24.06.2023 | 12:00

Быыһыахха сөп... Өйө-санаата сатарыйа илигинэ...

Быыһыахха сөп... Өйө-санаата сатарыйа илигинэ...
Ааптар: Айыына КСЕНОФОНТОВА
Бөлөххө киир

Бэс ыйын 26 күнэ –  Наркоманияны утары охсуһуу күнэ. Бу икки атахтаах олоҕун атыйахтыы аймаабыт сытыы кыһалҕа биһигини, кый ыраах сытар Саха сирин дьонун, тумнубут курдуга... Ол эрээри туһааннаах дьон дьиҥ чахчы хартыынаны күн аайы илэ харахтарынан көрө олороллор. Эрдэ быһа түһэн эттэххэ, кинилэр кэпсээннэрэ кими да үөрдүбэт... 
Бүгүҥҥү нүөмэрбитигэр Өрөспүүбүлүкэтээҕи наркология диспансерын үлэһиттэрэ киһи тоҕо бу суолга үктэнэрин, кими түргэнник быыһыахха сөбүн сэһэргээтилэр, туһалаах сүбэлэри биэрдилэр, бэйэлэрин уопуттарын үллэһиннилэр, дьиҥ олохтон холобурдары аҕаллылар.   

Тас эйгэ дьайыыта күүстээх

Светлана Сергеевна Шемякина, Өрөспүү-бүлүкэтээҕи наркология диспансерын нарколог бырааһа:

– Наркотическай бэссэстибэлэргэ ылларыы – билиҥҥи кэм сытыы кыһалҕата. Аныгы наркотик чэпчэкитик көстөр, эбиитин олус түргэнник дьайар буолан, киһи ордук дөбөҥнүк убанар, быһыыта-майгыта сатарыйар. Ол иһин доруобуйаҕа улахан охсуулаах, содула ыарахан. Наркотическай бэссэстибэҕэ улаханнык ылларбыт киһи өй-санаа өттүнэн уларыйар, буомурар, кэхтэр. Сиэри таһынан убаммыт киһи ис туруга ыһыллар, быһыыта-майгыта сатарыйар.

Киһи тоҕо маннык олоххо тиийэрий, бу ыарыыга ылларарый? Биричиинэтэ элбэх. Ону үс сүрүн бөлөххө араарыахха сөп: 1) социальнай; 2) биологическай; 3) дьиэ кэргэн.

Эдэр ыччат, улаатан эрэр эрдэҕэс оҕолор бу ыарыыга ылларалларын сүрүн төрүөттэрин ааттаатахха маннык: иирсээн, өйдөспөт буолуу, чугас дьонун болҕомтото тиийбэт, бэйэни намыһахтык сыаналаныы, тус олоххо табыллыбакка, бэйэҕэ эрэли сүтэрии, сороҕор тугу да гынара, дьарыга суох буолан, “чуҥкуйууттан”, олох ыарахаттарын умна, онтон куота сатаан эбэтэр “астыныы-дуоһуйуу” ылаары о.д.а. Итиннэ генетическэй ситим эбиллэр – аҕата, ийэтэ (аймахтара) арыгылыыр, наркотическай бэссэстибэҕэ ылларбыт буолуохтарын сөп. Төрөппүт оҕотун сиэри таһынан хонтуруоллуура,  саба баттыыра куһаҕан дьаллыкка ылларарыгар төрүөт буолуон сөп. Маны сэргэ, оҕо билэр-көрөр, амсайар баҕата баһыйан эбэтэр чугас дьонун батыһан эмиэ ити суолга үктэниэн син.

Аны туран, дьиэ кэргэҥҥэ өйдөспөт буолуу, иирсээн, ыал олоҕун огдолуйуута, чугас дьон икки ардыларыгар ыкса сыһыан суоҕа эмиэ ыарыы төрдө, төрүөтэ буолуон сөп. Удьуордааһын диэн баар, ол эрээри тас эйгэ дьайыыта олус күүстээх диэн этиэхпин баҕарабын.

