Диана Осипова: «Баабырын кыччаан хаалбыт диэн астыммакка барбыт»
Емельян Ярославскай аатынан Саха музейыгар турар Амурскай баабыр дьылҕатын туһунан истибит-билбит эрэ барыта кэрэхсиир. Ол эрээри бу сэдэх экспонат биһиги музейбытын хайыы-үйэ 115 сыл кэриҥэ ааттата турарын билэн соһуйуоххут.
Бүгүҥҥү нүөмэрбит ыалдьыта, Емельян Ярославскай Музей-дьиэтин салайааччы-методиһа Диана Семеновна Осипова баабыр историятын сиһилии кэпсээтэ. Ааҕыҥ, сэргээҥ.
«Арыый атын» кыылы бултаабыттар
– Биһиги музей баабырын көрөн, кини туһунан истэн улааппыппыт. Кэнники көлүөнэ соччо билбэт буолуохтаах. Дьэ, оннук ааҕааччыларга бу баабыр Саха музейын пуондатыгар хаһан, хантан, хайдах кэлбитин сиһилии кэпсиэххэ.
– 1905 сыллаахха Уус Майа оройуонугар Амурскай баабыр киирбитэ биллибит. Тумул диэн сир таһыгар сүрдээх элбэх сылгыны тардыбыт, онуоха дьон-сэргэ айманан, бу кыылы бултаһыахха наада диэн туруммуттар. Ол саҕана Саха сирин олохтоохторо маннык кыыл баарын билбэттэрэ, сэрэйэн да көрбөттөрө. Сэтинньи тымныытыгар арҕаҕар киирбэккэ сылдьар тыатааҕы дии санаабыттар. Аҕыс киһилээх бөлөх тэриллибит. Ини-бии Петр, Михаил Захаровтар, Сергей Атласов, Николай Захаров, Афанасий уонна Спиридон Конниковтар, Григорий Дьячковскай уонна Петр Семенов, тыатааҕыны бултуур курдук, икки бөлөххө хайдыһан, биллибэт кыыл суолун көрбүт сирдэригэр тиийбиттэр. Үҥүүлээх, сүгэлээх, батыйалаах уонна алта киһи саалаах эбиттэр.
Бастакы бөлөх сибиэһэй суолга түбэспит. Ону көрөн да атын кыыл буолуо дии санаабатахтар. Эмискэ сир ньиргийэ түспүт да, ырдьыгыныыр дьулаан саҥа иһиллибит. Арай көрбүттэрэ, уп-улахан, эп-эриэн кыыл кинилэр диэки чаҕылҕанныы түргэнник ыстанан эрэр эбит. Кыл түгэнигэр тугу гыныахтарын билбэт буола уолуйбуттар, ыксаабыттар. Көрүөх бэтэрээ өттүгэр баабыр бастакынан испит Петр Семеновка саба түспүт да, куоска кутуйаҕы бултуурун курдук, баппаҕайынан үөһэ-аллара быраҕаттаабыт. Ол кэмҥэ атын бөлөхтөн Сергей Атласов сүүрэн кэлбит уонна сүгэнэн охсубут, онуоха баабыр кинини илин баппаҕайынан элитэн кэбиспит уонна бааһырдыбыт. Ол кэмҥэ Михаил Захаров баабыры түбэһиэх батыйанан сырбаталаабыт. Баабыр ырдьыгынаабытынан иннин диэки ыстанан эрдэҕинэ, Петр Захаров саанан ыппыт. Биллибэт кыыл тута сиргэ охтон түспүт. Көрөргө дьулаан хартыына эбит. Хаһан да харахтаабатах сүүнэ кыыллара сууллан түһэригэр, бэл, сир хамсыырга дылы гыммыт. “Бултарын” оннук бэйэтинэн дьаһайбакка хаалларбыттар. Бааһырбыт уонна суорума суолламмыт дьоннорун сыарҕаларыгар тиэйэн, дэриэбинэлэригэр илдьибиттэр. Кыылларын иккис эрэ сырыыларыгар аҕалбыттар.
Өлбүт баабыр уһуна 2 миэтэрэ, ыйааһына 240 кг, кутуругун уһуна 1 миэтэрэ, сирэйэ 35,5 см эбит. Манна даҕатан эттэххэ, Амурскай баабыр саамай улаханын ааһан, адьырҕатынан биллэр. Түүтүн өҥө ордук чаҕылхай, кыраһыабай буолар.
Бу быһылаан туһунан улуус баһылыгар биллэрбиттэр. Амма Слободатын уряднига быһаарыы сурук суруйбут. Инньэ гынан, биир сүбэнэн Дьокуускай куоракка ыытарга быһаарбыттар. Бу санаатахха, былыргы дьон да буоллаллар, Саха сиригэр буолбут дьикти түбэлтэни дьон-сэргэ билиэхтээх-көрүөхтээх, музейга туруохтаах диэн ырааҕы-киэҥи толкуйдаабыттар эбит. Дьиҥинэн, баай атыыһыттар элбэх харчыга атыылаһа сатаабыттар.
