27.01.2023 | 10:00

Дьадаҥы баай

Дьадаҥы баай
Ааптар: Оксана МАНЧУРИНА
Бөлөххө киир

Үчүгэй үөрэхтээх, араас конференцияларга кыттан миэстэлэһэр, спорка даҕаны кэккэ ситиһиилэрдээх, ыллаан-үҥкүүлээн мэлдьи үөрэх кыһатын ааттатар, чиэһин көмүскүүр устудьуоннарга университет «Ороһооспо сынньалаҥнара» диэн ааттаан Москваҕа, Санкт-Петербурга күүлэйдээн кэлэллэригэр субсидиялаах билиэттэри биэрэр.

Оннук түгэн тосхойбутун мүччү туппакка, начаас үлүгэр сөбүлэһэ, билиэт харчытын була охсон, Ньургуһун Соловьева сөмөлүөт иллюминаторыттан бу түүҥҥү Дьокуускай тырымнас уоттарын көрө олорор. «Үөһэттэн куорат кыра даҕаны дии», – диэн аттыгар олорор дьүөгэтэ Сандаараҕа санаатын үллэһиннэ. Кыыһа: «Дии», –  диэн биир эрэ тылынан хардарда. Күнү быһа ол-бу дьыалаҕа сүүрбүт-көппүт кыргыттар сылайа быһыытыйан, кириэһилэлэрин сытыараат, нуктаан бардылар.

Арассыыйа тэбэр сүрэҕэ Москва куоракка диэри сэттэ чаас баар. Ол кэм устата эн, чахчы да, сир халлаан икки ардыгар сылдьаҕын – тиийиэхтээх сиргэр тиийэ иликкин, арахпыт сиргэр эмиэ суоххун. Төлөпүөнүҥ авиа эрэсиимҥэ турар, эйиэхэ ким да эрийбэт, суруйбат. Ньургуһун аҥаардас ол да иһин сөмөлүөтүнэн көтөрүн сөбүлүүрэ буолуо. Бу иһэн арааһы саныыр – өйдөөбөккө сылдьыбыта пазл хомулларын курдук дьэҥкэтик тахсан кэлэр, элбэҕи бэйэтигэр өйдүүр, буолбут түгэннэри араас өттүттэн эргитэн көрөр. Кини санаатыгар, былыттар быыстарынан олоҕун эргимтэтэ тохтуур, иһийэр, тоҕо диэтэххэ, өссө үөһэ баар салгын оонньооһуна, куйаар көстүбэт күүһэ сөмөлүөтүнэн көтөн иһээччилэргэ дьайар. Киһи айыыларга, сырдык күүстэргэ чугаһаан ылара эбитэ дуу. Ол иһин Ньургуһун маннык иэйиигэ куустарарын астынар. Ханна да барар-кэлэр наадата суох, эйигин тиийиэхтээх сиргэр туох күүтэрин, суолгар хайдах дьону көрсүөххүн билбэккин. Барыта сотуллан баран, сөмөлүөт көлүөһэлэрэ сири даҕайдахтарына биирдэ, дьэ, олоҕуҥ эргиирэ хамсаан, хаттаан үлэлээбитинэн барар курдук. Син эмиэ массыына курдук: араардаххына – арахсар, күлүүһүнэн холбоотоххуна, датчиктара умайан, үлэлииргэ бэлэм буолар.

Ньургуһун улуус кииниттэн сылдьар. Дьоно боростуой үлэһиттэр – аҕата суоппардыыр, ийэтэ оскуолаҕа асчыт. Сүөһү-сылгы көрөр-истэр буоланнар, оттон-мастан тардыһан син орто ыал сиэринэн этэҥҥэ олороллор. Бииргэ төрөөбүт Сардаана диэн оскуолаҕа үөрэнэр балтылаах.

Аҕата кыргыттарын сахалыы ааттаабытыттан олус астынар, «саха буолан баран...» диэн тыл ситимин элбэхтэ туттар. Ааттыын, араспаанньалыын бүттүүн дьиэ кэргэнинэн сахалыы суруйтараары гыммыта син быданнаата, ол эрээри билиҥҥитэ санаата туола илик. Дөрүн-дөрүн онтукайын санаан ылар идэлээх. Дьиҥэ, Ньургун кыыһа Ньургуһун Күөрэгэй диэн буолуохтааҕа. «Атын омуктардыын аахсаргытыгар да астык буолуо этэ», – диирин кыргыттара элбэхтик истибиттэрэ. Чахчыта да оннук, Ньургуһун араас конференцияҕа кытта Арассыыйа киин куораттарыгар тиийдэҕинэ, саҥа билсибит оҕолоро бастаан аата туох суолталааҕын ыйыталлар, хантан сылдьарын, норуотун туһунан токкоолоһоллор. Оччотугар Ньургуһун киэн тутта, астына кэпсиир. «Соловьева диэн буолбакка, Ньургун кыыһа Ньургуһун Күөрэгэй диэн докумуоҥҥа сурулла сылдьара буоллар өссө кэрэтик иһиллиэ, бэйэм харыс үрдүөм эбитэ дуу?» – диэн санаан ылааччы.

