Быйыл 21 км усталаах суол өрөмүөннэниэҕэ
2020 сыллаахха өрөспүүбүлүкэ Дьокуускай куоракка тырааныспар интеллектуальнай систиэмэтин (ИТС) бырайыагын киллэриигэ федеральнай куонкуруска кыайбыта. Ити хайысханан үлэ 2019 сылтан ыытыллар. Бырайыак олоххо киириитигэр федеральнай бүддьүөттэн 240 мөлүйүөн солкуобай тыырыллыбыта. Өрөспүүбүлүкэ Инновацияҕа, цифровой сайдыыга уонна инфокоммуникационнай технологияларга миниистирэ Анатолий Семёнов бэлиэтээбитинэн, тырааныспар интеллектуальнай систиэмэтин бырайыагын олоххо киллэрии суолга куттал суох буолуутун үрдэтиэҕэ, тырааныспар муҥутаан тоҕуоруһар «час пик» кэмигэр Дьокуускай сүрүн уулуссаларынан айан бириэмэтин 25-30%, оттон куорат уопсай агломерациятыгар 10-15%, светофордарга тохтобулу 15-20% кылгатыаҕа, айанныыр дьоҥҥо тиэрдиллэр информация уонна суол хаачыстыбатын таһыма биллэрдик үрдүөҕэ. «Россия 24» телевизионнай ханаал «Куораты кытта быһа эпиир» бырагырааматыгар куорат баһылыга Евгений Григорьев тырааныспар интеллектуальнай систиэмэтэ ураты суолталаах бырайыак буоларын бэлиэтээбитэ. «Национальнай бырайыак түмүктэнэрин диэки, 2024 сылга диэри, суолга төһө элбэх массыына баарыттан, халлаан туругуттан көрөн светофор бары эбийиэктэрин салайар систиэмэни ылыахтаахпыт. Информационнай табло оҥоһуллуоҕа, ол хомунаалынай тиэхиньикэ үлэтин онлайн-эрэсииминэн көрдөрүөҕэ. Итини таһынан, «Ситуационнай» киини тэрийэн, куорат олохтоохторо эмиэ онлайн-эрэсииминэн Дьокуускай уулуссаларыгар туох үлэ ыытылларын көрөр кыахтаныахтара», — диэн эппитэ баһылык.
Ааспыт ый бүтэһигэр өрөспүүбүлүкэ парламенын Хонтуруоллуур кэмитиэтин салайааччыта Андрей Николаев бэрэссэдээтэллээх мунньах суол тутуутун уонна өрөмүөнүн национальнай бырайыагын дьүүллэспитэ. Мунньахха өрөспүүбүлүкэ норуодунай дьокутаата, «СӨ Массыына суолларын управлениета» СХТ генеральнай дириэктэрэ Семен Филиппов, экономика миниистирин бастакы солбуйааччы Мария Аргунова, үп миниистирин солбуйааччы Анна Алексеева, Арассыыйа ИДьМ Саха сиринээҕи ГИБДД управлениетын начаалынньыга, полиция полковнига Александр Архипов, «РИК Автодор» АУо генеральнай дириэктэрэ Ариан Сидоров, «Федеральнай суол агентствотын «Бүлүү» федеральнай суолталаах массыына суолун управлениета» ФХТ начаалынньыгын солбуйааччы Марианна Никифорова, Саха Өрөспүүбүлүкэтин Суоттуур палаататын бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Елена Рейнбуш, куорат баһылыгын территориялар сайдыыларыгар солбуйааччы Антон Алексеенко, «Главстрой» МХТ дириэктэрэ Алексей Варламов кыттыбыттара.
Дьокутааттар, Хонтуруоллуур кэмитиэт чилиэннэрэ, Ил Түмэн сис хамыыһыйаларын бэрэссэдээтэллэрэ «Куттала суох уонна хаачыстыбалаах суоллар» национальнай бырайыак олоххо киириитин, Саха сиригэр 2023 сылга суоллары тутуу туһунан информацияны уонна былааннары дьүүллэспиттэрэ.
