03.02.2022 | 14:00

Чэгиэн буолуҥ!

Чэгиэн буолуҥ!
Ааптар: Маргарита Степанова (Акимова)
Бөлөххө киир

Биһиги билиҥҥи олохпутугар күннээҕи кэпсэтиибит: "Доруобуйаҥ хайдаҕый?","Вакцина ылбытыҥ дуо?" эбэтэр "Ыалдьыбытыҥ дуо?" диэн ыйытыылартан саҕаланар.

Араас саастаах, таһымнаах, билиилээх-көрүүлээх, сайдыылаах дьон маннык ыйытыыга хайдах хоруйдуур эбиттэрий?

 

Соторутааҕыта хаһыакка тахсыбыт биир иһитиннэриигэ манныгы ааҕабыт: «Михаил Чуйко диэн реанимотолог-быраас хоруона вируһун омикрон-штамынан ыалдьан баран, "бу ыарыыны сиһилии билбит киһи быһыытынан" санаатын маннык үллэстибит:

– Бу ыарыы хоруона вируһун букатын атын көрүҥэ эбит. Урукку хоруонаҕа туга да майгыннаабат, атын ыарыы курдук. Бастатан туран, инкубациятын кэмэ  наһаа  кылгас, 1-3 күн. Ыарыы бастаан көннөрү тымныйыы, тумуу курдук киирэр. Сөтөл кэнники үтүөрэн эрдэххинэ кэлэр. Киһи амтаны уонна сыты билэр дьоҕура сүппэт. Кимнээх эрэ күөмэйдэрэ бүтэн, куоластара уларыйыан сөп. Киһи температурата 2-3 эрэ күн тахсыан сөп. Муҥутаан 38-ка диэри, үгүстэргэ ол симптом суох буолар. Бу штамм  олус сыстыганнаах".

 

Хоруона ыарыыта туруоҕуттан бу ыарыыны утары нэһилиэнньэни эмтииргэ үлэлэһэр медик санаатын истиэххэйиҥ:

– Мин Дьокуускай куорат биир поликлиникатыгар медикпын. Хоруона вируһун омикрон-штаммынан бу күннэргэ олус элбэх киһи кэлэн көрдөрөр. Поликлиникаҕа уон биригээдэ түүннэри-күнүстэри ыарыһахтары көрөр. Ыалдьыы элбэҕинэн, быраастар, лаборатория үлэһиттэрэ, орто сүһүөх медперсонал бука бары суукканы эргиччи үлэлиибит.

Ордук орто саастаах дьон уонна оҕо өттүттэн көрдөрүү элбэх. Бастаан күөмэй ыалдьарын курдук киирэр. Ириҥэрии эҥин буолбакка, тумуу, күөмэй ыарыыта – бу бастакы симптомнара. Ол иһин күөмэй ыарыытын сибикитэ баар буолла даҕаны, хара маҥнайгыттан содалаах, туустаах уунан үчүгэйдик сайҕанар наада диэн сүбэлиибин.

Төһө да хамсык кэмэ буоллар, бэрт элбэх киһи араас куораттарга, тас дойдуларга барар, айанныыр.

Айанньыт киһи санаатын истиэххэ:

– Мин үлэбинэн Москваҕа  баран кэллим. Мантан айанныахтаах буоламмыт, вакцина ылан, QR-код ылан, мааска кэтэн, туох баар ирдэнэри бүтүннүү тутуһан барбытым. Улахан куоракка тиийбит киһи мааскабын төрүт устубаппын. Үлэбитинэн Арассыыйа атын да куораттарыттан кэлбит кэллиэгэлэрим элбэхтэр. Арай көрдөхпүнэ, мааска кэтээччи да аҕыйах, ирдээччи да суох буолан биэрдэ. Кэнникинэн бэйэбин хайдах эрэ көрөр курдуктар. Онон олох булгуччулаах атрибутика биһиэхэ эрэ дуу диэх санаалаах төттөрү көтөн кэллэҕим дии.

 

Кэнники аҕыйах сылга кыһыҥҥы өттүгэр сылаас сиргэ баран кыстааһын ордук элбээтэ. Биир оннук ыраах куоракка олорор аҕам саастаах дьүөгэм маннык кэпсиир:

– Манна QR-коду ким да ирдээбэт. Оттон саастаах дьон буоларбыт быһыытынан, элбэх киһилээх сирдэргэ, улахан маҕаһыыннарга эҥин мааскабытын бэйэбит кэтэбит. Эбэһээтэлинэй ким да ааҥҥа туран «кэтиҥ» диэн эппэт.

 

Поликлиникаҕа көрдөрө кэлбит пациент санаатын истиэҕиҥ:

– Бэҕэһээ олорор сирбинэн поликлиникаҕа 4 чаас уочаракка турбутум тухары биир да санитарка ааннар тутаахтарын, перилалары соторун көрбөтүм. Кураанах кабинет элбэх эрээри, көрө олорор быраастар кэмиттэн-кэмигэр кабинеттарын кварцтаабаттар, салгылаппаттар, лип олороллор. Атын хоско көһөн биэрэн оҥоруохтарын сөп этэ. Вызовтарга үлэлиир кэллиэгэлэрим этэллэринэн, "ыраас-кирдээх" зона тутуһуллубат, бэйэлэрин тас таҥастара СИЗтары кытта буккуллуу үһү. Бэрчээккинэн, санитайзерынан ыһа-тоҕо хааччыйбаттар эбит.

