27.03.2022 | 14:00

Дьиэҕэ-уокка бастыҥ көмөлөһөөччү

Дьиэҕэ-уокка бастыҥ көмөлөһөөччү
Ааптар: Айыына Ксенофонтова
Бөлөххө киир

Нашатырнай испиир сыта өйүн сүтэрбит киһини туруорарын үгүстэр билэҕит. Ол эрээри сириэстибэ дэлэй үйэтигэр дьиэҕэ-уокка, оҕуруокка туһатын сорохтор умуннаххыт. Билиҥҥи санкция кэмигэр норуот ньымаларыгар төннөрбүт ордук барыстаах буолуоҕа.
Нашатырнай испиир (аммиак) уу курдук эрээри, ураты хатан сыттаах. Элбэҕи тутуннахха, дьааттаах. Ол иһин сөбүн көрөн туттуллар. Бүгүн ааҕааччыларбытыгар нашатырнай испиир туһатын кэпсиэхпит.

Үөнү-көйүүрү суох оҥорорго

Дьиэ сибэккилэригэр, куукуна ыскаабыгар оҥоойу үөскээбит буоллаҕына, аммиак абырыаҕа. Онуоха 1 лиитирэ ууга 10-12 мл нашатыры таммалатыҥ уонна бу суурадаһынынан үүнээйигитин уонна ыксаап иһин ыстарыҥ.

Өссө бу суурадаһын сорох үүнээйилэргэ уоҕурдуу быһыытынан туттуллуон сөп. Холобур, герань, сардаана уонна клематис курдук сибэккилэри аһатыахха сөп. Ол эрээри ароиднайдар уонна суккуленнар сорох көрүҥнэригэр – каллаҕа, диффенбахияҕа, толстянкаҕа, литопска көҥүллэммэт. Сэбирдэхтэрэ сытыйан тахсыаҕа.

Ыраастыыр уонна килэбэчитэр

Аммиак – дьиэни-уоту, иһити-хомуоһу сууйарга-соторго бастыҥ көмөлөһөөччү. Холобур, түннүк сууйарга 1 лиитирэ ууга аҕыйах хааппыла нашатыры таммалатыҥ. Кири, быылы көрдөрбүтүнэн суох оҥоруоҕа, аны туран, туох да суолу-ииһи хаалларбат диэн хайҕыыллар. Сорох хаһаайкалар өстүөкүлэ уонна хурустаал иһити сууйарга, кыһыл көмүс уонна үрүҥ көмүс киэргэллэрин ыраастыырга тутталлар эбит. Ол эрээри күндү таастаах оҥоһуктаргытын харыстыыргыт ордук.

 

Кафельга

Ванна истиэнэтигэр иҥэн хаалбыт кири сууйарга, кафельга түүнүк үөскээбитин ыраастыырга аммиак көмөлөһүөҕэ. 1 лиитирэ ууга 10 мл испиири эбиҥ. Кафель икки ардынааҕы быыстарын үчүгэйдик сууйуҥ-сотуҥ уонна 5-10 мүн. туруора түһүҥ. Ол кэннэ мэлдьи туттар кафель сууйар анал сириэстибэҕитинэн сууйуҥ. 

Бээтинэни сүтэрэр, сыты суох оҥорор

Сырдык таҥаска көлөһүн суола уонна сыта иҥпит буоллаҕына: 1 ыстакаан ууга 50 мл испиири уонна 1 ч.нь. тууһу эбиҥ. Бу симиэһинэн таҥас ордук киртийбит сирин сотуҥ уонна икки чаас илитэ ууруҥ. Онтон сууйуҥ, сайҕааҥ.

Парфюм, арыы уонна дьуот сытын, бээтинэтин суох оҥорорго:  водород перекиһин уонна нашатыры 1:1 холбооҥ, бу симиэһинэн бээтинэни сотуҥ уонна 15 мүн. күүтүҥ. Онтон таҥаскытын сууйуҥ, сайҕааҥ.

Хаан сибиэһэй бээтинэтин сүтэрэргэ: 100 мл ууга 20 мл нашатырнай испиири кутуҥ. Таҥаскытын сөрүүн ууга сайҕыы түһүҥ, онтон бэлэмнээбит суурадаһыҥҥытын сотуҥ.  

 Тирии оҥоһуктарга

Тирии кумааһынньыккыт, бэрчээккилэргит, кургут, суумкаҕыт уонна атаххыт таҥаһа эргэрэн өҥө-дьүһүнэ өлбөөдүйдэҕинэ, таһааран бөххө быраҕарга тиэтэйимэҥ. Ол оннугар бу сүбэлэри туһаныҥ:

150 мл ууга 20 мл нашатыры, 10 г хаһаайыстыбаннай мыыланы түөркэлээн кутуҥ уонна булкуйуҥ. Бу суурадаһынынан тирии таҥаскытын (киэргэлгитин) сотуҥ уонна үчүгэйдик куурдуҥ.