Кыргыттар бэйэлэрин өйдүүр буолуохтарыттан төрөппүттэрэ, эбэлээх эһэлэрэ «үөрэхтээх дьон буолуҥ, билиигэ тардыһыҥ, кинигэтэ ааҕыҥ» дииллэрин элбэхтэ истэн улааппыттара. Маныаха аҕалара биир түгэни кэпсиирин олус астынар. Ол курдук, Ньургуһун отой кыра эрдэҕинэ биирдэ аҕатын кылааһынньыга кыһын куораттан наадаҕа тахса сылдьан кинилэргэ тохтоон чэйдээбит. Кини юрист идэлээх, бэйэтин сааһыгар элбэҕи ситиспит, дьон ытыктыыр киһитэ эбит. Дьэ, хап-харанан чоҕулуччу көрбүт кырачаан кыыс ыалдьыт кулгаахтаах бэргэһэтин булан, бэйэтин киэнин курдук кэтэн баран, дьиэҕэ төттөрү-таары сүүрэкэлээбит. «Дьээдьэҕэ биэр эрэ, ити кини киэнэ», – дии-дии чугаһаатахтарына, Ньургуһун бэргэһэни күүскэ тутан, хараҕыттан уу-хаар баһан марылаччы ытаабытынан барара үһү. Инньэ гынан аҕатын кылааһынньыга бэргэһэтин хаалларан, массыынатыгар диэри уларсык сааскы бэргэһэлээх тахсыбыт. Аҕата итини үчүгэй бит курдук санаан: «Оҕом өйдөөх киһи бэргэһэтэ диэн билэн, кини курдук сытыы толкуйдаах буолаары өрө мөҕүстэҕэ. Ньургуһунум өйдөөх киһи буолуоҕа», – диэн сылыктаабыт.

Ити туһунан элбэхтэ истэ улааппыт кыыс оскуолаҕа олус кыһаллан үөрэммитэ. Суот-ахсаан өттүгэр кыратык ыарырҕатара, ол эрэн эбии ааҕан, дьарыктанан, эксээмэнин куһаҕана суохтук суруйбута. Кини туттарсар юридическай үөрэҕэр математика, физика ирдэммэт этэ. Атын предметтэргэ Ньургуһун үчүгэйдик бэлэмнэнэн, биир кэлим эксээмэннэрин үрдүк баалга суруйан, баҕалаах үөрэҕэр чэпчэкитик киирбитэ.

Аан бастаан үөрэнэригэр хайдах эрэ ыарырҕаппыта – барыта саҥа, атын, араас иитиилээх, санаалаах дьон. Куорат уонна тыа оҕолоро диэн хайдыһар курдук бөлөҕүнэн сылдьаллара. Куорат кыргыттара оҥостоллоро, тутталлара-хапталлара атын курдуга. «Кинилэр олохторун сыаннастара миэнинээҕэр букатын атын» дии саныыра. Ньургуһун оччоттон баччаҕа диэри сыалын-соругун иннигэр дьэҥкэтик көрөрө – хайаатар даҕаны үрдүк үөрэхтэнии, салгыы аспирантураҕа киирии, идэтинэн үлэ булуу, дьоно тугу баҕаралларын атыылаһан биэрии, эбэтин, төрөппүттэрин, балтын муораҕа илдьэн сынньатыы. Ол туһугар лекциялары көтүппэт, научнай үлэ суруйар, библиотекаҕа сылдьар, араас конференцияҕа кыттар, омук тылын үөрэтэр. Олоҕо тэтимнээх, барыылаах-кэлиилээх, ону бэйэтэ астынар. Баҕар, таһыттан көрдөххө, куорат оҕолоруттан арыый боростуойдук таҥнара, аныгы төлөпүөнэ, наушнига суоҕа буолуо эрээри, Ньургуһун онно төрүт кыһаммат. «Киһини кини үлэтэ, ыраас суобаһа, үтүө майгыта киэргэтэр. Аныгы сайдыылаах үйэҕэ киһиэхэ аҥаардас таҥаһыттан көрөн сыһыаннаспаттар. Тас дойдуларга баайдар, төттөрүтүн, боростуойдук таҥналлар. Аатырбыт Стив Джобсу ылан көрдөххө, кини атах сыгынньах сылдьарын үгүстүк бэлиэтии көрөллөрө эбитэ үһү. Онон саамай сүрүнэ – таҥаһыҥ ыраас буолла да, бүттэ», – диэн санаатын бүгүҥҥэ диэри ыһыкта илик.       

Билигин Ньургуһун номнуо төрдүс куурус. Үөрэҕин бүтэрэрэ кыра хаалбытыттан бэйэтэ да соһуйар. Кинигэ, сессия быыһыгар кэм түргэнник да элэстэнэн ааһарын билбитэ.