Ыарыһахтары санаа курдук “потоктарынан” араарбыт курдуктар эрээри,  сабыылаах көрүдүөргэ иҥнэн биир эмээхсин: "Но! Манан сабыылаах эбит дуу? Бу кимиэхэ көрдөрөөрү олорор дьоҥҥутуй?" - диэн ыйыппытыгар: "Коронавирустаабыттар олоробут" - диэн буолла. Бу диэн эттэххэ, уочаракка турааччылар-олорооччулар үксэ муус доруобай көрүҥнээхтэр. Уон иһинэн киһи сөтөллөр, аҕылыыр. Атыттар таах балыыһа эркиннэрин тулааһынныы кэлбит курдуктар. Биир эдэр уол кэпсиирин иһиттим: "Хата больничнай биэрдилэр эрээри, биэс эрэ күҥҥэ. Пятницаҕа көрдөрөр үһүбүн". Кыыһа: "Көрдөрүөҥ буоллаҕа дии", - диэбитигэр: "Мин пятницаҕа суох буолабын ээ", - диэннээх. "Ничего, телефоннааҥҥын «ыарыым ааспата” диэҥҥин уһаттарыаххын син", - диэн кыыһа сүбэлээтэ.

Онон, мин көрдөхпүнэ, коллапс искусственнай соҕус.

 

Аны, уопсайынан ыарыы туһунан айылҕаттан ураты дьоҕурдаах киһи туох диир эбитий?

– Киһиэхэ хас күн аайы элбэх саҥа клетка үөскүүр. Ол клеткаларбыт аан бастаан туох да информациялара суох буолаллар. Ып-ыраас лиис курдук. Онтон сарсыарда киһи уһуктар уонна дьэ бэйэтин санаатынан, кутталынан, саарбахтааһыннарынан эбэтэр тастан киирэр араас быһылаан информацияларынан, буолар-буолбат ааҕыыларынан бу саҥа клеткаларыгар бэйэлээх бэйэтинэн информация угар. Дьэ, толкуйдаан көрүҥ эрэ. Эһиги сарсыарда саҥа күҥҥүтүн хайдах көрсөҕүтүй? Ким эрэ ыарыытын санаабытынан, дабылыанньатын, илии-атах, төбө ыарыытын толкуйдаабытынан туран кэллэҕинэ, били саҥа клеткабыт ыарыы информациятынан туоллаҕа ол. Онон үчүгэйи эрэ санаан сарсыардаҕытын көрсүҥ. Үүммүт күҥҥэ махтанан. Үтүөнү, кэрэни эрэ түстээҥ!

 

Чахчыта даҕаны, биһиги, саха дьоно, ис сүрүннээх дьоммут. Билигин дьэ “сахалар быһынныбыт-ойуннубут» дииллэр эрээри, соҕуруу дьон олоҕуттан биһиги чыҥха атын олохтоохпут. Олохпут, аспыт-үөлбүт да хаачыстыбатынан, төлөбүрдэр да өттүнэн. Күннээҕи олохпутугар төрүт үгэстэрбитин тутан олорорбут улахан күүспүт. Наада буоллаҕына бэйэбитин көмүскэнэр омукпут. Ону айылҕаттан ураты дьоҕурдаах дьон биһиги ортобутугар элбэҕэ да туоһулуон сөп. Бу – өбүгэттэн ситимнэнэн кэлбит норуот муудараһыгар, ырааҕы-киэҥи ырыҥалыыр дьоҕуругар, атыннык эттэххэ, философиятыгар олоҕуран быһаччы ситимҥэ киирэн киһи эрэ билбэт, истибэт информациятын илдьэ сылдьар ураты дьон.

 

Былыргы, аныгы да айылҕалаахтар "Ыарыы ыраастыыр. Киһи ыалдьар кэмигэр ыраастанар. Бу киһиэхэ олоҕор ыксаабыт кэмэ буолуон сөп. Бу кэмигэр өй-санаа өттүгэр саҥа өйдөбүллэр киирэллэр, сыыһа-халты дьайыылары оҥорбутун өйдүүр, кими эмэ хомоппутун бырастыы гыннарар, этинэ, билинэ илик санааларын толорор баҕата күүһүрэр. Уопсайынан, ыарыы киһиэхэ тургутан көрүү диэн этиэххэ сөп. Сыыһа-халты саҥабыт, күннээҕи олохпутугар дьайыыларбыт, этэн кэбиспит тылларбыт ол барыта мунньуллан, ыарыыга кубулуйан, киһиэхэ өй киллэрэр, толкуйдатар кэм диэн ылыныахтаахпыт.

