08.03.2022 | 15:30

Дьахтар күнүгэр тугу бэлэхтиэххэ сөбүй?

Дьахтар күнүгэр тугу бэлэхтиэххэ сөбүй?
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Аан дойдутааҕы дьахтар күнэ чугаһаата даҕаны, күүстээх аҥаардар тугу бэлэхтиэххэ сөбүй диэн толкуйга түһэллэр. Дьиҥэр, билиҥҥи кэмҥэ маҕаһыын аайы табаар дэлэй, ол эрэн чопчу тугу ылары быһаарар уустук. Эр дьон бэйэлэрэ даҕаны маҕаһыыннары өр кэрийэллэрин сөбүлээбэттэр, ол иһин итиннэ сыһыаннаах сүбэлэри көрүөҕүҥ.

Үлэҕэ уонна саатыырга сыһыаннаах бэлэх

Күндү киһигитин саҥа ноутбук бэлэхтээн үөрдүөххүтүн сөп. Ол эрэн үчүгэйдик талыахха наада. Ноутбук бары техническэй өттүнэн барсар буолуохтаах – интэриниэккэ олорорго, киинэ көрөргө, оонньуурга, электроннай кинигэ ааҕарга уонна, биллэн турар, үлэлииргэ, бэчээттииргэ.

Ханныгы талабыт? Испэсэлиистэр ASUS Vivobook 13 Slate OLED ноутбукка болҕомтону уурарга сүбэлииллэр. Бу классическай ноутбук буолбатах, трансформер-көмпүүтэр эбит. Девайсыгар клавиатура уонна тачпад холбоммут, онон планшекка курдук сенсорнай экраннаах, туттарга олус табыгастаах. Айаҥҥа илдьэ сылдьыахха, налыччы дьиэҕэ-уокка дьыбааҥҥа сытан киинэ да көрүөххэ, үлэҕэ да туттуохха сөп. Экрана – кинематографическай OLED-дисплей, онон олус чуолкайдык көрдөрөр. Тыаһын-ууһун систиэмэтэ – Dolby Atmos, тупсарыллыбыт бырагыраама. Саамай сүрүнэ – ASUS Vivobook 13 Slate OLED Windows операционнай систиэмэҕэ үлэлиир. Ноутбук икки камералаах: тыловой 13 Мп уонна фронтальнай 5 Мп. Видеонан кэпсэтэргэ аналлаах атын тыаһы иһиллибэт оҥорор (шумоподавление) систиэмэлээх, саҥаны ыраахтан хабар түөрт микрофоннаах.

Бу ноутбук өссө биир уратыта – ыйааһына, баара-суоҕа 785 грамм уонна халыҥа 7,9 мм.

Остуол үрдүгэр ууруллар кондиционер

Дьоҕус-модуль, улахан кондиционертан уратыта диэн ханна баҕарар көһөрө сылдьыахха сөп. Үлэлиир принцибэ стандартнай көрүҥнэри кытта биир. Атына диэн сөрүүкэтэр, ол эрэн итийбэт, сылаас салгыны таһаарбат. Дьоҕус кондиционер уокка холбонор эбэтэр usb-портан үлэлиир. Биллэн турар, кээмэйэ кыра буолан хоһу бүтүннүү сөрүүккэппэт, ол эрэн, холобур, итиигэ үлэлии, эбэтэр аһыы олорор киһиэхэ олус табыгастаах.

Гелевай ортопедическай сыттык

Олорор үлэлээх дьоҥҥо, устудьуоннарга, үөрэнээччилэргэ барсар наһаа наадалаах тэрил айыллыбыт. Ол – гелевай ортопедическай сыттык. Ити сыттыкка олоруохха, сытыахха да сөп. Гелевай сыттык наһаа сымнаҕас буолан, сис тоноҕоһугар ноҕоруусканы кыччатар, геморрой үөскүүрүн тохтотор, олорорго табыгастаах оҥорор. Ити сыттыгы уһуннук олорон айанныырга да илдьэ сылдьыахха сөп. Итини таһынан, гелевай сыттык чэпчэкитик сууйуллар, киниэхэ быыл мустубат, микроорганизмнар үөскээбэттэр.