– Төрөппүттэргэ тугу сүбэлиигин?

– Улаатан эрэр эрдэҕэс оҕолор ордук улахан болҕомтоҕо наадыйаллар. Бу кэмҥэ дьиэ кэргэҥҥэ өйдөһүү, өйөһүү, иллээх-эйэлээх сыһыан баар буолуохтаах. Төрөппүттэр оҕо интэриэһин билэ-көрө сылдьыахтаахтар, элбэхтик кэпсэтэ, алтыһа сатыахтаахтар.

Ыччакка, улаатан эрэр обургу оҕолорго улахан болҕомто ууруллуохтаах, эрдэттэн сэрэтэр (профилактическай) үлэ ыытыллыахтаах. Оҕоҕо наркотическай бэссэстибэ туохха тиэрдэрин, дьиҥ олохтон холобурдары кэпсэниллиэхтээх. Кыра сааһыттан стресскэ бэриммэт, ис туруга тулхадыйбат туруктаах улаатарын ситиһиллиэхтээх. Итиэннэ быһыытын-майгытын, эйгэтин көрө-истэ сылдьыллыахтаах.

Уодаһыннаах ыарыыга ылларбыт киһи бу туруктан бэйэтэ тахсара ыарахан. Ол иһин чугас дьон өйөбүлэ, болҕомтото хайаан да наада. Оҕо эмискэ уларыйбытын өйдөөн көрдөххүтүнэ, уталыппакка психиатрга, наркологка көрдөрөргө тиэтэйиҥ. Идэтийбит исписэлиистэр көнө суолга үктэнэригэр көмөлөһүөхтэрэ, эмтиэхтэрэ, чөлүгэр түһэрэр үлэни ыытыахтара.

Улахан дьону кытта үлэлиир ордук ыарахан. “Миигин үөрэтимэ”, “улахан киһибин”, “бэйэм билэбин” диэн тыллаахтар. Отуттарын ааспыт дьон үксүн көлөппүнэ препараттарыгар убаналлар. Бу суолга тоҕо киирэллэрин чопчу быһаарбаттар. Ол эрээри, аһаҕастык эттэххэ, тугу да гыналлара суоҕуттан маннык суолга үктэнэллэр диэн көрөбүн. Бэйэлэрин кыахтарын ситэ туһамматах, үксүн тус олохторугар табыллыбатах, арахсыбыт дьон буолар. Үчүгэй үлэни булуҥ, спордунан дьарыктаныҥ диэн сүбэлиибин.

Синтетическэй наркотическай бэссэстибэҕэ ылларбыт дьону эмтиир өссө ыарахан. Тоҕо диэтэххэ өй-санаа өттүнэн сатарыйан, буомуран кэлэллэр, тугу гыналларын хонтуруолламматтар. Хомойуох иһин, маннык ыарыһах элбэх.

Сорохтор наркологка, психиатрга көрдөрүнэ тиийдэхпинэ, учуокка туруоруохтара диэн куттаналлар. Онуоха ааккын-суолгун эппэккэ (анонимнай) эмтэнии өҥөтө диэн баар. Диспансернай кэтээн көрүү кэмигэр ыарыһах психолог, психотерапевт, психиатр-нарколог көмөтүнэн туһанар. Исписэлиистэр уйулҕатын көннөрөргө, эминэн-томунан (медикаментознай) доруобуйатын чөлүгэр түһэрэргэ үлэлииллэр.

– Светлана Сергеевна, дьиҥ олохтон аҕыйах холобуру кэпсиэҥ дуо?

– Миэхэ биир кыыс уонна эдэр киһи үһүс ыйын эмтэнэ сылдьаллар. Кыыс – анонимнай, эдэр киһи учуокка турар.

