28.05.2022 | 11:58

Дария Козлова: «Дьахтар ыһыахха бытырыыстаах былаат бааныахтаах»

Дария Козлова: «Дьахтар ыһыахха бытырыыстаах былаат бааныахтаах»
Ааптар: Наталья Кычкина
Бөлөххө киир

Дария Семеновна Козлова Эбээн Бытантай национальнай улууһун бочуоттаах олохтооҕо, РФ норуотун маастара, СӨ норуотун маастара, “Кырадаһын абылаҥа” уонна “Сахалыы мааны соннор” түмсүүлэр уһуйааччыта уонна салайааччыта, Светлана Ивановна Петрова салайар “Уран иис” түмсүү иистэнньэҥэ. Ииһинэн дьарыктаммыта 40-тан тахса сыл буолбут, ол тухары наар дьону сахалыы иискэ үөрэппит. Тимэҕи да тикпэт дьон сахалыы сону тигэр буолаллар диэн кэпсээн, тус бэйэбин сөхтөрдө.

Ийэм сүүтүгүн тыаһа билигин да иһиллэр

Саха сылгыта, ынаҕа олохсуйбут, таба иитиитинэн дьарыктанар, хайатын тэллэҕэр чубуку төрүүр-үөскүүр, наһаа үчүгэй айылҕалаах, сүрдээх үтүө дьоннордоох Эбээн-Бытантайтан төрүттээхпин. Ыал буолан 20-чэ сыл олорбут, оҕолорум кииннэрин бырахпыт сирдэринэн Чурапчы улууһа буолар, 4 оҕолоохпун, уон сиэннээхпин, үс хос сиэннээхпин.

Оҕо эрдэхпиттэн иискэ баҕалаах этим, ийэм иистэнэрэ, тугу барытын тигэр этэ, ол иһин кинини көрөн иис абылаҥар ыллардаҕым, кини сүүтүгүн тыаһа сүрдээх үчүгэйдик тилигириирэ билиҥҥээҥҥэ диэри кулгаахпар иһиллэр. Онон иистэнэр талаан аан бастаан ийэбиттэн кэллэҕэ дии саныыбын.

Онтон Чурапчыга кийиит буолбутум мээнэҕэ буолбатах быһыылаах, Дьылҕа Хаан киһини ханна эрэ тиксиһиннэрэрин курдук, кэргэн тахсан, Чурапчыга сүктэн тиийбитим. Бэйэм иискэ сыһыаннаах, баҕалаах буоламмын, арай хас билсибит иккис киһим, кэрэ аҥаар иистэнэр, тигэр эбит диэн бэлиэтии көрбүтүм. Бэйэм онно эрэдээксийэҕэ буҕаалтырдаабытым, онно типографияны кытта биир кэлэктиип буоламмыт, дьахтар кэмитиэтин, профсойуус бэрэссэдээтэлинэн үлэлээбитим. Ол үлэлии сылдьан “Оһуор” диэн куруһуок тэрийбитим. Олохтоох  музейга Анна Гаврильевна Николаева диэн наһаа үчүгэйдик иистэнэр саастаах дьахтар баар этэ, мин ол музейга дьахтар кэмитиэтин нөҥүө уран тарбахтаахтары кытта билистим. Онно мас ууһа, көмүс ууһа да буоллун, иистэнньэҥнэр эмиэ мустар этилэр. Мин онно киирэн сахалыы иискэ сүрдээх түргэнник ылларан киирэн бардым. Онно иискэ баҕам аһыллан, быыстапкаларга эҥин тигэр буолбутум. Ол курдук элбэх быыстапкаҕа кыттыбытым, 1985 сыллаахха Москваҕа ыччаттар уонна устудьуоннар бэстибээллэригэр иистэнньэҥ-маастар  быһыытынан баран кэлбитим. Биир бастакы, улахан ситиһиим ол этэ. Ол сылдьаммын Худуоһунньуктар сойуустарын нөҥүө быыстапкаларга эмиэ кыттарым. Куораттан Худфондаттан кэлэн үлэбитин искусствоведтар настаабынньык курдук көрөн, ыйан-кэрдэн, сүбэлээн бараллара. Кинилэр нөҥүө араас бэстибээлгэ Москванан, Ялтанан кыттыбытым. Ол гынан 90-с сылларга сойууспут эстэн, ыһыллан хаалбыппыт. Онно норуот маастара буоларга докумуоннарбын хомуйан биэр диэбиттэрэ да, табыллыбатаҕа. Ити кэмнэргэ иискэ сиппит-хоппут киһи этим.