«Өйдөөх» уруучука

Олохпут сайдан истэҕин аайы араас дьикти, наадалаах тэриллэр баар буолан иһэллэр. Ол курдук, техническэй сайдыы биир көрүҥэ – «өйдөөх» уруучука. Салайар эбэтэр суруйар үлэлээх кэрэ аҥаардар барытын блокнокка бэлиэтэнэ, былааннарын суруна сылдьалларын сөбүлүүллэр. «Өйдөөх» уруучука итиннэ улахан көмөнү оҥорор. Кини суруллубуту барытын тута смартфоҥҥа эбэтэр планшекка көһөрөр кыахтаах. Итини тэҥэ, гаджет уруһуйу кытта цифровой көрүҥҥэ көһөрөр. Анал сыһыарыыга киирэн суруллубуту төһө баҕарар көннөрүөххэ, эрэдээксийэлиэххэ сөп. «Өйдөөх» уруучука билиҥҥи операционнай систиэмэлэргэ барыларыгар барсар, анал сыһыарыыны туруордубут да, тута үлэлээн барар.

 

Психотерапевт сүбэлэрэ

Бэлэхпитин таларга хайдах эрдэттэн бэлэмнэнэбит? Психотерапевт Игорь Бохов эр дьоҥҥо маннык сүбэлэри биэрэр:

Бэлэҕи чугас киһигитигэр оҥорор буоллаххытына, кини иллэҥ кэмигэр тугу дьарыктанарын сөбүлүүрүн, тугунан үлүһүйэрин учуоттааҥ. Холобур, тыйаатыры, киинэни сөбүлүүр буоллаҕына, билиэт бэлэхтээн иккиэн дуоһуйа сынньаныаххытын сөп. Чугас киһигит кинигэ ааҕарын сөбүлүүр буоллаҕына, уруккуттан ааҕыан баҕара сылдьыбыт кинигэтин бэлэхтээн үөрдүҥ. Илиинэн оҥоһуктар дьарыктаах буоллаҕына, холобур, былыыгынан оҥорорго үөрэтэр кууруска суруттарыҥ. Спорду сэҥээрэр кэрэ аҥаары кытта иккиэн «скалодромҥа» бара сылдьыҥ.

Тапталлааххыт, холобур, хайаҕа ыттарын сөбүлүүр буоллаҕына, итиннэ барсар үнүстүрүмүөнү эбэтэр аналлаах атах таҥаһын бэлэхтээҥ. Ол эрэн итинник табаар элбэх буолан сыыстарыаххытын сөп, исписэлииһи кытта сүбэлэһэр ордук.

Таҥас эбэтэр атах таҥаһын бэлэхтиэххитин баҕарар буоллаххытына маннык сүбэ – ылбаккыт ордук, сатаан талыаххыт суоҕа. Арай кэрэ аҥааргыт чуолкай итини баҕарарын эппит, чопчу ыйбыт буоллаҕына эрэ атыылаһар ордук. Бэйэҕит билэргитинэн ыллаххытына, таах кэтиллибэккэ сытыан сөп. Онтон эһиги хомойуоххут.

Сыыстарбат курдук эрдэттэн «разведкалыахха» наада: холобур, бииргэ төлөпүөн хаһа сытан соруйан тугу ылыаххытын баҕараргытын көрдөрүҥ, «бу наһаа үчүгэй быһылаах дии?» диэн  ыйытыҥ, тугу диирин истиҥ. Эһиги көрдөрбүккүтүн сирбит буоллаҕына, тоҕо куһаҕан диэбитин, оччоҕо ханнык ордук буоларын туһунан ыйытыҥ.

