17.06.2022 | 14:00

Дьаакып Кычкин көрүдьүөстэрэ

Дьаакып Кычкин көрүдьүөстэрэ
Ааптар: Наталья Кычкина
Бөлөххө киир

СӨ үтүөлээх артыыһа Яков Кычкин испэктээк ханнык баҕарар геройун уобараһын кыайа-хото, итэҕэтиилээхтик толороро. Оттон тус олоҕор тэҥнээхтэрин хаадьылыы сылдьар дьиибэлээх-дьээбэлээх киһи быһыытынан биллэр. Сахалар куруутун дьону дьаһайа, сэмэлии, көннөрө сылдьар киһини тойомсуйбатаҕына иһэ ыалдьар, оттон көрүдьүөс киһини эмиэ дьээбэлэммэтэҕинэ иһэ ыалдьар диэччилэр. Ол курдук Дьаакып киһини күллэрбэтэҕинэ, чахчы-бааччы, санаата түһэр этэ.

Дьону куота барбыт массыына

Былыр артыыстар грузовой массыынаҕа олорсон дэриэбинэттэн дэриэбинэҕэ диэри куһаҕан суолунан ардыгар күнү быһа айанныыллара, онно үлтү сахсыллан сылайан, табахтыы таарыйа, көһүйбүт илиилэрин-атахтарын мускуйан, көҕүрэттэн, таҥастарын-саптарын көрүнэн, көннөрүнэн, сэргэхсийэ түһэллэрэ.

Ол курдук, массыына кабинатын тоҥсуйан тохтотоллор.

Бастаан: "Вода бросать! – диэн хамаанда иһиллэр, онтон:  «Мужчины направо, женщины налево», - диэн этэллэр.

Ыксаабыт уонна сылайбыт дьон бэрт түргэнник массыына уҥа-хаҥас өттүгэр ыстаҥалаһан түһэллэр.

Бу бириэмэҕэ Дьаакып дьээбэлэниэн олус баҕарар эбит уонна ону тобулаары элбэхтик толкуйдуур. Биир уочараттаах тохтобул бириэмэтигэр массыына суоппарыгар кэлэн этэр:

— Мин хамаанда биэрдэхпинэ, массыынаҕын уон миэтэрэ сиргэ диэри суол устун инниҥ диэки эмискэ гаастаан кэбис.

Суоппар онно туох буолуохтааҕын сэрэйэр уонна, бэрээдэктээх, үөнү-көйүүрү билиммэт киһи быһыытынан, эбиитин буруйа миэхэ буолуо диэн сэрэхэдийэн, олох сөбүлэммэтэх. Дьаакып арааһынайдаан албыннаһа сатаабыт да, туһа тахсыбатах. Онтон ити сезон бүтүөр диэри бу толкуйдаабыт дьээбэтэ тахсыбатах. Дьаакып ити былаана син биир санаатыттан тахсыбат. Кыһыны быһа гаражтан арахпакка, суоппардары кытта наар сэлэһэн, уонча миэтэрэ сиргэ диэри массыынаны хайдах ыытарга үөрэммит. Сааскы гастрол олунньу бүтүүтүн диэки саҕаланар. Дьаакып тоҕоостоох кэми кэтэһэр. Дьэ, биир уһун айан кэмигэр тохтобул биллэриллэр. Күнүс эбит. Куруук буоларын курдук:

— Вода бросать! — диэн хаһыы иһиллэр. Онтон: “Мужчины направо, женщины налево!” – диэн буолар.

Ыксаан иһэр артыыстар ыстаҥалаһан түһэллэр, бэрт түргэнник миэстэлэрин булуналлар. Дьэ онно Дьаакып көрөн туран, саамай ортолоон эрдэхтэринэ, бэрт сылбырҕатык массыына кабинатыгар дьылыс гынар да, тимир көлөлөрө, өрө бирилии түһээт, иннин диэки сүүрэн хаалар. Өйдөөн көрө түспүттэрэ, суол уҥа диэки турааччылар сорохторо иннилэринэн, сорохторо кэннилэринэн ыксаабыт дьон саккырата аҕай тураллар үһү. Айдаан-куйдаан, хаһыы бөҕө буолбут, Дьаакыптарын кырбыы сыспыттар, ол эрээри хайыахтарай? Кэлин бэйэлэрэ эмиэ күлсэр буолбуттар. Онтон ыла, тохтоотохторуна, массыына күлүүһүн салайааччылара сиэбигэр укта сылдьар буолбут.

