02.07.2022 | 10:00

Дьиҥнээх доҕордуулар

Дьиҥнээх доҕордуулар
Ааптар: Раиса Васильевна СИВЦЕВА, Дүпсүн, Уус Алдан
Бөлөххө киир

Дьылҕа Хаан ыйааҕынан, Одун Хаан оҥоһуутунан өлөр өлүү кинилэри орто саастарыгар дэгиэ тыҥыраҕынан кытаахтаан илдьэ барда. Ол да буоллар кинилэр оҕо саастарыттан Дьиҥнээх Доҕордоһуу дьолун билэн бардылар. Кинилэр сырдык кэриэстэригэр ананар...

Эдэр саас, эдэр саас!

Эн олус да кэрэҕин!

Элбэх сырдык иэйиилээххин,

Эрчимнээххин, күүстээххин,

Элбэх ыра санаалааххын!

 “Ким доҕордоох – ол дьоллоох” эбэтэр “Атас туһугар атах тостор” диэн өс хоһоонноро оруннаахтарын, этиилэрэ бэргэнин кэргэним тус олоҕуттан чахчы итэҕэйэн олох олорон кэллим.

Бу икки доҕордуулар Уус Алдан Найахытыгар олох кыраларыттан доҕордоһон улааппыттар. Доҕорбут Михаил Романович Мухин (биһиги Миша диэн ааттыырбыт) аҕата эрдэ өлөн, түөрт оҕону ийэлэрэ соҕотоҕун ииппит. Онон Миша, чахчы да, бэйэтин кыаҕынан, баҕатынан, дьулуурунан үөрэнэн, үлэттэн үүнэн, үлэһит үтүөтэ, саха бастыҥа буолбута. Ыар буруйу оҥорбут дьону силиэстийэлиир салааҕа силиэдэбэтэллээн, юстиция майора буола үүммүтэ, үтүөлээх юрист аатын ылбыта.

* * *

Мишалаах Коля (мин кэргэним) ийэлэрэ иккиэн ыанньыксыт буолан, кыһынын хотоҥҥо көмөлөһөн, сайынын титииккэ ынах үүрэн аҕалан, ыаһан көмөлөһөллөрө, илии-атах буолаллара. Үлэттэн орпут кэмнэрин, оҕо-оҕо курдук, оонньоон-көрүлээн атаараллара.

Бастакы кылааска бииргэ киирбиттэрэ уонна ол курдук тутуспутунан онус кылааһы бүтэрбиттэрэ. Бу уон сыл устата бииргэ үөрэммит оҕолоро, учууталлара кинилэр доҕордоһууларын сөҕөн кэпсииллэрэ, истиҥник саныыллара.

Миша кыратыттан сүүрүк идэлээҕэ, олус кытыгыраһа, атах оонньуутугар оскуолатын чиэһин улууска элбэхтик көмүскээбитэ. “Аҕалара куобаҕы эккирэтэр кытыгырас этэ. Уолум ону баттаҕа”, – диэн ийэтэ киэн тутта кэпсиирэ үһү. Миша мин Колябын сүүрүүгэ уһуйа сатаабыт да, онто кыаллыбатах. Коля кыра эрдэҕиттэн күүстээх, кыанар буолан, хата, тустууну ордорбут. Ыһыахтарга хапсаҕайдаһара, улуус күрэхтэһиилэригэр тустан, мэлдьи инники күөҥҥэ сылдьара.

Уолаттар оскуолаларын бүтэрэн, “Оскуола – Производство – Үрдүк үөрэх” диэн ыҥырыынан икки сыл холкуостарыгар үлэлээбиттэрэ. Коля бодобуос көмөлөһөөччүтэ этэ. Оттон Миша хомсомуол тэрилтэтин босхоломмут сэкирэтээрэ буолбута.

* * *

Оҕо эрдэхтэриттэн иккиэн милииссийэ үлэһитэ буолар ыра санаалаахтар эбит. Ол иһин икки сыл үлэлээн баран иккиэн Свердловскайга юрист идэтигэр үөрэххэ туттарса барбыттара. Ол эрээри Коля, ийэтэ эмискэ инсуллаан, төннөн кэлбитэ. Ийэтин Москубаҕа илдьэн төбөтүн эпэрээссийэлэппит. Харчыта бүтэн хас да күн аһаабакка эрэйдэммитин кэпсиирэ.