 

Төрүт иис абылаҥа

2010 сыл саҥатыттан кырадаһынтан кыбытыылаах тигиини Хатаска олорон “Хатастыына” уонна “Хатасталаана” түмсүүлэргэ уопсайа 7 сыл устата уһуйан үөрэппитим. Манна дьарыктаабыт иистэнньэҥнэрбиттэн Л.С. Саввина, А.П. Пестерева Саха сирэ Арассыыйаҕа киирбитэ 380 сылыгар аналлаах “Саха-Экспо” быыстапкаҕа туруоруллубуттара, итини таһынан С.И. Петрова-Уран Хатыҥ “Кырадаһын кустуга” кинигэтигэр киллэриллибиттэрэ.

Мин өбүгэ төрүт ииһин кистэлэҥин баһылыырга 2009-2014 сылларга М.К. Аммосов аатынан ХИФУ хотугулуу-илиҥҥи норуоттарын тылларын уонна култуураларын институтун доцена С.И. Петрова “Иис үрдүкү оскуолатын маастарыстыбата” ааптарыскай оскуолатыгар дьарыктанан, үгэскэ олоҕурбут сахалыы таҥас, ат толору симэхтэрин тигиигэ иис элбэх мындырдарыгар үөрэнэн элбэҕи билбиппэр Светлана Ивановнаҕа муҥура суох махталбын хаһыат нөҥүө тиэрдэбин.

Аан бастаан саҕалыырбытыгар Светлана Ивановна Петрова тэрийбит норуот маастардарын быыстапкатыгар Национальнай художественнай музей Комдрагмет быыстапкалыыр саалатыгар маастардар сүбэлэһэн бараммыт, дьон кэллиннэр, төрүт ииһи көрдүннэр диэммит, босхо маастар-кылаастары ыыппыппыт. Миэхэ элбэх киһи суруйтарбыт этэ. Онно суруйтарбыт, үөрэппит кыргыттарым билигин миигин кытта сылдьаллар. Итинтэн саҕаламмыта 2015 сылтан “Кырадаһын абылаҥа” түмсүү тэриллиитэ. Билигин ахсыс сылбын уһуйа сылдьабын. Хаһан да кырадаһыны тигэн көрбөтөх дьон араас кыра паннолартан саҕалаан умсугуйан бардылар, сөбүлээтилэр. Зачет тутан, сииктэрин көрөн, онтон бэйэҕит тугу тигиэххитин баҕараҕыт диэн көҥүл биэрдим, ол курдук иискэ киирэн истилэр. Биһиги уратыбыт диэн, бары чаппараах тигиннилэр, онтуларын ханна баҕарар быыстапкаларга, бырааһынньыктарга эҥин илдьэ, тута сылдьаллар. Художественнай музей сакааһынан толору кэмпилиэк чаппараах тикпиппит. 20 дьахтар илиитин сылааһын иҥэрэн. Дьоммун үөрэтэрбэр наһаа ирдэбиллээхпин. Биир үлэни оҥоробут, онон биир буочар буолуохтаах, кимиэнэ да миллимиэтиртэн улаатыа, кыччыа да суохтаах. Ол курдук сыл устата икки кычым, дэпсэ, чаппараах тиктибит. Ол үлэбит билигин Германияҕа Лейпциг куоракка Грасси музейыгар национальнай художественнай музей туттарбыт саха балаҕаныгар турар.

