01.04.2023 | 16:00

Дария Оконешникова: «Олоҕум оҥочото биир кэм уста туруон баҕарабын...»

Дария Оконешникова:  «Олоҕум оҥочото биир кэм уста туруон баҕарабын...»
Ааптар: Айыына КСЕНОФОНТОВА
Бөлөххө киир

Ааспыт нэдиэлэҕэ түмүктэммит “Олох оҥочото” сахалыы сериал киэҥ сэҥээриини ылла. Көрөөччүлэр дьоруойдары кытта тэҥҥэ долгуйдулар: үгүстэр Аанчыгы аһыннылар, сорохтор, Диманы көмүскэһэн, элбэхтик мөхтүлэр-эттилэр. Ол эрээри бу ыалга оҕо үөскүүр үөрүүлээх түгэнин бары күүттүбүт. 
Бүгүҥҥү ыалдьыппыт – Аанчык оруолун итэҕэтиилээхтик толорбут Дария Оконешникова.

Ыра санаам туолла

Сып-сырдык, арылхай харахтаах, номоҕон дьүһүннээх кыыс хайыы үйэ эрэдээксийэҕэ кэлэн, күүтэн олорор. Кинилиин хаһааҥҥыттан эрэ билсэр дьон курдук биир тылы булан, үөрэ-көтө кэпсэттибит. 

– Дария, кэпсэтиибитин билсиһииттэн, оҕо сааскыттан саҕалыахха.

– Мин Амматтан төрүттээхпин. Ийэлээх аҕам айылҕаҕа тапталы иҥэрэн улаатыннарбыттара. Дьиэ кэргэнинэн тыаҕа, өрүс кытылыгар хоно-өрүү сытан сир астыы, балыктыы элбэхтик барарбыт. Ол иһин айанныырбын, айылҕалыын алтыһарбын туохтааҕар да ордоробун.

Балтым хойут төрөөбүтэ, өр баҕайы ыал соҕотох оҕото буола сылдьыбытым. Дьиэбэр оонньуур эгэлгэтэ баара. Ону мин тоҕо эрэ наар хаама сылдьан, бэйэм ону-маны толкуйдуу-толкуйдуу, оҥорон көрө-көрө оонньуур буоларым. Дьонум киэһэ аайы остуоруйа кэпсииллэрэ, дьиэ кэргэнинэн кинигэлэри дорҕоонноохтук ааҕарбыт. Дисней мультиктарын күүтэрим, бүтүүтүгэр дьон “Диснейлеҥҥэ” үөрэ-көтө сылдьалларын ымсыыра көрөөччүбүн. Мин эмиэ хайаан да итиннэ тиийэн хаама сылдьыам диэн ыра санааламмытым. Онтубун улаатан баран толорон дьолломмутум.

Амматааҕы гимназияны бүтэрбитим. Күн аайы үөрэх кэннэ саалаҕа волейболлуу ойорум. Өрөбүллэргэ наар күрэхтэһиигэ кыттарбыт. Билигин даҕаны, иллэҥсийдим эрэ, сүүрэбин, дьарыктанабын.

Биир кэмҥэ оскуола тэрээһиннэригэр ыытааччы буола сылдьыбытым. Кэлин кыбыстан, сыанаҕа тахсыахпын баҕарбат, аккаастыыр буолбутум. Бу санаатахпына, дьонтон чорбойумаары, биир кэккэҕэ сылдьаары эбит. 

Кыра эрдэхпиттэн дьиэ иһинээҕи артыыспын (күлэр). Кими эрэ үтүгүн диэтэхтэринэ, куоласпын уларытан, араастаан туттан-хаптан, дьээбэлэнэн барарым. Көрөөччүлэрим – чугас дьонум, доҕотторум.

Оскуола кэнниттэн экономист үөрэҕэр киирбитим, М.К. Аммосов аатынан ХИФУ бүтэрбитим. Хата, сериалга уһуллан, оҕо сааһым ыра санаатын толордум. Онтон чугас дьонум, дьүөгэлэрим тэҥҥэ үөрдүлэр.

Камераҕа түргэнник үөрэммитим

– “Олох оҥочотугар” хайдах кэлэн хааллыҥ?