Кыыс 20 саастаах, синтетическэй наркотическай бэссэстибэҕэ ылларбыт. Ийэтэ олус өйүүр, кыһанар. Аатын эппэккэ приемҥа сылдьар. Бастаан үлэлииргэ уустук этэ, билигин да толору арылла илик. Тоҕо маннык суолга үктэммитин бэйэтэ да билбэт. Мин көрдөхпүнэ, эт саастыылаахтарын кытта биир тылы булара ыарахан. Аҕата суох улааппыт буолан, бэйэтиттэн саастаах эр киһи болҕомтотугар наадыйар.

Дьиҥэр, эмтэнии син бэркэ баран иһэр. Элбэхтик кэпсэтэбит. Тулуйумаары гыннаҕына, суһаллык көрсөбүт. Психолог эмиэ үлэлэһэр. Билсэр дьонун, урукку “доҕотторун” кытта бодоруспат буола сатыыр, төлөпүөнүн нүөмэрин уларыппыта, кинилэр киэннэрин сотторбута. Ол үрдүнэн сибээстэһэ сатааччылар син биир көстө тураллар. Бэйэтэ этэринэн, “төннүөн” баҕараллар.

Эдэр киһи 22 саастаах. Бастаан кыратык үлэттэн “сынньаныан” баҕаран боруобалаабыт, онтон улам ылларбыт, утуйбат да буолбут. Ыарахан туруктаах стационарга киирбитэ. Эмтэнии кууруһун ааһан баран, миэхэ үһүс ыйын сылдьар. Учуокка турбута, салгыы эмтэнэр. Үлэ булуммута, кыбартыыра куортамнаан олорор. Дьиҥэр, үлэбит үтүө түмүктээх буолуо этэ да, дьиэ кэргэнигэр балаһыанньата уустук. Төрөппүттэрэ өйөөбөттөрө кэккэ ыарахаттары үөскэтэр. Туспа барбытын сөбүлээбэтэхтэр: “Биһигинэ суох сатаан олоруоҥ суоҕа”, – дииллэр үһү. Ол аайы уол тулуйарыттан ааһаары ыксыыр. Көрсөн кэпсэтэбит, санаатын сааһылаан биэрэбин, үтүөрэрин туһугар кыра хардыылары оҥоробут.

Бу эдэр оҕолор толору үтүөрүөхтэрэ, көнөр суолга үктэниэхтэрэ диэн эрэнэбин. Уол төрөппүттэрин кытта көрсөн кэпсэтэр былааннаахпын.

Үлэлэрин таптыыр, үлэлэригэр үөрэ-көтө барар дьон оннооҕор сылайар диэни билбэттэр, олох ыарахаттарыгар бэриммэттэр. Сөбүлүүр дьарыктаах, спорду кытта доҕордоһор дьон куһаҕан дьаллыкка ылларбаттар, “атыҥҥа” аралдьыйбаттар. Мин ыарыһахтарга дьарыктаах буолуҥ, айылҕаҕа элбэхтик сылдьыҥ, чугас дьоҥҥутун кытта үгүстүк алтыһыҥ диэн сүбэлиибин.               

Серафима Николаевна Васильева, Өрөспүү-бүлүкэтээҕи наркология диспансерын психиатр-нарколог бырааһа:

– Эрдэ, киһи психоактивнай бэссэстибэҕэ убана, ыллара илигинэ, толору үтүөрэрин ситиһиэххэ сөп. Саҥа саҕалааччы астынар-дуоһуйар чэпчэки суолу көрдүүр, ылларыам дии санаабат. Бу кэмҥэ быраабы араҥаччылыыр уорганнар харахтарын далыгар түбэстэҕинэ, онтон исписэлиистэргэ тиийдэҕинэ, суһаллык профилактическай үлэ ыытыллан (наада буоллаҕына, медикаментознай), эмтэнии үтүө түмүктээх буолуон сөп. Үтүөрэн эрэр киһи огдолуйбут олоҕо сыыйа-баайа көнөн барар, олоҕу көрүүтүн, сыалын-соругун быһаарынар, дьону кытта сыһыана тупсар.

