20.09.2023 | 18:00

Дария Маркова: «Сахам омуга кэтит кэскиллэниэ, уһун тускулланыа»

Дария Маркова:  «Сахам омуга кэтит кэскиллэниэ, уһун тускулланыа»
Ааптар: Наталья Кычкина
Бөлөххө киир

Туһунан, ураты өйдөөх-санаалаах, кэскиллээх, инникигэ эрэллээх, дойдум туһа диэн көмөҕө инники күөҥҥэ сылдьар ыччат, эдэр дьон баалларыттан киһи эрэ үөрэр, санаата көтөҕүллэр. Үгүс киһи билиҥҥи ыччаты мөҕөр-этэр да, тулабытын көрүннэххэ, дойдубутун тутан хаалыах, чөл толкуйдаах, булугас өйдөөх, күүстээх санаалаах оҕолорбут элбэхтэр эбээт.
Мин биир оннук эдэр киһини, “Аламай” аһымал пуонда тэрийээччитин, салайааччытын Дария Иннокентьевна Маркованы кытта атах тэпсэн олорон астына кэпсэттим.

Мин Саха Кыыһабын... Үс Дойдум Үрдүк баһылыга Үрүҥ аар тойонум айан-алҕаан анаабыт олоҕор Үс саханы үөскэтэр үрдүк түстээхпин. Илин халлааным итиитинэн илгийэн итии тыыннаахха, илгэ кэһиилээххэ истиҥ сыһыаннаахпын. Үрүҥ Күнүм күүһэ көмүскэлинэн көрөн көмүскэс сүрэхтээхпин.   Бар Дьоммор күүс-көмө өҥөтүн оҥорор “Аламай” пуонда тэрийээччитэ, салайааччыта буолабын.
Аныгы олоҕум аймалҕаннаах аартыгар Сахам омуга сүппэтин-симэлийбэтин туһугар түбүктээх үлэлээхпин. Норуоппун өрө тутабын, Үгэһин Үрдүктүк тутуһабын. Сахам омугун кэтит кэскиллиэм, уһун тускуллуом. Үүннээх-тэһииннээх үтүө тылым үрэллибэтин, ыыннаах-ындыылаах Ытык тылым ыһыллыбатын.

— Дария, сахалыы сиэринэн, бастатан туран, төрдүҥ-ууһуҥ туһунан кэпсиэҥ дуо?

— Төрдүм, кииним түспүт сирэ үрдүк хайалардаах, хатыламмат, кэрэ айылҕалаах Дьааҥы улууһа буолар. Аммосовтар дьиэ кэргэҥҥэ үһүс оҕонон күн сирин көрбүтүм. Ийэлээтэр ийэм Ирина Николаевна учаастактааҕы балыыһаҕа хаһаайыстыбаннай чааһы салайар, көрөр-истэр, аҕалаатар аҕам Иннокентий Никитич Аммосов – олохтоох дьаһалтаҕа социальнай  үлэһит.

Бииргэ төрөөбүт төрдүөбүт, икки эдьиийдээхпин, биир бырааттаахпын.

Дьонум оҕо эрдэхпиттэн үөрэҕи үрдүктүк сыаналыырга, үлэни өрө тутарга үөрэппиттэрэ. Оччолорго тыа оҕотун үлэтэ элбэх курдук буолара. Төлөпүөн, социальнай ситимнэр да сайда илик буолан буолуо, оҕолор иллэҥ кэммитигэр эбээбитин, эһээбитин, төрөппүттэрбитин батыһа сылдьан тэҥҥэ үлэлэһэрбит. Сүөһү көрсөн, оҕуруот олордон, онно уу кутан, үлэлээн, сир астаан, от оттоон күммүт-дьылбыт биллибэккэ ааһара.

«Ийэ, олох, олоҥхо өрөспүүбүлүкэтээҕи форум»

— Оскуолаҕа хайдах үөрэммиккиний, бука, актыбыыс бэрдэ буолуоҥ.

