06.05.2022 | 13:00

Дьэбэрэҕэ түһэр дөбөҥ. Көнөр суолга үктэнэр ыарахан

Дьэбэрэҕэ түһэр дөбөҥ. Көнөр суолга үктэнэр ыарахан
Ааптар: Айыына КСЕНОФОНТОВА
Бөлөххө киир

Дьахтар арыгылааһына, аһыы утахха ылларыыта – оччоттон баччаҕа диэри уопсастыба сытыы кыһалҕата. Ону туоһулуур тыыннаах холобурдары уулуссаҕа, оптуобуска, маҕаһыын иннигэр күн аайы кэриэтэ көрсөбүт. Сороҕор сирэй-харах, дьүһүн-бодо, таҥас-сап мөлтөөбүт бэйэлэрин көрөн туран, хайдах даҕаны “кэрэ аҥаардар” диэххин тылыҥ тахсыбат. Ыраата барбакка холобурдаатахха, бэҕэһээ аҕай оҕо балаһааккатыгар  хас да күн “бырааһынньыктаан” баттаҕа арбайбыт, кырааската түһэн хаалбыт эдэр дьахтар сылдьара. Ыскамыайкаҕа утуйа олорор атаһын бытыылка кэһиилээх кэлэн үөрдүбүтэ. Харах хараастар хартыыната... Дьиҥэр, кини эмиэ ким эрэ таптыыр оҕото, кэргэнэ, ийэтэ буолуо эбээт! 

Дьахтар организма эр киһитээҕэр аһыы утахха түргэнник бэринэрэ, куһаҕан дьаллыкка дэбигистик ылларара дакаастаммыта ыраатта. Сорохтор эмтэнэн да баран, сотору кэминэн дьэбэрэҕэ төттөрү түһэллэрэ, сиэр-майгы өттүнэн сатарыйар суолга төннөллөрө – баар көстүү. Анал идэлээхтэр да этэллэринэн, дьахтар аһыы утахха ылларбыта ыарыы хойукку стадиятыгар биллэр буолан, эмтииргэ кэккэ ыарахаттары үөскэтэр.

Дьокуускайдааҕы наркологическай диспансер иһитиннэрэринэн, 2022 сыл тохсунньу 1 күнүнээҕи туругунан учуокка турар, нарколог быраас кэтэбилигэр сылдьар, “хронический алкоголизм” диэн ыар диагнозтаах 3063 дьахтар баар. Онтон 993-һэ – саастарын ситэ илик оҕолордоохтор. Бу кураанах сыыппараларга төһөлөөх элбэх киһи дьылҕата, огдолуйбут олоҕо саспыта буолуой?

Статистика чахчыларын салгыы холобурдаатахха, былырыын өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн сааһын ситэ илик оҕолоох, арыгыга убаммыт 783 ийэни кытта сирэй көрсөн олорон, профилактическай үлэ ыытыллыбыт.

Манна даҕатан эттэххэ, саастарын ситэ илик оҕолор бырааптарын көмүскүүр хамыыһыйа учуотугар турар арыгыһыт төрөппүттэр сокуонунан босхо эмтэнэллэр. Ыарыһах бэйэтэ баҕа өттүнэн кэлиэхтээх. Кини сөбүлэҥэ суох күһэйэр, модьуйар көҥүллэммэт.

Ол курдук, 2021 сылга өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн аһыы утахха ылларбыт 311 ийэ эмтэнии хас да түһүмэҕин ааспыт. 2022 сыл бастакы кыбаарталын түмүгүнэн Дьокуускайдааҕы наркологическай диспансерга 116 дьахтар эмтэммит. Бу кэрдиис кэмҥэ барыта 601 киһи бу медицинскэй көмөнөн туһаммыта бэлиэтэнэр. Онтон 19,3%-на – дьахтар.

Комплекснай эмтэнии хас да түһүмэхтээх: эмтэнии, психотерапия, реабилитация. Диспансер психологтара учуокка турар дьоҥҥо псиохологическай көмө бырагырааматын оҥорбуттар. Ол курдук, ыарыһахтарга араас трениннэри ыыталлар. Былырыын диспансер Кангалааска баар реабилитационнай салаатыгар 30 дьахтар эмтэнии олус суолталаах түһүмэҕин ааспыт. Онтон 12-тэ – элбэх оҕолоох ийэ.   

 

Медицинскэй статистика кэпсииринэн, 2021 сылга өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн 100 000 дьахтар нэһилиэнньэтигэр арыгылааһын көрдөрүүтэ 710,5 тэҥнэспит (2020 сылга – 706,6). Ханна да учуокка турбат, уора-көстө иһэр, статистикаҕа киирбэтэх дьахтар төһө буолуой? 