Ити баракаас дьонтон дьоҥҥо иһиллэн, атын айар бөлөхтөр, ырыаһыттар, эстрадалар гастролларыгар эмиэ боруобаламмыт буолуохтаах.

 

Кэккэлэһэ олорон

Тыа сиригэр ыраах массыынанан айаннаан иһэн, киэһэ хараҥарыыта, куруук буоларын курдук, массыыналарын тохтотон: “Вода бросать! Мужчины направо, женщины налево”, — диэн хамаанда кэнниттэн ыксаабыт дьон ыстаҥалаһан түстүлэр, ол кэннэ бэрт түргэнник миэстэлэригэр дьөгдьөрүйдүлэр. Дьаакып, үөнэ баппакка, кыһыҥҥы тулууп сонун кэппитинэн хаҥас диэки олорооччуларга биир даама таһыгар ыкса, кэккэлэһэ олорунан кэбистэ. Сотору соҕус буолан баран аттыгар олорооччута:

— Һуу, дьэ чэпчээтим ээ, олус да хабаҕыра сырыттым, — диэбит.

Онуоха Дьаакып эр киһи сөҥ куолаһынан кэккэлэһэ олорон:

— Оо, мин эмиэ.

— Хайа, бу Дьаакып үөннээх манна кэлэн олорор эбит, киэр буол, — диэн аймалҕан буолбут.

Эмээхсиним саҥа оҕонньордонно дуу

Арай биирдэ Саха тыйаатырыгар испэктээк үгэннээн бара турдаҕына, быыс сабыллан баран саҥа аһыллыытыгар Дьаакып оҕонньор оруолугар киирэн олорор. Быыс сабыылаах дии санаан, тыйаатыр кырдьаҕас вахтера сыананы ортотунан аҥаар илиитигэр торуоскалаах, биир илиитигэр олоппос тутуурдаах содьороҥноон ааспыт. Дьаакып вахтер оҕонньору киириэҕиттэн тахсыар диэри саҥата суох батыһа көрөн олорбут, онтон саҥа аллайбыт:

— Ээйис, аҕыйах хонукка баран кэлбиппэр эмээхсиним саҥа оҕонньордоно охсубута тоҕо дөбөҥөй, — диэбит.

Сыана кэтэҕэр артыыстар ону көрө туран күлсүү бөҕө буолбуттар. Көрөөччүлэр тыыммакка да көрө олороллор үһү, хата, биир да киһи сэрэйэн  көрбөтөх.

 

«Күлүгээннэр таһаҕаспын көҕүрэтэн абыраабыттара»

Биир кэмҥэ артыыстар гастроллаан бүтэн, Дьокуускайга түүн хойут кэлбиттэр. Тыйаатырга малларын, таһаҕастарын сүөкээн баран, дьиэлэригэр тарҕаспыттар.

— Ээ, мин дьиэм чугас, сатыы да барар инибин, — диэт, Дьаакып биир кыра суумкатын тутан уонна эргэ рюкзакка кирдээх уларыттар таҥастарын көп курдук симэн, онно эбии алдьаммыт өтүүгү оҥоруом диэн эбии уктан, аҥаар илиитинэн сүгэһэрин көхсүгэр быраҕан, аа-дьуо дьиэлээбит.