— Мин Сартаҥ орто оскуолатын 2001 сыллаахха үөрэнэн бүтэрбитим. Үөрэхпэр туйгун этим. Кылааспар старосталаабытым, үрдүкү кылааска оскуола бэрэсидьиэнинэн талбыттара. Оскуолабыт иһинэн ыытыллар ырыа, үҥкүү, фольклор, драма, литература куруһуоктарыгар сөбүлээн дьарыктанарым. Тыа сирин оскуолата барахсан, кыра да буоллар, иһигэр сылаас, истиҥ эйгэ баһылыыра. Учууталларбыт бары ийэбит, аҕабыт тэҥэ сыһыаннаахтара. Оччотооҕу кэмҥэ, оскуолабыт өрөмүөнэ, миэбэлэ боростуой да буолбутун үрдүнэн, билии диэни толору иҥэрбитэ. Биир тылынан эттэххэ, үөрэх хаачыстыбата үрдүк таһымнаах этэ.

— Эйигин сүрдээх актыыбынай, уопсастыбаннай дьыаланан дьарыктанар, өссө аһымал пуондалааххын истибитим. Ол туһунан, бастакы хардыыларыҥ, туох санааттан тэрийбиккин кэпсиэҥ дуо?

— Оҕо эрдэхпиттэн төрөппүттэрим, бары хайысхаҕа барытыгар, ол эбэтэр оскуола, нэһилиэк, улуус, өрөспүүбүлүкэ иһинэн ыытыллар тэрээһиннэргэ, күрэхтэргэ барытыгар кытыннараллара. Ол түмүгэ да буолуо, элбэҕи үлэлиир, саҥаны арыйар, кэрэхсиир, бэйэбин араас үөрэххэ, үлэҕэ да буоллун, “боруобалыырбын” сөбүлүүбүн. Оннук биир дьарыгым “АЛАМАЙ” Аhымал пуонданы үлэлэтии буолар. Маҥнай, бэйэм элбэх оҕолоох ыал оҕото буолан, үп-харчы тиийбэтин, ыараханнык кэлэрин, биир тылынан эттэххэ, кыһалҕа диэни билбит буолан, элбэх оҕолоох, үп-харчы өттүнэн уйуммат, кыаммат ыалларга көмө буоллун диэн тэрийбитим. Харчынан, аһынан-таҥаһынан, хайдах табылларынан көмөлөһөбүн.

— Анал байыаннай дьайыыга көмөлөһөр санаа хаһан киирбитэй, чугас дьоҥҥуттан СВО сылдьар киһи баар дуо?

— Дойдубутугар быстах хомуур саҕаланыаҕыттан ыла хас биирдии дьоммут, дойдубут туһугар туруулаһар кэм кэлбитэ. Миигин да бу санаа туора хаалларбатаҕа. Кыаҕым баарынан, быстах хомуурга ыҥырыллан барбыт эр дьон дьиэ кэргэттэригэр аһынан-үөлүнэн көмөлөһөн саҕалаабытым. Ол кэмтэн Москваҕа, Балашихаҕа байыаннай госпиталларга бааһыран сытар сахабыт уолаттарыгар аһынан-таҥаһынан, табах эҥин ылан биэрэн көмөлөһөбүн.

Быстах хомуур хас биирдиибит чугас киһитин ыҥырбыта, ылбыта. Мин аймахтарым, доҕотторум билигин даҕаны дойдуларын туһугар туруулаһа сылдьаллар.

Сахам уолаттарыгар көмөлөһө сылдьан, элбэх убайданным, бырааттанным. Миигин “балтыбыт”, “эдьиийбит” диэн ааттыыллар. Уолаттар санаалара бөҕөх. Дойдубутугар тиийдэхпитинэ үөрэниэхпит, үлэлиэхпит, дьиэ кэргэммэр чугас буолуоҕум, ийэбэр көмөлөһүөҕүм диэн кэс тыллаахтар.

Филологическай наука доктора, профессор В.В. Илларионовтыын

— Эн өссө урбаанньыт эбиккин, тугунан дьарыктанаргын кылгастык кэпсиэҥ дуо?