***

Саҥа дьылы көрсө киэркэйбит Москва салгыныгар туох эрэ аптаах хомуһун, абылаҥ баарга дылы. Тыһыынчанан сандаарар уулуссалар, бульвардар, болуоссаттар. Саха сирин бастыҥ устудьуоннара кыра бөлөхтөргө арахсан музейдарга, быыстапкаларга, тыйаатырдарга, кэрэ-бэлиэ сирдэргэ сылдьан, бириэмэлэрин туһалаахтык атаардылар, эдэр-эдэр курдук күлэн-үөрэн, билсэн, астыктык сырыттылар.

Маннык сырыыларга дойдулуох иннинээҕи күн маҕаһыын кэрийиитэ, кэһии, бэлэх атыылаһыы буолааччы. Ньургуһуннаах Сандаара сарсыарда эрдэ туран сорох сээкэйдэрин хомуннулар, кимиэхэ тугу атыылаһыахтаахтарын испииһэк оҥостон баран, болдьоспут бириэмэлэригэр гостиница бастакы этээһигэр түстүлэр.

Салайааччылара киһи аҥаардас көрөн да сылайыах курдук элбэх маҕаһыыннаах атыы-эргиэн киинигэр аҕалан баран, бачча чааска бары баар буолуохтаахтарын эттэ. Устудьуоннар үрүө-тараа ыһыллан, дьон быыһыгар киирэн сүтэн хааллылар. Кыргыттар аа-дьуо бутиктары биир-биир киирэн көрө-көрө, кыралаан ону-маны ыллылар.

Атыы-эргиэн киинигэр баар кафелар, рестораннар этээстэригэр тахсан эбиэттии олорон Ньургуһун түннүгүнэн суол нөҥүө аан дойдуга киэҥник биллэр маарка маҕаһыына турарын көрдө.

– Сандаара, итиннэ бара сылдьыаххарыый, – ааттаһардыы маҕаһыын диэки ыйда.

– Ээ, киһи киириэн да куттанар. Музей курдук көрөн баран төттөрү тахсабыт дуо?

– Саатар тугу атыылыылларын көрүөххэ, туох баарын, ымсыырыахпыт этэ буоллаҕа.

– Мин бырааппар оонньуур ыларым хаалла. Эн барытын атыыласпыт буоллаххына, бэйэҥ баран кэлбэккин дуо? Онтон төлөпүөннэһиэхпит, – диэтэ.

***

Ньургуһун пуховигын кэтэн, үрүсээгин сүгэн, таһырдьа таҕыста. Санаатыгар, кэрэ аҥаардар түүллэригэр эрэ көрөр баҕалаах маҕаһыыннара ыраахтан ыҥырар курдук күлүмүрдээн көһүннэ. «Улахан эбит, биирдэ киирэн көрүөххэ буоллаҕа» дии санаан, эрчимнээхтик иннин диэки хардыылаата. Чугаһаабытыгар киинэҕэ курдук маҥан бэрчээккилээх аан арыйааччы интэриэһинэй дизайннаах ааны бэйэтин диэки тардан Ньургуһуну иһирдьэ киллэрдэ.

Сыаналаах духуу сыта саба биэрэн, кыыс муннун кычыгылатта. Ханнык эрэ талааннаах дизайнер маҕаһыын иһэ тупсаҕай көстүүлэнэригэр, атыылаһааччы киирдэ киирээт сиэдэрэй, баай-талым, кыһалҕата суох, киһи эрэ барыта ымсыырар олохтоох, ааттаах-суоллаах дьоҥҥо биллибэтинэн-көстүбэтинэн чугаһыырыгар кыһаллыбыта тута сэрэйиллэр. Бу маҕаһыын иһэ –бэйэтэ туспа дойду. Дьүһүнүнэн көмүскэ майгынныыр дьэс алтантан тиэрбэстии өрүүлэр, мрамортан килэгир муоста, тула сиэркилэ ньуура, сырдык өҥнөөх мастан көрдөрүүгэ уурар өстүөкүлэ сабыылаах витриналар, онно-манна араастык тыгар лаампалар, киһини уоскутар музыка...

Кыыс иннин диэки аҕыйах хардыы оҥорон баран таалан турда.  Күн сардаҥаларыттан харах саатарын курдук, бу маннык сиэдэрэйтэн мэйиитэ эргийиэхчэ буолла. Уҥа өттүгэр хоҥор өҥнөөх кыракый дьыбаан баарын бэлиэтии көрдө уонна аҕыйах хардыы оҥорон, онно тиийэн олорунан кэбистэ.

Өйдөөн көрбүтэ – икки нуучча атыыһыта клиеннээх тураллар эбит. Баттахтарын иккиэн тэҥник уҥа өттүгэр саастаан хайыппыттар уонна ньылҕаархай гына гелинэн соппуттар, суһуохтарын кэннигэр илдьэн сокуолканан туттарбыттар. Таҥастарын өйдөөн көрдөххө, эмиэ тэҥ дьүһүннээх эбит эрээри, быһыылара арыый атын. Өҥө-дьүһүнэ дьиэ интерьерин кытта дьүөрэлэһэр, онон истиэнэҕэ сыстан турдахтарына, тастан киирбит киһи бу атыыһыт турар диэн өйдөөн көрүө суох да курдук.

