21.12.2022 | 10:41

Чэмэлиинэ - ааҕааччы сэргээбит ааптара

Прозаҕа, поэзияҕа, драматургияҕа, тылбааска тэҥинэн ылсар ааптар Варя Егорова-Чэмэлиинэ "ХАЧЫАЛ" диэн саҥа кинигэтигэр кэпсээннэр, хоһооннор, тылбаастар, ахтыылар талыллан киирбиттэр.
Чэмэлиинэ - ааҕааччы сэргээбит ааптара
Ааптар: Розалия Томская
Бөлөххө киир

"КӨМҮӨЛ" кинигэ кыһатыгар чахчы таһыччы таһымнаах эрэ ааптардар бэчээттэнэллэр. Чэмэлиинэ "Хачыал" кэпсээнин «Киин куорат» телеграмм-ханаалын ааҕааччылара хас да күн аахпыттара, олус сэҥээрбиттэрэ. Саҥа тахсыбыт кинигэни "Айар" кинигэ кыһатын маҕаһыыннарыттан булуохха сөп.

- Варя, бэйэҕин билиһиннэр.

- Нам улууһун Көбөкөн нэһилиэгэр күн сирин көрбүтүм. Оҕо сааһым  онно, кэрэ дойдуга ааспыта. Оскуолаҕа үөрэнэр кэммэр 8-с кылаастан хоһоон айарга холонор этим. Саха тылын уонна литэрэтиирэтин учуутала Мария Матвеевна Попова өйөөн, улуустааҕы ,,Эркээйи'' хаһыакка бэчээттэтэр этэ. Идэм саха тылын уонна литэрэтиирэтин учуутала диэн. Ол эрээри култуура эйгэтин талан, билигин да онно үлэлии сылдьабын.

- Айымньыларгын, геройдаргын бэйэҥ айаҕын дуу, дьиҥнээх олоххо баарга олоҕураҕын дуу? "Киин куорат" ааҕааччылара "Хачыал" кэпсээни олус сэҥээрбиттэрэ, "ама, дьиҥнээх олоххо маннык буолар дуо?" диэбиттэр этэ...

- Ханнык баҕарар суруйааччы дьиҥ олоххо буолбуттан сиэттэрэн суруйар дии саныыбын. Бэйэ айыыта да баар суол. Геройдар үксүн айыллаллар. Биллэн турар олоххо көрсүбүт дьонуҥ онно дьайаллар.

- Эн ааҕааччыҥ кимий?

- ,,Хачыал'' кэпсээним дьон интэриэһин тарпыта. Эдэр суруйааччылар сүбэ мунньахтарыгар биһирэнэн, ,,Якутская проза'' номинацияҕа тиксэн АО ,,Аэропорт Якутск'' диэн хампаанньаттан бириис туппутум. Ааҕааччым ыччат, аҕам саастаах дьон буолуон сөп диэн толкуйдуубун.

- Билигин хоһооҥҥо холонооччу наһаа элбэх, оттон прозаны эдэрдэр ыарырҕатар курдуктар - суруйар киһи аҕыйаҕынан этэбин... Эн санааҕар хайдаҕый, тоҕо оннугуй? 

- Манна дьайыыта элбэх. Олохпут аныгы кэми кытары тэтимирдэ. Духуобунас намтаата, тылбыт эгэлгэ кырааската тутахсыйда, сахабыт тыла күннээҕи кэпсэтии да тылыгар дьадайда. Онтон да атын хайысхаҕа уларыйыы элбэх.

Классиканы өрө туттахпытына проза жанра чөлүгэр түһүө эбитэ дуу?.. Айар эйгэ таайтарыыта, хомуһуна сүүнэ. Суруйааччы санааны эрэ сатаан сааһылаан тиспэккэ, олоҕу кэпсиир кырдьыксыт буолуохтаах. Уобарастары арыйыы, айылҕаны хоһуйуу,  ис хоһоону уратытык кэпсиир ньыма киһи эрэ аайы бэриллибэт дии саныыбын. Маныаха тиийэргэ бэйэҕэ элбэх үлэ, тулуур, дьулуур, сүрэх наада.