— Маҥнай утаа эбии үөрэхтээһин киинин тэрийэн үлэлээбитим. Кэлин тыа хаһаайыстыбатын хайысхатынан дьарыктанан саҕалаатым. Оҕуруот чааһыгар үлэлээн эрэбин. Ол курдук оҕо уһуйааннарын, оскуолалары, кырдьаҕастар дьиэлэрин оҕуруот аһынан хааччыйар санаалаахпын.

— Эдэр киһиэхэ элбэҕи ситиспиккин, билэриҥ-көрөрүҥ, сатабылыҥ, сырыыҥ да киэҥ. Билигин ыччат, эн санааҕар, хайа диэки хайыһыан, муммакка-тэммэккэ, биир сиргэ олорон хаалбат туһугар хайдах сайдыан сөбүй?

— Үөрэҕи, үлэни өрө тутан, бэйэни сайыннарыахха наада. Киһи бу дойдуга айа-тута кэлэр. Уонна саамай сүрүн санаабын этиэм этэ: билигин олохпут сайдан, аныгы олох аймалҕаннаах аартыгар үктэнэн, атын омук суолун-ииһин батыспакка, бэйэбит омукпут төрдүн, үгэһин өрө тутуохтаахпыт. Бу санааны, хас биирдии саха киһитэ ис-иһигэр илдьэ сылдьыахтаах, умнуо суохтаах. Бу балары тутустаҕына, аныгы киһи, эдэр дьон муммакка сөптөөх суолу тэлиэхтэрэ, биир сиргэ олорон хаалбакка хамсаныахтара, бэйэлэрин салайыныахтара дии саныыбын.

— Олох сыаннастарыгар тугу ааттаталыаҥ этэй?

— Олох сыаннастара диэн, төрөппүттэрбит, оҕолорбут, биир тылынан эттэххэ, дьиэ кэргэммит, дойдубут буолар. Бу туохха да тэҥнэспэт дьол. Дьонноох, дойдулаах киһи – дьоллоох.

— Холобур туттар киһиҥ, дьонуҥ кимнээҕий.

— Холобур туттар дьонум миэхэ үйэм-сааһым тухары – төрөппүттэрим буолаллар. Кинилэр олоххо киэҥ-куоҥ көрүүлэрэ, дьоҥҥо-сэргэҕэ сэмэй, көрсүө сыһыаннара, бэйэ икки ардыгар убаастабыллара, уостубат тапталлара – бу барыта миэхэ холобур, уруок.

— Бэйэҕин хайҕыыр үс өрүккүн ааттыаҥ дуо?

— Бэйэбин хайҕыыр үс  өрүтүм диэн... Күүстээх санаалаахпын, дьэ, ону билинэбин, бэйэбэр наһаа эрэнэбин. Табылыннын, табыллыбатын, сатыыр буолуум, сатаабат буолуум оҥорон, ылсан көрөрбүн сөбүлүүбүн. Иккиһинэн ааттыам этэ көрсүө майгыбын. Дьоҥҥо сыһыаммын хайҕыахпын сөп. Хаһан даҕаны мин өттүбүттэн улахамсык санаа, дьону туора көрүү, түһэрии суох. Үсүһүнэн, олоххо аһаҕаспын этэрим буолуо. Миэхэ олоххо туох барыта интэриэһинэй курдук. Олох ыарахан охсуулара миигин умса көрдөрбөттөр – төттөрүтүн толкуйдаталлар. Туох да иһин олох араас уларыйыыларыгар түргэнник быһаарынабын, уларыйыылары түргэнник ылынабын. Баҕар, бу санаа күүһэ диэн буолара дуу, эбэтэр түргэн толкуйдаах, киэҥ көрүүлээх диэн буолара дуу.

Эбии үөрэхтээһин киинин үлэлэтэ сылдьан

— Салайааччы саамай сүрүн хаачыстыбата, ирдэбилэ туох дии саныыгыный?