Биир атыыһыт саастаах дьахтар тула өрүкүйэ сылдьар. Иккиһэ –хара дубленкалаах мааны эр киһини кытта кэпсэтэр. Саастаах дьахтары Ньургуһун хайдах эрэ омук киинэтигэр көрөн аһарбыт курдук санаата. Үп-үрүҥ баттахтара хайдах курдук тупсаҕайдык сыталларыттан сылыктаатахха, парикмахер үлэлээбитэ тута сэрэйиллэр. Эдэр сылдьан үҥкүүнэн дуу, спордунан дуу дьарыктаммыта кини туттарыгар-хаптарыгар, көнө уҥуоҕугар, сиэркилэҕэ бэйэтин көрүнээри кэннин диэки барарыгар атаҕын хайдах уурарыгар көстөр, туоһулуур. Бүрүчүөскэтэ, эдэриттэн көрүнэр этэ-сиинэ, бэртээхэйдик олорор көстүүмэ, уоһун помадата, хараҕын кырааската бэйэтигэр олус барсар, туох да ордук-хос, аһара барыы суох. Маннык мааны дьахтары Ньургуһун чахчы киинэҕэ эрэ көрдөҕө. Киниэхэ Элизабет диэн аат олус барсар дии санаата, бүөмнээн итинник ааттаата.

Саҥаларын иһиттэххэ, бу атыыһыт кыыс төлөпүөнүн бэйэтигэр чугастык тутан баран нууччалыы саҥарар, сотору буолан баран электроннай куолас ону французтуу тылбаастыыр эбит. Онтон Элизабет саҥарар кэмигэр атыыһыт төлөпүөнүн киниэхэ чугаһатар уонна дьэ электроннай куолас аны нууччалыы туох диирин истэр. Аныгы үйэҕэ төлөпүөҥҥэ араас сыһыарыы баар, онон туттан син быһаарсан кэллэҕэ. Атыыһыт төһө даҕаны сылайдар, кыһарыйыы бэрээдэгинэн мичээрдээбитэ буолар. Иннигэр харчылаах, баай омук дьахтара турар буолан, кинини туох баар үчүгэйинэн көрө-истэ сатыыр. Элбэх таҥаһы атыылаатаҕына, ый бүтүүтэ добуочча бириэмийэ ыларын саныы-саныы, төһө да тылбаас өттүгэр күчүмэҕэйдээҕин иһин, баарынан-суоҕунан кыһаллан-мүһэллэн бу баай дьахтар туох диирин барытын толорорго дьулуһар.

Аралдьытар соччо табыллыбатын өйдөөн, Ньургуһун былаачыйалар ыйанан турар витриналарыгар чугаһаата. «Быйыл Сардаана оскуоланы бүтэрэригэр кэтэр былаачыйатын толкуйдуу илик. Оо, арай бу манекеҥҥа кэтэрдиллибит үөһэ өттө сваровски стразалаах оруосабай өҥнөөх былаачыйаны кэһии гынан илдьэн бэлэхтээтэхпинэ, төһө эрэ дьоллонор. Мээнэ маҕаһыынтан буолбатах, аан дойдуга киэҥник биллэр бренд буолбут дизайнерскай маҕаһыынтан... Үйэтин-сааһын тухары өйдүү-саныы сылдьыа этэ, эдьиийим Москваттан миэхэ анаан былаачыйа аҕалбыта диэн. Дьээбэҕэ сыанатын ыйытыахха эрэ», – дии санаан баран Элизабеттаах диэки көрдө. Элизабет сиэркилэ иннигэр эригичийэ турар эбит, атыыһыт ханна эрэ барбыт. Арааһа, кини хаппырыыһын толоро ыстаммыт быһыылаах.

– Je devais venir avec ma fille, je ne peux pas décider si cette robe me convient ou non, – диэн Элизабет, сиэркилэҕэ көрүнэ-көрүнэ, бэйэтэ бэйэтин кытта кэпсэттэ (Надо было прийти сюда с дочкой, сама не могу определиться, идет мне это платье или нет).

– Désolé, cela vous convient beaucoup, – диэн (Извините, Вам очень идет) Ньургуһун эппиэттээбитин кулгааҕа эрэ истэн хаалла.

Элизабет олус соһуйда, маҕаһыыҥҥа киниттэн ураты атын дьон баарын саҥа өйдөөн көрбүт курдук хараҕа сүүрэкэлээтэ. Киниэхэ бэйэтин төрөөбүт тылынан хоруйдаабыттарыттан өссө дьиктиргээтэ. «Ама, бу кырачаан азиатка французтуу саҥарбыта буолуо дуо?» дии санаан, «баҕар, өссө ким эмэ баара буолуо дуу» диэх айылаах хараҕынан французтары көрдөөтө. Онтон бу кыыстан ураты аттыгар ким да суоҕун көрөн, Ньургуһуҥҥа хараҕа тохтоото уонна: «Mersi», – диэтэ.

