14.11.2024 | 13:31

Дьэллик ыттары ... дьэллик сылгылар солбуйаллар

Дьэллик ыттары ... дьэллик сылгылар солбуйаллар
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Сэтинньи 14 күнүгэр социальнай ситимнэргэ куорат киинигэр сылгы үөрэ мэнээктии сылдьар хаартыскалара тарҕанна.
Дьэллик дьиэ кыылларын тутааччылар куорат 1 №-дээх поликлиникатын кэнниттэн 9 сылгыны тутан, Дьокуускайдааҕы кыыллары быстах кэмҥэ көрөр-истэр пууҥҥа илдьэн туттардылар, хаһаайын кимэ быһаарыллыбыт, диэн иһитиннэрэр Олохтоох дьаһалта пресс-сулууспата.
Санатар буоллахха, Пуунтан кыылы төттөрү ылыы ороскуотун хаһаайын бэйэтэ уйунар (кыылы тутан аҕалбыт, көрөн-истэн, аһатан туруорбут өҥө барыта төлөбүрдээх).
СӨ Административнай буруйу оҥоруу кодексатын 5.4 ыст.  эппиэтинэскэ тардыллар, ыстараап төлүүр.
Бэлиэтээн эттэххэ, Саха сиригэр дьиэ кыылларын көрүү-истии, харайыы быраабылатынан:
* Дьиэ кыылын иитээччилэр санитарнай-ветеринарнай нуормалар ирдэбиллэрин толоруохтаахтар, дьоҥҥо куттал суоһаабатын ситиһиэхтээхтэр, кыыллара уопсай сирдэри киртиппэтин мэктиэлиэхтээхтэр уонна хааччыйыахтаахтар.
* Дьиэ кыылын дьаарбатарга, босхо ыытарга атын кыылларга, дьон доруобуйатыгар итиэннэ бас билиитигэр туох да куттал суоһуо суохтаах. Дьиэ кыыллара маныаха анаммыт эрэ сирдэргэ дьаарбатыллыахтаахтар.
* Чааһынай бас билэр территориялаах, тиэргэннээх дьон ыттарын тиэргэн эрэ иһигэр көҥүл ыыталлара эбэтэр баайан туруораллара көҥүллэнэр, ыт бэйэтин территориятыттан халбарыйар, суолга сүүрэн тахсар кыаҕа суох буолуохтаах.
* Олорор дьиэттэн ыты уопсай тиэргэҥҥэ уонна уулуссаҕа хайаан да томторуктаах уонна хонтуруолланар усталаах быалаах таһаарыллыахтаах. Бу ирдэбил 35 см намыһах уҥуохтаах ыттарга сыһыана суох.
* Племенной боруода быһыытынан ураты сыаннаһа суох кыылларга, элбэхтик төрөөн-ууһаан, көрүүтэ-истиитэ суох хаалар төрүөҕү биэрбэтиннэр диэн, стерилизациялааһын миэрэтэ хайаан да ылыллыахтаах.
* Сыллата дьиэ кыылын ветеринарнай тэрилтэҕэ илдьэн ииригирии ыарыытын утары быһыы туруортарыллыахтаах.

Оттон бэйдиэ сылдьар, дьон олоҕор кутталы үөскэтэр кыыллар тустарынан иһитиннэриилэри төлөпүөнүнэн ылаллар:
– Биир кэлим диспетчерскэй сулууспа: +7 (4112) 44-42-51, 44-42-29;
– Дьэллик харамайдары тутар бэдэрээтчит: +7 (924) 870-00-67;
– «Дьэллик кыыллары кытта үлэлиир сулууспа» ХЭУо (СРБЖ): +7 (914) 301-65-54.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Дьон | 08.12.2024 | 14:00
Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Биһиги ортобутугар араас дьылҕалаах, үлэлээх-хамнастаах, дьарыктаах дьон элбэх. Хас биирдии киһи син биир туох эрэ уратылаах, талааннаах, киһи кэрэхсиир кэпсээннээх. Биир оннук киһини кытта сэһэргэспиппин ааҕааччыларбар тиэрдиэхпин баҕарабын.   — Валентин Титович, кэпсэтиибитин билсиһииттэн саҕалыахха. — Бэйэм Сунтаартан төрүттээхпин, Хатырыкка олохсуйбутум 44 сыл буолла. Хадан нэһилиэгэр 1951 сыллаахха төрөөбүтүм. Бииргэ төрөөбүт...
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
Сонуннар | 01.12.2024 | 12:00
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
«Теща» туһунан атын омуктарга олус элбэх анекдот, көр-күлүү баар. Оттон биһиги, сахалар, күтүөт уолбутун хайдах ылынабыт, сыһыаммыт хайдаҕый, төһө тапсабытый? Өйдөспөт түгэн таҕыстаҕына, кыыскын көмүскүүгүн дуу, күтүөт диэки буолаҕын дуу? Онон бүгүн күтүөттэр туһунан кэпсэтиэххэйиҥ.   Светлана Петровна: — Мин ыал буолбутум оруобуна 40 сыл буолла. Ол эбэтэр 1984 сылга дьонум...
Ийэ буор
Сынньалаңңа | 07.12.2024 | 10:00
Ийэ буор
Гаврильева Оксана Павловна – Айсана 1963 с. Мииринэй оройуонун Ботуобуйа нэһилиэгэр күн сирин көрбүтэ. 1982 с. Н.Г. Чернышевскай аатынан Бүлүүтээҕи педагогическай училищены бүтэрбитэ, 1988 с. Дьокуускайдааҕы судаарыстыбаннай университеты бүтэрэн, нуучча тылын уонна литературатын учууталын идэтин ылбыта. Ити идэтинэн Н.Е. уонна П.Н. Самсоновтар ааттарынан Хатас орто оскуолатыгар үлэлиир. Педагогическай билим хандьыдаата,...
Өкүүчэ
Сынньалаңңа | 01.12.2024 | 16:18
Өкүүчэ
(Салгыыта, иннин “Холумтан” сыһыарыы алтынньы 10 күнүнээҕи нүөмэригэр ааҕыҥ)   Күһүҥҥү күннэр күлүгүрэн турдулар. Биир күн Ааллаах Үүнтэн убайдара Миитэрэй таһаҕас тиэйиититтэн кэлэн, эбиитин бу эрэ иннинэ аҕаларыттан сурук тутан, дьиэлээхтэр санаалара чэпчии сылдьар кэмнэрэ. Миитэрэй 20-гэр чугаһаабыт, түргэн-тарҕан туттуулаах, сытыы-хотуу харахтаах, уҥуоҕунан кыра соҕус да буоллар, дьоһуннук туттар эдэр киһи....