– Былырыын баччаларга “Саха” НКИХ кастинг биллэрбитэ. Дьүөгэм: “Хайаан да бар”, – диэн ыыппыта. Көннөрү холонон көрөөрү тиийбитим. Наһаа элбэх киһи кэлбит этэ. Бастакы күҥҥэ биһиги кыайан киирбэтэхпит, кэлин ыҥырыахпыт диэбиттэрэ. “Чэ, оччоҕо суох ини”, – дии санаабытым. Онтон киэһэ: “Сарсын кэлиэҥ дуо?” – диэн эрийбиттэрэ. Саарбахтаан баран тиийбитим. Тиэкис биэрэн аахтарбыттара, хайа эрэ сыананы көрдөр диэбиттэрин барытын толорбутум. “Чэ, биллиэхпит”, – диэбиттэрэ. Онтон хас эрэ күнүнэн режиссер Марина Барашкова Аанчык оруолугар ылыахпын баҕарабын диэн суруйбута. Олус үөрбүтүм!

Арай хас эрэ күн күүттүм – ким да биллибэтэ. Биирдэ дьүөгэбин кытта көрүстүбүт. Киниэхэ: “Ыҥырыахпыт диэбиттэрэ уонна сүтэн хааллылар. Арааһа, ылбат буоллулар быһыылаах”,  –  диэн кэпсээтим. Ким эрийэ сылдьыбытын ыйыталаста, онтон Марина Барашкова диэбиппэр, кэргэнин дьүөгэтэ буолан таҕыста уонна тута киниэхэ суруйда. Марина төлөпүөнэ алдьанан, нүөмэрбин сүтэрэн кэбиспит эбит.

Сериалбытын ыам ыйыттан устан саҕалаабыппыт. Интэриэһинэйэ диэн күҥҥэ уонтан тахса сыананы уһулар этибит. Бастаан хас да камераны көрөн соһуйбутум, ол эрээри куттамматаҕым, түргэнник үөрэммитим. Аны хас да өттүгүттэн, сирэйгин-хараххын ыраахтан-чугастан эргитэ сылдьан усталлара. Кэлин көрдөххө, дьоруой үөрэр-хомойор түгэннэрин таба тайанаары оннук гыналлар эбит.

Күҥҥэ былааммыт бачча сыана диэн эрдэттэн этэллэрэ. Оччоҕуна бары тылбытын-өспүтүн үөрэтэн, бэлэмнэнэн кэлэрбит. Режиссер тугу этэрин толороҕун. “Үүт-үкчү тиэкиһинэн саҥарымаҥ, дьиҥнээх олоххо курдук кэпсэтиҥ. Оччоҕуна оонньуурга да судургу буолуо”, – диэн сүбэлээбиттэрэ төһүү күүс буолбута. 80 бырыһыана – сценарий, 20 бырыһыана – бэйэҕиттэн. Сороҕор сыыһа-халты саҥарыы ханна барыай. Ол аайы күлэн тоҕо барарбыт, уһуллан иһэн санаан кэлэ-кэлэ күлэрбит. Дима оруолун толорбут Никита Соловьев артыыс буолан, кинилиин үлэлиир чэпчэки этэ. Режиссербут, продюсербыт, оператордар олус көмөлөспүттэрэ, ол иһин улахан ыарахаттары көрсүбэтэҕим. Устар бөлөх, артыыстар бары биир дьиэ кэргэн курдук буолбуппут.

Уобараспын арыйбыппын диэн үөрэбин

– Көрөөччүлэр Аанчыгы  хайдах ылыннылар? Кинилиин майгыннаһар өрүттээххин дуо?

– Кини – киирбит-тахсыбыт кыыс. Мин эмиэ оннук соҕуспун. Санаабыппын хайаан да ситиһэ сатыыбын. Эбэтэр кини курдук өсөһөн “суох” диэн туруохпун эмиэ сөп. Аанчык олоҕо уу нуурал буолбатах. Ханна эрэ үөрэр, түргэнник кыыһырар, ытаан да туруон сөп. Эдэр ыаллар оҕоммотторо – дьиҥ олоххо баар кыһалҕа.

Оруолбар бэйэм да билбэппинэн киирэн хаалбытым. Үгүстэр итэҕэтиилээхтик оонньоотуҥ дииллэр. Сорохтор уулуссаҕа билэр киһилэрин курдук көрсөллөр: “Сериалга көрбүппүт”, – дии түһэллэр. Ааспыкка дойдубар тахса сылдьыбытым. Тыа сирин олохтоохторо сахалыы сериалынан олороллор, дьоруойдарын аймахтарын курдук чугастык ылыналлар эбит. Билэр дьонум: “Диманы кэһэттиҥ дии. Наһаа ынырык кыыскын!” – диэн күллэрбиттэрэ. Биэриигэ уһулла барарбар: “Олохпор маннык буолбатахпын диэн үчүгэйдик этээр эрэ”, –  дии хаалбыттара.  