 

Кулун тутар ыйтан Ийэ сылынан Дьокуускайдааҕы наркологическай диспансер «Шанс для мамы» диэн социальнай бырайыагы үлэлэтэн саҕалаата.

Альбина Сивцева, Дьокуускайдааҕы наркологическай диспансер кылаабынай бырааһа:

– «Шанс для мамы» социальнай суолталаах бырайыакпыт дьахталлары уонна ийэлэри чөл олоххо сирдиир аналлаах. Чуолаан Кангалааска баар реабилитационнай салаабытыгар эмтэнэ кэлбит ыарыһахтарбыт социальнай-психологическай көмөнү ылан, көнөр суолга туруналларын, көхтөөх, ситиһиилээх уонна чөл олоҕунан олороллорун ситиһии.   

Бырайыак иитинэн үгүс тэрээһин ыытыллар – нарколог быраастарбыт уонна психологтарбыт өрөспүүбүлүкэ араас оскуолаларыгар, үөрэх кыһаларыгар профилактическай лекциялары ааҕаллар,  учууталларга, кылаас салайааччыларыгар, оскуола психологтарыгар, төрөппүт кэмитиэттэрин бэрэссэдээтэллэригэр кылаас чаастарын сценарийдара оҥоһуллар. Маны таһынан, кутталлаах бөлөххө киирэр дьиэ кэргэттэри, ону сэргэ, улаатан эрэр обургу саастаах кыргыттары кытта тиһигин быспакка үлэлиибит. Реабилитационнай салаа ыарыһахтарыгар “Преображение” үтүөҕэ, кэрэҕэ сирдиир бырайыак көдьүүстээҕин, үтүө түмүктэри аҕаларын көрдөрдө. Манна барытыгар диспансер быраастара уонна психологтара биир санаанан салайтаран үлэлииллэр. Онон  «Шанс для мамы» бырайыакпыт дьоҥҥо-сэргэҕэ чахчы туһалыа диэн бүк эрэнэбит.

Дьахталлары, ыал ийэлэрин уодаһыннаах ыарыыттан эмтиир, көнөр суолга сирдиир бырайыак бырагыраамата киэҥ, тэрээһинэ үгүс. Ол курдук, муус устар ыйга Саха сиригэр дьахтар арыгылааһынын туһунан бу сытыы кыһалҕаны кырдьыктаахтык көрдөрөр документальнай киинэ уһуллан бүттэ. Бу – диспансер үлэһиттэрэ уонна Саха сирин биллиилээх суруналыыстара Алла Клецко уонна Зоя Игнатьева сыралаах үлэлэрин түмүгэ. Хартыына сүрүн дьоруойдарынан Дьокуускайдааҕы наркологическай диспансер социальнай үлэһиттэрэ, консультаннара, психологтара уонна реабилитационнай салаа ыарыһахтара буоллулар. Киинэ урут манна сытан эмтэнэн, көнө суолга үктэммит ыарыһахтар дьиҥ историяларыгар олоҕуран оҥоһулунна. Маныаха сүрүн болҕомто дьахтар арыгылааһынын сүрүн биричиинэлэрин ырытыыга, ыарыы содулларыгар туһаайылынна, психологтар уонна социальнай үлэһиттэр үлэлиир ньымалара көрдөрүлүннэ.

Ыйыт – хоруйдуубут

Нарколог-психиатр сүбэлиир

? Дьүөгэм субу-субу арыгылыыр, онтон сылтаан дьиэтигэр этиһии, айдаан, өйдөспөт буолуу үксээтэ, ыал арахсар кутталланна. Эмтэнэргэ хас күн нааданый?

Дьахтары арыгыттан тэйитии сүрүн тирэҕэ – ыарыыны кэмигэр быһаарыы. Тоҕо диэтэххэ кэрэ аҥаар аһыы утахха биллибэтинэн-көстүбэтинэн убанар. Арыгылыыр дьахтар ыарыыта үксүүр: төрүүр-ууһуур уорганнара, ньиэрбэ систиэмэтэ, сүрэҕэ, быара эмсэҕэлииллэр. 

Арыгыһыттар үксүн арыгыга ылларбыттарын билиммэттэр. Чуолаан дьахталлар. Ол иһин арыгы куһаҕанын, ыар содулун өйдүөхтэрин наада. Оччоҕуна эрэ баҕа өттүнэн эмтэтэ кэлэллэр. 

Эмтэнии болдьоҕо араас буолар. Ыарыы стадиятыттан, киһи сааһыттан, бэл диэтэр, тус хаачыстыбаларыттан тутулуктаах. 
 

? Арыгыга ылларбыт киһини күһэйэн туран эмтэтиэххэ сөп дуо?