Килэбэчитэргэ: касторовай арыыны, глицерини уонна вазелины булкуйан баран, тирии киэргэлгитин (кур, суумка уо.д.а.) сотуҥ.

Таҥаһы маҥхатар

Өскөтүн маҥан таҥаһы сууйарга анал сириэстибэ суох буоллаҕына, санааҕытын түһэримэҥ. Хлопок уонна лүөн таҥаһы сууйарга уугутугар 100-120 мл нашатырнай испиири эбиҥ. Итэҕэйиҥ-итэҕэйимэҥ, таҥаскыт саҥатыгар түһүөҕэ.

Оттон сиэрис эбэтэр солко курдук хаппырыыс матырыйаалтан таҥаһы сууйарга бу сүбэни туһаныҥ: 10-12 лиитирэ сылаас ууга 20 мл нашатыры булкуйуҥ, 8 ост.нь. тууһу, 50 г таҥас сууйар бороһуогу уонна 3 ост. нь. водород перекиһин эбиҥ. Итиэннэ таҥаскытын бу суурадаһыҥҥа 4-5 чаас сытыара түһүҥ. Онтон көннөрү сууйан, сайҕаан ыйыыгыт.  

Техническэй нашатырь диэн эмиэ баар. Наука тылынан аммоний хлорида дэнэр. Уратыта элбэх. Тиэхиньикэҕэ уонна химияҕа  туттуллар. Холобур, бу бороһуок дьэбинтэн харыстыыр аналлаах. Маны сэргэ, лааҕы, килиэйи кытаатыннарар.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Дьон | 21.11.2024 | 12:00
Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Суруналыыс кэпсэтэр киһитин кытта кини олоҕун, үөрүүтүн, үлэтин-хамнаһын, кыһалҕатын тэҥинэн үллэстэр. Оннук эрэ сүрэҕэр чугастык ылынан суруйдаҕына, ааҕааччыга тиийэр ыстатыйа тахсар. Мин Александрдыын кэпсэтэрбэр, чэчэгэйим кэйиэлээн, төбөм ыараан да ылбыта, сотору атаҕын быстарын кэпсиир, ону хайдах эрэ тулуйан истибит киһи дии олорбутум. Хараҕым уута да сүүрэрэ, күөмэйбин туох эрэ кэлэн...
Аҕаа, бырастыы
Сынньалаңңа | 27.11.2024 | 10:00
Аҕаа, бырастыы
Уйбаан нэһиилэ сэттис этээскэ сынньана-сынньана кирилиэһинэн тахсан, кыыһа олорор ааныгар кэлэн, оргууй соҕус тоҥсуйда. Баҕардар дьиэҕэ ким да суоҕа дуу дии санаан, кулгааҕын ааҥҥа даҕайан иһиллээн тура түстэ. Киһи атаҕын тыаһа хааман кэлэн, сиэнэ уол куолаһа нууччалыы: «Кто там?» – диэн ыйыппытыгар: – Мин. Тоойуом, мин кэллим, ааҥҥын арый, –...
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Сытыы муннук | 28.11.2024 | 14:00
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Үөһээ Бүлүү улууһун Маҥаас нэһилиэгин 9 оҕолоох ыалын улахан уола Байбал Васильев оҕо эрдэҕиттэн эппиэтинэскэ үөрэммитэ, хайдахтаах да уустуктан чаҕыйбат, кыраларга холобур буола улааппыта күн бүгүнүгэр  диэри биллэр. Ытык киһибит быйыл 75-с хаарын санныгар түһэрдэ, сааһырда. Ол эрээри олоххо киллэрбит кыһыннары кымыстыыр дьарыгын тохтотуон, өбүгэ кымыстыыр үгэһин үйэтитэр баҕатыттан аккаастаныан...
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сынньалаңңа | 25.11.2024 | 23:17
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сардаана куруук да холку-наҕыл бэйэтэ, мэктиэтигэр хараҕын уута биллэ-көстө ыгыллан тахсыар диэри абатыйда. Кыһыйбытын омунугар „үөрүүлээх“ сонуну тиэрдибит суотабайын дьыбааҥҥа элиттэ. Хаарыан былаан!! Күүтүүлээх көрсүһүү хаалла!! Бүгүн үлэтигэр бардаҕына табыллар буолбут!   Саатар, бэҕэһээ биллибитэ буоллар. Түүҥҥү дьуһуурустубатын кэнниттэн сынньаммакка, түүннэри былаачыйа тиктэн „быччайан“ олоруо суох этэ! Кыргыттара төһө эрэ хомойоллор....