30.06.2022 | 16:00

Үчүгэй үөрэх баҕа санааны толорорго тирэх буолар

Үчүгэй үөрэх баҕа санааны толорорго тирэх буолар
Ааптар: Владик ЛУКОВЦЕВ, А.Е. Мординов аатынан Тааттатааҕы лицей выпускнига
Бөлөххө киир

Доҕор, доҕордоһуу – киһи киһини кытта чугастык алтыһыыта, биир санаалаах сыһыан. Бүгүн эдэр ыччат туох-хайдах олохтоох олорорун, тугунан интэриэһиргиирин сырдата, доҕорум Альберт Поповы кытта сэһэргэһэбин. 
Альберт “Будущий дипломат” быйылгы куонкурус  кыайыылааҕа, 2020 сыллаахха  Ил Дархан “10 топ” тэрээһинин кыттыылааҕа, Саха сиринээҕи Наука дьоҕус академиятын чилиэнэ, А.Е. Мординов аатынан Тааттатааҕы лицей выпускнига.

— Үтүө күнүнэн, доҕорум, Альберт! «Киин куорат» ааҕааччыларыгар ханна төрөөбүккүн сырдат эрэ.

Мин Таатта улууһун киинигэр Ытык Күөлгэ 2004 сыллаахха төрөөбүтүм.

— Кыра сылдьан ким буолуоххун баҕарар этигиний?

5-7 кылаастарга медик булуохпун баҕарарым, ол иһин биология эйгэтин үчүгэйдик билэргэ дьулуспутум. Сыыйа санаам уларыйан, гуманитарнай хайысханы талан, дипломат буолар баҕалаахпын.

— Дипломат диэн кимий, туох идэний?

Дипломат – судаарыстыбаннай сулууспа киһитэ. Омук судаарыстыбатын кытта сыһыаны олохтооһуҥҥа үлэлииргэ анаммыт идэ.

— Оччотугар дипломат идэтэ киһиттэн ханнык хаачыстыбалары ирдиирий?

Дипломат олох бары эйгэтигэр киэҥ билиилээх буолуохтаах, хас да омук тылын дэгиттэр баһылыахтаах. Нууччалыы “Человеку нужно большое личностное саморазвитие” диэн быһаарыахха сөп. Дипломат тас омук дойдутун кытта сөбүлэҥ түһэрсэригэр, бастатан туран, дойдутун, норуотун интэриэһин, чиэһин көмүскүүр сыалы-соругу туруорунуохтаах.

— Баҕа санааҕын ситиһэргэ тугу гыныахтааххыный?

Бастатан туран, баҕа санаабын олоххо киллэрэр туһуттан, талбыт идэбэр үөрэниэхтээхпин. Итини сэргэ олохторун дипломатияҕа анаабыт дьон туһунан кинигэлэри, ыстатыйалары ааҕабын, кинилэр тустарынан матырыйааллары көрөбүн. Түгэн көһүннэҕинэ, кинилэри кытта көрсөн кэпсэтэбин. Ол курдук, Саха сирин бастакы Бэрэсидьиэнэ М.Е. Николаевы, Ил Дархан А.С. Николаевы кытта көрөн кэпсэппитим.

— Киһи дьону кытта сыһыана хайдах буолуохтааҕый?

Үчүгэй сыһыаны төрөппүт иитэн таһаарар. Мин төрөппүттэрим, учууталларым, табаарыстарым үтүө холобурдарыгар улааттым, кинилэринэн киэн туттабын.

— Иллэҥ кэмҥэр тугунан дьарыктанаҕыный? Тугу ордук сэргиигин?

Иллэҥ кэммэр аан дойду сонуннарын көрөбүн, ааҕабын. Аан дойдуга буола турар быһыыны-майгыны ырыта сатыыбын. Доҕотторбун кытта ырытан, саҥаны билбиппин чиҥэтэбин, иҥэринэбин. Оҕо оҕо курдук киинэ көрөрбүн сөбүлүүбүн. Историческай хабааннааҕы ордоробун. Өссө саҥа киирбит Marvel или DC култуураны сэргиибин. Урукку кэм музыкатын ордоробун. Бу интэриэстэрим барыта миэхэ личность буола үүнэрбэр көмө буолаллар.