Комментарийдары ааҕабын. Сорохтор туох ааттаах кыыһырымтаҕай кыыһый диэн суруйбуттарын көрдөхпүнэ, уобараспын арыйбыппын диэн үөрэбин. 

– Кэрэ аҥаар оонньууругар ыарахан сыаналар бааллара. Аньыырҕаабатаҕыҥ дуо? Турукка киирэр төһө ыарахан этэй?

– Суох, киинэ курдук санаан, буолуохтааҕын курдук ылыммытым, тиэрдиэхтээхпин диэн сорук туруоруммутум. Кырдьык, турукка киирэ охсуоххун, онтон тахсыаххын наада. Олохпор буолбут араас түгэннэри өйдөөн кэлэрим. Ытыыр сыаналарбар аҕабын саныырым. Күндү киһибин соторутааҕыта эрэ сүтэрбит, аһыым ааһа илик буолан, хараҕым уута бэйэтэ кэлэрэ.

Сериал аһаҕас сөллүүлээх түмүктэннэ. Элбэх көрөөччү салгыытын күүтэр эбит. Аанчыктаах олохторун хайдах көрөҕүн? Биир эмит режиссер ыҥырдаҕына, сериалга, киинэҕэ уһуллуоҥ дуо?

– Аанчыктаах оҕолоннохторуна, олохторо, биллэн турар, уларыйыаҕа. Дима ийэтэ кийиитигэр сыһыана хайдах буолуой? Эбэтэр оҕоҕун сыыһа иитэҕин диэн аалыа эбитэ дуу? Баҕар, бастакы күүтүүлээх сиэнин көрөн сымныа, Аанчыктыын тапсар буолуохтара. Итинник төһө баҕарар толкуйдаан бара туруохха сөп.

Салгыытын устабыт диэн ыҥырдахтарына, үөрэ-көтө сөбүлэһиэм. Киинэ олох атын дииллэр. Атын уобараһы арыйарга холонуом, нарын, сэмэй кыыһы оонньоо диэтэхтэринэ, уларыйан көрүөм этэ (күлэр).

Ханна да ыксаабаппын...

– Барыта 40-ча дойдуга сырыттым. Азияны кэрийэн кэлбитим сыл аҥаара буолла. Дьону мунньан, араас туурдары толкуйдаан, атын дойдулары көрдөрөбүн. Сорохтор ханна эрэ барыахтарын-кэлиэхтэрин баҕараллар, ол эрээри толлоллор, куттаналлар. Бииргэ илдьэ сылдьыбыт дьонум саҥа сири көрөн үөрэллэриттэн, дьоллоноллоруттан бэйэм эмиэ кынаттанабын.. 

Доҕотторум ханнык дойдуну ордук сөбүлээтиҥ диэн үгүстүк ыйыталлар. Хас биирдии дойду син биир бэйэтэ үчүгэйдээх уонна куһаҕаннаах. Ол иһин чопчу биир дойдуну чорботон этэр кыаҕым суох. Сорохтор кыыспыт ханна эрэ олохсуйа барара буолуо дииллэр. Саха сириттэн көһүөхпүн, чугас дьоммуттан ыраатыахпын баҕарбаппын. Биир дойдуга иккистээн сылдьыахпын сөп, ол эрээри көрбөтөх сирдэрбэр бара сатыыбын.  

– Дьиэ кэргэниҥ туһунан кэпсээ. Кэргэннээх, оҕолоох дуо диэн ааҕааччы билиэн баҕарар буолуохтаах...

– Киһи бу олоххо саамай өйдүүр, өйүүр дьоно – кини төрөппүттэрэ. Аҕам Оконешников Александр Иванович – биһиги аанньалбыт, кини этэн хаалларбыт сүбэтэ-амата куруук көмөлөһөр. Кэрэҕэ, сырдыкка угуйар, санаабын үллэстэр дьонум – ийэм уонна балтым Наташа. Ийэм Елена Михайловна  В.Г. Короленко аатынан Амма 1 №-дээх оскуолатыгар алын сүһүөх кылаас учууталынан үлэлиир. Сүрүн сүбэһитим – кини. 

