05.09.2021 | 10:00

Үчүгэй үлэһит үрдүктүк сыаналанар

Ааптар: Айталина Софронова
Бөлөххө киир

Саха сиригэр ааспыт сылтан Идэни урутаан бэлэмниир киин тэриллэн үлэлиир. Сүрүн уратыта – профессиональнай үөрэхтээһиҥҥэ, бэлэмнээһиҥҥэ, идэни үрдэтиигэ, ордук ирдэнэр, саҥа уонна кэскиллээх идэлэргэ уонна компетенцияларга тэрийэр уһулуччулаах оператор. Холобур, оскуола оҕолоро бастакы идэни ылыахтарын, оттон улахан дьон квалификацияларын үрдэтиэхтэрин эбэтэр атын идэлэргэ үөрэниэхтэрин сөп. Киин үлэтин уонна сайдыытын туһунан салайааччы Владислав Хабаров кэпсээтэ.

Владислав Гаврильевич, Идэни урутаан бэлэмниир киин тэриллибитэ номнуо биир сыл буолан эрэр. Ааҕааччыларбытыгар үлэҕит туһунан сырдатыаҥ дуо?

⎯ Биһиги өрөспүүбүлүкэҕэ үлэ ырыынагын үөрэтэн, анаалыстаан, өрөспүүбүлүкэ орто үөрэх кыһаларын кытта кылгас болдьохтоох үөрэх бырагыраамаларын тэрийэн, өрөспүүбүлүкэҕэ наадалаах каадырдары бэлэмниир сүрүн соруктаахпыт. Ону таһынан, олохтоох дьон идэтин сөпкө таларыгар көмөлөһөр аналлаах тэрилтэ буолабыт.

Идэни урутаан бэлэмниир кииннэр Арассыыйа Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин көҕүлээбит “Үөрэҕирии” национальнай бырайыагын, “Эдэр профессионаллар” регионнааҕы бырайыагын иитинэн тэриллэллэр. Билигин дойду үрдүнэн 28 урутаан бэлэмниир киин тэриллэн ситиһиилээхтик  үлэлиир.

Өрөспүүбүлүкэ орто үөрэҕин систиэмэтигэр биһиги саҥалыы көрүүнү киллэрэбит. Орто үөрэх кыһаларын кытта материальный баазабытын, методическай күүспүтүн холбоон, өрөспүүбүлүкэ экономикатыгар туһалаах уонна наадалаах каадырдары бэлэмниэхтээхпит. Бүгүҥҥү күҥҥэ уопсайа 50-тэн тахса кылгас кууруһу тэрийдибит. Түгэнинэн туһанан этэр буоллахпына, биһиги билигин орто үөрэх колледжтарын кытта үөрэх бырагыраамаларын оҥорон, истээччилэри хомуйа сылдьабыт. Ол курдук, оскуола үөрэнээччилэригэр: 10-11 кылаастарга суоппар быраабыгар, баттаҕы кырыйыы, оҥоруу идэлэригэр уһуйабыт уонна инникитин туох үлэһит буолалларыгар  анаан “Цифровой куратор” диэн куурустаахпыт. Үөрэх үлэһиттэригэр эмиэ хас даҕаны хайысханан куурус тэрийэбит. Холобура, дистанционнай үөрэххэ туһаныллар платформалары кытта билсии, цифровой үөрэхтээһин диэн тугун,  учуутал саҥа компетенциялары баһылыырыгар тиийэ.

Үлэбит сүрүннээн 3 хайысханан ыытыллар:

⎯ Бастакытынан, үлэ ырыынагын ырытан, кэтээн көрүү. Бэйэбит дойдубутугар инникитин ханнык идэлэр уһулуччу суолталаах буолалларын ырытан, чинчийэн билиэхтээхпит.

Иккиһинэн, кылгас болдьохтоох үөрэх бырагыраамаларын тэрийии. Үөрэҕирии систиэмэтигэр араас куурустары, таһымы үрдэтэр бырагыраамалары оҥорон олоххо киллэрэбит. Манна этэн аһардахха, аҕам саастаах дьоммутун эмиэ саҥа идэлэргэ үөрэтэбит.