Статистическай кэмитиэт уурааҕынан булчуттарга 100 солкуобай харчы көрүллүбүт, бааһырбыт уонна суорума суолламмыт дьон дьиэ кэргэннэригэр 5-тии солкуобай көмө оҥоһуллубут.
Сэдэх экспонат дьылҕата
– Таксидермиһа кимий?
– Баабыр чуучалатын бастаан Черскэй экспедициятыгар препараторынан сылдьыспыт Ионн Генрих фон Дуглас диэн киһи оҥорбут. Оччолорго сөптөөх матырыйаал да аҕыйаҕа, аны бэрт ыксаллааҕа. Онон тириитин сууйбатах, хайдах баарынан оҥорбут, иһигэр мас көөбүлүн куппут. Сэдэх экспонат 1907 сыллаахха кулун тутар ыйга музейга туруоруллубут.
1929 сыллаахха айылҕа салаатын сэбиэдиссэйэ Михаил Иванович Ткаченко баабыр чуучалата буортуран эрэрин өйдөөн көрбүт уонна сүбэлэһэн баран, саҥаттан оҥорорго быһаарыммыт. Кини тириитин сууйан, куурдан, тимир каркааска туруоран, адьырҕа кыыл кэлин атахтарын накытан, булдугар саба түһээри турарын көрдөрөр курдук оҥорбут. Иһигэр буортуйбат матырыйааллары укпут. Онтон ыла хайдах баарынан билиҥҥэ диэри хараллан турар. Айылҕа салаатын сэбиэдиссэйэ Нелли Гаврильевна Кондакова көрөр-истэр, үөнтэн-көйүүртэн эмтиир.
Баабыры биир ытыынан өлөрбүт Петр Захаров 1950-с сылларга музейга анаан-минээн кэлэ сылдьыбыт. Итиэннэ кыччаан хаалбыт диэн астыммакка барбыт. Биллэн турар, куурар-хатар, өҥө-түүтэ хараҥарар, өлбөөдүйэр буоллаҕа. Оччолорго кини 90-чалаах эбит. 1967 сыллаахха Орто дойду олоҕуттан барбыт. Уһун үйэлэниитэ адьырҕа, улахан кыылы бултаабыт хорсун быһыытын кытта ситимнээх буолуон сөп дии саныыбыт.
Бу баабыр туһунан элбэхтик сырдаттыбыт. Чуолаан историческай наука кандидата Петр Васильевич Винокуров архыып матырыйаалларыттан булан уонна дьону кытта кэпсэтэн, толору, сиһилии суруйан хаалларбыта. Кини музейга история салаатын сэбиэдиссэйинэн, аҕыйах кэмҥэ дириэктэри наука үлэтигэр солбуйааччынан барыта отуттан тахса сыл үлэлээбитэ. Петр Васильевич Саха сирин историятын чинчийэн, нууччалыы уонна сахалыы тэҥинэн кэрэхсэбиллээхтик суруйан, кинигэлэргэ үйэтиппит үтүө өҥөлөөх. Музей үлэһиттэрэ кини кинигэлэрин ууруна сылдьан, сүрүн тирэх, көмө, матырыйаал оҥостобут. Эбэн эттэххэ, “История кэрэһиттэрэ” диэн кинигэтигэр саамай сэдэх экспонаттар тустарынан сиһилии кэпсээбитэ.
– Чинчийээччилэр баабыр Саха сиригэр киирбитин туох диэн быһааралларый?
– Баабыры көрөн, тугун дьиктитэй, ол тоҕо тымныы кэмҥэ Саха сиригэр киирбитэ буолуой диэн интэриэһиргээччи үгүс. Историяны билэр дьон араас сабаҕалааһыннары этэллэр, 1905 сыллаахха буолбут сабыытыйалары кытта ситимнииллэр. Баҕар, сэрии канонадатын истэн соһуйбут буолуон сөп дииллэр. Аны туран, улахан баһаар турбут буолуон сөп диэн санаа эмиэ баар. Ол эрээри биһиэхэ олохсуйбат кыыл мээнэҕэ кэлбэтэҕэ чуолкай. Бука, туохтан эрэ улаханнык куттаммыт буолуон сөп.
Көһөрөр уустук
– Баабыргытын бэйэҕит икки ардыгытыгар ким эрэ диэн ааттыыргыт буолаарай?
