21.05.2022 | 10:00

Дьиэ көтөрүн иитиэн баҕалаахтарга

(Уопуттаах фермер сүбэлэрэ)
Дьиэ көтөрүн иитиэн баҕалаахтарга
Ааптар: Розалия ТОМСКАЯ
Бөлөххө киир

Сайыҥҥы кэмҥэ кууруссаны ылан иитэр дьон ахсаана, бэл, куорат сиргэ сыллата элбии турар. Кууруссаны сайын даачаҕа тутан, күннэтэ бэйэ сымыытын, онтон күһүн туох да буортулаах эбилигэ суох көтөр этин сиир быдан барыстаах, доруобуйаҕа да туһалаах. 
Сымыыттыыр куурусса сыаната Дьокуускайга 400 солк. иһинэн эбит буоллаҕына, хоту улуустарга 1800 солк. саҕаланар. Сыана араастаһыыта улахан, ол эрэн бэйэ көтөрүн иитэн, онтон бородууксуйаны оҥорон таһаарар хас да бүк астык.

– Сахаларга түргэнник уойар, элбэх эттээх индюк көтөрү иитэр муода кэлбитэ кэрэхсэбиллээх, - диир педагог идэлээх, көтөр арааһын иитэр предприниматель Мария Иванова. Кини Бүлүү куоратыгар олорор, көтөрү, чуолаан кууруссаны, оҕо эрдэҕиттэн иитэр. Кэлин бэйэ дьыалатын сайыннаран, уопутуран, индюктары, кус уонна хаас арааһын иитэр буолбут. Ону таһынан түргэнник ситэр бройлернай боруодаларга ылсыбыт. Көтөрү иитэр дьоҥҥо анаан кэккэ сүбэлэрин биэрдэ:

 

– Билигин аан дойду бүүс-бүтүннүүтэ көтөр этигэр киирдэ. Көтөртөн ылыллар бородууксуйа аныгы үйэ киһитин сүрүн аһа буолан эрэр. Холобур, сахалары да ылан көрүөҕүҥ, хас биирдии ыал холодильнигар сымыыт, куурусса буута, кыната, атаҕа баар буолуохтаах. Төрүт эппитин кытта көтөр этин күннээҕи аһылыкка бэркэ киллэрдибит. Көтөр этэ, ынах, сылгы этигэр холоотоххо, сыаната да удамыр, доруобуйаҕа туһатынан да ордук буолан тахсар.

 

Сымыыттан таһаарар барыстаах

– Көтөр хайа баҕарар көрүҥүн сымыыт эрдэҕиттэн бүөбэйдээн, иитэн таһаарар барыстаах. Ол эрэн, үксүн куорат дьоно, сайын аайы сымыыттыы сылдьар курууссаны атыылаһан, күннэтэ сибиэһэй сымыыты ылары ордорор буоллулар. Кэтэх дьон ити чааһыгар барыһы, хоромньуну улаханнык суоттаабат, ас хаачыстыбата сүрүн оруолу оонньуур.

Куурусса, кус уонна хаас тымныыны тулуйумтуо кыыллар. Хайдах баҕарар матырыйаалынан хотон туттан кыстатыахха сөп. Саамай сүрүнэ, дьиэлэрин иһигэр тыал күүлэйдиэ суохтаах, турар сирдэрэ кураанах буолуохтаах. Дьиҥэ, кинилэр “минусовой” да температураны холкутук тулуйар кыахтаахтар. Ол эрэн күннэтэ сымыыттыырыгар, эт тутан уойарыгар, сылааһы ирдиир.

Оттон индюк уонна бройлер куурусса кыстыктарыгар бэрт хаппырыыстар. Хотоннорун иһигэр наар сылаас, сымнаҕас уот холбонон туруон наада.

 

Чоппууска төһө кэминэн сымыыттыыр куурусса буолара боруодатыттан тутулуктаах. Билигин олохпут сайдан, “кросстар” диэн гибридтэр бааллар – промышленнай кууруссалар. Улахан фабрикаларга эҥин оҥоһуллан, кэтэх хаһаайыстыбаларга тарҕаннылар. Бу кросс кууруссалар 4 ыйдарыттан эҥин сымыыттаан саҕалыыллар. Эрдэ саҕалаабыттарын курдук, эрдэ кырдьаллар, балтараа саастарыгар сымыыттыыллара улам мөлтөөн барар.

