22.02.2022 | 18:00

Дьиэ туттааччыларга көмө

Дьиэ туттааччыларга көмө
Ааптар: Наталья Кычкина
Бөлөххө киир

Олох сайдан, дьон үксэ киэҥ-куоҥ, килэйбит-халайбыт, кыраһыабай, толору хааччыллыылаах чааһынай дьиэлэниэн баҕарара омнуоламмат.

Билиҥҥи таас дьиэлэр истиэнэлэрэ чараас буолан, тыас-уус, дьон саҥарара, кэпсэтэрэ, ытырдара, сөтөллөрө кытта иһиллэрэ олороргор, сынньанаргар мэһэйдэри үөскэтэр. Аны бырааһынньыктарга иэйииҥ кэлэн ыллаан-туойан истэххинэ, истиэнэни кырбаан, батареяны тоҥсуйан киирэн бардахтарына, ырыаҥ ырыа буолбат, бырааһынньыгыҥ сибигинэйэн кэпсэтиигэ кубулуйар. Оттон чааһынай дьиэлээх киһи төһө кыаҕа баарынан ыллаан-туойан, көҥүл көрүлээн, ыстаҥалаан, сүүрэн, тыаһаан-ууһаан олоруон сөп, аны тэлгэһэтэ, салгына, оҕуруота, сибэккитэ туохха тэҥнэһиэй. Ол туһунан этэ да барыллыбат.

Билигин дьиэ туттааччыларга матырыйаал арааһа баар: тимир лиистэн саҕалаан полусфера, винилсайдинг, поликарбонат, полистирол, изоспан, изовер, гипсокартон, базалит уо.д.а. матырыйааллары дьон бары дьиэтигэр-уотугар, күрүөҕэ-хаһааҕа туттар, туһанар.

Саха киһитэ дьиэни-уоту тутууга сыстан, элбэҕи анааран көрөн, мындыр өйүн киллэрэн, баҕа санаатынан салайтаран толору хааччыллыылаах мас дьиэни туттарга дьулуһар. Хатыламмат, көрүөхтэн кэрэ көстүүлээх дьиэни тутан таһааран тэлгэһэтигэр, олорор түөлбэтигэр, ааһа баран нэһилиэгэр, куоратыгар тупсаҕай көрүҥү биэрэр.

Кэнники кэмҥэ дьиэ ис бараанын оҥорууга матырыйаал арааһа дэлэйэн, дьон таптаабытынан туттар, тупсаран оҥорор буолла.

Ол быыһыгар дьон санаата сороҕор уратылаһар эбит. Ол курдук биир киһи: “Аһара улахан дьиэни туттар наадата суох эбит. Оҕолор улаатан тарҕаһан хааллахтарына иккиэйэҕин онон-манан талыгыраһан хаалаҕын. Иккис этээскэр отой тахса сылдьыбаккын. Уонна дьэ кыһын кыстыыр кыра дьиэ тутта сатыыр түбүгэ буолаҕын. Улахан дьиэҥ сайын оҕолор эрэ муһуннахтарына наада буолар. Сиэннэр улаатыахтарыгар диэри дьиэҥ сонуна ааһар. Билиҥҥим эбитэ буоллар 9х12 эҥин диэбит курдук биир этээстээх дьиэ туттуо эбиппин”. Эмиэ да сөпкө этэр. Мин хас да билэр дьонум ат сүүрдэр икки мэндиэмэннээх киэҥ-куоҥ улахан дьиэ туттан баран билигин иккиэйэх эрэ толугураһан, дьоҕус дьиэ туттар түбүгэр түһэллэр. Аны уруккулара буолбатах, сааһыран, үлэни да кыайбат буоллахтара, онно эбии улахан дьиэни сууйуу-тарааһын, өрөмүөннээһин, кырааскалааһын манан аҕай дьыала буолбатах. Төһө да оҕолор сайынын кэлэн көмөлөһөн барбыттарын иһин, кыһын тыа сиригэр оһох оттуута, син биир сууйаҕын-тарыыгын, быыллыыгын, хомунаҕын буоллаҕа.

