02.09.2022 | 12:00

Дириэктэрим, учууталым олоҕум суолун ыйбыта

(Н.Г. Чернышевскай аатынан Бүлүүтээҕи педколледж 100 сылыгар)
Дириэктэрим, учууталым олоҕум суолун ыйбыта
Ааптар: Бүлүүтээҕи педучилище 50 сыллаах үбүлүөйдээх 1972 сылын выпускнига, 1972-1975 сс. Бүлүү училищетын учуутала, «РСФСР норуотун үөрэҕириитин туйгуна» бэлиэ, «2000 сыл бастыҥ дириэктэрэ» аат хаһаайына Анатолий Иванов
Бөлөххө киир

Дьокуускайга Художественнай училищеҕа туттарсар санаалаах кэлбитим да, 8 кылаас эрэ кэнниттэн ылар буоланнар, дойдубар Үөһээ Бүлүүлүүр буолбутум. Сөмөлүөтүм Бүлүүгэ тиэрдэн баран, салгыы көппөтө. Инньэ гынан дойдум дьонугар хоноһолуу тиийдим.

«Күтүөппүт» Василий Еремеевич Протопопов училищеҕа уруһуй учуутала. Уруһуйдуур дьоҕурбун билэр буолан, сарсыныгар училище дириэктэригэр мин туспунан кэпсээбит, Михаил Спиридонович Ивановка ыҥыран ылан, агитациялаан, аны училище устудьуона буолан хааллым.

Үөрэх саҕаланыытыгар аҕыйах хонукка Василий Еремеевичтаахха хоно сырыттым. Онтон Михаил Спиридонович Торотоева диэн училищеҕа үлэлиир ыалга дьиэ аҥаарыгар олохтоото. Икки буолан интернаттан таҥас-сап, орон, остуол уларсан, иһит-хомуос булунан, көһөн тиийэн, ньир-бааччы ыал буоллубут. Стручков Володя диэн бииргэ үөрэнэр Өлөчөйтөн сылдьар уоллуун бэркэ тапсан олорбуппут. Сарсыарда олорор сирбитигэр аһыыбыт, күнүс училище остолобуойугар эбиэттиибит, киэһэ ас астаннахпытына – дьиэбитигэр, сороҕор остолобуойга аһыыбыт.

Күһүҥҥү практикабытыгар үөрэнэр корпуспут таһыгар маслянай кыраасканан тимир лиистэргэ агитационнай былакааттары уруһуйдаттылар, корпустар истэрин киэргэттибит, лозуннары ойуулаатыбыт. Ити курдук 2 «в» кууруска испииһэккэ суруллубуппун. Онон бэрт сэргэх устудьуон олоҕум саҕаламмыта. Оҕолорум былырыын 1-гы кууруска үөрэммит буоланнар, билэллэрэ-көрөллөрө элбэх, сытыылар.

Кууруска ыытыллар үлэлэргэ оҕолорбун кытта бииргэ сылдьабын. Үөрэҕим быыһыгар училищеҕа оформлениеҕа туох наадатын оҥоробун, духовой оркестрга оонньуубун, училище агитбиригээдэтигэр сылдьабын, спортсменнар футболкаларыгар эмблема оҥорон кыраасканан трафареттыыбын, араас тэрээһиннэри, күрэхтэһиилэри хаартыскаҕа түһэрэбин. Ити барыта үтүмэн бириэмэни ылар этэ. Үөрэхпин дьиэҕэ ааҕыы диэн суох, тугу истибиппинэн эрэ сылдьабын. Күн аайы кэриэтэ түүн 2-3 чааска утуйабын. Учууталларым барахсаттар өйдүүллэр.

Панно оҥорбут кыргыттар

Сотору үлүгэр 3-с семестр бүтэ оҕуста. Мин ортонон “дайбаһан» иһэбин. Педсовет буолбут сураҕа иһилиннэ. Үчүгэй үөрэхтээх, уопсастыбаннай үлэҕэ көхтөөх оҕолору Москва-Ленинград маршрутунан ыытар буолбуттар. Училище икки босхо путёвкатыттан биирин миэхэ анаабыттар. Үөрүү улахана буолла. Ити курдук училище салалтатын, учууталларын, студпрофкомун өйөбүллэринэн ый аҥаарын курдук Москваны, Ленинграды көрөн кэлбитим үөрэммит кэмим биир сырдык өйдөбүлүнэн буолар. 20-тэн тахса оҕолоох бөлөҕү Василий Иванович Санников салайан сылдьыбыта.