Эт, сымыыт боруода кууруссалара диэннэр бааллар. 5,5-7 ыйдарыттан саҕалаан сымыыттыахтарын сөп.

 

Куурусса сымыыттаабат буолан хааллаҕына

Сайыҥҥыга эрэ ылан иитэр дьон, “несушканы” ылан баран, сымыыттаабат буолла диэн айманаллара баар суол. Кыстатар да дьон оннук кыһалҕаны көрсөөччүлэр. Оннук кыһалҕалаах эрийдэхтэринэ, бастатан туран, тугунан аһаталларын ыйытааччыбын. Аҥаардас оҕуруот аһынан, ирииһинэн, мокоруонунан, килиэп тобоҕунан аһаттахха, куурусса сымыыттаабат.

Киниэхэ күн аайы сымыыттыырыгар белок уонна кальций наада. Бэйэҕит оннук иҥэмтиэлээх аһылыгы оҥорон эрэйдэниэххит кэриэтэ, бэлэм комбикормнары сиэтиэххитин сөп. Ол эрэн комбикорм эмиэ араастаах. Сорох састаабыгар уотурбата наһаа элбэх буолар, оннугу куурусса эмиэ сирэр, сымыыттаабат буолан хаалар. Ол иһин комбикорм састаабын үөрэтиэхтэрин наада.

Комбикорма суох, көтөр аһын бэйэлэрэ оҥорор буоллахтарына, дьэһимиэн, эбиэс, овсянка, гречка, пшено о.д.а атыылаһыахтарын наада. Онно эбии балык уонна күөх от бэриллэр. Кальцийынан байытар туһугар бэлэм меллары, ракушкалары биэриэххэ сөп эбэтэр уҥуох уматан, ону үлтүрүтэн биэрэр үчүгэй.

Умайбыт уҥуохха кальций элбэх буолан, куурусса сымыыттыырын ааһан, сымыытын сиэбэт буолар. Сымыыты сиир кыһалҕа көтөрү иитээччилэргэ эмиэ сытыытык турар.

 

Кыстатан турар дьон көтөрдөрө эмиэ эмискэ сымыыттаабат буолан хааларыттан соһуйааччылар.  Аһын барытын табаллар, эт көөбүлүн, балыгы кытта биэрэллэрин үрдүнэн, тохтоон хаалар. Күһүн уонна саас куурусса “линька” диэҥҥэ киирэр. Холобур, биир саастаах куурусса саас саамай уһун “линькатыгар” барар. Ол аата түүтүн уларытар. Күһүн сааскытааҕар кылгас кэмҥэ түүтүн уларытар. Бу кэмҥэ аһылыгар битэмииннэрин эбэн биэрдэххинэ, иҥэмтиэлээх ас сии турдаҕына, 2-3 күн өрөөн ыла-ыла, сымыыттыан сөп.

Аһын таптахха, улаханнык тараҕайдаммакка, киһи хараҕар быраҕыллыбат гына түүтүн бүтүннүү уларытан кэбиһэр уонна саҥа күүһүнэн сымыыттыырга барар.

 

Түүтүн уларыттарын таһынан, куурусса саас улаханнык авитаминозтуур. Биһиэхэ күммүт тыгара аҕыйах, оттон кууруссаҕа сымыыт оҥорон таһаарарыгар саамай Д битэмиин наадалаах. Саас эрдэ, кыһын бүтүүтэ сымыыттаан тохтоон хаалааччылар. Ити кэмҥэ астарыгар Д битэмиини, кормовой балык сыатын эбэн биэриэххэ наада.

Авитаминоз кэннэ үргүлдьү түүтүн уларытарга бардаҕына дьэ уһуннук сымыытын биэрбэт буолан хаалар. Ол кэннэ сымыыттаатаҕына даҕаны, күн өрүү-өрүү, нэдиэлэ сынньана-сынньана сымыыттыыр буолар. Ол иһин авитаминозка тиэрдиэ суохха наада.