Онтон Элизабет кыыс диэки хайыһан баран тылы хантан билэрин ыйытта. Ньургуһун оскуолаҕа английскай тылы кытта тэҥҥэ үөрэппитин эттэ. «Ол Кытайга оннук дуо?» диэн туоһуласпытыгар, Ньургуһун Арассыыйа биир бөдөҥ субъегыттан Саха сириттэн сылдьарын кэпсээтэ. Элизабет кыыс ханнык университекка үөрэнэрин, салгыы тугунан дьарыктаныан баҕарарын ыйыталаста. Биһиги да киһибит хап-сабар эппиэттэһэн истэ: Хотугулуу-Илиҥҥи федеральнай университет туһунан, науканы интэриэһиргиирин кэпсээтэ. Омук дьахтара бэрт болҕомтолоохтук иһиттэ, бу кыра кыыс сыыһата суох, олус холкутук французтуу саҥарарыттан астынарын эттэ, төбөтүн сотору-сотору тоҥхотто, харахтара хайдах эрэ кылабачыйан ыларга дылы буоллулар, мичээрдии-мичээрдии утары ыйытыылары биэрэ турда.

Сотору атыыһыт кыыс хобулугун тыаһа саала түгэҕиттэн иһилиннэ. Илиитигэр таҥас бөҕөтүн өрөһөлүү үрүт-үрдүгэр бырахпыт, субу эрчимнээхтик хардыылаан Элизабекка кэллэ. Сиэбиттэн төлөпүөнүн хостоон, түргэнник саҥаран барда. Электроннай куолас быыстала суох кута турда. Атыыһыт аҕалбыт таҥаһыттан биир көстүүмү талан, Элизабет уларыттар хоско ааста. Ити кэмҥэ дьэ атыыһыт арыый иллэҥсийдэ диэн Ньургуһун таҥаһы бэрийэ турар кыыска чугаһаата.

– Извините, пожалуйста, не подскажете, сколько стоит то платье со стразами?

***

Атыыһыт кыыс диэки хайыста, сиэрэй өҥнөөх улахан хараҕын мэктиэтигэр өссө быччатта уонна Ньургуһуну баһыттан атаҕар, онтон атаҕыттан баһыгар диэри сыана быһан хаста да батыһыннаран көрдө, сирэйин сиргэммит курдук тутунна уонна төттөрү таҥаска эргийэн баран улаханнык:

– Очень дорого. Настолько дорого, что денег все равно не хватит.

Ньургуһун тымныы уунан саба бэрдэрбиттии дөйбүт курдук ах баран турда. Биир кэм төбөтүгэр: «Киһиэхэ хайдах итинник эппиэттиэххэ сөбүй?» – диэн санаа холоруктуу ытылынна.

«Киһини аҥаардас таҥаһыттан көрөн сэнээбитэ тугун кыһыытай. Москваҕа, өйдөөн көрдөххө, бөх хомуйа, муоста сото, буолары-буолбаты атыылыы сылдьааччылар, ылан-аҕалан биэрэргэ өрө мөхсөөччүлэр сирэйдэрэ-харахтара сахаларга майгынныыр омуктар дии. Оччотугар миигин эмиэ киин куоракка харчы өлөрө кэлээччи, үрүҥ күн анныгар миэстэ булан хачыгырааччы алҕас мааны маҕаһыыҥҥа киирбит дии санаабыт быһыылаах. Оччо айылаах пуховигым куһаҕан туруктаах дуу?» – кыыс арааһы толкуйдаан, умса туттан, кэтэ сылдьар сонун саҥа көрөр курдук тарбахтарынан төбөтүнэн бигээн көрдө.

Аны туох диэн хоруйдуоҕун толкуйдуу сатаата даҕаны, ыгылыйбыта бэрдиттэн төбөтө кыбыс-кытаанах буолбут курдук, туох да бэйэни көмүскэнэр үчүгэй тыллар көтөн кэлбэтилэр. Ньургуһун хараҕар тоҕо эрэ оскуола остолобуойугар кыһаллан-мүһэллэн тиэстэ охсо сылдьар ийэтэ көһүннэ, аахсарын, тыл бырахсан мөккүһэрин сөбүлээбэт аҕата: «Холку буол. Таҥара барытын тэҥниэҕэ», – диэн мэлдьи этэрэ иһиллэргэ дылы гынна. Субу балта ити былаачыйаны кэтэн аттыгар баалга үҥкүүлүүр курдук эргичийэ сылдьыбыта сүтэн хаалла. «Ыарахан сыаналааҕын билэбин, дьон ыйыттын, атыыластын диэн маҕаһыыҥҥа витринаҕа ыйаан туруордулар ини. Киэбирбэккэ, сэнээбэккэ сыанатын этэр тоҕо табыллыбатый? Омугуттан, кэтэ сылдьар таҥаһыттан көрөн баайын-дьадаҥатын быһаара охсон сыһыаннаһар аныгы үйэҕэ, эчи, намыһаҕын, хомолтолооҕун», – диэн иһигэр кыыһыра санаата. Атыыһыт киниэхэ сыһыанын уларыта охсоору, кредитнэй каартатын өйдүү биэрдэ. Онно 40 тыһыынча солкуобайга диэри атыылаһыан сөп. Кэлин истипиэндьийэтиттэн төлүөх курдук эрэх-турах сананна даҕаны, быстах санааҕа киирэн эрэрин билиннэ, умса туттан, мрамор муостаны көрдө.