Кууруспут салайааччыта Валентина Даниловна Каратаеваны наһаа үчүгэйдик саныыбын. Сүрдээх ис киирбэх, эрчимнээх, ахсаабат үлэһит киһи этэ. Училище иһинэн сыл аайы группалар икки ардыларыгар үөрэххэ, бэрээдэккэ, уус-уран самодеятельноска, спортка күрэхтэһиилэр ыытыллааччылар. 3-с кууруска сылдьан онно бастаан, училище знамятын күөнүгэр хаартыскаҕа түспүппүт. 4-с кууруска оҕолор бары боччумурбут этилэр. Үөрэххэ сыһыан балачча ирдэбиллээх буолбута. 1972 сыл сааһыгар үөрэҕи бүтэрэрбитигэр училище төрүттэммитэ 50 сыла туолуохтааҕа. Онон бүтэрээччилэртэн «Көмүс выпуск» буолаҕыт диэн үрдүк ирдэбил эрэйиллэр этэ.

Идэлэрин чахчы баһылаабыт учууталларга үөрэммиппит: группабыт салайааччыта Валентина Даниловна Каратаева – музыка учуутала; Василий Иванович Санников – саха тылын учуутала, духовой инструменнар оркестрдарын салайааччыта; нуучча тылын учуутала Нина Ильинична Егорова; училищеҕа үөрэнэр оҕолорго сымнаҕаһынан аатырбыт Василий Еремеевич Протопопов – уруһуй учуутала; үлэлэрин эрэ өрө туппут ахсаабат энтузиастар, кэргэннии Прокопий Нифонтович, Мария Ивановна Абрамовтар – физкультура учууталлара; наҕыл, холку саха тылын учуутала Николай Петрович Жирков; салааскатыгар оҕо соһуулаах, «Олор, цвай!» диэн тыллаах география учуутала Марк Михайлович Михайлов; педагогика учуутала Болурова Татьяна Ильинична о.д.а.

Училище дириэктэрэ М.С. Иванов мин олохпор улахан оруоллаах. Бастакынан, учуутал идэтин ыларбар быһаччы оруоллаах. Күүһүнэн кэриэтэ киллэрэн, учуутал оҥорбута. Иккиһинэн, кини өйө-санаата, характера киһи буолан тахсыыбар оруолу оонньообут буолуохтаах. Ол курдук кинини устудьуон аймах барыта олус сөбүлүүрэ, ытыктыыра, холобур оҥосторо. Үсүһүнэн, мин сөбүлүүр дьарыкпын, уруһуйдуурбун таба көрөн, училище ис-тас киэргэтиитин оҥорууга миигин итэҕэйэн, оҥорор ньымабын сыаналаан үлэлэтэрэ. Төрдүһүнэн, училищены бүтэрээппин кытта уруһуй, ТСО (Технические средства обучения) учууталынан үлэлии хааларбар этии киллэрбитэ. Онон училищебар үлэлии хаалар буолбутум.

1972 с. училище саҥа корпуска киирэригэр оформлениетын оҥоттороору,  дириэктэрим миигин Намынан, Дьокуускайынан командировкалаан, дьиэлэри хайдах киэргэппиттэрин көрдөрбүтэ. Мин чеканка, мозаика техникаларын көрөн, опыт ылбытым.

