Дастабырыанньаны госпитальга кытта биэрэр буолуохтара
Анал байыаннай дьайыы саҕаламмыта икки сылтан орто. Ол тухары дойдубут салалтата, регионнар байыас уолаттарбытыгар, кинилэр дьиэ кэргэннэригэр сүҥкэн көмөнү оҥороллор, саҥа сокуоннары ылыналлар, кинилэр олохторун чэпчэтэ сатыыллар.
Ол үрдүнэн сорох чэпчэтиилэри билбэккэ хаалааччылар, туһаммат дьон суох буолбатах. Бүгүн мин ааҕааччыларбар анал байыаннай дьайыыга сыһыаннаах “Привилегии СВО” телеграм ханаалтан саамай наадалаахтара диэммин таҥан оҥорбут сүбэни-аманы билиһиннэриэм.
Саҥа линия үлэлээтэ
РФ Силиэстийэлиир кэмитиэтэ СВО кыттыылаахтарыгар, мобилизованнай байыаннай сулууспалаахтарга уонна кинилэр дьиэ кэргэннэрин чилиэннэригэр күннэри-түүннэри эргиччи үлэлиир суһал линияны арыйда:
8 800 100-12-60, салгыы «5» сыыппараны баттыыгыт.
Эрийэн тиийии босхо.
Бэтэрээн дастабырыанньатын госпитальга уонна передовойга биэриэхтэрэ
Оборона министиэристибэтигэр эппиттэринэн, маннык мобильнай офистар передовойга уонна анал байыаннай дьайыы бара турар оройуоннарыгар тыылга туһаныллыахтара. “Электроннай дастабырыанньаны ылар быраабы СВОҕа кыттыбыт анал байыаннай дьайыы эрэ бэтэрээннэрэ буолбакка, атын да байыаннай конфликтарга уонна эпэрээссийэлэргэ кыттыбыттар ыллылар”,– диэн Оборона министиэристибэтин каадырга салаатын начаалынньыга генерал-майор Александр Власенко иһитиннэрдэ.
Хамсаабат баайы-дуолу бас билиигэ түһээни көтүрэр туһунан сокуон ылылынна
Госдуума Госреестрга байыаннайдар хамсаабат баайдарын-дуолларын бас билии быраабын регистрациялыырга судаарыстыбаннай түһээнтэн (госпошлина) босхолуур сокуону иккис уонна үһүс ааҕыыга ылынна. Бу миэрэ өлбүт дьон нэһилиэнньиктэригэр, ис дьыала уорганнарын үлэһиттэригэр, сэрии кэнниттэн (бааһырыы, эчэйии, контузия), дэлби тэбии эбэтэр ытыалааһын түмүгэр ылбыт эбэтэр Украина Сэбилэниилээх тэриллиилэрин уонна (эбэтэр) террористическай аакталар өттүлэриттэн тахсыбыт буоллаҕына, биир сыл кэннэ тарҕанар.
Дьокутааттар уонна сенатордар бөлөхтөрө көҕүлээбит сокуоннара РФ Нолуогун кодексыгар туһааннаах уларытыылары киллэрэр.
Билигин нэһилиэстибэни оҥотторорго нотариальнай өҥөлөр төлөбүрдэрин, ону тэҥэ хамсаабат баайы-дуолу бэйэ бас билиитигэр регистрациялааһыҥҥа – Росреестр уорганнарыгар түһээн төлөбүрэ хас биирдии хамсаабат баай-дуол иһин 2 тыһыынча курдук ороскуоту нэһилиэнньик уйунар.
510299-8 №-дээх сокуон бырайыагын көрүөххүтүн сөп:
sozd.duma.gov.ru/bill/510299-8
Араапар сөпкө суруллуохтаах
Араапар суруйар ыарахан. Сыыһа суруллубут араапар аадырыска, холобур, байыаннай чаас хамандыырыгар, тиийимиэн сөп. Төрүөттэр араас буолуохтарын сөп: сиртэн-сиргэ көһө сылдьыы, бойобуой тиксиһии линията о.д.а.