– Суох. Бэйэтэ баҕарбат буоллаҕына, эрэйгит туһата суох, таах халтайга хаалыаҕа. Кыайан туттунуо суоҕа, син биир иһиэҕэ.

Ол иһин өйдөөх эрдэҕинэ дьиэ кэргэнигэр, чугас дьонугар төһөлөөх куһаҕаны оҥорорун өйдөтүөххүтүн наада. Арыгы киһи доруобуйатыгар охсуулааҕын, олоҕун кылгатарын быһаарыҥ. Ыарыһах бэйэтэ быһаарыныы ылыннаҕына биирдэ эмтээн саҕалыахха сөп.

Уопуттаах нарколог киһи уйулҕатын билэр үчүгэй психолог. Ыарыһаҕы, кини чугас дьонун кытта кэпсэтэн баран, сөптөөх тыллары булар.

Чугас киһигит арыгыга ылларбытын билэр эрээри, тугу да гыммакка, саҥата суох олорумаҥ. Киниэхэ көмөлөһөргө тиэтэйиҥ!

 

Дьокуускайдааҕы наркологическай диспансер матырыйааллара туһанылыннылар

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Биэнсийэлээхтэргэ туох көмө баарый?
Сонуннар | 09.11.2024 | 10:00
Биэнсийэлээхтэргэ туох көмө баарый?
Быйылгыттан 100 сааһын туолбут ытык кырдьаҕастарга 1 мөл. солк. харчы төлөнөр буолбута. Биэнсийэлээхтэргэ өрөспүүбүлүкэ уонна дойду таһымнаах өссө ханнык өйөбүллэр баалларый?   Үлэ бэтэрээннэригэр Үлэ бэтэрээннэригэр, 55 саастарын туолбут эр дьоҥҥо уонна 50 саастарын туолбут дьахталларга, социальнай өйөбүл тугу үлэлээбиттэриттэн тутулуга суох көрүллүөхтээх.   Биэнсийэҕэ эбии 1226 солк. төлөнөр, сайабылыанньаҕытын МФЦ-га эбэтэр...
Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Дьон | 21.11.2024 | 12:00
Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Суруналыыс кэпсэтэр киһитин кытта кини олоҕун, үөрүүтүн, үлэтин-хамнаһын, кыһалҕатын тэҥинэн үллэстэр. Оннук эрэ сүрэҕэр чугастык ылынан суруйдаҕына, ааҕааччыга тиийэр ыстатыйа тахсар. Мин Александрдыын кэпсэтэрбэр, чэчэгэйим кэйиэлээн, төбөм ыараан да ылбыта, сотору атаҕын быстарын кэпсиир, ону хайдах эрэ тулуйан истибит киһи дии олорбутум. Хараҕым уута да сүүрэрэ, күөмэйбин туох эрэ кэлэн...
Тулагыга «Икки булчут» скульптура баар буолла
Сонуннар | 12.11.2024 | 17:14
Тулагыга «Икки булчут» скульптура баар буолла
Баай Байанай ыйыгар түбэһиннэрэн, сэтинньи 9 күнүгэр Тулагы Киллэм нэһилиэгэр «Икки булчут» пааматынньык үөрүүлээх арыллыытын Тулагы оскуолатын үөрэнээччилэрэ киинэҕэ устаннар, сурукка тиһэннэр, нэһилиэк биир бэлиэ түгэнин үйэтиттилэр. Муниципальнай хантараак чэрчитинэн боруонсаттан кутуллубут скульптурнай композиция ааптарынан Арассыыйа худуоһунньуктарын сойууһун чилиэнэ Роман Викторович Босов буолар. Композицияҕа уончалаах уолчаан убайын таҥаһын кэтэн, бобуччу...
Кэлэр нэдиэлэттэн, сэтинньи 18 күнүттэн, куорат оптуобустара саҥардыллыбыт схеманан айанныахтара
Сонуннар | 14.11.2024 | 14:28
Кэлэр нэдиэлэттэн, сэтинньи 18 күнүттэн, куорат оптуобустара саҥардыллыбыт схеманан айанныахтара
Сэтинньи 18 күнүттэн куорат уопсастыбаннай тырааныспарын ситимин уларытыы бырайыагын маҥнайгы түһүмэҕин быһыытынан бастакынан 2, 4, 5, 6, 7, 14, 16, 19, 35 №№-дээх оптуобустар саҥардыллыбыт схеманан айаннаан саҕалыахтара. Быйылгыттан маны кытта икки урут суох, саҥа маршрут киирдэ – 11 №-дээх уонна 12 №-дээх. Санатар буоллахха, 11 №-дээх маршрут алтынньы 14...