. Композицияҕа уончалаах уолчаан убайын таҥаһын кэтэн, бобуччу...
Кэлэр нэдиэлэттэн, сэтинньи 18 күнүттэн, куорат оптуобустара саҥардыллыбыт схеманан айанныахтара
Сонуннар | 14.11.2024 | 14:28
Кэлэр нэдиэлэттэн, сэтинньи 18 күнүттэн, куорат оптуобустара саҥардыллыбыт схеманан айанныахтара
Сэтинньи 18 күнүттэн куорат уопсастыбаннай тырааныспарын ситимин уларытыы бырайыагын маҥнайгы түһүмэҕин быһыытынан бастакынан 2, 4, 5, 6, 7, 14, 16, 19, 35 №№-дээх оптуобустар саҥардыллыбыт схеманан айаннаан саҕалыахтара. Быйылгыттан маны кытта икки урут суох, саҥа маршрут киирдэ – 11 №-дээх уонна 12 №-дээх. Санатар буоллахха, 11 №-дээх маршрут алтынньы 14...