02.04.2022 | 12:00

Чыыбааҕы сылгыта уонна дьабарааскы этин туһата

Чыыбааҕы сылгыта уонна дьабарааскы этин туһата
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Бүгүн “Минньигэстик аһааҥ” рубрикабыт ураты буолар. Дьокуускайга Дьааҥы улууһун күннэрин чэрчитинэн хоту сир аһылыгын дьону сөхтөрөр уратыларыгар тохтоон ааһабыт.

Юрий Васильевич Божедонов – Боруулаах нэһилиэгин олохтооҕо, кыраайы үөрэтээччи, билигин бочуоттаах сынньалаҥар олорор, киэҥ билиилээх сир түннүгэ киһи. Кини Дьааҥыга эрэ баар Чыыбааҕы сылгытын уонна хонуу дьабаратын этин аһылыкка тутталларын туһунан кэпсииригэр көрдөстүбүт:

– Дьааҥы улууһун Чыыбааҕы сылгытын этин амсайбыт эрэ барыта астынар. Сыата хараҥа араҕас (оранжевай) өҥнөөх буолар, амтана олус минньигэс. Убаһа этин тоҥнуу сиир дьон ордук сөбүлүүллэр, этэ тымыр курдук барар сыа быыстаах буолар.

Хоту сир тыйыс айылҕатыгар үөскээбит Дьөһөгөй оҕото барахсан тоһуттар тымныылаах кыһыны туораан, саас биллэ мөлтүүр, ырыганныыр даҕаны. Оччоҕо чыыбааҕылаах сиргэ илдьэн аһатан уоталлар. Былыр, Сэбиэскэй кэм саҕана, сылгыбыт элбэх эрдэҕинэ, ырыганнаан эрэр сылгыны чыыбааҕы ото үүнэр сиригэр илдьэн уотуу ньымата хото туһаныллара.

Чыыбааҕы диэн от Табалаах нэһилиэгиттэн отучча километр ыраах сытар дьикти кэрэ айылҕалаах Туостаах үрэх сүнньүнэн үүнэр. Чыыбааҕы (атын улуустарга чыыбаайы диэхтэрин сөп) нууччалыыта “боровая коленчатая трава или хвощ, пушица узколистная, отава” диэн олус иҥэмтиэлээх, сымнаҕас, хаттаҕына бороһуок буолан хаалар от. Бу от ырбыт сылгыны түргэнник уотар.

Химическэй састаабын бу диэн билбэппин. Устудьуоннар курсовойдарын суруйааччылар, анаан-минээн үөрэтэр да дьон баар буолааччы. Бу оту сиэн уойбут сылгы этэ олус минньигэс деликатес быһыытынан сыаналанар, киэҥник тарҕамматах буолан, маны сиэбит сылгы этэ аҕыйахтык көстөр, ол иһин ыраах бардахха күндү кэһии, ураты бүлүүдэ быһыытынан остуолга ууруллар.

 

Дьабара этин (научнай аата “берингийский суслик” диэн) биһиги “өргүө” диэн ааттыыбыт. Биһи диэки дьабара этин сиэһин уруккуттан баар. Киһи доруобуйатыгар олус туһалааҕын өбүгэлэрбит билэн туттан эрдэхтэрэ диибит. Ордук сэллик ыарыыны эмтииргэ, тыынар уорганнар ханнык баҕарар ыарыыларыгар туһалааҕын дакаастаабыта. Билигин аан дойдуну биир гына аймаабыт, тыҥаны сиир дьаҥ кэмигэр дьабарабыт этэ өссө актуальнай буолан биэрдэ.

Дьабараны сүлэн баран ууга буһарабыт. Хайаан да хонноҕун анныгар баар былчархайын быһан ылан быраҕыллыахтаах, атыыра быттыгар кытта былчархайдаах буолар – ону эмиэ быраҕабыт. Уксустаах ууга сытыара түһүөххэ сөп – сыта намырыыр. Ууга син уһуннук оргутабыт, этэ уҥуоҕуттан туллар-туллубат икки ардынан буолуор диэри тэптэрэбит. Этэ олус сымнаҕас. Эмис дьабарааскы ордук минньигэс, ырыгана сыттаах диэн сирэн сиэбэттэр.