Бу атыыһыт хомоппут кыыһа Улуу Арассыыйаны кытта илии-илииттэн тутуһан хас эмэ үйэлэри уҥуордаан кэлбит кырдьаҕас саха омук кэскилэ буоларын, дойдубутун алмааһынан, ньиэбинэн, көмүһүнэн – сиртэн хостонор араас баайынан күн бүгүнүгэр диэри хааччыйа олорор Саха сириттэн сылдьарын, айылҕаҕа, күҥҥэ-уокка үҥэр-сүктэр буолан тулалыыр эйгэни атыннык ылынарын, туспатык анааран толкуйдуурун, кэннигэр чулуу дьоннооҕун-сэргэлээҕин билэ да сатаахтаабат буоллаҕа. Аанньа ахтыбакка, улахаҥҥа уурбакка, хата, хайдах гынан ити француженкаҕа элбэх таҥаһы атыылыырын, табылыннаҕына, ыйдааҕы бириэмийэтэ төһө буолуоҕун саныы турдаҕа...

Ньургуһун кыһыытыттан хараҕын уута түһүөхчэ буолан истэҕинэ, хата, Элизабет чэпчэкитик үктэнэн таҥаһы кэтэн көрөр хостон таҕыста. Атыыһыт сирэйдиин-харахтыын уларыйа түһээт, үчүгэмсийэн көрө-көрө, киниэхэ утары хардыылаата, французтуу билэр тылын «силь ву пле» диэни иккитэ хатылыы оҕуста. Элизабет түргэн-түргэнник тугу эрэ эттэ. Атыыһыт төлөпүөнүн каасса аттыгар хаалларбытын өйдүү биэрэн, «рardon» дии-дии төттөрү эргийдэ.

Элизабет Ньургуһуну көрөн мичээрдээтэ уонна киниэхэ туһаайан улаханнык саҥарда: «Так устала от этого всего. Милая девочка, переведи ей, пожалуйста, что я бы хотела платье с другими пуговицами. И есть ли брюки коричневого цвета? Лучше бы Вы тут продавали, и все стало бы намного проще».

Кыыс атыыһыт диэки хайыһан баран: «Она спрашивает, есть ли платье с другими пуговицами и брюки коричневого цвета».

Атыыһыт сирэйэ уһуу түстэ, кытарда, сиэрэй харахтара өссө сиэрэй буоллулар уонна иһиллэр-иһиллибэттик нэһиилэ: «Сейчас посмотрю», – диэн ыган таһаарда.

Ньургуһун Элизабекка:

– Elle va maintemant regarder et apporter, - диэтэ. (Она посмотрит и принесет).

– Merci beaucoup, – омук дьахтара кыыска махтанан, төбөтүн тоҥхох гынна уонна истиҥник көрдө. Кыыс хайдах эрэ чэпчээбиттии сананан, тахсар аан диэки хардыылаан истэҕинэ, Элизабет ыксаабыт куолаһынан киниэхэ туһаайан саҥарбыта иһилиннэ:

– Tu pars? Vous n’avez donc rien essayé et n’avez rien acheté. Je vous demande de me pardoner si á cause de moi le vendeur ne vous a pas servi. (Вы уходите? Так Вы же ничего не примерили и не купили. Прошу простить меня, если из-за меня продавец не обслужил вас).

– О, я хотела только спросить цену платья. Но мне сказали, что очень дорого. Настолько дорого, что денег все равно мне не хватит, – улахаҥҥа уурбатах курдук туттан, мичээрдии-мичээрдии Элизабекка эппиэттээтэ.

Омук дьахтара, «ама дуу» диэхчэ, итэҕэйбэтэхтии бастаан кыыһы, онтон арыый тэйиччи турар атыыһыты көрдө. Сирэйигэр хомолто күлүгэ көстөн ааспытын Ньургуһун бэлиэтээтэ. Оттон француженка ханнык былаачыйаны этэрин, атын сиэдэрэйкээн былаачыйалартан тоҕо ордорон бу манна хараҕа хатаммытын ыйытта, кыыс бэйэтигэр буолбакка балтыгар атыылаһыан баҕарбытын истэн, «у вас доброе сердце» диэтэ. Итиэннэ бу уобараска тугу эбиэххэ сөбүн, хайдах аксессуар барсыаҕын, хайдах өҥнөөх түүппүлэни кэтиэххэ сөбүн кэпсэттилэр. Ньургуһун оҕотук санаатыгар, остуоруйаҕа киирбит курдук сананан, «Дисней» мультиктарыгар көрбүт принцессалар былаачыйаларыгар майгыннаппытын кэпсии-кэпсии, туох баарынан санаатын аһаҕастык үллэстэ турда.