Бэйэтигэр талар кыаҕы биэриҥ. Билигин үгүс маҕаһыыннар араас суумалаах сертификаттары атыылыыллар. Холобур, ювелирнай маҕаһыыннар. Итинник бэлэҕи чугас киһигитигэр эрэ буолбакка, бииргэ үлэлиир дьахтаргытыгар, аймаххытыгар биэриэххэ сөп. Бары өттүнэн табыгастаах бэлэх.

Балаһыанньаттан саамай судургутук тахсыы – кэрэ аҥаартан бэйэтиттэн тугу баҕарарын ыйытыы. Биллэн турар, оччотугар соһуччу бэлэх буолар кыаҕа суох. Ол эрэн бырааһынньык, ордук дьахтар күнэ буолаары турар буоллаҕына, бэлэх оҥоһуллара син биир эрдэттэн биллэр. Онон ыйытар ордук. Саамай сүрүнэ бэлэх наадалаах уонна үчүгэй хаачыстыбалаах буолара ордук. Арай тапталлааххыт булгуччу соһуччу бэлэххэ баҕарар буоллаҕына, ыйыппакка, бэйэҕит толкуйдуургутугар тиийэҕит. Оччотугар үөһэ этиллибит сүбэлэри ааҕыҥ, талыҥ эбэтэр бэйэҕит идиэйэлэниҥ.

Дьахтар хараҕынан

Аны дьахтар санаатын көрүөҕүҥ, психолог Инна Воронова бэлэх ылааччы сааһыгар болҕомто ууруллуохтааҕын бэлиэтиир:

Хас биирдии киһи олоҕор саамай күндү дьахталлара – ийэтэ уонна эбэтэ. Кинилэргэ бэлэх таларбытыгар үчүгэйдик толкуйдуохха наада. Холобур, куукунаҕа туттуллар мал, иһит-хомуос атыылаһар буоллахпытына, хаачыстыбатыгар, өҥүгэр болҕомтобутун уурабыт. Косметика, сирэй крема атыылаһар буоллахха, хас саастаах дьахтар туттуон сөбүн, аллергиялаах дьоҥҥо барсарын-суоҕун билиэхпитин наада, сыта суоҕу ылар ордук. Итини сэргэ дьиэҕэ күннэтэ туттуллар малларга анаан, холобур, дьыбаан сыттыгар эбэтэр чэй иһэр куруускаҕа хаартыска сакаастаан оҥотторуохха сөп. Итинник бэлэх сылаас сыһыаны үөскэтэр, бэйэҕит хаартыскаҕытын оҥоттордоххутуна, ийэҕит, эбэҕит күн аайы эһиги мөссүөҥҥүтүн көрөн үөрэр, астынар, эһигини аттыгар баар курдук саныыр.

Кэргэҥҥит эбэтэр таптыыр кыыскыт – ураты күндү, чугас дьоҥҥут. Саамай үчүгэйэ, эр киһи кинилэр интэриэстэрин, тугу ордук сөбүлүүллэрин, баҕаралларын билэр. Кинилэргэ наһаа үчүгэй бэлэҕинэн спa-салоҥҥа абонемент, ювелирнай оҥоһуктар уонна күндү түүлээхтэн таҥас, саҥа гаджет эбэтэр туристыы барарга путевка буолуон сөп. Тапталлааххыт тугу баҕарарын санааҥ, баҕар урут этэн аһарбыта буолуо.

Бииргэ үлэлиир дьахталларгытыгар дьоҕус бэлэх оҥоруоххутун сөп. Үлэҕит хайысхатын, тэрилтэҕит бүддьүөтүн, корпоративнай култуураны учуоттаан туран канцелярскай тэриллэри эбэтэр минньигэһи, чэйи бэлэхтиир оруннаах.