Дьабарааскы натуральнай астаах буолан, экологическай өттүнэн ыраас ас. Биһиги Боруулаахпыт киэнин амтана атын сир киэнинээҕэр ордук дииллэр. Дойдубут кырдал, хонуу сир, ол иһин хонуу туораахтаах култуураларын сиэн уойар дьабаралаахпыт.

Дьабара күһүн эрэ бултанар. Дьон эмтээҕин билэн, күһүн анаан-минээн бултаһан хаһаанар буолан эрэллэр. Кэнники сылларга ас-үөл быыстапкаларыгар боруулаахтар дьабара этин буһаран киллэрбиттэрэ социальнай ситимнэринэн тарҕанан өрөспүүбүлүкэни сөхтөрбүттэрэ. Дьиҥэ, олоххо уруккуттан туһаныллар эмтээх эт буоллаҕа. Сорохтор “өөх” дииллэр, “ас суоҕар дылы буоллаххытый” диэн мөҕүттэллэр. Биһиги эмтээҕин билэн сиибит. Ордук тыаҕа сылдьар булчуттар сиэн эрдэхтэрэ. Билигин куобах олоччу эстэн, суох буолбут сыллара, хоту дойду киһитэ сибиэһэй этэ суох сатаммат, ол иһин да бултаһар буоллубут быһыылаах. Куобах дэлэй эрдэҕинэ наһаа сиэбэттэр этэ.

Кэлин дьабарааскыбыт улаханнык аччаата. Дьон анаан-минээн бултаһар буолбутуттан уонна бырах сылдьар ыт элбээн, дьабара оҕолоро улаата иликтэринэ тутан сиэн кэбиһэр буолбуттарыттан дии саныыбын. 1-2 сылынан анаан-минээн соруйан туруннахха бултанар сэдэх кыыл буолара буолуо диэн сабаҕалыыбын.

PS: Дьон этэринэн, дьабарааскыны астаан буһарыыны боруулаахтар эрэ сатыыллар. Анал ырысыабынан тутталлар, туспа технологиялаахтар. Үгэс билигин Боруулаахха эрэ хаалбыт. Манна хонуу дьабарааскыта үөскүүрүгэр саамай табыгастаах дойду: альпийскай ходуһа, орто хайаларга араас туһалаах үүнээйи үүнэр. Дьабарааскы сыатын Дьааҥыга тыҥаны, бааһы, уокка буспуту эмтииргэ тутталлар. Санитарнай-бактериологическай анаалыстар көрдөрөллөрүнэн, дьабарааскы этигэр киһи доруобуйатыгар буортуну оҥорор туох да көстүбэтэх.

 

Фольгаҕа буспут чыыр

1 чыыр балык;

2-3 лимон;

Оливки арыыта;

Туус;

Тимьян, базилик.

Тоҥ чыыры холодильник аллараа долбууругар ууран ириэрэбит, хатырыктыыбыт. Иһин хайытан ыраастыыбыт. Хайыытын быһан быраҕабыт. Түргэнник тымныы ууга сууйан ылабыт, кумааҕы салфетканан сотон куурдабыт, уутун оборторобут.

1-2 лимону (балык төһө улаханыттан көрөҕүт) сүмэһинин ыгабыт, төгүрүктүү кырбыыбыт. От туманы кытта лимоммутун балык иһигэр угабыт. Балыкпытын таһыттан тууһунан уонна биэрэһинэн сыбыыбыт, лимон сүмэһинин үрдүгэр кутабыт, арыынан биһэбит. Фольгаҕа суулуубут.

Шашлык буһарар мангалга эрдэттэн уот оттон, кыһыл чох бэлэмниибит. Чох үрдүгэр балыкпыт 45 мүнүүтэ буһар.

Духуопкаҕа 200 кыраадыска 45 мүнүүтэ буһараҕыт. Фольгатын балыгы илдьириппэт курдук сэрэнэн устаҕыт, өссө 15-20 мүнүүтэ духуопкаҕа буһара түһэҕит.

Бүлүүдэни остуолга сылаастыы бэриллэр.

Хартыыһалаах дьарҕаа

Дьарҕаа;

Туус;

Саахар;

Биэрэс, лавровай илиис;

Гвоздика;

Хартыыһа бороһуога, уксус.