Аһылыгар бастайааннай күөх луугу эбэ сылдьаргытыгар сүбэлиибин. Күөх луугу дьиэҕэ сылы эргиччи үүннэриэххэ сөп. Луук аһылыгар эбии битэмиин биэрэрин таһынан, бэйэтинэн антибиотик оруолун толорор.

Инкубатордааһын албастара

– Инкубаторга угуллар сымыыт хайаан да сибиэһэй буолуон наада, боруодатыттан көрөн, 5-8 хонуктаах буолуон сөп. Холодильникка укпаккын, сууйбаккын. Кус, хаас сымыыта кирдээх баҕайы буолар, ону сууйан кэбистиҥ да, харысхал бүрүөһүнэ сотуллан хаалар, ол оннуктан оҕо тахсымыан да сөп. Ол иһин хайдах баарынан кирдээхтии мунньаҕын, инкубаторга угаргар эрэ сэрэнэн ыраастыыгын.

Билигин бэлэм схема арааһа баар. Бэйэҥ инкубаторгар барсары боруобалаан көрөн булуоххун сөп. Хас биирдии киһи бэйэтэ тобулар.

Билиҥҥи инкубатордар барыта автоматтар, сиигин, салгынын температуратын бэйэлэрэ оҥоро тураллар. Былыргы механическай инкубатордаах дьон наар биир чааска, сууккаҕа иккитэ сымыыттарын эргитэн биэриэхтэрин наада.

 

Индюк – элбэх эттээх көтөр

Индюгу иитии билигин муода буолла диэххэ сөп. Сайыҥҥы кэмҥэ иитэр киһи элбээтэ.

Саас индюк чоппуускатын ылан, аһылыгын таптаххына, боруодатыттан көрөн, ханнык эрэ көрүҥэ 15 кг, ханныга эрэ 20 кг диэри улаатыан сөп.

Сайын иитэр туох да уустуга суох. Күөх буолла да, барытын аҥаар кырыытыттан сиэн иһэр, балыгы сөбүлүүр. Индюкка анаммыт комбикорм арааһа баар – протеина, белога барыта суоттана сылдьар.

Кыстатар, дьэ, уустуктардаах. Анал усулуобуйа тэриллиэн наада. Кыратыгар, ордук 3 ыйыгар диэри, олус хаппырыыс көтөр. Иммунитета наһаа мөлтөх. Аһара улаатар, түргэнник эт тутар буолан, сүһүөҕэ, атаҕа мөлтөх. Олорунан баран турумуон сөп – уҥуохтара этин кытта тэҥҥэ халыҥаан испэт, ол иһин кальцийын сатаан сиэтиэххэ наада. Бэл, бройлер куурусса эмиэ оннук буолааччы.

Түргэнник улаатар кустар бааллар

– Мин хаһаайыстыбабар икки араас куһу иитэбин. Бройлернай кус 60 күнүнэн 3-3,5 киилэлээх тушка буолар. Уонна тыыннаах манчыык буолар көҕөттөрү тутабын.

Сайыҥҥы өттүгэр иитэргэ олус судургу. Иһэр уута уонна күөх хонуута эрэ баар буолуон наада. Бадарааннаах, кыра инчэҕэйдээх буолара ордук.

Оттон манчыык кус эмиэ бэйэтэ булан аһыыр. Кыстатарга, кураанах хотон наада. Булчуттар кэнники икки сыл тыһы көҕөттөрү манчыык оҥостон бултуулларын ордорор буоллулар.

***

Көтөрүнэн дьарыктанар предприниматель хайаан да санитарнай, ветеринарнай ирдэбиллэри толорор. Хотон вентиляциятыгар, олорор дьиэттэн төһө тэйиччи турарыгар, сааҕын хайдах утилизацияҕа ыытарыгар онтон да атыҥҥа барытыгар ирдэбил наһаа элбэх. Этиҥ, сымыытыҥ барыта анаалыстааһыны ааспыт буолуохтаах.