Ыарыы киһиэхэ санаатын сүрүннүүр, күүһүрдэр, өскөтүн ыарыһах көрдөһөр, сыыһатын билинэр, итэҕэһин көннөрүнэр күүстээх санааны ылыннаҕына, үтүөрэргэ барар. Үтүө санаа үтүөнэн эргийэр диэн этии ис дьиҥэ манна сытар", - дииллэрин кытта сөбүлэһимиэххэ сатаммат.

 

Дьэ бу курдук «ыарыыбытын» хас да өттүттэн иһиттибит. Араас хайысхаҕа сылдьар дьон санаатын истэн баран, бэйэбит доруобуйабыт туһугар сөптөөх сүбэлэри ылыныахпыт буоллаҕа диэн туран, Гамалея аатынан чинчийэр киин исписэлииһэ А. Алыштейн этиитинэн түмүктүөххэ:

– Олунньу саҕаланыытыгар Арассыыйаҕа омикрон штамм хаптайан барыа. Онуоха ханнык да быһыы – вакцина буолбакка, вирус бэйэтэ көнньүнэн мөлтөөбүтэ, кыаҕа эстибитэ сүрүн оруолу оонньуур".

 

Чэгиэн буолуҥ!

Суһал төлөпүөннэр:

103, 112, 122

 

Коронавирус симптомнара:

— температура;

— уопсай мөлтөөһүн;

— сөтөл;

— былчыҥнар ыалдьаллар;

— тыынарга ыарахан;

— аҕылааһын.

 

Дьокуускай куорат балыыһалара:

— Куорат Медкиинэ – 500-003, 122, эбии 4;

—1 №-дээх поликлиника – 31-90-93, 122, эбии 1;

— 2 №-дээх куорат балыыһата – 21-96-95, 122, эбии 2;

— 3 №-дээх куорат балыыһата – 122, эбии 0, 505-509, эбии 1;

— 3 №-дээх Өрөспүүбүлүкэтээҕи клиническай балыыһа – 507-211, 122, эбии 3

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Дьон | 08.12.2024 | 14:00
Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Биһиги ортобутугар араас дьылҕалаах, үлэлээх-хамнастаах, дьарыктаах дьон элбэх. Хас биирдии киһи син биир туох эрэ уратылаах, талааннаах, киһи кэрэхсиир кэпсээннээх. Биир оннук киһини кытта сэһэргэспиппин ааҕааччыларбар тиэрдиэхпин баҕарабын.   — Валентин Титович, кэпсэтиибитин билсиһииттэн саҕалыахха. — Бэйэм Сунтаартан төрүттээхпин, Хатырыкка олохсуйбутум 44 сыл буолла. Хадан нэһилиэгэр 1951 сыллаахха төрөөбүтүм. Бииргэ төрөөбүт...
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
Сонуннар | 01.12.2024 | 12:00
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
«Теща» туһунан атын омуктарга олус элбэх анекдот, көр-күлүү баар. Оттон биһиги, сахалар, күтүөт уолбутун хайдах ылынабыт, сыһыаммыт хайдаҕый, төһө тапсабытый? Өйдөспөт түгэн таҕыстаҕына, кыыскын көмүскүүгүн дуу, күтүөт диэки буолаҕын дуу? Онон бүгүн күтүөттэр туһунан кэпсэтиэххэйиҥ.   Светлана Петровна: — Мин ыал буолбутум оруобуна 40 сыл буолла. Ол эбэтэр 1984 сылга дьонум...
Ийэ буор
Сынньалаңңа | 07.12.2024 | 10:00
Ийэ буор
Гаврильева Оксана Павловна – Айсана 1963 с. Мииринэй оройуонун Ботуобуйа нэһилиэгэр күн сирин көрбүтэ. 1982 с. Н.Г. Чернышевскай аатынан Бүлүүтээҕи педагогическай училищены бүтэрбитэ, 1988 с. Дьокуускайдааҕы судаарыстыбаннай университеты бүтэрэн, нуучча тылын уонна литературатын учууталын идэтин ылбыта. Ити идэтинэн Н.Е. уонна П.Н. Самсоновтар ааттарынан Хатас орто оскуолатыгар үлэлиир. Педагогическай билим хандьыдаата,...
Өкүүчэ
Сынньалаңңа | 01.12.2024 | 16:18
Өкүүчэ
(Салгыыта, иннин “Холумтан” сыһыарыы алтынньы 10 күнүнээҕи нүөмэригэр ааҕыҥ)   Күһүҥҥү күннэр күлүгүрэн турдулар. Биир күн Ааллаах Үүнтэн убайдара Миитэрэй таһаҕас тиэйиититтэн кэлэн, эбиитин бу эрэ иннинэ аҕаларыттан сурук тутан, дьиэлээхтэр санаалара чэпчии сылдьар кэмнэрэ. Миитэрэй 20-гэр чугаһаабыт, түргэн-тарҕан туттуулаах, сытыы-хотуу харахтаах, уҥуоҕунан кыра соҕус да буоллар, дьоһуннук туттар эдэр киһи....