Арай уулуссаҕа хааман салбаҥнаан истэҕинэ, эмискэ биир киһи атаҕын тыаһа битигирэйэн кэлэн, Дьаакып сүгэн иһэр таһаҕаһын сулбу тардан ылбыт уонна төттөрү сүүрэн кэдэрийэ турбут. Сарсыныгар Дьаакып сарсыарда кэлэн кэпсиир:

— Бэҕэһээ киэһээ икки таһаҕастанан ыарырҕата-ыарырҕата дьиэбэр айаннаан истэхпинэ, хата, күлүгээннэр кэлэн улахан таһаҕаспын ылан көмөлөһөн абыраатылар, онон сынньалаҥнык тиийдим. Хата, маладьыаһыҥ, мыынан харчылаах кыра суумкабын ылбатаҕа.

 

«Дьаакыап, мин баар дуо?»

Гастролга сылдьан Дьаакып Д. Ходуловтыын киэһэтигэр кыттыһан эт буһаран, күөс өрүнэн миин иһэн, тото-хана аһаан утуйаллар эбит. Биирдэ Ходулов испэктээк кэнниттэн билэр дьонугар барбыт. Дьаакып соҕотоҕун аһаан баран миинэ ордубутун уолаттарга сыҥалаабыт: “Уолаттар, кэлэн мииннэ иһэн, килиэптэ сиэн мотуйуҥ! Ол оҕонньор бэйэтэ сөп буолан кэлэрэ буолуо, баҕар олох да хонуо. Ас бэйэҕитин абырыа, манньатын иһити хомуйан кэбиһиҥ”, — диэбит. Уолаттар үөрэ-көтө миини иһэн, иһиттэрин сууйан-сотон, хомуйан кэбиспиттэр. Арай түүн утуйа сыттахтарына Ходулов тиийэн кэлбит. Уолаттары уһугуннарымаары, тыаһа-ууһа суох сыгынньахтанан оронугар оҥостон баран аргыый аҕай сөҥ хойуу куолаһынан Дьаакыбын ыҥырар:

— Дьаакыап, Дьаакыап! Дьаакыба онно эрэ кыһаммакка утуйа сытар үһү.

Киһитэ тохтуу-тохтуу ыҥыран көрөр:

— Дьаакыап, Дьаакыап!

Дьаакыба истэ сатаан баран:

— Тугуй? Тугуй?

— Мин баар дуо?

— Ээ, мин баарбын.

— Мин, мин диибин ээ.

— Ээ, эн дуо? Эн эмиэ бааргын.

— Туйсиэ, мин, суп диибин ээ, баар дуо?

— Ээ, суп буоллаҕына суох.

 

Чаһытын көрө сыппыт

Куруутун буоларын курдук, сарсыарда үлэ чааһа саҕаланыан эрэ иннинэ артыыстар фойеҕа мустан күннээҕи сонуну ырытан кэпсэтэ олордохторуна, Гаврил Колесов тэлэкэччийэн киирбит. Киирээт да кэпсээн, кутан-симэн барбыт:

— Оо, дьэ, доҕоттоор. Халлааммыт бэҕэһээ ириэрэн, уулуссабыт бөлүүн тоҥорон килиэ-халаа, халтархай бөҕө буолбут. Халтарыйан тиэрэ баран түстүм, кэтэхпинэн түһэн оруобуна уон миэс мүнүүтэ дөйөн сыттым ээ.

Онуоха Дьаакып Кычкин истэн олорон хайҕаабыт:

— Маладьыаһыҥ, хата, харытын хараҕын таһыгар тута сытан чаһытын көрө сыппыт ээ.

 

Тэлгэһэҕэ ыт көҕүрэттибит

Артыыстар гастролга кулуупка бэйэтигэр хоно сылдьаллара. Онтон Гаврил Колесов табаарыстарыгар хонон баран, артыыстар сарсыарда мустан аһыы олордохтруна киирэн кэлбит. Киирээт да омун-төлөн бөҕө:

— Дьэ, доҕоттоор, алдьархай бөҕө буолбут!

— Тыый, ол туох буолбутуй?

— Дьэ, иэдээн дии.

— Бээрэ, киһилии кэпсээ, туох үлүгэрэ буолла? – диэн ол-бу хостон мустан, бары туоһуласпыттар.

— Кулууппут тэлгэһэтигэр кэлэн, хойууларын хаалларан кэбиспиттэр. Аны биһигини балыйыахтара. Дьэ иэдээн!