Ити кэмҥэ атыыһыт кыыс, кыра оҕоттон оонньуур былдьаппыт курдук, кыһыйан тугу гыныан билбэккэ, аат эрэ харата өрөһөлөнө ууруллубут таҥаһы биир-биир бэрийбитэ буола-буола, Элизабет кини диэки көрдөҕүнэ, субу сүүрэн тиийэргэ бэлэм турда. Иһигэр французтуу саҥарар мөлтөх таҥастаах, кыараҕас харахтаах кыыһы абааһы көрдө, кини клиенин аралдьыппакка эрэ тахсар аан диэки туһаайыылаах хааман барарыгар үрдүк күүстэртэн көрдөстө.     

***

Бэрт сэргэхтик үөрэ-көтө кэпсэтэ-кэпсэтэ, Элизабеттаах Ньургуһун каассаҕа чугаһаатылар. Онно дьэ кыыс өйүн-төйүн булан: «Истиҥник кэпсэппиккитигэр махтанабын, мин барыым, эһиэхэ мэһэйдээбэппин», – диэтэ.

Элизабет кыыһы илиититтэн сэрэнэн тутта уонна маннык туһаайан эттэ:

–          Бастатан туран, билиҥҥи ыччакка сэдэхтик көстөр хаачыстыбалары эйиэхэ көрөн олус үөрдүм. Ыраас санааҕынан, билиигинэн-көрүүгүнэн ханна да сырыттаргын, кимниин да алтыстаргын сүтэн-охтон биэриэҥ суоҕа. Эн иннигэр бүтүн аан дойду аана аһаҕас. Мин үчүгэй дьону курдаттыы көрөбүн. Бу диэн эттэххэ, эн мин эдэр эрдэҕинээҕибин санаттыҥ. Мин эмиэ эн курдук түгэҥҥэ түбэспитим. Уонна ол хатыламмытыттан хайдах эрэ соһуйан ыллым. Урут муода, дизайн эйгэтигэр саҥа хардыылары оҥоро сылдьан, Прованстан Парижка көспүт сылбар эмиэ биллэр ааттаах-суоллаах улахан маҕаһыыҥҥа таҥаһы үөрэтэр сыаллаах киирэн былаачыйалары, көстүүмнэри син балайда көрүтэлээбитим. Онуоха атыыһыт сөбүлээминэ, тугу да атыыласпат эрээри мээнэ көрүмэ диэн таһырдьа тахсарбар көрдөспүтэ. Үүрүллүбүт эдэркээн кыыс бу түгэни кытта сөпсөспөппүн биллэрэн, уулусса кытыытыгар туран марылаччы ытаабытым уонна бэйэбэр андаҕайбытым – сотору биллэр дизайнер буоллахпына, туох баар маҕаһыыннар ааннара тэлэччи арыллыахтара, атыыһыттар «баһаалыста, киир, аас» диэхтэрэ... Кытаанах сыал-сорук туруорунан, төһө даҕаны араас кыһалҕаны көрүстэрбин, түүннэри-күнүстэри үлэлээн хас эмэ сыллар тухары бэйэм ааппын оҥорорго дьулуспутум, оттон билигин чахчы ханнык баҕарар маҕаһыын аана аһаҕас. Бэйэм аан дойду улахан куораттарыгар үлэлиир хампаанньалаахпын, элбэх үлэһиттээхпин. Сүрүн офиспыт Парижка баар. Биһиэхэ эн курдук элбэх тылынан саҥарар, сытыы өйдөөх, ыраас санаалаах, үтүө сүрэхтээх дьон олус наадалар, оннук каадырдар көмүскэ тэҥнээхтэр. Эн биһиэхэ кэлэн үөрэн, тэрилтэ ис куукунатын кытта билис. Быйыл, эһиил, хаһан баҕарар. Сөбүлээтэххинэ, үлэҕэ ылыам, үчүгэй дьиэнэн-уотунан хааччыллыаҥ, үрдүк хамнастаныаҥ. Оттон бастакы сөбүлэһиибит маннык: мин эн балтыгар ити ымсыырбыт былаачыйаҕын бэлэх оҥоруом. Бу кэпсэтиибитин эн өйдүү, саныы сылдьарыҥ курдук», – диэн баран француженка кумааһынньыгыттан визиткатын уунна.

Кыыс визиткаҕа күлүмүрдүү сылдьар буукубалары холбоон аан дойдуга биллэр дизайнер аатын ааҕан таһааран, долгуйан сирэйэ кытарда. Ити кэмҥэ каассаҕа турар атыыһыт тоҕо ити мөлтөх таҥастаах азиаткаҕа бу мааны омук дьахтара ыарахан сыаналаах былаачыйаны атыылаһан биэрбитин өйдөөбөтө. «Французтуу саҥарарым буоллар миэхэ эмиэ тугу эмэ атыылаһан биэриэ эбитэ дуу» дии санаата.

***

Элизабеттаах Ньургуһун бэйэ-бэйэлэрин урут-уруккуттан билэр дьон курдук олус истиҥник араҕастылар. Биллэр дизайнер кыыска анаабыт олус суолталаах, дириҥ ис хоһоонноох алгыс тылыттан Ньургуһун уйадыйа сыста. Дьоллонон, атаҕа сири билбэт буолбут боростуой таҥастаах кыра кыыс маҕаһыынтан тахсан эрэрин француженка батыһа көрөн хаалла. Кини хараҕар кыыс хас да харыс үрдээн көһүннэ...