Кэргэним, оҕом суох. Аҕам оруолун толорбут Петр Винокуров: “Сериал таҕыстаҕына, кыыспытын кэргэн ылаллара буолуо”, – диэн дьээбэлэммитэ.

Олоҕуҥ оҥочотун хайдах көрөҕүн, ханна тиэрдиэн баҕараҕын?

– Улахан долгуна, дохсун сүүрүгэ суох, биир кэм уста туруон баҕарабын. Билигин бэйэм талбытым, баҕарбытым курдук баран иһэр. Ханна да ыксаабаппын, туохтан да аймаммаппын. Инникитин да оннук буолуо диэн эрэнэбин.

– Дария, санаабытыҥ сатанан, талбытыҥ табыллан истин! Ситиһиилэри баҕарабын!

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Дьон | 21.11.2024 | 12:00
Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Суруналыыс кэпсэтэр киһитин кытта кини олоҕун, үөрүүтүн, үлэтин-хамнаһын, кыһалҕатын тэҥинэн үллэстэр. Оннук эрэ сүрэҕэр чугастык ылынан суруйдаҕына, ааҕааччыга тиийэр ыстатыйа тахсар. Мин Александрдыын кэпсэтэрбэр, чэчэгэйим кэйиэлээн, төбөм ыараан да ылбыта, сотору атаҕын быстарын кэпсиир, ону хайдах эрэ тулуйан истибит киһи дии олорбутум. Хараҕым уута да сүүрэрэ, күөмэйбин туох эрэ кэлэн...
Биэнсийэлээхтэргэ туох көмө баарый?
Сонуннар | 09.11.2024 | 10:00
Биэнсийэлээхтэргэ туох көмө баарый?
Быйылгыттан 100 сааһын туолбут ытык кырдьаҕастарга 1 мөл. солк. харчы төлөнөр буолбута. Биэнсийэлээхтэргэ өрөспүүбүлүкэ уонна дойду таһымнаах өссө ханнык өйөбүллэр баалларый?   Үлэ бэтэрээннэригэр Үлэ бэтэрээннэригэр, 55 саастарын туолбут эр дьоҥҥо уонна 50 саастарын туолбут дьахталларга, социальнай өйөбүл тугу үлэлээбиттэриттэн тутулуга суох көрүллүөхтээх.   Биэнсийэҕэ эбии 1226 солк. төлөнөр, сайабылыанньаҕытын МФЦ-га эбэтэр...
Тулагыга «Икки булчут» скульптура баар буолла
Сонуннар | 12.11.2024 | 17:14
Тулагыга «Икки булчут» скульптура баар буолла
Баай Байанай ыйыгар түбэһиннэрэн, сэтинньи 9 күнүгэр Тулагы Киллэм нэһилиэгэр «Икки булчут» пааматынньык үөрүүлээх арыллыытын Тулагы оскуолатын үөрэнээччилэрэ киинэҕэ устаннар, сурукка тиһэннэр, нэһилиэк биир бэлиэ түгэнин үйэтиттилэр. Муниципальнай хантараак чэрчитинэн боруонсаттан кутуллубут скульптурнай композиция ааптарынан Арассыыйа худуоһунньуктарын сойууһун чилиэнэ Роман Викторович Босов буолар. Композицияҕа уончалаах уолчаан убайын таҥаһын кэтэн, бобуччу...
Кэлэр нэдиэлэттэн, сэтинньи 18 күнүттэн, куорат оптуобустара саҥардыллыбыт схеманан айанныахтара
Сонуннар | 14.11.2024 | 14:28
Кэлэр нэдиэлэттэн, сэтинньи 18 күнүттэн, куорат оптуобустара саҥардыллыбыт схеманан айанныахтара
Сэтинньи 18 күнүттэн куорат уопсастыбаннай тырааныспарын ситимин уларытыы бырайыагын маҥнайгы түһүмэҕин быһыытынан бастакынан 2, 4, 5, 6, 7, 14, 16, 19, 35 №№-дээх оптуобустар саҥардыллыбыт схеманан айаннаан саҕалыахтара. Быйылгыттан маны кытта икки урут суох, саҥа маршрут киирдэ – 11 №-дээх уонна 12 №-дээх. Санатар буоллахха, 11 №-дээх маршрут алтынньы 14...