— Хамаандатын, кэлэктиибин ханнык да түгэҥҥэ өйүүрэ – бу саамай сүрүн хаачыстыбата. Үлэҕэ араас буолар, түһүү, тахсыы... Түһүү буолар кэмигэр кими да буруйдаабакка, хаалларбакка тэҥҥэ ылсан, өйөөн үлэлиирэ дьэ бу, кырдьык, үчүгэй эбит. Бэйэбинэн биллим.

— Олох, дьол, таптал. Бу үс тылы киэҥник арыйан ааҕааччыларбытыгар санааҕын этиэҥ дуо?

— Олох, дьол, таптал диэн тыллар бэйэ-бэйэлэрин кытары олус ситимнээхтэр. Олох диэн Дьол, Дьол диэн Таптал. Таптал диэн Олох даҕаны, Дьол даҕаны.

Олох олоруу бу бэйэтэ Дьол. Олох диэн киһиэхэ биирдэ бэриллибит Дьол. Бу анаммыт олоххо дьол уонна таптал диэни билэн хаалардыы олоруохтааххын. Үөр-көт, үөрэн, үлэлээ, олоххор элбэҕи арый, саҥаны бил-көр, тутус, туруулас, туругур, кыай-хот. Дьиэ кэргэҥҥин өйөө, чугас дьонуҥ аттыгар куруук баар буол. Кинилэри кытары кэпсэт, санааҕын-онооҕун үллэһин, үөр-көт, бу буолар, мин санаабар, дьол диэн. Уонна хаһан маннык олох олороору? Уонна хаһан маннык чугас дьонуҥ аттыгар куруук баар буолуохтарай? Онон, бириэмэни, кэми куоттарыма.

— Көмүс күһүммүт кэллэ, сорох дьон саппаҕырар, санаата түһэр, кинилэргэ анаан сүргэлэрин көтөҕөр үтүө тылларгын тиэрдиэҥ дуо?

— Күһүн  чуумпута олус үчүгэй. Айылҕабыт барахсан кэтээбит, кэтэспит, чуумпурбут, уоскуйбут курдук буолар. Ону кытары санаа уоскуйар. Киһи бу кэмҥэ санаарҕаппыт санааны сааһылаан сымныахтаах. Мин, холобур, олохпор бастакы күһүн кэлбитин курдук саныыбын. Эмиэ барыта саҥаттан саҕаланар: үөрэх, үлэ. Ол курдук, санааны сааһылаан барытын саҥаттан саҕалыаххайыҥ.

— Саха киһитэ ханна да сырыттын, сиэри-туому, итэҕэли күүскэ тутуһар буолла. Алгыстаах алаадьы, аал уоттан көрдөһүү, сири-уоту аһатыы. Эн саха итэҕэлин, сиэри-туому төһө тутуһаҕыный, харысхал иилинэ сылдьаҕын дуо?

— Миигин оҕо эрдэхпиттэн сахалыы тыыннаах, көрүүлээх гына ииппиттэрэ. Ол курдук сиэри-туому тутуһарга, холобур, тыаҕа да сылдьан, сири-уоту аһатары хаһан да умнубаппын. Билигин даҕаны Өлүөнэ эбэбэр тахсан алаадьы ууран, кыратык олоро түһэн, өрүһүм тыаһын истэн, кэпсэтэн киирэбин. Харысхал кэтэбин. Харысхал эрэ буолбакка, үрүҥ көмүс саха харысхаллаах, быһыылаах ытарҕалары кэтэрбин эмиэ сөбүлүүбүн. Былыр-былыргыттан саха кыыһын көмүс симэҕинэн киэргэтэллэрэ, онон, мин санаабар, өбүгэбит үгэһин тутуһан, хас биирдии саха кыыһыгар саха харысхаллаах, хайысхалаах үрүҥ көмүс киэргэлэ баар буолуохтаах диэн саныыбын.