Байыаннай сулууспалаах араапары үксүн биир экземплярга суруйар, онон бэйэтигэр араапар биэрбитин бигэргэтэрэ суох хаалар. Араапар РФ ВС Дисциплинарнай устаабын кэһэн регистрацияламмат, оттон хоруйу байыаннай сулууспалааччы тылынан ылар. Байыас сайабылыанньатын биэрэр кэмигэр, хоруйу үксүн тута онно ылар, ол эбэтэр сөптөөх бэлиэтээһинэ суох. Эбиитин тылынан эрэ, ол эбэтэр дакаастабыла суох.
Араапар биэрбитин хайдах дакаастыыр?
1. Араапары икки экземлярга биэриэххэ наада – бу саамай эрэмньи. Иккис сайабылыанньаҕа сурунаалга регистрациялаабыт нүөмэр туруоруллар, ылбыт киһи илии баттааһыннаах. Онон, суукка барар түгэҥҥэр, дакаастабыл быһыытынан илиигэр бигэргэммит кумааҕылаах буолаҕын.
Маннык ньыма байыаннай сулууспалаах бастайааннай биир сиргэ (ППД – постоянный пункт дислокации) баар буоллаҕына эрэ барсар.
2. Өссө биир ньыманан араапары почтанан ыытыы буолар. Бу уһун соҕус да буоллар, эрэллээх. Суруккун ыытаргар илиигэр трек-нүөмэрдээх чек хаалар, манан сурук хайа хайысхаҕа тиийбитин кэтиигин. Почта квитанцията суукка дакаастабыл буолар.
3. Үһүс ньыма – Арассыыйа Почтатын электроннай сурук өҥөтө. Бу ньыма байыаннай сулууспалаах Судаарыстыбаннай өҥөҕө аккауннаах, уонна онно сатаан киирбэт да түгэнигэр ол аккауҥҥа чугас дьоно киирэр буоллахтарына барсар. Манна байыаннай сулууспалаах аатыттан, холобур, чааһыгар (заказной) сурук (араапар) ыытыахха сөп.
Үчүгэйэ диэн, дьиэттэн тахсар наадата суох, оттон почта биэрбит квитанцията докумуону биэрбиккин бигэргэтэр.
Үгүстүк бэриллэр ыйытыылар
Былырыыҥҥы илии баттааһыннаах Байыаннай Дьайыы Бэтэрээнэ (ВБД) диэн дастабырыанньаны быйыл саҥа ыллым. Былырыыҥҥы сылбар уоппуска бэриллиэн сөп дуо?
Уоппуска биэрэргэ аккаастааһын сокуоннайа суох буолар. ВБД статуһа ааспыт сылга ылыллыбыт, бу бэриллибит докумуоҥҥа барыта киирэн бигэргэммит. Быйыл эрэ дастабырыанньаны биэрбиттэрэ араас биричиинэнэн, ол иһигэр үөһэ ыйыллыбыт докумуоннары толорууга сорох дуоһунастаах сирэйдэр бытааннык эбэтэр хаачыстыбата суох сыһыаннаспыттарын туоһулуур. Онон чэпчэтиилэр бэтэрээҥҥэ көрүллэллэр, ол аата туһааннаах статуһу ылбыт кэмтэн ыла тарҕаныахтаах.
СВО хантараагынан барбыт киһи бааһырыы кэннэ дьиэтигэр реабилитацияҕа сырыттаҕына, хамнаһа кэлэр дуо? Эбэтэр страховой төлөбүр эрэ бэриллэр дуо?
Хантараак дохуота туохтан үөскүүрүй?
Икки акылаат: биирэ – званиенан, иккиһэ – толорор дуоһунаһынан. Ону тэҥэ үлэлээбит сыллара (выслуга), баар буоллаҕына.
Манна байыас чааһыттан баҕа өттүнэн барбатах (СОЧ – самовольное оставление части) уонна чааһыгар испииһэктэн таһаарыллыбатах буоллаҕына биирдэ төлөнөр. Эбэтэр суутунан суох диэн билиниллибэтэх буоллаҕына. Атын түгэннэргэ төлүөхтээхтэр.
