27.12.2021 | 19:25

Дьиэ кэргэнинэн астыыбыт

Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Василина Данилова – тапталлаах кэргэн, икки уол ийэтэ, остуол хотойорунан астаах хаһаайка. Үлэ үөһүгэр да буоллар, хайаан даҕаны сонун бүлүүдэлэри, бурдук ас арааһын астаан, чугас дьонун үөрдэр. Кини: «Куукунаҕа сынньанабын, ас астыырбыттан дуоһуйууну ылабын», – диир. Уолаттар ийэлэригэр илии-атах буолаллар. Даниловтар дьиэлэрэ куруук минньигэс ас сытынан дыргыйар. Ыалдьыттыы баралларыгар хайаан да кэһиилээх, илии тутуурдаах сылдьаллар.

«Кыһыл баархат» капкейк

Тиэстэтигэр (15-18 капкейк тахсар):

180 г саахар;

2 сымыыт;

1 ч.нь. кыһыл гелевэй краситель;

1 паачыка ванилин;

180 мл кефир;

суода –ч.нь. 2/3;

120 мл мас арыыта;

220 г бурдук;

10 г какао;

ч.нь. 2/3 разрыхлитель.

 

Кириэмигэр:

300 г чөчөгөй (сливки);

150 г саахар;

200 г “Каймак”.

 

Астааһына:

Бастаан саахары уонна сымыыты күүгэн тахсыар диэри миксердиибит. Онтон ванилины уонна красители эбэбит.

Кефиргэ (холодильниктан эрдэ таһаарар ордук) суоданы кутабыт, оччоҕуна үллэн тахсыаҕа, онно мас арыытын эбэбит.

Сиидэлэммит бурдугу какаоны уонна разрыхлители кытта булкуйабыт.

Сымыыттаах маассабытыгар кураанах уонна убаҕас ингредиеннэрбитин уочаратынан холбуубут.

Тиэстэбитин капкейка аналлаах формаларга кутабыт. Олус толору кутуллубат, буһарыгар үллэн тахсарын учуоттуубут.

170 кыраадыс итии духуопкаҕа быһа холоон 20 мүнүүтэ буһарабыт.

Сакалааттаах пончик

Туох наадата:

640 г бурдук;

60 г саахар;

1 паачыка доруоһа (11 г);

60 г ынах арыыта;

250 мл үүт;

1-дии кымаах туус уонна ванилин;

2 сымыыт;

Киэргэтиигэ – сакалаат, сливки.

 

Астааһына:

Миксер иһитигэр ынах арыытын (уулларан баран) сылаас үүтү кытта булкуйабыт, онно сымыыты, доруоһаны, тууһу, ванилины эбэбит. Бурдугу сиидэлээн, икки партиянан кутабыт. Тиэстэбитин бытаан режимҥэ 5-8 мүн. миксердиибит. Тиэстэбитин атын иһиккэ көһөрөбүт уоннөа 1 чаас туруора түһэбит. Онтон пончикпытын оҥорон, бытаан уокка ыһаарылыыбыт. Сойутан баран киэргэтэр ордук. 1-1,5 плитка сакалаакка итии сливкини кутабыт уонна булкуйабыт. Ол кэннэ пончиктарбытын умньаан ылабыт. Бэйэ сөбүлүүрүнэн киэргэтэбит.

Оҕуруот астаах сибиинньэ этэ

Туох наадата:

600 г сибиинньэ этэ;

1 улахан эриэппэ луук;

2 өлүүскэ чеснок;

2 орто минньигэс биэрэс (кыһыл уонна араҕас);

стручковай фасоль;

1,5 ост.нь. крахмал;

3 ост.нь. соевай соус;

кунжут;

туус;

хара биэрэс.

Астааһына:

Сибиинньэ этин кырбыыбыт, туустуубут, тумалыыбыт, биэрэстиибит уонна крахмалы эбэбит. Барытын булкуйан баран ыһаарылыыбыт. Эти атын иһиккэ көһөрөн баран, эмиэ бу хобордооххо луугу, чесногу саһарчы ыһаарылыыбыт. Онтон минньигэс биэрэһи, стручковай фасолу, эти кутабыт. Соевай соуһу эбэбит, биэрэстиибит, туустуубут уонна хаппаҕын аспакка, бытаан уокка 5-7 мүнүүтэ буһарабыт. Гарнирга туох баҕарар буолуон сөп.    