- Инники былааннарыҥ?

- Суруйар дьоҕурбун тиһигин быспакка, кыаҕым тиийэринэн айа-тута сылдьыам этэ. Эдэр Суруйааччылар Сүбэ мунньаҕар алтыһар доҕоттордоохпун. Кинилэри кытары айар эйгэҕэ сыһыаннаах бырайыак толкуйдаабыт киһи.

Түгэнинэн туһанан кинигэбин таһаарбыт Борис Павлов салайааччылаах  ,,Көмүөл'' кинигэ кыһатыгар, атыылыырга өйөөбүт С.А.Новгородов аатынан ,,Айар'' кинигэ кыһатыгар махталбын тиэрдэбин.

***

Чэмэлиинэҕэ айар үлэтигэр саҥа аартыктар арыллан истинэр диэн баҕа санаабытын тиэрдэбит. Саха литературатыгар үрдүк таһымнаах саҥа ааптардар үксүү турдунар.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Дьон | 21.11.2024 | 12:00
Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Суруналыыс кэпсэтэр киһитин кытта кини олоҕун, үөрүүтүн, үлэтин-хамнаһын, кыһалҕатын тэҥинэн үллэстэр. Оннук эрэ сүрэҕэр чугастык ылынан суруйдаҕына, ааҕааччыга тиийэр ыстатыйа тахсар. Мин Александрдыын кэпсэтэрбэр, чэчэгэйим кэйиэлээн, төбөм ыараан да ылбыта, сотору атаҕын быстарын кэпсиир, ону хайдах эрэ тулуйан истибит киһи дии олорбутум. Хараҕым уута да сүүрэрэ, күөмэйбин туох эрэ кэлэн...
Аҕаа, бырастыы
Сынньалаңңа | 27.11.2024 | 10:00
Аҕаа, бырастыы
Уйбаан нэһиилэ сэттис этээскэ сынньана-сынньана кирилиэһинэн тахсан, кыыһа олорор ааныгар кэлэн, оргууй соҕус тоҥсуйда. Баҕардар дьиэҕэ ким да суоҕа дуу дии санаан, кулгааҕын ааҥҥа даҕайан иһиллээн тура түстэ. Киһи атаҕын тыаһа хааман кэлэн, сиэнэ уол куолаһа нууччалыы: «Кто там?» – диэн ыйыппытыгар: – Мин. Тоойуом, мин кэллим, ааҥҥын арый, –...
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Сытыы муннук | 28.11.2024 | 14:00
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Үөһээ Бүлүү улууһун Маҥаас нэһилиэгин 9 оҕолоох ыалын улахан уола Байбал Васильев оҕо эрдэҕиттэн эппиэтинэскэ үөрэммитэ, хайдахтаах да уустуктан чаҕыйбат, кыраларга холобур буола улааппыта күн бүгүнүгэр  диэри биллэр. Ытык киһибит быйыл 75-с хаарын санныгар түһэрдэ, сааһырда. Ол эрээри олоххо киллэрбит кыһыннары кымыстыыр дьарыгын тохтотуон, өбүгэ кымыстыыр үгэһин үйэтитэр баҕатыттан аккаастаныан...
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сынньалаңңа | 25.11.2024 | 23:17
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сардаана куруук да холку-наҕыл бэйэтэ, мэктиэтигэр хараҕын уута биллэ-көстө ыгыллан тахсыар диэри абатыйда. Кыһыйбытын омунугар „үөрүүлээх“ сонуну тиэрдибит суотабайын дьыбааҥҥа элиттэ. Хаарыан былаан!! Күүтүүлээх көрсүһүү хаалла!! Бүгүн үлэтигэр бардаҕына табыллар буолбут!   Саатар, бэҕэһээ биллибитэ буоллар. Түүҥҥү дьуһуурустубатын кэнниттэн сынньаммакка, түүннэри былаачыйа тиктэн „быччайан“ олоруо суох этэ! Кыргыттара төһө эрэ хомойоллор....