– Билэргит курдук, музей бастакы экспоната – бизон төбөтө. Историяҕа “музей эһээтэ” диэн ааттаммыта. Ити курдук баабырбыт эмиэ историческай суолталаах ааттаныан баҕарабын. Тоҕо диэтэххэ Саха сиригэр олохсуйбат кыылы көрүөн, кини туһунан үгүһү билиэн баҕалаах элбэх. 1960-с сылларга сэдэх экспонаты манна үөскээбэт кыыл тоҕо туруохтааҕый диэн музейтан ыллара сылдьыбыттар эбит. Онуоха музейга сөбүлээн сылдьааччылар уонна дьон-сэргэ аймаммыт. Онон баабырбыт төттөрү туруоруллубут.
– Кэнники сылларга киин куорат олохтоохторо уонна ыалдьыттара баабыры музей сүрүн дьиэтиттэн сүтэрэн кэбиспиттэр, ханна барбытай диэн айманаллар. Үгүстэр эһиэхэ кэлэн турарын билбэттэр эбит. Тоҕо көһөрүллүбүтэй?
– Анараа сүрүн дьиэҕэ турар эрдэҕинэ элбэх миэстэни ылара. 2018 сыллаахха “Якутская ссылка” музей-дьиэттэн үлэлии кэлэн баран, манна бастакы экспонаттартан үгүстэрэ, бастакы үлэһиттэр – политсыылынайдар илиилэринэн оҥорбут чуучалалара, араас коллекциялар баалларын бэлиэтии көрбүтүм. Онон баабыр биһиэхэ кэлэн турдаҕына сөбө суох курдук көстүө суоҕа дии санаабытым. Ол этиибин салалта өйөөн, манна киллэрэн туруорбуппут.
– Итиччэ өр турбут сэдэх экспонаты көһөрөр уустук буолуо?
– Оннук. Айылҕа салаатын сэбиэдиссэйэ Нелли Гаврильевна тыала суох, үүт тураан кэмҥэ көһөрөр ордук диэн, ыам ыйын сылаас күннэрин талбыппыт. Музей эр дьоно баабырбытын тула өттүттэн тутан, оҕолуу харыстаан аҕалбыттара. Кырдьык, мээнэ көһөрүллүбэт. 2022 сыл сүрүн бэлиэтэ диэн музей сүрүн дьиэтигэр туруоруохха диэн этии киирэ сылдьыбыта. Ону Нелли Гаврильевна эмискэ тымныыга тахсыа суохтаах диэн аккаастаабыта.
– Дьон-сэргэ баабыр туһунан тугу ордук интэриэһиргиирий? Оҕолор киһи үөйбэтэх-ахтыбатах, дьикти-дьиибэ ыйытыыны биэрэн, ууга-уокка түһэрээччилэр дуо?
– История муннугун көрө киирбит дьон Саха сиригэр олохсуйбат кыыл экспонат буолан турарын астына көрөллөр. Ордук хантан кэлэн хаалбытай диэн сэргииллэр. Бу дьиҥнээх бэйэтэ дуо диэн сөҕөллөр-махтайаллар, онон үгүс интэриэһи тардар.
Баабырбыт музей сэдэх көстүүтэ буолан турбута эһиил 115 сылын туолар. Кырдьык, кууран-хатан, көстүүтэ мөлтөөбүтэ биллэр. Ол эрээри билиҥҥэ диэри хайдах баарынан бэйэтэ турара норуот сэҥээриитин ылыан ылар, кэрэхсэтэр. Адьырҕа кыылы көрөн, куттанан ытаабыт да оҕо баар буолар.
Биһиги экспонаттарбыт тустарынан үгүстэр ыйытан, кэлэн кэпсэтэн, устан бараллар. Былырыын баабырбыт туһунан Уһук Илин сайтыгар суруйан ыыппытым. Ону ютубка эмиэ таһаарбыттара. Амурскай баабырдар тустарынан кэпсээн баран, Саха сиригэр маннык баабыр киирэ сылдьыбыт, ол билигин Саха музейыгар биир улахан экспонат буолан турар диэн көрдөрбүттэрэ.
Билиҥҥэ диэри уос номоҕо
– Уус Майаттан төрүттээх дьон, булчуттар сыдьааннара кэлэ сылдьыбыттара. Петр Захаров, Сергей Атласов ыччаттара ыалдьыттаабыттара. Холобур, Захаровтартан Тумул нэһилиэгин баһылыга дьиэ кэргэнин кытта кэлэн барбыта. Атласов сыдьааннарыттан Бэрдьигэстээххэ учууталлыыр кыыс сылдьыбыта. Ионн Генрих фон Дуглас хос сиэнэ – бэтэрээн учуутал баабыры көрөн барбыта. Кинилэри хаартыскаҕа түһэрбиппит, баҕар, кэлин матырыйаал буолуо диэн көрсүһүү түгэннэрин үйэтиппиппит.