Араас ситиһиилэрин уонна ыарахан сулууспа иһин акылааттан бырыһыаны ый 10 күнүттэн 20 чыыһылатыгар диэри ЕРЦ (РФ Оборонатын министиэристибэтин биир кэлим расчетнай киинэ) төлүүр.
Сууккаҕа 4240 солкуобай, социальнай эбии төлөбүр 15000 солк. уонна өссө дуоһунаһыгар 2 акылаат УФО (Миноборона үбүнэн хааччыйар тэрилтэтэ) – ый 14 күнүттэн 25-гэр диэри, ааҕан- суоттаан төлүүр. Итини барытын байыас СВО балаһатыгар баар буоллаҕына ылар. Ону таһынан, байыас госпитальга эмтэнэ сытар кэмигэр өссө 1 ый төлүөхтээхтэр.
Штурмовой 6980 солк/сууккаҕа ханнык баҕарар кэмҥэ киирэр, штурмовиктарга (датанан чуолкайа график суох) төлүүллэр. Аҥаардас штурмалааһын кэмигэр. Бойобуой дьайыылар сурунаалларынан.
Байыас бааһырыы кэннэ госпитальга тастан эмтэммит, 100-тээх ыспараапканы биэрбиттэр, оттон 98-тааҕы кэлин ылыаҥ диэбиттэр – маннык түгэн олус элбэх.
Кэлин уонна ханнык түгэҥҥэ бааһырыы иһин төлөбүрү ылыахха сөбүй?
98-таах ыспараапканы ыларга маннык докумуоннар наадалар:
– 100-тээх ыспараапка;
– выписка эпикриһэ;
– бойобуой дьайыы сурунаалыттан выписка (бааһырыы ылбытыҥ туһунан ыспараапка, лиэнтэ таһыгар уонна бойобуой дьайыыга).
Маннык түгэҥҥэ хамандыыр кыттыыта ирдэниллэр (ыспараапканы чааһыҥ бэлэмниир!), маныаха сөптөөх араапары ыытарыҥ булгуччу наада.
Докумуон барыта сыһыарыллыбыт госпитальгар, байыаннай чаас медицинскэй бэрэстэбиитэлинэн бэриллэр.
Бэлэм ыспараапканы быһа холоон нэдиэлэ буолан баран туталлар, манна сайабылыанньалаах киһи баар буолуохтаах (кини бэйэтин экземплярын ылар бырааптаах).
Бу кэннэ ый устата төлөбүр кэлиэхтээх.
Чугас киһим өлбүтүн кэннэ Эр санаа уордьанынан наҕараадаламмыта. Дьиэ кэргэҥҥэ бу уордьан иһин байыаннай сулууспалаах биэс акылаата көрүллэр. Ханна ылыахха сөбүй?
Бу түгэҥҥэ биир кэмнээх төлөбүр алта ый болдьоҕо туолбутун кэннэ биир ый устата хойутаабакка оҥоһуллар, ол устатыгар суорума суолламмыт байыаннай сулууспалаах дьиэ кэргэнэ байыаннай чаас хамандыырыттан ыйыталаһыан сөп. Ыйыллыбыт болдьох РФ судааарыстыбаннай наҕарааданан наҕараадалааһын туһунан правовой аакта тахсыаҕыттан ааҕыллар.
Биир кэмнээх төлөбүрү ыларга дьиэ кэргэн хас да чилиэнэ тэҥҥэ сайабылыанньа суруйдахтарына, суума барыларыгар тэҥник үллэһиллэр.
Төлөбүр дьиэ кэргэн чилиэннэрин сирэй счеттарыгар ыытыллар, эбэтэр уу харчынан бэриллэр.
Төлөбүрү дьиэ кэргэн маннык чилиэннэрэ ылыахтарын сөп:
– ойоҕо (эрэ);
– оҕолоро;
– байыаннай сулууспалаах иитимньитигэр баар дьон;
– байыас төрөппүттэрэ.