“Кырадаһын абылаҥа” түмсүүм кэккэ бэһис сылбын “Сахалыы мааны сон” диэн түмсүүнү салайабын, манна биир үөрэнээччим Федорова Полина Николаевна үһүс сылын көмөлөһөр. С.И. Петрова чөлүгэр түһэрбит ньэмиэтинэн кэлбит дьоҥҥо бэйэлэрэ тиктэллэригэр сүбэ-ама биэрэн, таҥастарын өҥүн талалларыгар, быһалларыгар, тигэн таһааралларыгар тиийэ көмөлөһөн биэрэбит. Саха дьахтара мааныга кэтэр кытыылаах сонун тиктэллэригэр үгэскэ олоҕурбут каноннары тутуһуннарар элбэх үлэни эрэйэр, туһунан уустуктардаах. Соннорун толору кэмпилиэктээн тиктэллэригэр дьабака, уостаах үтүлүк, өттүк симэҕэ тигиллиитин ситэрэн үөрэтэбит.

Пандемия кэмигэр 65 үөһэ саастаахтар олорон хааллылар. Онон үөрэт диэн сурук, көрдөһүү бөҕөтө киирдэ. 2019 сылга бөлөхтөрү арыйан барбытым. Бөлөх аайы 20-лии киһилээхпин. Өрөспүүбүлүкэ араас улууһуттан, хотуттан тиийэ киирдилэр. Интэриниэттэрэ куһаҕан, түгэх нэһилиэктэр хайдах да гынан киирбэттэр. Улуус аайыттан бааллар. Ол курдук алта бөлөҕү арыйдым. ЗУМ диэн суох, барытын бассаабынан суруйабын, аудионан кэпсиибин, араас кыһалҕаны барытын көрүстүбүт, уруһуйдуубун, сатаабаттарга видео ыытабын эҥин, тылбынан быһаарабын. Олус диэн ыарахан үлэни көрсүбүтүм. Иккис сылбар наһаа ноҕоруускаланан, дьоммун аҕыйаппытым.

Бастыҥаны эдэр дьахтар кэтиэхтээх

Ыһыахха кэтиллэр толору көстүүмҥэ саха дьахтара хайаан да халадаайдаах, хаһыаччыктаах буолуохтаах, этэрбэс кэтиэхтээх уонна саастаах өттө бытырыыстаах былаат бааныахтаах. Билигин үйэбит уларыйан, сааһыттан тутулуга суох бастыҥа кэтэр буоллулар.

Светлана Петрова үөрэтэринэн, былыргы итэҕэлинэн, бастыҥаны саастаах дьахтар кэппэт. Төрүт иис өбүгэлэрбит итэҕэллэригэр олоҕурар. Ол иһин сааһырбыт дьахтар бастыҥаны кэппэт, оҕотуттан ордон мааны буолуо суохтаах диэн өйдөбүллээхтэр эбит. Кыыс оҕо, сүктэр кыыс эрэ кэтиэхтээх. Аны дьабаканы кэтэллэр, онтулара лиэнтэлээх буолар, ол эмиэ суолталаах ээ. Сааһырбыт дьоммор кэннигэр лиэнтэлэппэппин. Сүктэр кыыс дьабакатыгар уһун лиэнтэлээх бардаҕына, кэргэн тахсыбыт киһитэ быһыахтаах диэн эмиэ номох баар. Ол гынан баран сорохтор, билигин көрдөххө, кырдьаҕастар да, араастаан тиктэ сылдьар буолаллар, лиэнтэлииллэр эҥин.