Аны былырыыҥҥыттан мас сыаната аһара үрдээтэ. ДВИ ылан дьиэтэ туттуу, эдэрдэргэ субсидия, көмө бөҕөтө оҥоһуллар курдук. Онтубут икки өрүттээх буолан таҕыста. Эмиэ да учаастак ылыаҥ, дьиэ туттуоххун баҕарыаҥ. Аны матырыйаал сыаната халлааҥҥа харбаста, ипотека бырыһыана куйаарга дьулуста. Онон оҕолорбутугар олус ыарахан кэм кэллэ. Сорох төрөппүттэр бэйэбит саҥа дьиэлэнэ сылдьабыт, ипотека төлүүбүт, онон оҕолорбутугар көмөлөһөр кыаҕа суох буолан хааллыбыт. Куорат иһигэр учаастак мөлүйүөнүнэн сыана, биир хостоох таас дьиэ алта мөлүйүөнтэн таҕыста. Дьэ, чахчы ыарахан олох кэллэ, дэриэбинэҕэ турар кырдьаҕас дьиэлэрбитин сөргүтэн, онно олохсуйа тахсабыт дуу, аны оҕолорбут, сиэннэрбит көһөн тахсалларын саарбахтыыбыт.

Ол да буоллар туруорбах балаҕан, кыра дьиэ да туттан олоруохха, кыстыахха сөп буоллаҕа. Хайаан да ол “особняк”, “коттедж” эрэ буолбакка. Аны дьиэ туттуу туһунан сиэрдээх-туомнаах, саха киһитэ ону хайаан да билиэхтээх, тутуһуохтаах.

 

Дьиэ туттарга тутуһуллар сиэр-туом

Саха дьоно дьиэни тутарбытыгар сиэрбит-туоммут бу күҥҥэ диэри уларыйбакка кэллэ.
Былыргы кэмнэргэ саҥа дьиэни тутуллар сирин ойуун эбэтэр бэрт билгэһит кырдьаҕас чинчилииллэрэ. Санаалара тохтообут сиригэр билгэһит хонон турара. Ол сиргэ дьиэлэрин туталлара түүллэрин тойоннооһуннарыттан тутулуктааҕа. Сороҕор дьиэ тутуллуохтаах олоҕор суоруллубут мас хатырыгын көпсөлүү ууран, нөҥүө күнүгэр  кымырдаҕас мустарын көрөллөрө. Кымырдаҕас мустубут буоллаҕына, үтүө эркиннээх сиринэн ааҕаллара. Сороҕор түөрэх быраҕаллара.
Дьиэ олоҕун таһыгар үүммүт мастары эмиэ чинчилииллэрэ. Тиит мас лабаата үөһээ диэки үмүрүччү үүнэн турар буоллаҕына, бүтэй сир диэн буолар, оттон лабаата туора үүммүт сатаҕай көрүҥнээх мастаах сири аһаҕас сиринэн ааттыыллара уонна маннык сиргэ дьиэни туттубаттара.
Дьиэ акылаата түһүөхтээх сиригэр баар чөҥөчөгү түөрэллэрэ, силиһин үчүгэйдик ыраастыыллара.
Акылаатын түһэрэллэригэр, былыр туруорбах балаҕан тулааһыннарын туруоралларыгар, сир кырсын алдьаталларыгар Сир Дойду Иччилэриттэн көрдөһөн, көҥүллэтэн, алгыстарын аныыллара. Акылаат түһэр муннуктарыгар, тулааһын оҥкучахтарыгар харчы уонна сиэлинэн суулаан арыы уураллара. Дьиэ тутуутун сүрүн түһүмэхтэригэр: акылаат түстэҕинэ, түннүк баайыытыгар, өһүө түһүүтүгэр дьиэлээх ыал бэлиэтээн сирдэрин-уоттарын аһаталлар. Дьиэ тутуутун саамай сүрүн өттө өһүөнү түһэрии – бу дьиэ тутуллан бүтэн, үлэ үмүрүйэн эрэр үөрүүлээх өттө. Өһүө ууруллар муннуктарыгар сиэл уонна харчы эмиэ ууруллар, бу билиҥнэ диэри тутуһуллан кэлбит сиэр. Дьиэ өһүөтэ түстэҕинэ, тутуллан бүппүтүн кэриэтэ буолар, онон малааһын тэриллэр.