 Сливочнай соустаах креветка

Туох наадата:

400 г креветка;

300 мл чөчөгөй (сливки);

3-4 өлүүскэ чеснок;

150 г “Черри” помидор;

60 г сыыр;

укуруоп, күөх луук;

туус, хара, кыһыл биэрэс, тума арааһа;

чесногу ыһаарылыырга – ынах арыыта;

Удон лапса (эбэтэр спагетти).

 

Астааһына:

Чесногу ынах арыытыгар ыһаарылыыбыт, онтон үрдүгэр чөчөгөйү кутабыт, туустуубут, биэрэстиибит уонна 3-4 мүн. орто уокка туруора түһэбит. Креветкабытын кутабыт уонна 5 мүнүүтэ туруоран (иһит хаппаҕын аспакка) буһарабыт. Салгыы помидору, укуруобу, күөх луугу, туманы, сыыры эбэбит уонна 2-3 мүнүүтэ буһарабыт. Лапсаны туспа буһарабыт уонна тэриэлкэлэргэ кутабыт. Ол үрдүгэр сливочнай соустаах креветканы кутабыт.

Профитроли

Туох наадата:

Тиэстэтигэр:

1 ыстакаан бурдук (250 г);

1 ыстакаан уу;

туус – ч.нь. 2/3;

100 г ынах арыыта;

4 сымыыт.

 

Начыыҥкатыгар:

250-280 г ынах арыыта (холодильниктан эрдэ таһаарыҥ);

1 бааҥка сгущенка (боростуой эбэтэр буспут).

 

Астааһына:

Көстүрүүлэҕэ ынах арыытын, тууһу уонна ууну кутабыт. Бытаан уокка туруорабыт, булкуйабыт, ынах арыытын оргуйуор диэри уулларабыт. Онно бурдугу булкуйа-булкуйа эбэбит, 2 мүнүүтэ оргутабыт уонна таһаарабыт. Салгыы тиэстэбитигэр сымыыты биирдии-биирдии кутабыт (сымыыты куттах аайы тиэстэни үчүгэйдик булкуйабыт). Тиэстэбит хомуога суох, хойуу сүөгэй курдук буолуохтаах. Онтон тиэстэбитин сойутабыт. Ол кэмҥэ кириэммитин оҥоробут.

Лиискэ пергамент кумааҕыны тэлгиибит уонна тиэстэбитин кондитерскай мөһөөччүгүнэн грецкэй эриэхэ саҕа кээмэйдээх шарик гына кутабыт. 4-5 см тэйиччи буолаллара ордук.

175 кыраадыс итии духуопкаҕа 15-20 мүн. буһарабыт. Ол кэмҥэ духуопка аанын арыйбаппыт. 

Профитролиларбытын сойутан баран кириэминэн толоробут.

Безе

Туох наадата:

2 сымыыт үрүҥэ;

110-130 г (ыстакаан аҥаара) саахар эбэтэр саахар пудрата;

1 хааппыла лимон суога эбэтэр 1 кымаах лимоннай кислота.

 

Астааһына:

Сымыыт үрүҥүн үллүөр диэри ытыйабыт, онтон саахары 1-дии остолобуой ньуосканан эбэбит уонна 5 мүн. кэриҥэ үллүөр диэри ытыйабыт. Лиискэ араас быһыылаах оҥорон кутабыт уонна 60-70 кыраадыс итии духуопкаҕа 1-1,2 чаас туруорабыт. Бэйэ сөбүлүүрүнэн киэргэтиэххэ сөп.

Түргэнник астанар сугуннаах бөрүөк

Туох наадата:

4 сымыыт;

1 ыстакаан саахар;

100 г ынах арыыта (эрдэ уулларабыт);

1,5 ыстакаан бурдук;

0,5 ыстакаан тоҥ сугун;

1 ч.нь. ванильнай саахар.