«Аныгылыы табыгастаах уонна эрэллээх тырааныспар инфраструктуратын оҥоруу — судаарыстыба үлэтин биир ураты хайысхата. «Куттала суох уонна хаачыстыбалаах суоллар» национальнай бырайыак 2019 сылтан 2030 сылга диэри ыытыллар. Бырайыак чэрчитинэн суоллары нуормаҕа эппиэттиир турукка киллэриини таһынан, тырааныспар инфраструктуратын оҥорууга кэлим миэрэлэр киирэллэр, түмүгэр суолга куттал суох буолуута үрдүөхтээх», – диэн бэлиэтээн турар Хонтуруоллуур кэмитиэт бэрэссэдээтэлэ Андрей Николаев.
«Куттала суох уонна хаачыстыбалаах суоллар» национальнай бырайыак олоххо киириитин туһунан 16 норуодунай дьокутаат дьүүллэспитэ: Хонтуруоллуур кэмитиэт чилиэннэрэ, парламент сис хамыыһыйаларын бэрэссэдээтэллэрэ.
Бырайыак олоххо киириитин уонна 2023 сыллааҕы былаан туһунан Саха Өрөспүүбүлүкэтин Тырааныспарга уонна суол хаһаайыстыбатыгар миниистирэ Владимир Сивцев билиһиннэрбитэ. 2019-2021 сылларга 556 км өрөспүүбүлүкэ таһымнаах суол уонна 98 км Дьокуускай куорат суоллара нуормаҕа эппиэттиир турукка киллэрилиннилэр. 2022 сыл бүтүөр диэри өрөспүүбүлүкэҕэ суол тутуута уонна үлэҕэ киириитэ салҕаммыта. РФ Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин сорудаҕынан 2030 сылга диэри 25 тыһыынчаттан аҕыйаҕа суох нэһилиэнньэлээх куораттарга 80%-тан итэҕэһэ суох суол нуормаҕа хоруйдуур турукка киллэриллиэхтээх. Биэс сыллаах былаан чэрчитинэн суол тэтимнээхтик Нерюнгри, Алдан, Мииринэй уонна Ленскэй куораттарга оҥоһуллуоҕа.
«274 км массыына суолун, итинтэн 238 км – 34 эбийиэккэ регионнааҕы суол уонна 33 эбийиэккэ 36 км усталаах Дьокуускай куорат уулусса-суол ситимэ үлэҕэ киирэллэрэ былааннанар. Бүгүҥҥү күҥҥэ Дьокуускайга тутар-таҥар үлэ барыта бүттэ», – диэн иһитиннэрбитэ тырааныспар миниистирэ Владимир Сивцев. Кини 2022 сылга 150 мөлүйүөн солкуобай суумалаах дефицит үөскээбитин, ол эрэн бүддьүөт үбүлээһинин сыҕарытыы суотугар ити боппуруос сотору кэминэн быһаарыллыахтааҕын эппитэ.
Саха сирин Тырааныспарга уонна суол хаһаайыстыбатыгар министиэристибэтин чахчытынан, 2022 сыл ахсынньы ыйынааҕы туругунан суол «таҥаһын» ууруу 230 км тэҥнэстэ эбэтэр былаан 97 % туолбут. «Суол ситимэ» регионнааҕы бырайыагынан уопсайа 4 289 мөлүйүөн солкуобай көрүллүбүт, итинтэн 3 213,1 мөлүйүөн солкуобай – федеральнай, 1 076,0 мөлүйүөн солкуобай – СӨ Суол пуондатын үбүлээһинэ.
Итини сэргэ миниистир норуот дьокутааттара нэһилиэнньэ туруорсар кыһалҕаларынан ыйытыыларыгар хоруйдаата.
Тохсунньу 11 күнүгэр Тырааныспар уонна суол хаһаайыстыбатын миниистирэ Владимир Михайлович Сивцев СӨ Баһылыгын уонна Бырабыыталыстыбатын SakhaGov официальнай сирэйигэр уонна «ВКонтакте» уонна «Одноклассники» социальнай ситимнэргэ быһа эпииргэ тахсан, «Куттала суох уонна хаачыстыбалаах суоллар» национальнай бырайыак олоххо киириитин уонна 2022 сыллааҕы былаан туолуутун, өрөспүүбүлүкэ Ил Дархана биллэрбит Үлэ сылыгар туруоруллубут сыал-сорук туһунан кэпсээтэ, министиэристибэ үлэтин сырдатта, нэһилиэнньэни долгутар ыйытыыларга хоруйдаата. Ол курдук, быйыл «Куттала суох уонна хаачыстыбалаах суоллар» национальнай бырайыак чэрчитинэн Дьокуускайга суол өрөмүөнэ салҕанара, өрөспүүбүлүкэ киин куоратыгар 21 км итэҕэһэ суох уһуннаах суол өрөмүөннэнэрэ этилиннэ.
