Быйыл ураты ыһыах буолар!
Халадаай, хаһыаччык кэтэбит, сиэдэрэйдик симэнэбит уонна Үс Хатыҥҥа хайаан да киирэбит. “Туймаада ыһыаҕын” күүтэбит, билиҥҥэттэн бэлэмнэнэ сылдьабыт. Тыый, тоҕо эрдэтэй? Суох, доҕоттор, күөххэ үктэнэрбит биир эрэ ый хаалла. Биирдэ өйдөөбүппүт, ыһыах түһүлгэтигэр олорор буолуохпут.
Соторутааҕыта ыытыллыбыт “Ыһыаҕым саргылаах таҥаһа, кэскиллээх киэргэлэ” быыстапка-дьаарбаҥкаҕа дьон-сэргэ тоҕуоруһа мустубутуттан көрдөххө, бары да ыһыахпытын суохтаабыппыт.
Үгэс буолбут тэрээһини СӨ Атыыга-эргиэҥҥэ промышленнай палаатата иилээн-саҕалаан, үүннээн-тэһииннээн ыытта.
СӨ Бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Ольга Балабкина Саха АССР 100 сылын көрсө тэриллибит быыстапка-дьаарбаҥка билиҥҥи уустук кэмҥэ ордук суолталааҕын, норуоту түмэрин, сомоҕолуурун бэлиэтээтэ.
Бу күн “Кружало” атыы-эргиэн эрээттэригэр ырыа-тойук дьиэрэйдэ, хомус тыаһа дьүрүһүйдэ. Сүргэбит көтөҕүлүннэ, чахчы даҕаны, саамал кымыс сыттаах сайыммытын санаатыбыт. СӨ үтүөлээх артыыһа Саина ылбаҕай ырыатын-тойугун көрөөччү ытыс дохсун тыаһынан көрүстэ. Ансаамбыллар кэрэхсэбиллээх нүөмэрдэрэ тэрээһини өссө киэргэтэн истэ.
Быыстапка-дьаарбаҥка тутаах чааһынан сахалыы таҥас коллекцияларын көрдөрүү буолла. Бииртэн биир талба талааннаах маастар үлэтэ тахсан истэ.
“Сөргүтүү” айар холбоһук уран тарбахтаахтара Хаҥалас улууһуттан ох курдук оҥостон, бэлэмнэнэн кэлбиттэр. Кинилэр XVII-XVIII үйэлэргэ өбүгэлэрбит кэппит таҥастарынан сыанаҕа тахсыбыттара киэҥ сэҥээриини ылла.
Азияна Филипповна Харлампьева, “Сөргүтүү” айар холбоһук салайааччыта:
– Нууччалар кэлиэхтэриттэн, дьаһаах хомуллар буолуоҕуттан, түүлээхтэрэ аҕыйаан, өбүгэлэрбит таҥаһы-сабы ынах, сылгы тириититтэн тиктэр буолбуттар. Ол кэнниттэн таҥаска култуурабыт икки бөлөххө арахсыбыт: XVIII үйэ ортотугар диэри бэйэбит илдьэ кэлбит таҥаспыт уонна нууччалар, казахтар, татаардар, дьаамсыктар таҥастарын сабыдыала. Саха киһитэ барытын сомсон ылбатаҕа, бэйэтин олоҕор-дьаһаҕар, итэҕэлигэр сөп түбэһиннэрэн, тупсаран эрэ биэрбитэ.
Тэрээһин тутаах чааһыгар 100 дьахтар сахалыы таҥастарын сайбаппытынан, киэргэллэрин, симэхтэрин сиэдэрэйдик кэппитинэн сыанаҕа тахсыбыттара ураты көстүү буолла.
Бу күн сахалыы таҥас эгэлгэтэ, оһуора-мандара, ойуута-бичигэ мустубут дьону кэрэхсэттэ. Норуот уран тарбахтаахтарын үлэлэрин сөҕө-махтайа, харахпытынан хайгыы көрдүбүт. Ыһыахха сылдьыбыт саҕа сананан тарҕастыбыт.
Быйылгы “Туймаада ыһыаҕа” бэс ыйын 25-26 күннэригэр ыытыллыаҕа. Баһылык Евгений Григорьев кэтэһиилээх бырааһынньыкпыт Саха АССР төрүттэммитэ 100, Дьокуускай куорат 390 сылларыгар ананар ураты суолталааҕын бэлиэтээн эппитэ. Маны сэргэ, быйыл Үс Хатыҥ ытык сиригэр-уотугар ыһыах ыһыллыбыта 25 сылын бэлиэтиибит. Онон хаһааҥҥытааҕар даҕаны киэҥ далааһыннаах, үс бүк үөрүүлээх, өрө көтөҕүллүүлээх тэрээһин буолара күүтүллэр.
Мииринэй куорат олохтооҕо, Хаҥалас 1-кы Дьөппөнүттэн төрүттээх Валентина Гаврильевна Попова “Өбүгэ үгэһин утумнаан” бырайыактарын кэпсээтэ. Ол курдук, түөрт бииргэ төрөөбүттэр Галина, Елена, Валентина уонна Лидия эбэлэрэ Елена Михайловна Скрябина ааспыт үйэ 20-30-с сылларыгар тигиллибит сахалыы таҥастарын сөргүппүттэр. Улахан эдьиийдэрэ Галина Гаврильевна бэлэмнээбит ньэмиэтинэн бэйэлэрэ талбыт өҥнөрүнэн тиктибиттэр, ол эрээри быһыытын-таһаатын уруккутунан хааллара сатаабыттар. Дьоҥҥо-сэргэҕэ тупсаҕай таҥастарын көрдөрдүлэр, кыргыттара эмиэ кыттыстылар. Ону сэргэ, ийэлэрэ, сэрии кыттыылааҕын огдообото, тыыл бэтэрээнэ, элбэх оҕолоох Пелагея Софроновна Ефимова халадаайын уонна хаһыаччыгын аҕалан көрдөрдүлэр.