— Дьон тыла-өһө эдэр киһиэхэ хатаныан, тиийиэн сөп, ымсыырааччы да баара буолуо. Билигин “хейтердэр” да наһаалаатылар, арааһы барытын суруйаллар, барыттан бары иҥнэллэр. Оннукка түбэстэххинэ аахайаҕын дуо, хайдах көмүскэнэҕин, харыстанаҕын?

— Аахайабын, толкуйга түһээччибин. Кырдьыгынан эттэххэ, сирэйбэр кэлэн ким да миигин ырытааччыта, түһэрээччитэ суох, ол да буоллар, дьон ырытыытын ырааҕынан истээччибин. Тоҕо аахайабын диэтэххэ, киһи син биир мээнэҕэ ырыппат. Киһи хараҕа атын-атыннык көрөр, ардыгар эппиттэрин, ырыппыттарын бэйэбэр ылынан “туһаҕа таһаарааччыбын”. Холобур, ардыгар эппиттэрэ, ырыппыттара сөп буолааччы. Үлэлиир киһи хаһан баҕарар сыыһар. Онон, хас биирдии дьон санаатын, ырытыытын үчүгэй ис хоһоонноох буоллун, куһаҕан ис хоһоонноох буоллун, үрдүктүк сыаналыыбын уонна ардыгар эргитэн  бэйэбэр туһаҕа таһаара сатыыбын.

— Хайалаах сиргэ төрөөбүт, улааппыт кыыс хайаларгын, айылҕаҕын төһө суохтуугунуй, Киһилээх хайатыгар сырыттаҕыҥ буолуо?

— Оо, мин дойдум, Дьааҥым –  кэрэ айылҕатынан, кыраһыабай хайаларынан аатырыан аатырбыт дойду. Оҕо эрдэхпиттэн төрөппүттэрим айылҕаны кытары алтыһыннаран ииппиттэрэ, улаатыннарбыттара. Дойдубун ахтабын, булдун-балыгын, куобаҕын. Дойдута кэрэтин, дойдутун ахтарын киһи ыраах тэлэһийдэҕинэ өйдүүр эбит. Киһилээх хайатыгар, кырдьыгынан эттэххэ, сылдьа иликпин. Бастатан туран, мин нэһилиэкпиттэн тэйиччи турар, иккиһинэн, Ытык сиргэ мээнэҕэ барарбын, үктэнэрбин аньыырҕыыбын. Кэлин хаһан эрэ бара сылдьыаҕым...

— Өскөтүн куорат, өрөспүүбүлүкэ да салайааччыта буол, бастатан туран, тугу оҥоруоҥ этэй?

— “Дьэ, мин салайааччы эбитим буоллар, ону гыныам этэ, маны гыныам этэ, маны сатаабаттар, ону сатаабаттар” диэн тыллары туттар, маннык саныыр да табыллыбата буолуо. Бастатан туран, бэйэм тэрилтэ салайааччыта буоларым быһыытынан, бэркэ билэбин, куорат да буоллун, өрөспүүбүлүкэ да буоллун ис-тас үлэтэ хайдах ааһарын. Бу барыта элбэх толкуйтан, сыраттан, көрүүттэн тахсар. Мин билигин  өрөспүүбүлүкэбит сайда, Дьокуускай куораппыт тупса турарын астына, сыаналыы көрөбүн. Биири баҕар киллэриэм этэ. Ый бастакы күнүгэр саха күнүн оҥоруом, бары саха норуота буоларбытын биллэрэн, төрүт таҥас кэтэр, төрүт оһуохай этэр күнүн олохтуом этэ.

— Эйигин сүрдээх эдэр эрээри, кэскиллээх, олохтоох тыллаах-өстөөх киһи диэн сыаналаатым. Айылҕаҥ күүһү-уоҕу биэрэр дуо, ону хайдах туһанаҕыный?

— “Хоту буолаҥҥын сытыыгын” диэн этиини элбэхтик истэбин. Баҕар, кырдьык, айылҕаттан талааннааҕым, айылҕам көмөлөһөрө буолуо.