Кэргэним Коля үлэтин оройуоннааҕы милииссийэ отделыттан саҕалаабыта. Үчүгэй үлэтин иһин Саха АССР Үрдүкү Сэбиэтин Президиумун грамотатынан наҕараадаламмыта. Кэлин Докуускайдааҕы авто-оскуолаҕа үөрэнэн, суоппар идэтин ылбыта. Биһиги ыал буолар күммүтүгэр Мишата Свердловскай курдук ыраах куораттан анаан кэлэн, шафердаан барбыта. Оо, онно уолаттар көрсүһүүлэрин үөрүүтүн көрүөххүт этэ!

Үөрэҕин бүтэрэн, Миша, эдэр киһи быһыытынан, ханна ыыталларынан барбыта – үлэтин хоту Тиксии байыаннай бөһүөлэгиттэн саҕалаабыта. Сайын уоппускаларын, болдьоспут курдук, дойдуларыгар оттоон, бултаан, сир астаан, үөрэн-көтөн атаараллара, бэйэ-бэйэлэригэр хонсоллоро. Миша ийэтэ Өлөксөөс оҕолорун доҕордоһууларыттан киэн туттан үөрбүт хараҕа билигин да бу баардыы көстөр. Бэйэтэ да олус үтүө майгылаах саха далбар хотуна этэ. “Чэ, этэҥҥэ сылдьыҥ” диэн, кэннилэриттэн атаара хаалара. Өлөксөөс 90 сааһыгар тиийбитэ. Куоракка уолугар сытан, олус үчүгэйдик көрүллэн-харайыллан анараа дойдуга аттаммыта. Миша ийэтигэр олус истиҥ сыһыаннааҕа.

* * *

Биир сайын Миша төлөпүөннээтэ. Доҕорун наһаа ахтарын эттэ уонна: “Миэхэ кэлэн барыҥ. Айан суолун бэйэм төлүөм, визаны да булуом”, – диэтэ. Виза диэн – байыаннай бөһүөлэк буолан, онно тиийэргэ анал көҥүл ирдэнэрэ. Онон балтараа саастаах уолбутун көтөхпүтүнэн Тиксиигэ сөмөлүөтүнэн айаннаабыппыт.

   Тиийбиппитигэр олус да үөрбүтэ. Соҕотох, эдэр үлэһиккэ туох улахан дьиэлээх буолуой?! Икки этээстээх эргэ мас дьиэ биир хоһугар олороро, онто кыра куукуналааҕа. Соҕотох киһи батар тимир куруһуналаах оронун миэхэ туран биэрбитэ. Бэйэлэрэ иккиэн куукунаҕа сиргэ сыталлара, түүн хойукка диэри кэпсэтэн тахсаллара. Уолбутун буоллаҕына икки олоппоһу холбоон сытыарбыппыт. Онно хайдах охтубакка утуйарын кэлин сөҕөн күлсэрбит – уолбут оччоттон да сэмэй эбит.

   Эдэрбит да бэрт буолан ини – дьиэ кыараҕаһыгар олох кыһаллыбат этибит. Дьиҥнээх доҕордуу дьоҥҥо дьиэ кыараҕаһа диэн улахан буолуо дуо... Биир ый курдук олорбуппут. Миша хойукка диэри үлэлиирэ. Хата, мин оҕобун илдьэ кини үлэтигэр барсан, дьыала ааҕарым.

Миша кэлин кэргэннэнэн, Дьокуускайга олохсуйбута. Дьиэ-уот туттуутугар хардары-таары көмөлөсүһэллэрэ. Коля доҕоругар баран көмөлөһөрүттэн ис-иһиттэн астынара. Биһиги, тыа дьоно, сүөһү-ас ииттэрбит. Онон доҕорбутун этинэн, сир аһынан хааччыйа турарбыт. Оттон кини куораттан хайаан да кэһиилээх кэлэрэ. Ону Колята: “Бу да киһи, харчытын бараан... Бэйэбэр барыта баар ээ”, – диирэ. Мин 50 сааспыт туолар үбүлүөйбэр Миша саҕынньах аҕалан кэтэрдэн соһуппута эбээт!

* * *

Онтон биһиги дьиэҕэ эмискэ алдьархай ааҥнаабыта.