Итэҕэл быһыытынан, дьиэ айыы Аартыга аһыллар сиринэн илин диэкинэн ааннанар. Дьиэ тутуллан бүттэҕинэ, саҥа дьиэҕэ киирии малааһына тэриллэр. Малааһын үксүн алтынньы, сэтинньи ыйдарга, идэһэлэнэр кэмҥэ оҥоһуллара. Кырдьаҕас баар буоллаҕына, Аал Уоту кини алҕаан аһатара. Дьиэ Иччитэ Дьиэрдэ Бахсыынаттан ыччат дьоно көмүс ньээкэ уйаларыгар этэҥнэ олороллоругар көрдөһө, дьиэлээхтэргэ Айыы дьонун сиэринэн олороллоругар алгыһын аныыр.

Маны сурунан ылыҥ

Буруус: (1 куб м. хас устуука киирэрэ)

10 х 18 х 4 м – 13,8;

10 х 18 х 6 м – 9,3;

18 х 18 х 4м – 7,7;

18 х 18 х 6м – 5;

15 х 15 х 4м – 11;

15 х 15 х 6м – 7,4;

15 х 18 х 4м – 9,2;

15 х 18 х 6м – 6,2;

Дуоскалар:  (1 куб м. хас устуука киирэрэ)

5 х 18 х 4 м – 28;

5 х 18 х 6 м – 18,5;

4 х 18 х 4 м – 34,7;

4 х 18 х 6 м – 23,1;

5 х 15 х 4 м – 33,3;

5 х 15 х 6 м – 22,2;

4 х 15 х 4 м – 41,6:

4 х 15 х 6 м – 27,7;

2,5 х 15 х 4 м – 66;

2,5 х 18 х 4 м – 55.

Хас биирдии дьиэ туттааччыны, биллэн турар, сыана боппуруоһа интэриэһиргэтэр. Былырыын сайын куоракка хаптаһын олох бүтэн хаалбыт диэн дьон аймаммыта. Аны саҥа кэлии барыта аһара ыараабыт этэ.

Төһө да хаптаһын, мас сыаната ыараатар, тутааччылар баҕар урукку сыананан үлэлииллэрэ, сакаас ылаллара буолуо.

Дьиэ көҥдөйүн тутан таһаарыы (биир кв/м сыаната):

1. Буруус – 2500-3000 солк.

2. Лафет – 3000-3500 солк.

3. Кругляк – 3500-4000 солк.

4. “Под ключ” – 4500-5000 солк.

5. Муоста – 300 солк.

6. Хара муостата (сылытыылаах) – 600 солк.

7. Өһүөтэ (сылытыылаах) – 600 солк.

8. Кырыыһа – 150-500 солк. (үлэ уустугуттан тутулуктаах)

9. Фронтон, карниз – 100-300 солк.

10. Тэрээһэ тутуута – 2500 солк. саҕаланар.

11. Түннүк туруоруута – 500-2000 (кээмэйиттэн тутулуктаах)

12. Аан туруоруута – 500-2000 солк.

13. Оһуора суох кирилиэс тутуута – 15000-30000 солк.

14. Оһуордаах уонна орнаменнаах кирилиэс – 30 000 солк. 100 000 солк диэри.

15. Сакаастыыр киһи матырыйаалыттан беседка тутуута – 25000-50000 солк.

16. Балаҕан  – 2500-3000 солк.

17. Ураһа – 80 000-300 000 солк.

18. Камин – 25 000-30 000 солк.

19. Туалет, душ, сарай о.д.а. – 1000 солк. саҕаланар.

 

Куубугар таһаардахха төһөнүй?

Дьиэ туттааччылар 1 куубка хас матырыйаал киирэрин билиэхтээххит.

Обрезной 6-миэтирэлээх дуоска:

25 х 100 – 66 устуука;

25 х 150 – 44 устуука;

30 х 150 – 34 устуука;

40 х 150 – 28 устуука;

50 х 150 – 22 устуука;

50 х 200 – 17 устуука;

65 х 150 – 17 устуука;

6-миэтирэлээх буруус:

150 х 150 – устуука;

150 х 100 – 11 устуука;

100 х 100 – 17 устуука;

50 х 100 – 33 устуука.