1972-73 үөрэх дьылын саҕаланыытыгар Бүлүү педагогическай училищетын 50 сыла туолуохтааҕа. Училище саҥа корпуһун ааныгар брандвауернай бетон истиэнэҕэ мозаичнай панно оҥорон бардыбыт. Училищены бүтэриэхтээх 4 «а» куурус кыргыттарын паннобар үлэлэтэр буоллум. Кыргыттар өстүөкүлэни араас өҥүнэн кырааскалаан, куурдан, стеклореһынан бытархай гына быһыталаан, мин уруһуйдаабыт миэстэбэр сыһыаран иһэллэр. Света Степанова, Галя Томская, Дора Канаева, Света Обутова, Зоя Николаева, Тамара Иванова, Нина Иванова о.д.а. наһаа эппиэтинэстээхтик үлэлээбиттэрэ. Ол сыл тимир лииһинэн эмиэ оҕолору кытта куруһуок үлэтинэн Н.Г. Чернышевскай Бүлүүтээҕи сылларын санатар панно оҥорбуппут. Киирэр аан уҥа өттүгэр гардеробу холлтан араарар тимир боробулуоханан оҥоһуллубут быыһы Саха сирин сайдыытын тематыгар композициялаан туруорбуппут. Сыбааркатын Лёха Молчанов диэн ЛЭП сварщига биир түүнүнэн бүтэрэн, улаханнык көмөлөһөн турар. Барахсан үтүө да уол этэ.

Ити курдук үөрэммит училищебар 3 сыл үлэлээбитим. Устудьуоннар ордук ТСО уруогар сөбүлүүллэрэ. Киинэ көрдөрөр «Украина» аппарааты, эпидиаскобу о.д.а. техническэй средстволары оскуолаҕа таба туһанарга үөрэммиттэрэ. «Смена» фотоаппаратынан хаартыскаҕа түһэрэн, ону проявкалаан, бэчээттээн аҕалан сыана ылаллара. Түүҥҥү хаартыскаҕа түһэриигэ эмиэ сорудах ылаллара. Оҕо үксэ фотоаппараттаах этэ. Устудьуоннар бары наһаа эппиэтинэстээхтик сыһыаннаһаллара. Сыллар-хонуктар ааспыттарын кэннэ үөрэппит оҕолорум ол түгэннэрин ахтан махтанааччылар.

Михаил Спиридонович: «Худуоһунньук үөрэҕэр үөрэниэххин наада», - диэн хаста да этэ сылдьыбыта да, олоҕум устатын тухары Таатта улууһун Харбалааҕар 35 сыл уруһуй, технология учууталынан, ол иһигэр 16 сылын оскуола дириэктэринэн үлэлээн пенсияҕа тахсыбытым. Учууталлыыр кэммэр уруһуй, черчение, труд предметтэригэр үөрэппит оҕолорум олимпиадаларга ситиһиилээхтик кытталлар этэ.

1990 сыллаахха оскуолаҕа дириэктэринэн анаммытым. Сүрдээх ыарахан кэм кэлбитэ. Сэбиэскэй уопсастыба тутула уларыйан, олох-дьаһах айгыраабыта. Үп-харчы көстүбэт бириэмэтигэр үлэм түбэспитэ. Комсомол, пионерия эстибитэ. Онон иитии үлэтигэр эмиэ ыарахаттар бааллара. Ол бириэмэни син тулуйан, оскуолабыт үлэтэ-хамнаһа улууска биир бастыҥнар ахсааннарыгар ааттанара. Үлэлиир кэммэр күүс-көмө буолбут кэллиэгэлэрбин Л.Н. Григорьеваны, Г.Г. Сорованы, В.С. Михайловы,  А.С. Оготоеваны,  Г.Н. Егорованы, Л.Н. Малышеваны, Л.П. Андрееваны, М.Д. Тимофееваны о.д.а. сүрдээх истиҥник саныыбын.

Мин дириэктэрдиирим саҥатыгар оскуола материальнай базата мөлтөх туруктааҕа. Учуутал эр дьон күүһүнэн оскуола акылаатын цеменинэн уларыппыппыт. Эргэ хочуолунайы өрөмүөннээн мастарыскыай оҥостубуппут. Улууска бастакынан кабинетнай системаҕа киириигэ хас биирдии кылааска оҥоһуу ыскааптары оҥорбуппут. Улууска бастакынан уруһуй, нуучча тылын, начаалынай кылаас кабинеттара миэстэлэһэн, араас таһымнаах семинардар ыытыллыбыттара. Ол кэмҥэ техниканы булуу уустуга. Элбэхтик куоракка кырынан, оскуолабар КамАЗ, вахтовай автобус, МТЗ, ДТ трактордары, 3 микроавтобуһу булбутум. Оскуолам миэбэлин үлэлиир кэммэр иккитэ уларыппытым, араас техническэй средствонан хааччыйбытым.