— СВО сүтүктээхтэргэ кэнсиэр оҥорон, киирбит харчыны түҥэппиккин истибитим. Ол саҕалааһын, толкуй хайдах киирбитэй, кимнээх буолан тэҥҥэ сүүрдүгүт-көттүгүт?

— Дойдубутугар быстах хомуур саҕаланыаҕыттан ыла, маҥнай үөһэ этэн аһарбытым курдук, мин эмиэ Сахам сириттэн ыҥырыллан барбыт эр дьоҥҥо көмөлөһөн саҕалаабытым. Көмө арааһын оҥорбутум, тугу сатыырбытынан, туох сатанарынан, кыалларынан. Биир оннук улахан бырайыагынан бу аһымал-кэнсиэр буолбута. Аһымал кэнсиэргэ киирбит үп-харчы, элбэх оҕолоох, быстах хомуурга ыҥырыллан барбыт эр дьоммут дьиэ кэргэттэригэр көмө буолбута. Үөрэх кэмэ саҕаламмытынан, оҕолоро оскуолаҕа киирэллэригэр, үөрэнэллэригэр диэн санаанан. Уоннуу тыһыынча  солкуобай көрүллүбүтэ. Манна миэхэ өрөспүүбүлүкэбит кэрэ аҥаардарын  түмсүүлэрэ, Өксөкүлээх Өлөксөй аатынан Норуоттар доҕордоһууларын дьиэтэ, кэлэктиибэ, ону таһынан бэйэм чугас дьүөгэлэрим Василина Васильевна, Наталья Павловна, Анжелика Егоровна көмөлөспүттэрэ. Тэрээһиммит этэҥҥэ ааспыта, дьон хайҕабылын, махталын ылбыта.

— Аны суруйар, өссө дьиҥ олоххо буолбут “Кэпсээннэр” диэн кинигэлээх эбиккин дии. Итиннэ барытыгар хантан күүс ылан сүүрэн, бириэмэҕин аттаран олороҕун? Инники былааннаргын билиһиннэриэҥ дуо?

— Оҕо эрдэхпиттэн айар-суруйар дьарыктаахпын. Оскуолаҕа үөрэнэ сылдьан тыл, литература олимпиадаларыгар, “Инникигэ хардыы” конференцияҕа сөбүлээн кыттааччыбын. Бэйэм олоҥхолуубун, тойуктуубун, оһуохай, чабырҕах толоробун. Онон айар үлэнэн дьарыгырбытым ыраатта. “Дьааҥым Аар Тойонтон арыллыыта” диэн оҕолорго аналлаах олоҥхолоохпун, ону таһынан, олоххо дьиҥ-чахчы буолбут түбэлтэлэри хомуйан, кинигэ суруйан таһаарбытым. Миэхэ манна илин эҥээр олохтоохторо көмөлөспүттэрэ. Биир сайын илин эҥээр улуустарын кэрийэ сылдьаммын, иччини, үөрү көрбүт дьону кытары атах тэпсэн олорон кэпсэтэн, сэһэргэһэн, бу кинигэбин суруйбутум.

Кинигэбин суруйан бүтэрээт, таһаартара охсон, атыылаан, киирбит, атыылаабыт харчыбынан эмиэ Балашихаҕа байыаннай госпитальга бааһыран сытар уолаттарга көмө оҥорбутум. Кыра да буоллар, кэм табах-ас ылыналларыгар көмө буолбута.

Инники былааным тугуй диир буоллахха, кырдьыгынан эттэххэ, улаханнык былааннаабаппын. Былаан, сыал-сорук күүскэ туруоруннахпына, алҕас табыллыбат, туолбат түгэнигэр улаханнык хомойуом, кэлэйиэм диэн саныыбын. Төрүт “эмоция” баар киһитэбин. Кыраттан үөрэбин, хомойобун. Ол да буоллар,  дьоҥҥо көмөлөһөн, өрөспүүбүлүкэм сайдарын туһугар үлэлэһэн, үлэлээн, кэм туох эрэ кэрэни айан-тутан, кыра-кыратык хардыы оҥорор тэҥэ, үлэлии сылдьыаҕым, сылдьабын даҕаны.

