01.07.2022 | 10:00

Дьиэ кэргэн — оҕо сайдар тирэҕэ

Дьиэ кэргэн — оҕо сайдар тирэҕэ
Ааптар: Айыына КСЕНОФОНТОВА
Бөлөххө киир

Саха гимназиятыгар быйылгы үөрэх дьылыгар дьиэ кэргэн дьоҕурун, сатабылын көрдөрөн, киэҥ эйгэҕэ таһаарар, ыалы түмэр аналлаах «Удьуор оһуора-2022» бэстибээл ыытылынна. Манна бииртэн биир айар дьоҕурдаах, сахалыы куттаах дьиэ кэргэттэр кытыннылар. Бырайыак ааптара – социальнай педагог, саха тылын учуутала Марианна Владимировна Заровняева.

Бэстибээл түмүгүнэн «Дьиэ кэргэним умсугуйар эйгэтэ», «Айар дьоҕурдаах дьиэ кэргэн», «Үҥкүү куттаах дьиэ кэргэн», «Төрүт үгэстээх дьиэ кэргэн», «Ырыа аргыстаах дьиэ кэргэн»,  «Уран тарбахтаах дьиэ кэргэн», «Кэрэни кэрэхсиир дьиэ кэргэн» диэн анал ааттар туттарылыннылар. Ордук элбэх түһүмэххэ кыттыбыт Ивановтар дьиэ кэргэн «Бастыҥтан бастыҥ саха ыала» диэн анал аакка тигистэ. Кыайыылаахтары гимназия ыһыаҕыгар наҕараадалаатылар.

 

Ыыра кэҥиирэ, элбэх кыттааччыны хабара буоллар...

Марианна Владимировна Заровняева, бырайыак ааптара, соцпедагог, саха тылын учуутала:

– Бэстибээлгэ барыта 15 дьиэ кэргэн араас номинацияҕа кытынна. Үлэлэри 2021 сыл ахсынньы 3 күнүттэн 2022 сыл ыам ыйын 15 күнүгэр диэри презентация быһыытынан тус-туспа түһүмэхтэринэн туппуппут.

Ийэм Валентина Михайловна Готовцева бу бэстибээлгэ биһиги дьиэ кэргэммит аатыттан 3 анал бирииһи олохтообута. Кини 4 оҕо маанылаах ийэтэ, 8 сиэн тапталлаах эбэтэ. Өймөкөөн оскуолатыгар номнуо 35 сылтан тахса поварынан үлэлээтэ. Иллэҥ кэмигэр оҕуруонан иистэнэрин, аныгылыы сахалыы тууйастары оҥорорун сөбүлүүр. Мин дьоллоох дьиэ кэргэҥҥэ төрөөбүппүттэн үөрэбин, ийэбэр, аҕабар махтанабын. Төрөппүттэрим “Киһи сатаабатаҕа суох” диэн куруук этэллэрэ.

Кыайыылаахтар

Мин бу тэрээһини Өймөкөөн бөһүөлэгэр тэрийэ сылдьыбытым. Дьон сэҥээриитин ылбыта. Түгэнинэн туһанан, гимназиябыт дириэктэрэ Валентина Васильевна Софронееваҕа дьиэ кэргэн бэстибээлин өйөөбүтүгэр махталбын тиэрдэбин. Бу бырайыакпыт оскуолаҕа сылын аайы ыытыллыан баҕарабын.

Дьокуускай куорат Киин уокуругун олохтооҕо буоларым быһыытынан, кэлин бу бэстибээли кэҥэтэн, уокурукпут элбэх дьиэ кэргэнин хабан ыытарбыт буоллар диэн баҕа санаалаахпын.

Марианна Владимировна бэстибээлгэ кыттыбыт дьиэ кэргэттэргэ, бырайыак силигэ ситэн олоххо киирэригэр күүс-көмө, өйөбүл буолбут дьоҥҥо махталын биллэрдэ.

 

Оҕо, төрөппүт ситимин бөҕөргөтөр

Андрей Васильевич, Людмила Георгиевна Ивановтар:

Бу бэстибээл биһиги оскуолабытыгар аан бастакытын ыытылынна. Атын күрэхтэртэн уратыта диэн түһүмэҕин арааһа дьиэ кэргэн олоҕун элбэх өттүттэн көрдөрөр. Кырдьык, хас биирдии ыал араас интэриэстээх, дьоҕурдаах. Киһи барыта ыллыыр дуу, уруhуйдуур дуу буолбат. Ол курдук, манна дьиэ кэргэн бэстибээл ханнык түhүмэҕэр кыттыан сөбүн талан ылан, бэйэтин дьоҕурун билиһиннэрбитэ. Биһиги үс түһүмэххэ кыттыбыппыт: «Уран тарбахтаах дьиэ кэргэн» (мастан оноһуктар, иис); «Кэрэни кэрэхсиир дьиэ кэргэн» (уруһуйдар); «Дьиэ кэргэним умсугуйар эйгэтэ» (биһиги коллекцияларбыт).
Бэстибээл иккис уратытынан дистанционнай көрүҥүнэн ыытыллыбыта буолар. Бу наар солото суох аныгы дьоҥҥо олус табыгастаах эбит дии санаатыбыт. Слайд оҥорон кыттыы туох да уустуга суох, судургу.