Үсүһүнэн, алтыс кылаас үөрэнээччилэриттэн саҕалаан, биэнсийэҕэ тахсыан иннинээҕи саастаах дьоҥҥо тиийэ профориентационнай үлэ хаамыытын тэрийэн ыытабыт.

Айдааннаах ыарыы өрө турбут кэмигэр эһиги кииҥҥит элбэх киһини үөрэтэн таһаарда быһыылаах, ол туһунан кэпсии түс эрэ.

⎯ Пандемия саҕаланыытыгар, тутууга, суол хаһаайыстыбатыгар, медицина эйгэлэригэр туһааннаах үлэһиттэр тиийбэт буолбуттарыгар, биһиги кииммит үөрэх бырагыраамаларын бэлэмнээн, орто үөрэх кыһаларыгар кылгас болдьохтоох үөрэхтэри тэрийбитэ. Ол түмүгэр 4000-тан тахса киһини үөрэтэн таһаардыбыт.

Урукку сылларга дьон юрист, экономист буола сатыыра. Билигин бу идэлэргэ балаһыанньа хайдаҕый? Мин көрдөхпүнэ, юрист, экономист син биир элбэх... Хартыына оннунан дуо?

⎯ Уруккуну кытта тэҥнээтэххэ, билигин орто үөрэх кыһаларыгар экономист, юрист үөрэхтэрэ баарынан баар, ол эрэн быдан аҕыйах миэстэ көрүллэр. Экономист уонна юрист үөрэҕэ син биир наадалаах, хас биирдии тэрилтэҕэ үп-харчы өттүн дьаһайар, тэрилтэ сайдыытын  былаанныыр экономистар наадалар уонна юридическай боппуруостар үлэ тэтимигэр син биир үөскүүллэр. Ону салайар дьон эмиэ наадалар. Биллэн турар, цифровизация балысхан сайдыыта бары хайысхаҕа утумнаахтык киирэр, араас туһааннаах бырагыраамалар бу исписэлиистэр үлэлэрин чэпчэтэн биэрэллэр. Ол иһин уруккуну кытта тэҥнээтэххэ, ахсаана аҕыйах да буоллар, үчүгэй исписэлиис син биир үрдүктүк сыаналанар. Инникитин даҕаны олох сайдан, тупсан истэҕинэ таһыма түһүө суоҕа.

 

Биһиги кэммитигэр саамай кэскиллээх, инникилээх диэн ханнык идэлэри ааттыыгын?

⎯ Саха сиригэр билиҥҥи кэмҥэ саамай наадалаах идэлэргэ АйТи хайысхалар буолаллар. Билигин биһиги өрөспүүбүлүкэбитигэр инновация күүскэ сайдан турар кэмэ. Веб-разработка, программистар, графическай дизайнердар олус наадалар. Бу идэлэргэ орто үөрэх кыһалара үөрэтэллэр: П.И. Дудкин аатынан Дьокуускайдааҕы сибээс уонна энергетика колледжа, Покровскайдааҕы колледж, Дьокуускайдааҕы технология уонна дизайн колледжа, ХИФУ инфраструктурнай технологиятын колледжа уонна да атын хайысхалаах колледжтар эмиэ үөрэх бырагырааматын таһаара тураллар.

Маны таһынан, промышленность идэлэрэ син биир кэскиллээхтэр. Эбэн эттэххэ, биһиги дойдубут сиртэн хостонор баайдаах, үлэ ырыынагын да көрдөххө, туһааннаах үлэһиттэр тиийбэттэрэ баар суол.

 

Сыллата АйТи салаатыгар элбэх үбү көрөллөр, сайдыы тэтимин сиппэт курдук буоллубут. Бу дьон бары чахчы үлэнэн хааччыллаллар дуо?

