21.07.2022 | 12:00

Дьиэтээҕи эмтиэкэ

Дьиэтээҕи эмтиэкэ
Ааптар: Айталина Софронова
Бөлөххө киир

Лавровай сэбирдэх дьиктилэрэ

Айаҕыҥ иһэ сыттанар эбэтэр бааһырар буоллаҕына, күҥҥэ хаста да лавровай сэбирдэҕи ыстаа. Ол кэнниттэн биир чаас кэриҥэ аһыыртан, ууну иһэртэн туттун.

Оҕоҥ кыраттан өрүкүнүйэр итиэннэ кыайан утуйбат буоллаҕына, сыттыгар лавровай сэбирдэҕи тигэн кэбис. Бу үүнээйи сыта валериана силиһинээҕэр ордук уоскутар.

Дьаҥ-дьаһах турбут кэмигэр лавровай сэбирдэҕи ылан оргуйа турар ууга уган, 15 мүнүүтэ оргут. Нэлэгэр тэлиэркэҕэ кутан остуолга уур. Өр-өтөр буолуо суоҕа, дьиэҥ иһэ лавровай сытынан дыргыйыа, ону кытары салгыҥҥа тарҕаммыт ыарыы бактыарыйата өлбүтүнэн барыа.

Атаҕыҥ сыттанар буоллаҕына, 30 устуука сэбирдэҕи биир ыстакаан оргуйбут ууга уган, 3 чаас устата туруор. Онтон таастаах ууга кут уонна атаххын 10 мүнүүтэ устата тутан олор. Атаҕыҥ ууланара, сыттанара аматыйыа.

Биэс сэбирдэҕи үлтүрүтэн, 200 мл 40% этиловай испииргэ хас да күн көйүөр. Маны сиидэлээн, сирэйи сотто сырыттахха, хатаал сыыйа сүтэр.

Харахха кэлтэһэ таҕыстаҕына үс сэбирдэҕи 200 мл оргуйбут ууга 20 мүнүүнэ көөнньөрөн, күҥҥэ алтата кыра-кыратык иһиллэр. Сарсыныгар кэлтэһэ суох буолуо.

 

Дьиэҕэ-уокка, сүөһүгэ-сылгыга сыһыаннаах сүбэлэртэн

Кыа отун уматан, ол буруотунан тэллэйдэнэр дьиэлэри, умуһаҕы ыһаарыҥ. Күлүн муоста анныгар сииктээх сиргэ кутуҥ. Уута, сиигэ тардыа.

Туос иһиттэри эмиэ кыа от буруотунан ыыһааҥ, оччотугар кутуллубут үүт аһыйбат.

Тэтиҥ хатырыгын оргутан, ынах, сылгы, дьиэ кыылларын тириилэрин сууйан, иһэрдэн үөннэрин өлөрүҥ.

Сүөһү модьууна собо балык өлүн сиикэйдии, тэҥ-тэҥэ тууска булкуйан маас оҥорон, сотон-сыбаан эмтэнэр.

Кутуйах сылдьар сиригэр сугун абаҕатын уматан, буруолатан уураллар. Кутуйах мэлийэр, суох буолар, сытын абааһы көрөн чугаһаабат.

 

«Отунан-маһынан эмтэнии” бөлөхтөн

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Дьон | 21.11.2024 | 12:00
Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Суруналыыс кэпсэтэр киһитин кытта кини олоҕун, үөрүүтүн, үлэтин-хамнаһын, кыһалҕатын тэҥинэн үллэстэр. Оннук эрэ сүрэҕэр чугастык ылынан суруйдаҕына, ааҕааччыга тиийэр ыстатыйа тахсар. Мин Александрдыын кэпсэтэрбэр, чэчэгэйим кэйиэлээн, төбөм ыараан да ылбыта, сотору атаҕын быстарын кэпсиир, ону хайдах эрэ тулуйан истибит киһи дии олорбутум. Хараҕым уута да сүүрэрэ, күөмэйбин туох эрэ кэлэн...
Аҕаа, бырастыы
Сынньалаңңа | 27.11.2024 | 10:00
Аҕаа, бырастыы
Уйбаан нэһиилэ сэттис этээскэ сынньана-сынньана кирилиэһинэн тахсан, кыыһа олорор ааныгар кэлэн, оргууй соҕус тоҥсуйда. Баҕардар дьиэҕэ ким да суоҕа дуу дии санаан, кулгааҕын ааҥҥа даҕайан иһиллээн тура түстэ. Киһи атаҕын тыаһа хааман кэлэн, сиэнэ уол куолаһа нууччалыы: «Кто там?» – диэн ыйыппытыгар: – Мин. Тоойуом, мин кэллим, ааҥҥын арый, –...
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Сытыы муннук | 28.11.2024 | 14:00
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Үөһээ Бүлүү улууһун Маҥаас нэһилиэгин 9 оҕолоох ыалын улахан уола Байбал Васильев оҕо эрдэҕиттэн эппиэтинэскэ үөрэммитэ, хайдахтаах да уустуктан чаҕыйбат, кыраларга холобур буола улааппыта күн бүгүнүгэр  диэри биллэр. Ытык киһибит быйыл 75-с хаарын санныгар түһэрдэ, сааһырда. Ол эрээри олоххо киллэрбит кыһыннары кымыстыыр дьарыгын тохтотуон, өбүгэ кымыстыыр үгэһин үйэтитэр баҕатыттан аккаастаныан...
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сынньалаңңа | 25.11.2024 | 23:17
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сардаана куруук да холку-наҕыл бэйэтэ, мэктиэтигэр хараҕын уута биллэ-көстө ыгыллан тахсыар диэри абатыйда. Кыһыйбытын омунугар „үөрүүлээх“ сонуну тиэрдибит суотабайын дьыбааҥҥа элиттэ. Хаарыан былаан!! Күүтүүлээх көрсүһүү хаалла!! Бүгүн үлэтигэр бардаҕына табыллар буолбут!   Саатар, бэҕэһээ биллибитэ буоллар. Түүҥҥү дьуһуурустубатын кэнниттэн сынньаммакка, түүннэри былаачыйа тиктэн „быччайан“ олоруо суох этэ! Кыргыттара төһө эрэ хомойоллор....