Илин, кэлин кэбиһэри киһи барыта кэтэр буолла. Биһиги соҥҥо хайаан да илин, кэлин кэбиһэри ирдиибит, кытаатан ылына сатааҥ диибит. Баар буоллаҕына, үрүҥ көмүһэ ордук. Сону кэттэххинэ, саамай киэргэтэрэ ол буоллаҕа. Туоһунан уонна оҕуруонан тигиллибит киэргэли соҥҥо кэтэри дьиҥэ утарабын. Быйыл эмиэ кэлэктиибинэй үлэни оҥотторо сылдьабын. Биир сарсыарда түһээн турдум. Саха сирин 100 сыла, онно олоҥхо тиэмэтигэр үлэҕит суох диэн санаалаах уһукта биэрдим. Онон “Дьулуруйар Ньургун Боотур” тиэмэтиттэн оҥотторор эбиппин дии санаатым. Бөлөхтөрбөр кэпсээтим, тигиэххит этэ дуо диэн. Кырадаһыннар буоларбыт быһыытынан ол ньыматынан, хайа быһан, оҥо быһан, ойо быһан тигиэхтээхпит. Ону барытын туттаммыт, үчүгэй үлэни таһаарыахтаахпыт диэн сорук турда. Билигин 16 хартыынаны кинигэттэн ылан таҥаһынан тигэ сылдьабыт. Наһаа эппиэтинэстээхтэр, эттим да оҥоруохтаахпыт диэн түһүнэн кэбистилэр. Бастаан ыарырҕаттылар, онтон наһаа үчүгэйдик саҕалаатылар. Төһө кыалларынан элбэх кыбытыктаах, хайа быһыылаах ньыманы туттан. Субуота аайы мустабыт, бу сыл иһинэн бүтэрэр былааннаахпыт.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Уугун хана утуйан туруу — дьол
Сонуннар | 31.10.2024 | 14:00
Уугун хана утуйан туруу — дьол
Түүн утуйбакка сытар, сарсыарда буоларын кэтиир, аттыгар сытар киһини уһугуннарымаары биир сиргэ хамсаабакка буола сатааһын наһаа эрэйдээх, маны утуйбат дьон билэн эрдэхтэрэ.   Утуйбат буолууттан эрэйдэнэр дьон билигин үгүс. Ситэ утуйбакка туруу туох аанньа буолуой, сарсыныгар ээл-дээл, аат харата сүөдэҥниигин, төбөҥ ыалдьар, аны күнүс утуйан ылыаххын түүн эмиэ утуйуом суоҕа диэн...
Ферум хорсун сырыыларын кэнчээри ыччата умнуо суоҕа
Дьон | 24.10.2024 | 18:00
Ферум хорсун сырыыларын кэнчээри ыччата умнуо суоҕа
2022 сыл алтынньы 19 күнүгэр Ферум Аммосов анал байыаннай дьайыыга эн биһиги туспутугар, дойдутун туһугар сулууспалыы сылдьан олоҕун толук уурбута. Сырҕан бааһы таарыйан, бииргэ төрөөбүт балтын, ону тэҥэ бойобуой доҕорун ахтыыларын чугас дьонугар, ийэтигэр, аймахтарыгар таһаарабыт. Ол ыарахан кэмнэри санаппыппар, бука диэн, алы гыныҥ дуу...   – Саргылаана, бииргэ төрөөбүт хаһыа...
«Таҥаһы кытта кэпсэтэр» Варвара
Дьон | 25.10.2024 | 14:30
«Таҥаһы кытта кэпсэтэр» Варвара
Бүгүн мин ааҕааччыларбар билиһиннэриэм этэ Саха сирин уус-уран ойууга-дьүһүҥҥэ мусуойун научнай-сырдатар үлэҕэ методиһа, СӨ култууратын туйгуна Заровняева Варвара Ильинична-Күндүүлэни.   —  Варвара, иис абылаҥар ылларыыҥ, иннэни, сабы хас сааскыттан туппутуҥ туһунан кэпсиэҥ дуо? — Оҕо сааспыттан иис-уус эйгэтигэр улааппытым. Ийэм, Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуотун маастара Заровняева Варвара Гаврильевна өттүнэн эбээм, Бүлүү Баппаҕаайытыттан...
Санааҕытын түһэримэҥ!
Сонуннар | 01.11.2024 | 18:00
Санааҕытын түһэримэҥ!
Эдэр саас күөгэйэр күннэригэр, «муора тобугунан, халлаан хабарҕатынан» кэмнэргэ, сорох дьоҥҥо «харса суохха суут-сокуон тойон буолбатах, харса суохха харса суох тойон» буолара кистэл буолбатах.   Инбэлиит кэлээскэтигэр олордор даҕаны, бэйэ кыаҕар эрэнэн, хорсун санаанан салайтаран, кэрэни кэрэхсиир, үтүөнү үксэтэр киһини кытта алтыспытым син ыраатта. Бу сыллар тухары киниэхэ төһөлөөх элбэх хаартысканы...