Эбэлэрэ, эһэлэрэ кэпсээбиттэрин билиҥҥэ диэри өйдүүллэр-саныыллар эбит. Адьырҕа кыыл сылгылары тардыбытын, тырыта-хайыта тыыппытын туһунан уос номоҕо оҥостоллор. Баабыр бултаабыт этин сиргэ сиэбэккэ, мас үрдүгэр быраҕар эбит. Ол туһунан булчуттар ыччаттара кэпсээбиттэрин сэргии истибиппит.
Киэн тутта кэпсиибит
– Түгэнинэн туһанан, Музей-дьиэ үлэтин-хамнаһын туһунан кылгастык сырдата түһүөххэ.
– Биһиги Музей-дьиэбит федеральнай суолталаах историческай пааматынньык. Ону өр кэмҥэ дириэктэрдээбит Мария Васильевна Местникова сүүрэн-көтөн, үгүс сыратын ууран ситиспитэ. Онон биһиги дьиэбит 1967 сыллаахха пааматынньык диэн ааты ылбыта. Быйыл Мария Местникова төрөөбүтэ 110 сылынан улахан быыстапканы туруорбуппут.
Биһиги дьиэбитин Национальнай библиотека эргэ дьиэтин олбуоругар музей уонна библиотека үлэһиттэригэр диэн анаан-минээн губернатор Иван Иванович Крафт туттарбыт. Емельян Ярославскай Саха сиригэр көскө кэлэн баран, бастаан метеорологическай станция сэбиэдиссэйинэн үлэлээбит. Музейга үлэлээтэхпинэ ордук туһалаах буолуом диэн, бэйэтин баҕа өттүнэн сайабылыанньа суруйбут. Ону түөрт ый үөрэтэн көрөн баран, 1915 сыллаахха үлэҕэ ылбыттар. Кыра оҕолоох ыалга дьиэ улахан өттүн биэрбиттэр. Онон Емельян Ярославскай олорбут дьиэтэ буолан, историческай пааматынньык аатын сүгэн, күн бүгүҥҥэ диэри үлэлии турар.
Атын омук дьоно Саха сирин историятын кэпсиир, көрдөрөр музейбытын олус биһирииллэр, сөбүлээн сылдьаллар. Музей уратыта диэн история кэрэһиттэрин хайдах баарынан көрдөрөр. Онон Саха сирин туһунан тугу эрэ биллэрбин диэбит киһи биһиэхэ киирэн баран, тута тахсыбат, өр буолар. Экскурсия 45 мүнүүтэ, чаас кэриҥэ ыытыллар. Онон сылдьыбыт дьон үчүгэй да музейдааххыт диэн астынан, элбэҕи билэн-көрөн тахсаллар. Ол курдук, 2019 сыллаахха Сэбиэскэй Сойуус Дьоруойа, космонавт-лүөччүк Анатолий Арцебарскай ыалдьыттаан барбыта.
– Диана Семеновна, кэрэхсэбиллээх кэпсээниҥ иһин махтанабыт. Кэлэн иһэр Саҥа дьылынан ааҕааччыларга баҕа санааҥ.
– Саҥа сыл барыгытыгар үтүөнү, сырдыгы, үчүгэйи аҕаллын. Дьаҥ, ыарыы аҕыйаатын. Урукку курдук истиҥ көрсүһүүлэр, кэпсэтиилэр элбээтиннэр диэн баҕа санаалаахпын. Биһиги өрөспүүбүлүкэбит историятынан уонна талааннаах дьонунан баай диэтэхпинэ, сыыспаппын. Эйэлээх, түмсүүлээх буолуохха диэн бар дьоммун ыҥырабын. Саха сирин историятын туһунан билиэн-көрүөн баҕалаах дьон, музейга сылдьааччы үксээтин. Саха АССР төрүттэммитэ 100 сылын саха буоларбытынан киэн туттан, үс тутум үрдээн көрсүөххэ.
***
Саҥа дьыл тыына билиннин диэн, музейы аар-сааргы аатырдыбыт баабыр үрдүгэр быыстапка салаатын үлэһитэ Матрена Семеновна Винокурова дизайнынан сэбиэскэй саҕанааҕы хартыынаны ыйаабыттар. Кэлбит дьон хаартыскаҕа үөрэ-көтө түһүөхтэрэ.
Диана Семеновна кэпсээбитинэн, Емельян Ярославскай Музей-дьиэтэ өрөспүүбүлүкэ 100 сылын көрсө былаана үгүс. Өрөбүлүүссүйэ саалатыгар судаарыстыбаннай символлар туруохтара, истиэндэҕэ бастакы салайааччыларбыт олохторо, кинилэр турууласпыт үлэлэрэ сырдатыллыахтара. Онуоха уруккубутун-хойуккубутун көрдөрөр өрөспүүбүлүкэ уонна дойду былаахтара тэлимнии туруохтара.
Музей архыыбыттан хаартыскалар