***

Сөмөлүөккэ олорон эрэ Ньургуһун ити быһыыны-майгыны төбөтүгэр киинэ лиэнтэтин курдук хаста да хаттаан эргитэ көрдө. Били өс хоһоонугар этиллэринии: «Таҥаскынан көрсөллөр, оттон өйгүнэн атаараллар» диэҥҥэ чугас түгэн буолбут эбит дии санаата.

Бу кэпсэтии кэнниттэн кыыс билиигэ, үөрэххэ тардыһыыта өссө күүһүрдэ, инники олоҕун өйүгэр оҥорон көрө-көрө кычыкыланан ылла. Бу маннык дьикти көрсүһүү буолбутугар кистэлэҥ күүскэ, араҥаччылыыр өбүгэтигэр махтанна. Ньургуһун бу түгэни хаһан даҕаны умнуо суоҕа, маҕаһыыҥҥа Элизабеттыын билсиһиитэ кини олоҕун уларыппытын, омук тыла киниэхэ саҥа саҕахтары арыйбытын толкуйдуу истэ. Олох оскуолатын биир уруога буолан үйэ-саас тухары өйүгэр сөҥтөҕө...

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Өксөкүлээх суолунан...
Дьон | 27.09.2024 | 10:00
Өксөкүлээх суолунан...
Саха норуотун сайдыытын суолун түстэспит улуу киһибит А.Е. Кулаковскай-Өксөкүлээх Өлөксөй олорбут олоҕо, сүҥкэн суолталаах айымньылара күн бүгүн ааҕылла, үөрэтиллэ тураллара кини сүдүтүн, кэрэхсэбиллээх олоҕу олорон ааспытын туоһулуур. Өксөкүлээх Өлөксөй олоҕун биир дойдулааҕа, С.Р. Кулачиков-Эллэй аатынан Чычымах орто оскуолатын алын сүһүөх учуутала  Вера Богдокумова чинчийэн үөрэтиитин бу нүөмэргэ билсиэҕиҥ. Вера Васильевна...
Римма Бережнева: «Кинилэр иннилэригэр төлөммөт иэстээхпит!»
Дьон | 26.09.2024 | 16:00
Римма Бережнева: «Кинилэр иннилэригэр төлөммөт иэстээхпит!»
Анал байыаннай дьайыыга тыылга көмөлөһөр дьоммут уолаттарбытыгар биир улахан тирэх, өйөбүл буолалларын ааҕан сиппэккин. Кинилэр тустарынан хайаан да билиһиннэрэр, дьоҥҥо-сэргэҕэ кэпсиир эбээһинэстээхпит.   2022 сыл сэтинньи ыйтан анал байыаннай дьайыы тиэмэтигэр суруйабын. Ийэлэри, уолаттары, сүтүктээхтэри, волонтердары... Биһиги, суруналыыстар, кинилэри сырдатарбыт, кэпсиирбит, ааҕааччыларга тиэрдэрбит олус наада. Сорох ардыгар суруйар дьоруойгун көрдүүрүҥ уустуктардаах...
«Кыһыл көмүс» выпуск
Сонуннар | 27.09.2024 | 12:00
«Кыһыл көмүс» выпуск
Бүлүү педучилищетын 50 сыл анараа өттүгэр баһаатай идэтин баһылаабыт эдэркээн кыргыттар, уолаттар пионерскай үлэҕэ оҕо аймаҕы үөрэтэ, сырдыкка угуйа туруммуттара. Бүгүн бу выпуск туһунан СӨ үөрэҕириитин туйгуна, методист-баһаатай Любовь Николаевна Сидорова кэпсиир. Сыл-хонук түргэнник да ааһар эбит. 1970 сыллаахха кырылас кумахтаах Бүлүү куоратыгар турар Н.Г. Чернышевскай аатынан педучилищеҕа саҥа арыллыбыт...
Судаарыстыбаннас күнэ киэҥник бэлиэтэнэр
Сонуннар | 25.09.2024 | 11:46
Судаарыстыбаннас күнэ киэҥник бэлиэтэнэр
Балаҕан ыйын 23-27 күннэригэр өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн Судаарыстыбаннас күнэ киэҥ далааһыннаахтык бэлиэтэниэҕэ. Сүрүн тэрээһиннэр Саха сирин бастакы бэрэсидьиэнэ Михаил Николаев аатын үйэтитиигэ ананыахтара. Ол курдук, киин куорат оскуолаларыгар линейкалар, кылаас чаастара, бэсиэдэлэр, викториналар, кинигэ быыстапкалара, аһаҕас уруоктар, күрэхтэр ыытыллаллар. Балаҕан ыйын 26 күнүгэр Нам улууһугар Өрөспүүбүлүкэтээҕи судаарыстыбаннас историятын түмэлигэр уопсастыбаннас мунньаҕа,...