ДЬИЭ ХАҺААЙКАТЫГАР ЛАЙФХАКТАР
Бекону – духуопкаҕа
Дьон үксэ бекону хобордооххо ыһаарылыыр. Оччоҕуна сыата-арыыта, этэ барыта ууллар. Бүтүн куһуоктан аҥаара эрэ хаалар. Итинник буолбатын туһугар духуопкаҕа уган буһарыҥ диэн ресторан, кафе үлэһиттэрэ сүбэлииллэр.
Элбэх сымыыты духуопкаҕа буһарыахха сөп
20-30 устуука сымыыты 160 кыраадыска тиийэ сылыйбыт духуопкаҕа 15-30 мүнүүтэ буһараҕын.
Ньуосканан имбиири ыраастыыбыт
Имбиир бэрт дьикти формалаах, онон быһаҕынан ыраастыыр табыгаһа суох, элбэх бириэмэни эрэйэр. Ол оннугар көннөрү остолобуой ньуосканы туттуохха сөп эбит.
Мороженайы полиэтилен бакыатыгар харай
Мороженай тоҥ мууска кубулуйбатын туһугар полиэтилен бакыатыгар угуҥ.
Балыгы гриль хобордооххо буһараргытыгар
Анныгар лимон куһуогун ууруҥ. Маннык ордук минньигэс буолан тахсар.
Мас ньуосканы иһиккит ортотугар ууруҥ
Буһа турар ас таһынан куотуо, плитканы киртитиэ суоҕа.
Бирээнньик хаппатын туһугар
Бэйэ астаабыт бирээнньигэ сымнаҕас, сибиэһэй буоларын туһугар дьаабылаката угуҥ уонна контейнерга харайыҥ.