— Ханнык кинигэлэри сөбүлээн ааҕаҕыный?

Лев Толстой “Война и мир” арамаанын уһулуччу айымньынан ааҕабын. Онус кылааска биир саамай сөбүлээн, ылларан аахпыт уонна ырыппыт айымньым. Оскуолабын түмүктүүр өйтөн суруйуубар бу арамааҥҥа сигэммитим. Биир кэрэхсиир хайысхам – антиутопическай жанр. Холобура, “1984” уонна “О дивный новый мир” айымньылары ааттыахпын сөп. Ааҕарга уустук эрээри, дипломатическай эйгэҕэ сыһыаннаах буоланнар, бу идэни талаары сылдьар киһиэхэ биэрэллэрэ элбэх. Кэлин сөбүлээн аахпыт айымньыларбыттан Сунь Цзы “Искусство войны”, “Конец история” чорботон бэлиэтиэхпин сөп.

— Бу кинигэлэртэн ааҕааччыларга ханныгы сүбэлиэҥ этэй?

Үөрэнээччи оскуола бырагырааматыгар киирбит айымньылары барытын хайаан да ааҕыахтаах. Ону таһынан Сунь Цзы “Искусство войны” диэн кинигэтин ааҕалларыгар сүбэлиэм этэ.

— Төрөөбүт тылгынан кинигэ ааҕаҕын дуо?

Өксөкүлээх Өлөксөй айымньыларын аахпытым. “Ойуун түүлэ” поэмата, “Саха интеллегенциятыгар” суруга – хас биирдии саха киһитин остуолга сытар, олоҕор туһанар кинигэлэрэ буолар аналлаахтар.

Аныгы кэм киһитэ, киинтэн төһө ыраах олороруттан тутулуга суох, төһө кыалларынан барытын билэ-көрө сатыахтаах. Олоҕу көрүүтэ, анаарыыта бэйэтин кэмигэр сөп түбэһиэхтээх. Аҥаардас судаарыстыба көмөтүн кэтэһэ олоруо суохтаах, толкуйдаан, тобулан, бэйэтин олоҕун оҥостуохтаах.

— Альберт, эн хас омук тылын билэҕиний?

Бэйэм төрөөбүт тылбын аахтахха, үс тылынан иҥнигэһэ суох кэпсэтэр кыахтаахпын: сахалыы, нууччалыы уонна английскайдыы. Английскай тыл – дипломатия тыла. Академияҕа түүр омук, кэриэй  тылларын үөрэтэр былааннаахпын. Саха сирэ Азия омуктарын кытта үчүгэй  сибээһи олохтуур.

— Күннээҕи олоххор төһө английскайдыы саҥара сатыыгыный?

Оскуолабын бүтэрэр, үөрэххэ туттарсар сылым буолан, быйыл ордук күүскэ дьарыктанным. Бэйэбин тургутан, английскайдыы ырытарга холонобун. Төлөпүөнүм уонна ноутбугум тылын английскайга көһөрдүм.

— Альберт, эн санааҕар, доҕор диэн кимий?

Киһи бэйэтигэр сөп түбэһэр, тапсар, биир интэриэстээх доҕордоноро – дьоло. Дьиҥнээх доҕор ханнык баҕарар түгэҥҥэ доҕорунан хаалыахтаах.

— Политиктартан саамай интэриэһиргиир киһиҥ кимий?

Дириҥник ытыктыыр киһибинэн Александр Михайлович Горчаков буолар. Кини Александр II саҕана тас политиканы дьаһайбыт киһи, Арассыыйа Империятыгар улахан дипломатическай кыайыылары бэлэхтээбитэ. Кини сөптөөх дипломатическай быһаарыылары ылынан, биир да хаан тохтуута суох реформалар оҥоһуллубуттара. Горчаков, мин санаабар, кырдьык, дойдубут дьиҥнээх идэтийбит дипломата этэ. Аныгы кэм бастыҥ дипломаттарынан дойдубут салайааччыта Владимир Владимирович Путин уонна Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дархана Айсен Сергеевич Николаев буолаллар.