Кэргэним сэтинньи ортото миинэр атын көрдүү сылдьан, тымыра быстан, атыттан сууллубут этэ. Тоҥуу хаарга уон чаас устата өлүү-тиллии былдьаһыгар сытан, өйүн сүтэрэн, туймааран эрдэҕинэ доҕотторо – баһаарынай чаас үлэһиттэрэ – булан тыраахтарынан аҕалбыттара. Тыыннааҕын көрөн үөрбүттэрин кэнники кэпсииллэрэ.

Ити кэнниттэн Коля аҕыс сыл устата суорҕан-тэллэх киһитэ буолан сыппыта. Ол кэмҥэ доҕоро Миша олус да көмөлөспүтэ. Эмтэнэр систиэмэтин эмэ-томо олус ыарахан сыаналааҕа. Ону барытын бэйэтэ хааччыйбыта. Балыыһа кэнниттэн иккитэ реабилитациялыыр санаторийга илдьэн эмтэппитэ. Куруук кэлэн быраастары кытары кэпсэтэрэ, туох наадатын быһаарсара. Дойдутугар тахсан сытар кэмигэр сотору-сотору билсэн, кэпсэтэн, сэргэхситэн барара. Ол сырыылар кэннилэриттэн Коля олус үөрэн, чэпчээн хаалара.

Бүтэһик көрсүһүүлэрэ куоракка, биһиги улахан уолбут дьиэтигэр буолбута. Күн аҥаара алтыһан, бииргэ аһаан-чэйдээн, сайын бииргэ дьэдьэнниэх буолан арахсыбыттара, хаартыскаҕа түспүттэрэ. Онно да Миша микроволновай оһохтоох кэлбит этэ. “Доҕорум сылаас аһы аһаатын” диэтэҕэ. Кэбээйи бөп-бөдөҥ икки соботун буһаран уурбуппун олус астына сиэбитэ. Биирин “Машабар илдьиэм” диэн суулаппыта.

* * *

Ол күһүн, алтынньы ортотугар, доҕорбут Миша сидьиҥ санаалаах бандьыыттар илиилэриттэн суорума суолламмыта. Оо, кэргэним барахсан онтон олус да аймаммыта, ыарыыта бэргээбитэ. “Тиһэх суолугар атаартара хайаан да илдьиҥ. Аара суолга да быһыннахпына, доҕорбун кытта тэҥҥэ барыахпыт”, – диэн Бэстээҕинэн уһун айаҥҥа туруммута. Кыра уола оҕо курдук бүөбэйдээн, массыынатын сотору-сотору тохтотон, сытыаран сынньата-сынньата илпитэ. Уопсайынан, Коля оҕолорун истиҥ сыһыаннарыгар олус махтанан бу Орто дойдуттан барбыта, сиэннэрин наһаа таптыыра.

Тиийэн доҕорун таһыгар орон оҥорторон, арахсыбакка сытан, тиһэх суолугар атаарбыта. Мишаны атаара кэлбит дьон ону көрөн уйадыйаллара, ытыыллара, олус аһына көрөллөрө. “Доҕордоһуу диэн хайдах курдук күүстээҕин биллибит, көрдүбүт”, – диэн Миша олоҕун туһунан кинигэҕэ суруйбуттар этэ. Убайа Дмитрий Романович: “Мишаны Колята, орон-тэллэх киһитэ, Уус Алдан Дүпсүнүн курдук ыраах нэһилиэктэн дэлэҕэ атаара кэлиэ дуо? Ити буолар – эрэллээх табаарыс, үтүө доҕор быһыыта-майгыта, истиҥ сыһыан эйгэтэ. Итинник табаарыстаспыт киһи олох үтүө түгэнин, ама, билбэтим диэ дуо?” – диэн ахтыы кинигэҕэ сөҕөн суруйбут этэ.

Коля дьиэтигэр бэргээн кэлэн, доҕоругар түргэнник барарын ыра санаа оҥостон сыппыта. “Доҕорбун Мишаны дойдутугар аҕалбатылар. Тус-туспа сытар буоллубут”, – диэн хомойоро. Доҕорун хаартыскаларын альбомтан хомуйтаран, кумааҕыга килиэйдэтэн, сытар эркинигэр ыйаппыта. Күнү быһа ону көрө сытара уонна: “Өллөхпүнэ, хоруоппар угаар”, – диэн көрдөспүтэ. Кини кэриэһин толорон, доҕорун Миша хаартыскаларын төбөтүн диэкинэн уган ыыппытым. Коля доҕорун кэнниттэн уһаабатаҕа – сайын бу Орто дойдуттан утуйбут курдук барбыта.