Маннык күрэх дьиэ кэргэни түмэр, оҕо, төрөппүт ситимин бөҕөргөтөр. Онон ааптарга махталбытын тиэрдэбит. Бэстибээл инникитин да сайда, кыттааччылара элбии турдун!

 

Үөрүүбүт үрдүк, махталбыт муҥура суох

Декабрина Христофоровна Семенова дьиэ кэргэнэ:

– Быйыл гимназиябыт үбүлүөйдээх, ону тэҥэ  «Дьиэ кэргэн – оҕо сайдар тирэҕэ» сылыгар анаан сонун, аныгылыы форматтаах «Удьуор оһуора - 2022» онлайн бэстибээл ыытылынна.

Балаһыанньата тахсаатын кытта, биһиги дьиэ кэргэн олус сэҥээрбиппит уонна «Дьиэ кэргэним умсугуйар эйгэтэ», «Төрүт үгэстээх дьиэ кэргэн», «Уран тарбахтаах дьиэ кэргэн» диэн түһүмэхтэргэ бэйэбит, эбэбит Парасковья Николаевна Христофорова, хос эбэбит Екатерина Дмитриевна Белолюбская иискэ-күүскэ үлэлэрин түмэн, наардаан, таҥан ыыппыппыт.

Онтон бырайыак ааптарын ийэтэ Валентина Михайловна Готовцева үс анал бирииһи олохтообутуттан сүрүн бирииһэ – 12 функциялаах иистэнэр массыына биһиэхэ тиксэн, үөрүүбүт үрдүк, махталбыт муҥура суох. Итини таһынан икки анал бириис  – электрическэй сэндвичница уонна миксер Баишевтар, Сидоровтар дьиэ кэргэттэригэр туттарылынна.

Чахчы даҕаны, хас эмэ көлүөнэ үтүө дьарыгын билиһиннэрэр, дьиэ кэргэн суолтатын үрдэтэр, ону оҕолорбутугар, сиэннэрбитигэр  өссө төгүл санатар, чиҥэтэр күрэх буолла. Маннык тэрээһин дьиэ кэргэни барытын биир санаалыыр, түмэр, сомоҕолуур эбит диэн өссө төгүл итэҕэйдибит уонна тиһигин быспакка сыллата ыытылла туруон баҕарабыт!

 

Бэртээхэй бэстибээл!

Надежда Константиновна Батюшкина:

– Сиэним София Федорова Саха гимназиятыгар 2 “В” кылааска үөрэнэр. Биһиги иккиэн олоробут. Сиэммин оскуолаҕа ыытыллар тэрээһиннэргэ кытыннара сатыыбын.

Гимназиябыт 20 сылыгар аналлаах «Удьуор оһуора» бэртээхэй бэстибээлгэ кыттан, номинацияҕа тиксэн, үөрүүбүт улахан. Биһиги «Айар дьоҕурдаах дьиэ кэргэн» уонна «Уран тарбахтаах дьиэ кэргэн» диэн икки номинацияҕа кыттыбыппыт.

«Удьуор оһуора» бэстибээл дьиэ кэргэни түмэр, оҕо талаанын сайыннарар. Хас биирдии ыал улаханныын-кыралыын бары бииргэ дьарыктаналлара олус наадалаах, оҕо сайдар тирэҕэ дии саныыбын. Бу бырайыак салҕана турара буоллар диэн баҕа санаалаахпын.

 

София Федорова үлэтэ

Төрөөбүт тыл, төрүт култуура – аныгы үйэҕэ

Нарыйа уонна Күннэй эбэлэрэ Раиса Васильевна Кылыярова:

– Биһиги «Айар дьоҕурдаах дьиэ кэргэн» анал аакка тиксибиппититтэн олус үөрдүбүт.