 

Дьарҕаа – сымнаҕас эттээх минньигэс балык. Дьарҕааны туустаан, мииннээн, арыыга ыһаарылаан сииллэр. Хотугу тымныы уулаах, дохсун сүүрүктээх үрэхтэргэ үөскүүр.

Балыкпытын ыраастыыбыт, кураанах гына сотобут, үөрэҕэстээн бысталыыбыт уонна өстүөкүлэ бааҥкаҕа угабыт. Бу иннинэ бааҥкабытын күн сыралҕаныгар 1-3 чаас устата туруоран сылытан ыллахха өссө үчүгэй.

Маринад бэлэмниибит: оргуйбутунан ууга хара биэрэс, лавровай илиис, гвоздика, луук, туус уонна саахар кутабыт. Сойбутун кэннэ хартыыһа бороһуогун уонна уксуһу сөбүлүүрбүтүнэн эбэбит. Маринадпытын бааҥкалаах балыкпытыгар кутан ыга хаппахтаан кэбиһэбит. Сөрүүн сиргэ харайабыт. 2-3 хонугунан хартыыһалаах дьарҕаа бэлэм буолар.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Дьон | 21.11.2024 | 12:00
Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Суруналыыс кэпсэтэр киһитин кытта кини олоҕун, үөрүүтүн, үлэтин-хамнаһын, кыһалҕатын тэҥинэн үллэстэр. Оннук эрэ сүрэҕэр чугастык ылынан суруйдаҕына, ааҕааччыга тиийэр ыстатыйа тахсар. Мин Александрдыын кэпсэтэрбэр, чэчэгэйим кэйиэлээн, төбөм ыараан да ылбыта, сотору атаҕын быстарын кэпсиир, ону хайдах эрэ тулуйан истибит киһи дии олорбутум. Хараҕым уута да сүүрэрэ, күөмэйбин туох эрэ кэлэн...
Аҕаа, бырастыы
Сынньалаңңа | 27.11.2024 | 10:00
Аҕаа, бырастыы
Уйбаан нэһиилэ сэттис этээскэ сынньана-сынньана кирилиэһинэн тахсан, кыыһа олорор ааныгар кэлэн, оргууй соҕус тоҥсуйда. Баҕардар дьиэҕэ ким да суоҕа дуу дии санаан, кулгааҕын ааҥҥа даҕайан иһиллээн тура түстэ. Киһи атаҕын тыаһа хааман кэлэн, сиэнэ уол куолаһа нууччалыы: «Кто там?» – диэн ыйыппытыгар: – Мин. Тоойуом, мин кэллим, ааҥҥын арый, –...
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Сытыы муннук | 28.11.2024 | 14:00
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Үөһээ Бүлүү улууһун Маҥаас нэһилиэгин 9 оҕолоох ыалын улахан уола Байбал Васильев оҕо эрдэҕиттэн эппиэтинэскэ үөрэммитэ, хайдахтаах да уустуктан чаҕыйбат, кыраларга холобур буола улааппыта күн бүгүнүгэр  диэри биллэр. Ытык киһибит быйыл 75-с хаарын санныгар түһэрдэ, сааһырда. Ол эрээри олоххо киллэрбит кыһыннары кымыстыыр дьарыгын тохтотуон, өбүгэ кымыстыыр үгэһин үйэтитэр баҕатыттан аккаастаныан...
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сынньалаңңа | 25.11.2024 | 23:17
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сардаана куруук да холку-наҕыл бэйэтэ, мэктиэтигэр хараҕын уута биллэ-көстө ыгыллан тахсыар диэри абатыйда. Кыһыйбытын омунугар „үөрүүлээх“ сонуну тиэрдибит суотабайын дьыбааҥҥа элиттэ. Хаарыан былаан!! Күүтүүлээх көрсүһүү хаалла!! Бүгүн үлэтигэр бардаҕына табыллар буолбут!   Саатар, бэҕэһээ биллибитэ буоллар. Түүҥҥү дьуһуурустубатын кэнниттэн сынньаммакка, түүннэри былаачыйа тиктэн „быччайан“ олоруо суох этэ! Кыргыттара төһө эрэ хомойоллор....