⎯ АйТи –иннэ-кэннэ биллибэт киэҥ байҕал. Орто үөрэҕи этэр буоллахха, үксүлэрэ үлэ булаллар. Саастаах дьон саҥа идэ дьонун бырагыраама эрэ оҥорор исписэлиис курдук көрөллөр, оннук буолбатах. АйТи сатабыллара ханнык баҕарар тэрилтэҕэ туһаныллар. Балыыһа да буоллун, дьаһалта да буоллун, оҕо уһуйаана, маҕаһыыннар уо.д.а атын тустаах тэрилтэлэргэ наадалаах. Өрөспүүбүлүкэҕэ АйТи салаатын баһылаабыт оҕолорбут бэйэлэрэ хампаанньа тэринэн үлэлии олороллор уонна саҥа бүтэрбит бэйэлэрин саастыылаахтарын үлэнэн хааччыйаллар.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Биэнсийэлээхтэргэ туох көмө баарый?
Сонуннар | 09.11.2024 | 10:00
Биэнсийэлээхтэргэ туох көмө баарый?
Быйылгыттан 100 сааһын туолбут ытык кырдьаҕастарга 1 мөл. солк. харчы төлөнөр буолбута. Биэнсийэлээхтэргэ өрөспүүбүлүкэ уонна дойду таһымнаах өссө ханнык өйөбүллэр баалларый?   Үлэ бэтэрээннэригэр Үлэ бэтэрээннэригэр, 55 саастарын туолбут эр дьоҥҥо уонна 50 саастарын туолбут дьахталларга, социальнай өйөбүл тугу үлэлээбиттэриттэн тутулуга суох көрүллүөхтээх.   Биэнсийэҕэ эбии 1226 солк. төлөнөр, сайабылыанньаҕытын МФЦ-га эбэтэр...
Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Дьон | 21.11.2024 | 12:00
Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Суруналыыс кэпсэтэр киһитин кытта кини олоҕун, үөрүүтүн, үлэтин-хамнаһын, кыһалҕатын тэҥинэн үллэстэр. Оннук эрэ сүрэҕэр чугастык ылынан суруйдаҕына, ааҕааччыга тиийэр ыстатыйа тахсар. Мин Александрдыын кэпсэтэрбэр, чэчэгэйим кэйиэлээн, төбөм ыараан да ылбыта, сотору атаҕын быстарын кэпсиир, ону хайдах эрэ тулуйан истибит киһи дии олорбутум. Хараҕым уута да сүүрэрэ, күөмэйбин туох эрэ кэлэн...
Тулагыга «Икки булчут» скульптура баар буолла
Сонуннар | 12.11.2024 | 17:14
Тулагыга «Икки булчут» скульптура баар буолла
Баай Байанай ыйыгар түбэһиннэрэн, сэтинньи 9 күнүгэр Тулагы Киллэм нэһилиэгэр «Икки булчут» пааматынньык үөрүүлээх арыллыытын Тулагы оскуолатын үөрэнээччилэрэ киинэҕэ устаннар, сурукка тиһэннэр, нэһилиэк биир бэлиэ түгэнин үйэтиттилэр. Муниципальнай хантараак чэрчитинэн боруонсаттан кутуллубут скульптурнай композиция ааптарынан Арассыыйа худуоһунньуктарын сойууһун чилиэнэ Роман Викторович Босов буолар. Композицияҕа уончалаах уолчаан убайын таҥаһын кэтэн, бобуччу...
Кэлэр нэдиэлэттэн, сэтинньи 18 күнүттэн, куорат оптуобустара саҥардыллыбыт схеманан айанныахтара
Сонуннар | 14.11.2024 | 14:28
Кэлэр нэдиэлэттэн, сэтинньи 18 күнүттэн, куорат оптуобустара саҥардыллыбыт схеманан айанныахтара
Сэтинньи 18 күнүттэн куорат уопсастыбаннай тырааныспарын ситимин уларытыы бырайыагын маҥнайгы түһүмэҕин быһыытынан бастакынан 2, 4, 5, 6, 7, 14, 16, 19, 35 №№-дээх оптуобустар саҥардыллыбыт схеманан айаннаан саҕалыахтара. Быйылгыттан маны кытта икки урут суох, саҥа маршрут киирдэ – 11 №-дээх уонна 12 №-дээх. Санатар буоллахха, 11 №-дээх маршрут алтынньы 14...