21-с үйэ – атын үйэ, атын кэм. Тулалыыр эйгэбит уларыйа-тэлэрийэ турар, туох барыта сайдыы саҥа сүүрээнигэр киирдэ. Дьэ, бу маннык кэмҥэ оҕону иитии – тыын боппуруос. Оҕо олоххо хайа суолунан барарын таба тайанарыгар көмөлөһөргө сүрүн оруолу дьиэ кэргэн ылар. Кини кыра сааһыттан төрөппүттэрэ, эбэлэрэ, эһэлэрэ дьоҥҥо-сэргэҕэ, бэйэ-бэйэлэригэр, урууларыгар, аҕам саастаах дьоҥҥо сыһыаннарын көрө улаатар уонна онтон үөрэнэр. Дьиэ кэргэн төһөнөн бөҕө туруктаах да, оҕо соччонон тирэхтээх, өйөбүллээх. Дьиэҕэ төрөөбүт тылынан кэпсэтии, кинигэ ааҕыыта, көрбүт, аахпыт киинэни, кинигэни ырытыһыы – бу барыта оҕо сахалыы тыла-өһө сайдарыгар сүрүн тирэх буолара чуолкай. Хас биирдии төрөппүт  оҕотугар кыра эрдэҕиттэн төрөөбүт тылын, төрүт култууратын илдьэ сылдьарын курдук өйү-санааны иҥэрэрэ буоллар диэн баҕа санаалаахпын.

Бырайыак ааптара, социальнай педагог, саха тылын учуутала Марианна Владимировна Заровняева үөрэтэр оҕолорун өссө да сайыннара турарыгар, сыралаах үлэтигэр үрдүк ситиһиилэри баҕарабыт.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Дьон | 21.11.2024 | 12:00
Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Суруналыыс кэпсэтэр киһитин кытта кини олоҕун, үөрүүтүн, үлэтин-хамнаһын, кыһалҕатын тэҥинэн үллэстэр. Оннук эрэ сүрэҕэр чугастык ылынан суруйдаҕына, ааҕааччыга тиийэр ыстатыйа тахсар. Мин Александрдыын кэпсэтэрбэр, чэчэгэйим кэйиэлээн, төбөм ыараан да ылбыта, сотору атаҕын быстарын кэпсиир, ону хайдах эрэ тулуйан истибит киһи дии олорбутум. Хараҕым уута да сүүрэрэ, күөмэйбин туох эрэ кэлэн...
Биэнсийэлээхтэргэ туох көмө баарый?
Сонуннар | 09.11.2024 | 10:00
Биэнсийэлээхтэргэ туох көмө баарый?
Быйылгыттан 100 сааһын туолбут ытык кырдьаҕастарга 1 мөл. солк. харчы төлөнөр буолбута. Биэнсийэлээхтэргэ өрөспүүбүлүкэ уонна дойду таһымнаах өссө ханнык өйөбүллэр баалларый?   Үлэ бэтэрээннэригэр Үлэ бэтэрээннэригэр, 55 саастарын туолбут эр дьоҥҥо уонна 50 саастарын туолбут дьахталларга, социальнай өйөбүл тугу үлэлээбиттэриттэн тутулуга суох көрүллүөхтээх.   Биэнсийэҕэ эбии 1226 солк. төлөнөр, сайабылыанньаҕытын МФЦ-га эбэтэр...
Тулагыга «Икки булчут» скульптура баар буолла
Сонуннар | 12.11.2024 | 17:14
Тулагыга «Икки булчут» скульптура баар буолла
Баай Байанай ыйыгар түбэһиннэрэн, сэтинньи 9 күнүгэр Тулагы Киллэм нэһилиэгэр «Икки булчут» пааматынньык үөрүүлээх арыллыытын Тулагы оскуолатын үөрэнээччилэрэ киинэҕэ устаннар, сурукка тиһэннэр, нэһилиэк биир бэлиэ түгэнин үйэтиттилэр. Муниципальнай хантараак чэрчитинэн боруонсаттан кутуллубут скульптурнай композиция ааптарынан Арассыыйа худуоһунньуктарын сойууһун чилиэнэ Роман Викторович Босов буолар. Композицияҕа уончалаах уолчаан убайын таҥаһын кэтэн, бобуччу...
Кэлэр нэдиэлэттэн, сэтинньи 18 күнүттэн, куорат оптуобустара саҥардыллыбыт схеманан айанныахтара
Сонуннар | 14.11.2024 | 14:28
Кэлэр нэдиэлэттэн, сэтинньи 18 күнүттэн, куорат оптуобустара саҥардыллыбыт схеманан айанныахтара
Сэтинньи 18 күнүттэн куорат уопсастыбаннай тырааныспарын ситимин уларытыы бырайыагын маҥнайгы түһүмэҕин быһыытынан бастакынан 2, 4, 5, 6, 7, 14, 16, 19, 35 №№-дээх оптуобустар саҥардыллыбыт схеманан айаннаан саҕалыахтара. Быйылгыттан маны кытта икки урут суох, саҥа маршрут киирдэ – 11 №-дээх уонна 12 №-дээх. Санатар буоллахха, 11 №-дээх маршрут алтынньы 14...