6-миэтирэлээх шпунт дуоска (муостаҕа):

38 х 112 – 39 устуука;

38 х 145 – 30 устуука;

45 х 111 – 33 устуука.

6-миэтирэлээх шпунт вагонка:

17 х 95 – 103 уст;

18 х 95 – 97 устуука;

19 х 115 – 76 устуука;

19 х 145 – 60 устуука;

6-миэтирэлээх четвертованнай вагонка – 76 устуука.

Хомойуох иһин, бу нормативтары билбэт киһи тутуу матырыйаалын атыылаһарыгар балыйтарыан даҕаны, ордук-хоһу дуу, тиийбэти дуу атыылаһан, эбии ночоокко да киириэн сөп. Онон билэргит уонна туһанаргыт бэйэҕитигэр барыстаах.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Ылланарга айыллыбыт олох
Дьон | 11.10.2024 | 12:00
Ылланарга айыллыбыт олох
Хаһааҥҥытааҕар даҕаны ардахтаах күһүн буолла. Уһун ардахтарга өйбөр куруутун “Тохтообокко ардах түһэр, Түннүкпэр таммаҕы ыһар...” ырыа тыллара ытыллар.   Биһиги көлүөнэ оҕолор үрдүкү кылаастартан саҕалаан “Ардахха санаа” ырыаны истэ улааппыппыт. Оччолорго, биллэн турар, ким тыла, ким матыыба буоларын улаханнык билэ да сатаабат этибит. Ырыа баар да баар. Киһи олоҕун кэрдиис кэмнэринэн...
Тапталга уйдаран
Спорт | 03.10.2024 | 16:00
Тапталга уйдаран
Көҥүл тустууга Герман, Александр, дуобакка Станислав Контоевтар курдук үс аан дойду чөмпүйүөнэ оҕолордоох Степан, Варвара Контоевтар олохторо мүччүргэннээх, көрүдьүөс түгэннэринэн толору. Аҕалара, эһэлэрэ Степан Степанович Горнай улууһун Маҕараһын оскуолатыгар күнүһүн физруктуурун быыһыгар, киэһэ өттүгэр оҕолору тустуунан уонна дуобатынан дьарыктаан, спорка уһуйан, аан дойду алта чөмпүйүөнүн таһаартаабыта улахан ситиһиинэн буолар. Ийэлэрэ,...
Киин куоракка саҥа сквер тутуллуон сөп
Дьон | 05.10.2024 | 14:00
Киин куоракка саҥа сквер тутуллуон сөп
2022 сыл кулун тутар 8 күнэ биһиэхэ ыар сүтүк күнэ этэ, ыраас халлааҥҥа этиҥ эппитинии аймаабыта: ыарахан ыарыы дьүөгэбит Ирина Елизарова сырдык тыынын ылан барбыта.   Чугас киhиҥ, дьүөгэҥ, доҕоруҥ суох буоллаҕына, биллэн турар, бастакынан үйэтитии туhунан санаалар киирэллэр эбит. Кини биллэр, бэйэтэ ааттаах-суоллаах, историялаах, сүгүрүйээччилэрдээх, истээччилэрдээх буоллаҕына, атыннык толкуйдуу да...
Борис Борисов: «Пушкиҥҥа сүгүрүйүүм — “Евгений Онегины”  нойосуус билиим»
Дьон | 10.10.2024 | 10:00
Борис Борисов: «Пушкиҥҥа сүгүрүйүүм — “Евгений Онегины” нойосуус билиим»
Саха киһитэ тыйаатыры, артыыстары олус ытыгылаан  ылынар ураты көрөөччү. Ол оруоллары ураннык толорор артыыстартан сүдү тутулуктааҕын саарбахтаабаппын. Оннук биир үтүө киһи, Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуодунай артыыһа, Щепкин аатынан Үрдүкү театральнай училище “көмүс выпускнига” Борис Иванович Борисовы кытта өрөгөйдөөх 75 сааһынан сэһэргэстибит.   – Артыыс буолар баҕа санаа оҕо эрдэххиттэн баара дуу? –...