— Дария, кэпсэтииҥ иһин махтанабын. Инники былааннарыҥ, толкуйдарыҥ тобуллан олоххо киирэн истиннэр, төрөөбүт дойдугар туһалаах дьарыккын ыһыктыма, аттыгар мэдьитин эрэллээх чугас дьонуҥ тулалаатыннар, үтүө күннэр элбии, үүнэ турдуннар, истиҥ дууһаҥ сырдыгынан сыдьаайдын.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Биэнсийэлээхтэргэ туох көмө баарый?
Сонуннар | 09.11.2024 | 10:00
Биэнсийэлээхтэргэ туох көмө баарый?
Быйылгыттан 100 сааһын туолбут ытык кырдьаҕастарга 1 мөл. солк. харчы төлөнөр буолбута. Биэнсийэлээхтэргэ өрөспүүбүлүкэ уонна дойду таһымнаах өссө ханнык өйөбүллэр баалларый?   Үлэ бэтэрээннэригэр Үлэ бэтэрээннэригэр, 55 саастарын туолбут эр дьоҥҥо уонна 50 саастарын туолбут дьахталларга, социальнай өйөбүл тугу үлэлээбиттэриттэн тутулуга суох көрүллүөхтээх.   Биэнсийэҕэ эбии 1226 солк. төлөнөр, сайабылыанньаҕытын МФЦ-га эбэтэр...
Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Дьон | 21.11.2024 | 12:00
Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Суруналыыс кэпсэтэр киһитин кытта кини олоҕун, үөрүүтүн, үлэтин-хамнаһын, кыһалҕатын тэҥинэн үллэстэр. Оннук эрэ сүрэҕэр чугастык ылынан суруйдаҕына, ааҕааччыга тиийэр ыстатыйа тахсар. Мин Александрдыын кэпсэтэрбэр, чэчэгэйим кэйиэлээн, төбөм ыараан да ылбыта, сотору атаҕын быстарын кэпсиир, ону хайдах эрэ тулуйан истибит киһи дии олорбутум. Хараҕым уута да сүүрэрэ, күөмэйбин туох эрэ кэлэн...
Тулагыга «Икки булчут» скульптура баар буолла
Сонуннар | 12.11.2024 | 17:14
Тулагыга «Икки булчут» скульптура баар буолла
Баай Байанай ыйыгар түбэһиннэрэн, сэтинньи 9 күнүгэр Тулагы Киллэм нэһилиэгэр «Икки булчут» пааматынньык үөрүүлээх арыллыытын Тулагы оскуолатын үөрэнээччилэрэ киинэҕэ устаннар, сурукка тиһэннэр, нэһилиэк биир бэлиэ түгэнин үйэтиттилэр. Муниципальнай хантараак чэрчитинэн боруонсаттан кутуллубут скульптурнай композиция ааптарынан Арассыыйа худуоһунньуктарын сойууһун чилиэнэ Роман Викторович Босов буолар. Композицияҕа уончалаах уолчаан убайын таҥаһын кэтэн, бобуччу...
Кэлэр нэдиэлэттэн, сэтинньи 18 күнүттэн, куорат оптуобустара саҥардыллыбыт схеманан айанныахтара
Сонуннар | 14.11.2024 | 14:28
Кэлэр нэдиэлэттэн, сэтинньи 18 күнүттэн, куорат оптуобустара саҥардыллыбыт схеманан айанныахтара
Сэтинньи 18 күнүттэн куорат уопсастыбаннай тырааныспарын ситимин уларытыы бырайыагын маҥнайгы түһүмэҕин быһыытынан бастакынан 2, 4, 5, 6, 7, 14, 16, 19, 35 №№-дээх оптуобустар саҥардыллыбыт схеманан айаннаан саҕалыахтара. Быйылгыттан маны кытта икки урут суох, саҥа маршрут киирдэ – 11 №-дээх уонна 12 №-дээх. Санатар буоллахха, 11 №-дээх маршрут алтынньы 14...