Төһө да кэккэ уустуктардааҕын иһин, киһи сөбүлүүр дьарыгын буллаҕына, дьиҥнээхтик дьоллонор. Кустарбын, хаастарбын кыракый оҕолору курдук көрөбүн, бүөбэйдиибин, кэпсэтэ, имэрийэ-томоруйа сылдьабын. Дьиэ кэргэнинэн бары бииргэ үлэлиибит, бу дьарыкпытын өрө тутабыт, ис сүрэхпититтэн таптыыбыт. Ылсан истэххэ, уопут мунньуллар, оттон ол уопуккун көҥөммөккө дьону кытта үллэстэн, өссө астынаҕын. Туһалаах, иҥэмтиэлээх аһылыгынан бэйэбитин хааччынарга туох да хааччах суох, киһи талбыта барыта баар үйэтигэр сананыахха, сүрэҕэлдьээмиэххэ эрэ наада.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Уугун хана утуйан туруу — дьол
Сонуннар | 31.10.2024 | 14:00
Уугун хана утуйан туруу — дьол
Түүн утуйбакка сытар, сарсыарда буоларын кэтиир, аттыгар сытар киһини уһугуннарымаары биир сиргэ хамсаабакка буола сатааһын наһаа эрэйдээх, маны утуйбат дьон билэн эрдэхтэрэ.   Утуйбат буолууттан эрэйдэнэр дьон билигин үгүс. Ситэ утуйбакка туруу туох аанньа буолуой, сарсыныгар ээл-дээл, аат харата сүөдэҥниигин, төбөҥ ыалдьар, аны күнүс утуйан ылыаххын түүн эмиэ утуйуом суоҕа диэн...
Ферум хорсун сырыыларын кэнчээри ыччата умнуо суоҕа
Дьон | 24.10.2024 | 18:00
Ферум хорсун сырыыларын кэнчээри ыччата умнуо суоҕа
2022 сыл алтынньы 19 күнүгэр Ферум Аммосов анал байыаннай дьайыыга эн биһиги туспутугар, дойдутун туһугар сулууспалыы сылдьан олоҕун толук уурбута. Сырҕан бааһы таарыйан, бииргэ төрөөбүт балтын, ону тэҥэ бойобуой доҕорун ахтыыларын чугас дьонугар, ийэтигэр, аймахтарыгар таһаарабыт. Ол ыарахан кэмнэри санаппыппар, бука диэн, алы гыныҥ дуу...   – Саргылаана, бииргэ төрөөбүт хаһыа...
«Таҥаһы кытта кэпсэтэр» Варвара
Дьон | 25.10.2024 | 14:30
«Таҥаһы кытта кэпсэтэр» Варвара
Бүгүн мин ааҕааччыларбар билиһиннэриэм этэ Саха сирин уус-уран ойууга-дьүһүҥҥэ мусуойун научнай-сырдатар үлэҕэ методиһа, СӨ култууратын туйгуна Заровняева Варвара Ильинична-Күндүүлэни.   —  Варвара, иис абылаҥар ылларыыҥ, иннэни, сабы хас сааскыттан туппутуҥ туһунан кэпсиэҥ дуо? — Оҕо сааспыттан иис-уус эйгэтигэр улааппытым. Ийэм, Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуотун маастара Заровняева Варвара Гаврильевна өттүнэн эбээм, Бүлүү Баппаҕаайытыттан...
Санааҕытын түһэримэҥ!
Сонуннар | 01.11.2024 | 18:00
Санааҕытын түһэримэҥ!
Эдэр саас күөгэйэр күннэригэр, «муора тобугунан, халлаан хабарҕатынан» кэмнэргэ, сорох дьоҥҥо «харса суохха суут-сокуон тойон буолбатах, харса суохха харса суох тойон» буолара кистэл буолбатах.   Инбэлиит кэлээскэтигэр олордор даҕаны, бэйэ кыаҕар эрэнэн, хорсун санаанан салайтаран, кэрэни кэрэхсиир, үтүөнү үксэтэр киһини кытта алтыспытым син ыраатта. Бу сыллар тухары киниэхэ төһөлөөх элбэх хаартысканы...