* * *

Кэргэним доҕордоһууну, истиҥ сыһыаны үрдүктүк тутара. Сельхозтехникаҕа, Сельхозхимияҕа, “Дүпсүн” сопхуоска, Дүпсүннээҕи баһаарынай чааска суоппардыыр сылларыгар элбэх доҕордооҕо. Олоҕун тиһэх суолугар атаарарбытыгар доҕотторо кэлэн, доҕордоһуу туһунан элбэх истиҥ тылы эппиттэрэ. Оҕолоро, сиэннэрэ кинилэр эһэлэрэ хайдах курдук доҕордоһууну өрө тутарын истэн, киэн тутта санаабыттара. Ол биһиги ыарахан күннэрбитигэр төһөлөөх күүс-көмө, тирэх буолбута буолуой!

Бу олоххо туохтааҕар да күндү Дьиҥнээх Доҕор диэн баар эбит. Ыччат дьонум, ханнык да түгэҥҥэ, хайдахтаах да дьыбарга доҕордоһууну өрө тутуҥ, доҕоргутун хаһан да түһэн биэримэҥ дуу!

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Дьон | 21.11.2024 | 12:00
Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Суруналыыс кэпсэтэр киһитин кытта кини олоҕун, үөрүүтүн, үлэтин-хамнаһын, кыһалҕатын тэҥинэн үллэстэр. Оннук эрэ сүрэҕэр чугастык ылынан суруйдаҕына, ааҕааччыга тиийэр ыстатыйа тахсар. Мин Александрдыын кэпсэтэрбэр, чэчэгэйим кэйиэлээн, төбөм ыараан да ылбыта, сотору атаҕын быстарын кэпсиир, ону хайдах эрэ тулуйан истибит киһи дии олорбутум. Хараҕым уута да сүүрэрэ, күөмэйбин туох эрэ кэлэн...
Аҕаа, бырастыы
Сынньалаңңа | 27.11.2024 | 10:00
Аҕаа, бырастыы
Уйбаан нэһиилэ сэттис этээскэ сынньана-сынньана кирилиэһинэн тахсан, кыыһа олорор ааныгар кэлэн, оргууй соҕус тоҥсуйда. Баҕардар дьиэҕэ ким да суоҕа дуу дии санаан, кулгааҕын ааҥҥа даҕайан иһиллээн тура түстэ. Киһи атаҕын тыаһа хааман кэлэн, сиэнэ уол куолаһа нууччалыы: «Кто там?» – диэн ыйыппытыгар: – Мин. Тоойуом, мин кэллим, ааҥҥын арый, –...
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Сытыы муннук | 28.11.2024 | 14:00
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Үөһээ Бүлүү улууһун Маҥаас нэһилиэгин 9 оҕолоох ыалын улахан уола Байбал Васильев оҕо эрдэҕиттэн эппиэтинэскэ үөрэммитэ, хайдахтаах да уустуктан чаҕыйбат, кыраларга холобур буола улааппыта күн бүгүнүгэр  диэри биллэр. Ытык киһибит быйыл 75-с хаарын санныгар түһэрдэ, сааһырда. Ол эрээри олоххо киллэрбит кыһыннары кымыстыыр дьарыгын тохтотуон, өбүгэ кымыстыыр үгэһин үйэтитэр баҕатыттан аккаастаныан...
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сынньалаңңа | 25.11.2024 | 23:17
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сардаана куруук да холку-наҕыл бэйэтэ, мэктиэтигэр хараҕын уута биллэ-көстө ыгыллан тахсыар диэри абатыйда. Кыһыйбытын омунугар „үөрүүлээх“ сонуну тиэрдибит суотабайын дьыбааҥҥа элиттэ. Хаарыан былаан!! Күүтүүлээх көрсүһүү хаалла!! Бүгүн үлэтигэр бардаҕына табыллар буолбут!   Саатар, бэҕэһээ биллибитэ буоллар. Түүҥҥү дьуһуурустубатын кэнниттэн сынньаммакка, түүннэри былаачыйа тиктэн „быччайан“ олоруо суох этэ! Кыргыттара төһө эрэ хомойоллор....