 

Астааһына:

Сымыыты саахары кытта күүгэн тахсыар диэри ытыйабыт, онно уулларыллыбыт арыыны кутабыт. Бурдукка разрыхлители уонна ванильнай саахары булкуйабыт. Кекс тиэстэтин курдук буолуохтаах.

Духуопканы эрдэ 175 кыраадыска холбоон ититэбит. Формабытын ынах арыытынан сотобут уонна тиэстэбитин кутабыт. Үрдүгэр 0,5 ыстакаан сугуну табыгынатабыт. Бөрүөгү быһа холоон 30-35 мүн. буһарабыт. Онтон үрдүгэр саахарнай пудраны кутабыт.          

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Уугун хана утуйан туруу — дьол
Сонуннар | 31.10.2024 | 14:00
Уугун хана утуйан туруу — дьол
Түүн утуйбакка сытар, сарсыарда буоларын кэтиир, аттыгар сытар киһини уһугуннарымаары биир сиргэ хамсаабакка буола сатааһын наһаа эрэйдээх, маны утуйбат дьон билэн эрдэхтэрэ.   Утуйбат буолууттан эрэйдэнэр дьон билигин үгүс. Ситэ утуйбакка туруу туох аанньа буолуой, сарсыныгар ээл-дээл, аат харата сүөдэҥниигин, төбөҥ ыалдьар, аны күнүс утуйан ылыаххын түүн эмиэ утуйуом суоҕа диэн...
Биэнсийэлээхтэргэ туох көмө баарый?
Сонуннар | 09.11.2024 | 10:00
Биэнсийэлээхтэргэ туох көмө баарый?
Быйылгыттан 100 сааһын туолбут ытык кырдьаҕастарга 1 мөл. солк. харчы төлөнөр буолбута. Биэнсийэлээхтэргэ өрөспүүбүлүкэ уонна дойду таһымнаах өссө ханнык өйөбүллэр баалларый?   Үлэ бэтэрээннэригэр Үлэ бэтэрээннэригэр, 55 саастарын туолбут эр дьоҥҥо уонна 50 саастарын туолбут дьахталларга, социальнай өйөбүл тугу үлэлээбиттэриттэн тутулуга суох көрүллүөхтээх.   Биэнсийэҕэ эбии 1226 солк. төлөнөр, сайабылыанньаҕытын МФЦ-га эбэтэр...
Лена Егорова: «Оҕолорбут тустарыгар бэйэбитин харыстаныахха»
Дьон | 07.11.2024 | 12:00
Лена Егорова: «Оҕолорбут тустарыгар бэйэбитин харыстаныахха»
Оҕото анараа сырыттаҕына, бааһырыы ыллаҕына, хайа ийэ сүрэҕэ долгуйбат, санааҕа ылларбат буолуоҕай. Оттон кини сибээскэ тахсыбатаҕына, олох да утуйар ууларын умналлар, үрдүк айыылартан эрэ көрдөһөн, кинилэргэ эрэ эрэнэн сылдьаахтыыллар.   Анал байыаннай дьайыы саҕаланыаҕыттан элбэх киһи олоҕо тосту уларыйда. Этэргэ дылы “ол иннинэ” уонна “ол кэнниттэн” диэн икки аҥы арахсыбыта. Лена...
Александра Иванова: «Биһигини Өктөөп тыыннаах хаалларбыта...»
Дьон | 07.11.2024 | 10:00
Александра Иванова: «Биһигини Өктөөп тыыннаах хаалларбыта...»
Дьүөгэм, урукку кэллиэгэм: “Биһиэхэ группаҕа  Александра Дмитриевна диэн 85 саастаах үҥкүүлүүр, ыллыыр, фитнескэ сылдьар, куорат бэтэрээннэрин хамсааһыныгар биир да тэрээһини көтүппэт уопсастыбанньык, олоххо олус көхтөөх көрүүлээх ытык кырдьаҕас баар. Билигин эдэр дьону кытта Бухара-Самарканд-Ташкент күүлэйдээн кэллэ”, – диэбитин соһуйа иһиттим.  Итинник эриэккэс киһини кытта хайаатар да көрүстэхпинэ сатанар диэн, бириэмэтин...