«Кэнники сылларга Дьокуускайга рекорднай элбэх уулусса өрөмүөннэннэ. Былырыын 36 км тахса суол оҥоһулунна. Быйылгы сылга киин куоракка 21 км итэҕэһэ суох уһуннаах суолу өрөмүөннүүр былааннаахпыт», – диэтэ Владимир Сивцев.
2022 сыл түмүгүн таһаарыыга куорат баһылыга Евгений Григорьев 2023 сылга 36 км усталаах суол оҥоһулларын иһитиннэрбитэ. Быйыл Дьокуускай уулусса-суол ситимин 31 эбийиэгэр өрөмүөн ыытыллара былааннанна, итиннэ Бабушкин, Винокуров уулуссалара уонна Вилюйскай переулок киирэллэр. Санатар буоллахха, 2022 сылга киин куорат уулусса-суол ситимин 33 эбийиэгэр 36,2 км суол тутулунна уонна өрөмүөннэннэ.
2023 сылга Дьокуускайга Ленин проспегын хапытаалынай өрөмүөнүн иккис түһүмэҕэ саҕаланыаҕа, итиннэ Дзержинскэй уул. Хабаров уулуссатыгар диэри уонна Краснояров уулуссатыттан Кулаковскай уулуссатыгар диэри учаастактар киирэллэр. Бырайыакка гранит уонна вибропрессованнай билиитэлэр, бэлисипиэт суолларын оҥоруу, таһынааҕы сырдатыыны таһаарыы уонна тирээбиллэрин туруоруу, ууну ыытар лотуоктары оҥоруу киирэр. Ленин проспегын устунан ыйанан турар сырдатыы бары ситимнэрэ хаабыл канализациятыгар кистэнэллэр. Хапытаалынай өрөмүөҥҥэ суол бэлиэлэрин, светофор эбийиэктэрин туруоруу, 15 м дириҥнээх сиргэ сытар канализация коллекторын өрөмүөнэ, итиэннэ көҕөрдүү үлэтэ киирэр. Ил Дархан Айсен Николаев иһитиннэрбитинэн, киин куорат сүрүн уулуссатыгар үлэ 2023 сыл сэтинньи ыйыгар түмүктэниэҕэ.
«Дьокуускай бары эбийиэктэригэр хантараактар түһэрсилиннилэр, итинтэн саамай сүрүн суолталаахтара: Ленин проспегын хапытаалынай өрөмүөнүн салҕааһын, Поярков уулуссатын өрөмүөнэ, Бабушкин уулуссатын Очиченко уул. Сэбиэскэй Аармыйа 50 сыла уулуссаҕа диэри учаастагар хапытаалынай өрөмүөнү түмүктээһин, Можайскай уулуссатын саҥардан оҥорууну саҕалааһын», – диэн иһитиннэрдэ Тырааныспар уонна суол хаһаайыстыбатын миниистирэ Владимир Сивцев.
«Умнас» массыына суолун Покровскай трагар баар ГАИ пуоһуттан Владимировка сэлиэнньэтигэр диэри учаастагар саҥардыы ыытылла турар. Оҥоһуллар учаастак уһуна – 8,2 км. Суол сүрүн үлэтэ 2023 уонна 2024 сылларга икки түһүмэҕинэн ыытыллыаҕа. Үлэ түмүктэннэҕинэ, аспаал-бетон бүрүөһүннээх массыына суола түөрт балаһалаах, тыастан көмүскүүр экраннаах, тротуардаах, оптуобус тохтобуллаах, светофордаах уонна таһынааҕы сырдатыылаах буолуоҕа.
Итиэннэ 3,5 км уһуннаах «Нам» массыына суолун «Марха» стелатыттан объездной суолга, паромунан туоруур сиргэ эргийиэххэ диэри учаастагар саҥардан оҥоруу үлэтэ салҕанар. Бу суол иккис категориялаах, түөрт балаһалаах буолуоҕа.