Кыыс оҕоҕутугар бэлэх оҥорорго сааһын учуоттуохха наада. Холобур, 3-10 саастаах буоллаҕына, сымнаҕас оонньууру, энциклопедияны, остуол оонньууларын, илиинэн оҥоһуктар эбэтэр уруһуй набордарын бэлэхтээҥ. Оттон 11-14 саастаахтарга саҥа төлөпүөн, электроннай кинигэ, чэпчэки сыаналаах ювелирнай киэргэл, парфюмерия бэлэхтиэххэ сөп. Итиннэ эмиэ оҕоҕут интэриэһин учуоттуоххутун наада. Кэргэҥҥитин кытта сүбэлэһэр ордук, баҕар, ийэтэ кыыһа тугу баҕарарын чуолкай билэрэ буолуо.

Этиллибит сүбэлэр бэлэххитин сөпкө таларгытыгар көмөлөһүөхтэрэ диэн эрэнэбит, үтүө бырааһынньыгы баҕарабыт.

 

(Сүбэлэр интэриниэт
 ситимиттэн ылылыннылар).

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Ылланарга айыллыбыт олох
Дьон | 11.10.2024 | 12:00
Ылланарга айыллыбыт олох
Хаһааҥҥытааҕар даҕаны ардахтаах күһүн буолла. Уһун ардахтарга өйбөр куруутун “Тохтообокко ардах түһэр, Түннүкпэр таммаҕы ыһар...” ырыа тыллара ытыллар.   Биһиги көлүөнэ оҕолор үрдүкү кылаастартан саҕалаан “Ардахха санаа” ырыаны истэ улааппыппыт. Оччолорго, биллэн турар, ким тыла, ким матыыба буоларын улаханнык билэ да сатаабат этибит. Ырыа баар да баар. Киһи олоҕун кэрдиис кэмнэринэн...
Тапталга уйдаран
Спорт | 03.10.2024 | 16:00
Тапталга уйдаран
Көҥүл тустууга Герман, Александр, дуобакка Станислав Контоевтар курдук үс аан дойду чөмпүйүөнэ оҕолордоох Степан, Варвара Контоевтар олохторо мүччүргэннээх, көрүдьүөс түгэннэринэн толору. Аҕалара, эһэлэрэ Степан Степанович Горнай улууһун Маҕараһын оскуолатыгар күнүһүн физруктуурун быыһыгар, киэһэ өттүгэр оҕолору тустуунан уонна дуобатынан дьарыктаан, спорка уһуйан, аан дойду алта чөмпүйүөнүн таһаартаабыта улахан ситиһиинэн буолар. Ийэлэрэ,...
Киин куоракка саҥа сквер тутуллуон сөп
Дьон | 05.10.2024 | 14:00
Киин куоракка саҥа сквер тутуллуон сөп
2022 сыл кулун тутар 8 күнэ биһиэхэ ыар сүтүк күнэ этэ, ыраас халлааҥҥа этиҥ эппитинии аймаабыта: ыарахан ыарыы дьүөгэбит Ирина Елизарова сырдык тыынын ылан барбыта.   Чугас киhиҥ, дьүөгэҥ, доҕоруҥ суох буоллаҕына, биллэн турар, бастакынан үйэтитии туhунан санаалар киирэллэр эбит. Кини биллэр, бэйэтэ ааттаах-суоллаах, историялаах, сүгүрүйээччилэрдээх, истээччилэрдээх буоллаҕына, атыннык толкуйдуу да...
Борис Борисов: «Пушкиҥҥа сүгүрүйүүм — “Евгений Онегины”  нойосуус билиим»
Дьон | 10.10.2024 | 10:00
Борис Борисов: «Пушкиҥҥа сүгүрүйүүм — “Евгений Онегины” нойосуус билиим»
Саха киһитэ тыйаатыры, артыыстары олус ытыгылаан  ылынар ураты көрөөччү. Ол оруоллары ураннык толорор артыыстартан сүдү тутулуктааҕын саарбахтаабаппын. Оннук биир үтүө киһи, Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуодунай артыыһа, Щепкин аатынан Үрдүкү театральнай училище “көмүс выпускнига” Борис Иванович Борисовы кытта өрөгөйдөөх 75 сааһынан сэһэргэстибит.   – Артыыс буолар баҕа санаа оҕо эрдэххиттэн баара дуу? –...