Киһи кытаанах, булгуруйбат санаалаах, бэйэтин сатаан хонтуруолланар, туттунар буоллаҕына, куһаҕан дьаллыктан түргэнник босхолонор кыахтаах. Оттон физиология өттүнэн наадыйар буоллаҕына, наркотизация салҕанар чинчилээх.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Уугун хана утуйан туруу — дьол
Сонуннар | 31.10.2024 | 14:00
Уугун хана утуйан туруу — дьол
Түүн утуйбакка сытар, сарсыарда буоларын кэтиир, аттыгар сытар киһини уһугуннарымаары биир сиргэ хамсаабакка буола сатааһын наһаа эрэйдээх, маны утуйбат дьон билэн эрдэхтэрэ.   Утуйбат буолууттан эрэйдэнэр дьон билигин үгүс. Ситэ утуйбакка туруу туох аанньа буолуой, сарсыныгар ээл-дээл, аат харата сүөдэҥниигин, төбөҥ ыалдьар, аны күнүс утуйан ылыаххын түүн эмиэ утуйуом суоҕа диэн...
Биэнсийэлээхтэргэ туох көмө баарый?
Сонуннар | 09.11.2024 | 10:00
Биэнсийэлээхтэргэ туох көмө баарый?
Быйылгыттан 100 сааһын туолбут ытык кырдьаҕастарга 1 мөл. солк. харчы төлөнөр буолбута. Биэнсийэлээхтэргэ өрөспүүбүлүкэ уонна дойду таһымнаах өссө ханнык өйөбүллэр баалларый?   Үлэ бэтэрээннэригэр Үлэ бэтэрээннэригэр, 55 саастарын туолбут эр дьоҥҥо уонна 50 саастарын туолбут дьахталларга, социальнай өйөбүл тугу үлэлээбиттэриттэн тутулуга суох көрүллүөхтээх.   Биэнсийэҕэ эбии 1226 солк. төлөнөр, сайабылыанньаҕытын МФЦ-га эбэтэр...
Лена Егорова: «Оҕолорбут тустарыгар бэйэбитин харыстаныахха»
Дьон | 07.11.2024 | 12:00
Лена Егорова: «Оҕолорбут тустарыгар бэйэбитин харыстаныахха»
Оҕото анараа сырыттаҕына, бааһырыы ыллаҕына, хайа ийэ сүрэҕэ долгуйбат, санааҕа ылларбат буолуоҕай. Оттон кини сибээскэ тахсыбатаҕына, олох да утуйар ууларын умналлар, үрдүк айыылартан эрэ көрдөһөн, кинилэргэ эрэ эрэнэн сылдьаахтыыллар.   Анал байыаннай дьайыы саҕаланыаҕыттан элбэх киһи олоҕо тосту уларыйда. Этэргэ дылы “ол иннинэ” уонна “ол кэнниттэн” диэн икки аҥы арахсыбыта. Лена...
Александра Иванова: «Биһигини Өктөөп тыыннаах хаалларбыта...»
Дьон | 07.11.2024 | 10:00
Александра Иванова: «Биһигини Өктөөп тыыннаах хаалларбыта...»
Дьүөгэм, урукку кэллиэгэм: “Биһиэхэ группаҕа  Александра Дмитриевна диэн 85 саастаах үҥкүүлүүр, ыллыыр, фитнескэ сылдьар, куорат бэтэрээннэрин хамсааһыныгар биир да тэрээһини көтүппэт уопсастыбанньык, олоххо олус көхтөөх көрүүлээх ытык кырдьаҕас баар. Билигин эдэр дьону кытта Бухара-Самарканд-Ташкент күүлэйдээн кэллэ”, – диэбитин соһуйа иһиттим.  Итинник эриэккэс киһини кытта хайаатар да көрүстэхпинэ сатанар диэн, бириэмэтин...