Училище 95 сыллаах үбүлүөйүгэр бу «Учуутал» мозаика, «Чернышевскай Бүлүүгэ» чеканка паннолары оҥорбут учууталы, ааптары кытта көрсүһүү тэрийбиттэрэ. Ааптар аата суруллубут дуосканы үөрүүлээх быһыыга-майгыга ыйаабыттара. Училище саҥа таас куорпуска үөрэннэр даҕаны, 50 сыл анараа өттүгэр оҥоһуллубут үлэлэри сыаналаан, кичэллээхтик харайан сылдьалларыттан үөрэбин. 

Үөрэммит, үлэлээбит үөрэҕим кыһата, тапталлаах Бүлүүм училищета 100 сыллаах үбүлүөйдээх сылгынан эҕэрдэ буоллун! Дириэктэрим, учууталым Михаил Спиридонович Иванов-Багдарыын Сүлбэ кэс тыла, үтүө хайҕабыллара, үөрэтиилэрэ мин олоҕум суолун мэлдьи ыйаллара. Махтал буоллун СҮДҮ КИҺИЭХЭ!

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Дьон | 21.11.2024 | 12:00
Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Суруналыыс кэпсэтэр киһитин кытта кини олоҕун, үөрүүтүн, үлэтин-хамнаһын, кыһалҕатын тэҥинэн үллэстэр. Оннук эрэ сүрэҕэр чугастык ылынан суруйдаҕына, ааҕааччыга тиийэр ыстатыйа тахсар. Мин Александрдыын кэпсэтэрбэр, чэчэгэйим кэйиэлээн, төбөм ыараан да ылбыта, сотору атаҕын быстарын кэпсиир, ону хайдах эрэ тулуйан истибит киһи дии олорбутум. Хараҕым уута да сүүрэрэ, күөмэйбин туох эрэ кэлэн...
Аҕаа, бырастыы
Сынньалаңңа | 27.11.2024 | 10:00
Аҕаа, бырастыы
Уйбаан нэһиилэ сэттис этээскэ сынньана-сынньана кирилиэһинэн тахсан, кыыһа олорор ааныгар кэлэн, оргууй соҕус тоҥсуйда. Баҕардар дьиэҕэ ким да суоҕа дуу дии санаан, кулгааҕын ааҥҥа даҕайан иһиллээн тура түстэ. Киһи атаҕын тыаһа хааман кэлэн, сиэнэ уол куолаһа нууччалыы: «Кто там?» – диэн ыйыппытыгар: – Мин. Тоойуом, мин кэллим, ааҥҥын арый, –...
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Сытыы муннук | 28.11.2024 | 14:00
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Үөһээ Бүлүү улууһун Маҥаас нэһилиэгин 9 оҕолоох ыалын улахан уола Байбал Васильев оҕо эрдэҕиттэн эппиэтинэскэ үөрэммитэ, хайдахтаах да уустуктан чаҕыйбат, кыраларга холобур буола улааппыта күн бүгүнүгэр  диэри биллэр. Ытык киһибит быйыл 75-с хаарын санныгар түһэрдэ, сааһырда. Ол эрээри олоххо киллэрбит кыһыннары кымыстыыр дьарыгын тохтотуон, өбүгэ кымыстыыр үгэһин үйэтитэр баҕатыттан аккаастаныан...
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сынньалаңңа | 25.11.2024 | 23:17
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сардаана куруук да холку-наҕыл бэйэтэ, мэктиэтигэр хараҕын уута биллэ-көстө ыгыллан тахсыар диэри абатыйда. Кыһыйбытын омунугар „үөрүүлээх“ сонуну тиэрдибит суотабайын дьыбааҥҥа элиттэ. Хаарыан былаан!! Күүтүүлээх көрсүһүү хаалла!! Бүгүн үлэтигэр бардаҕына табыллар буолбут!   Саатар, бэҕэһээ биллибитэ буоллар. Түүҥҥү дьуһуурустубатын кэнниттэн сынньаммакка, түүннэри былаачыйа тиктэн „быччайан“ олоруо суох этэ! Кыргыттара төһө эрэ хомойоллор....