Владимир Владимирович салалтатынан модун Арассыыйа аан дойдуга бөдөҥ держава буолла.

— Оскуоланы бүтэрээччилэргэ тугу этиэҥ, сүбэлиэҥ этэй?

Үчүгэй үөрэх баҕа санааны толорорго тирэх буолар. Хаһан даҕаны бэринимэҥ. Туруорбут сыалгытын ситиһэргэ дьулуһуҥ.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Уугун хана утуйан туруу — дьол
Сонуннар | 31.10.2024 | 14:00
Уугун хана утуйан туруу — дьол
Түүн утуйбакка сытар, сарсыарда буоларын кэтиир, аттыгар сытар киһини уһугуннарымаары биир сиргэ хамсаабакка буола сатааһын наһаа эрэйдээх, маны утуйбат дьон билэн эрдэхтэрэ.   Утуйбат буолууттан эрэйдэнэр дьон билигин үгүс. Ситэ утуйбакка туруу туох аанньа буолуой, сарсыныгар ээл-дээл, аат харата сүөдэҥниигин, төбөҥ ыалдьар, аны күнүс утуйан ылыаххын түүн эмиэ утуйуом суоҕа диэн...
Ферум хорсун сырыыларын кэнчээри ыччата умнуо суоҕа
Дьон | 24.10.2024 | 18:00
Ферум хорсун сырыыларын кэнчээри ыччата умнуо суоҕа
2022 сыл алтынньы 19 күнүгэр Ферум Аммосов анал байыаннай дьайыыга эн биһиги туспутугар, дойдутун туһугар сулууспалыы сылдьан олоҕун толук уурбута. Сырҕан бааһы таарыйан, бииргэ төрөөбүт балтын, ону тэҥэ бойобуой доҕорун ахтыыларын чугас дьонугар, ийэтигэр, аймахтарыгар таһаарабыт. Ол ыарахан кэмнэри санаппыппар, бука диэн, алы гыныҥ дуу...   – Саргылаана, бииргэ төрөөбүт хаһыа...
«Таҥаһы кытта кэпсэтэр» Варвара
Дьон | 25.10.2024 | 14:30
«Таҥаһы кытта кэпсэтэр» Варвара
Бүгүн мин ааҕааччыларбар билиһиннэриэм этэ Саха сирин уус-уран ойууга-дьүһүҥҥэ мусуойун научнай-сырдатар үлэҕэ методиһа, СӨ култууратын туйгуна Заровняева Варвара Ильинична-Күндүүлэни.   —  Варвара, иис абылаҥар ылларыыҥ, иннэни, сабы хас сааскыттан туппутуҥ туһунан кэпсиэҥ дуо? — Оҕо сааспыттан иис-уус эйгэтигэр улааппытым. Ийэм, Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуотун маастара Заровняева Варвара Гаврильевна өттүнэн эбээм, Бүлүү Баппаҕаайытыттан...
НВК Саха бырагыраамата алтынньы 21-27 күннэригэр
Сонуннар | 20.10.2024 | 10:00
НВК Саха бырагыраамата алтынньы 21-27 күннэригэр
Понедельник, 21 октября 6:00 Сана кун 6+ 9:00 Утро Якутии 6+ 10:00 "Якутия" информационная программа 12+ 10:15 Саха сатаабата суох 6+ 10:45 Откровенно 12+ 11:15 Проавто 12+ 11:45 Репортаж 12+ 12:00 "Якутия" информационная программа 12+ 12:15 Эйгэ 6+ 13:30 "Саха Сирэ-Якутия" информационная программа 12+ 14:00 Тэтим 6+ 15:00 "Тыый!"  6+...