— Пахайбын, хайдах-хайдах баҕайыный? Аата сүрүн, - дэһии буолбут. Аата куһаҕанын, ол аата туох диэн буоларый?

— Гаанньа, бээрэ ол сибиэһэй дуо? – Афанасий Петров намыын куолаһа иһиллибит.

— Афоня-а, ол сибиэһэй буоллаҕына эн хайыаххын баҕараҕыный? Биһиэхэ туохха наада буолуой? – диэн Дьаакып Кычкин ыйытааччы буолбут.

— Пахай, пахай, аата бу да киһини.

— Ээ, ыт кэлэн тэлгэһэҕэ көҕүрэттэн барбыт, — диэн таһырдьаттан киирэн эдэр артыыс Коля Попов быһаарар. Онуоха:

— Һуу, — диэн бары уоскуйбуттар.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Уугун хана утуйан туруу — дьол
Сонуннар | 31.10.2024 | 14:00
Уугун хана утуйан туруу — дьол
Түүн утуйбакка сытар, сарсыарда буоларын кэтиир, аттыгар сытар киһини уһугуннарымаары биир сиргэ хамсаабакка буола сатааһын наһаа эрэйдээх, маны утуйбат дьон билэн эрдэхтэрэ.   Утуйбат буолууттан эрэйдэнэр дьон билигин үгүс. Ситэ утуйбакка туруу туох аанньа буолуой, сарсыныгар ээл-дээл, аат харата сүөдэҥниигин, төбөҥ ыалдьар, аны күнүс утуйан ылыаххын түүн эмиэ утуйуом суоҕа диэн...
Ферум хорсун сырыыларын кэнчээри ыччата умнуо суоҕа
Дьон | 24.10.2024 | 18:00
Ферум хорсун сырыыларын кэнчээри ыччата умнуо суоҕа
2022 сыл алтынньы 19 күнүгэр Ферум Аммосов анал байыаннай дьайыыга эн биһиги туспутугар, дойдутун туһугар сулууспалыы сылдьан олоҕун толук уурбута. Сырҕан бааһы таарыйан, бииргэ төрөөбүт балтын, ону тэҥэ бойобуой доҕорун ахтыыларын чугас дьонугар, ийэтигэр, аймахтарыгар таһаарабыт. Ол ыарахан кэмнэри санаппыппар, бука диэн, алы гыныҥ дуу...   – Саргылаана, бииргэ төрөөбүт хаһыа...
«Таҥаһы кытта кэпсэтэр» Варвара
Дьон | 25.10.2024 | 14:30
«Таҥаһы кытта кэпсэтэр» Варвара
Бүгүн мин ааҕааччыларбар билиһиннэриэм этэ Саха сирин уус-уран ойууга-дьүһүҥҥэ мусуойун научнай-сырдатар үлэҕэ методиһа, СӨ култууратын туйгуна Заровняева Варвара Ильинична-Күндүүлэни.   —  Варвара, иис абылаҥар ылларыыҥ, иннэни, сабы хас сааскыттан туппутуҥ туһунан кэпсиэҥ дуо? — Оҕо сааспыттан иис-уус эйгэтигэр улааппытым. Ийэм, Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуотун маастара Заровняева Варвара Гаврильевна өттүнэн эбээм, Бүлүү Баппаҕаайытыттан...
НВК Саха бырагыраамата алтынньы 21-27 күннэригэр
Сонуннар | 20.10.2024 | 10:00
НВК Саха бырагыраамата алтынньы 21-27 күннэригэр
Понедельник, 21 октября 6:00 Сана кун 6+ 9:00 Утро Якутии 6+ 10:00 "Якутия" информационная программа 12+ 10:15 Саха сатаабата суох 6+ 10:45 Откровенно 12+ 11:15 Проавто 12+ 11:45 Репортаж 12+ 12:00 "Якутия" информационная программа 12+ 12:15 Эйгэ 6+ 13:30 "Саха Сирэ-Якутия" информационная программа 12+ 14:00 Тэтим 6+ 15:00 "Тыый!"  6+...