01.03.2024 | 10:00

Бытыылка быыһаабат, арыгы абыраабат...

Бытыылка быыһаабат, арыгы абыраабат...
Ааптар: Айыына КСЕНОФОНТОВА
Бөлөххө киир

Аҕыйах хонугунан Аан дойду дьахталларын күнүн бэлиэтиэхпит. Сандал саас маҥнайгы бырааһынньыгын үөрүүнэн эрэ көрсүөхтээхпит эбитэ буолуо да, бу сырыыга тиэмэбит соччо кэрэтэ суох: арыгы уонна дьахтар. Санаан көрдөххө, ити икки тыл кэккэлэһэ туруо, ситимнэһиэ суохтаахтар, ол эрээри дьиҥнээх олоххо атын. Дьахтар аһыы утахха убанара урут да баара, билигин да сытыытык турар кыһалҕа... 

Статистика уоскуппат...

Өрөспүүбүлүкэтээҕи наркология диспансерын бүтэһик чахчылара, омос көрдөххө, үтүө өттүгэр уларыйыылары кэпсииллэр... Ол эрээри дьахтар арыгылааһына биир кэм турарын, ыараханнык эмтэниллэрин көрдөрөллөр, ону исписэлиистэр да бигэргэтэллэр.

 

Кэнники биэс сылга учуокка туруу:

2019с. – 15,5 тыһ. киһи, онтон 3,6 тыһ. – дьахтар

2020с. – 12,1 тыһ. киһи, онтон 3,4 тыһ. – дьахтар

2021с. – 12,5 тыһ. киһи, онтон 3,4 тыһ. – дьахтар

2022с. – 10,4 тыһ. киһи, онтон 3,5 тыһ. – дьахтар

2023с. – 10,5 тыһ. киһи, онтон 3,3 тыһ. – дьахтар. 

Бэлиэтээн эттэххэ, бу статистикаҕа чааһынай клиникалар дааннайдара киирбэтэхтэр, аны туран, “анонимнай арыгыһыттар кулууптара” эмиэ хабыллыбатахтар. Ханна да учуокка турбатах дьахталлар эмиэ күлүккэ хааллахтара. Кинилэр төһө элбэхтэрэ биллибэт... 

 

Итинэн сылыктаатахха, аҕыйах ахсааннаах норуоту соччо уоскуппат хартыына тахсар.

Ол да буоллар киһи үөрэрэ (уоскуйара диирбит дуу?) эмиэ баар:

Саха Өрөспүүбүлүкэтин прокуратуратын дааннайынан, өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн итирик туруктаах сылдьан буруйу оҥоруу лаппа аҕыйаабыт. Холобур, 2019 сылга бу көрдөрүү 4262 тэҥнэспит эбит буоллаҕына, 2023 сылга икки төгүл кэриэтэ аҕыйаабыт – 2835. 

Ол иһигэр дьахталлар буруйу оҥоруулара кыратык да буоллар аҕыйаабыт: 2019 с. – 1359, 2023 – 1193.

 

Аһыммат...

Дьахтар этэ-сиинэ аһыы утаҕы эр киһитээҕэр атыннык ылынар дииллэрэ оруннаах. Анал идэтийбит исписэлиистэр этэллэринэн, кэрэ аҥаар (бүгүҥҥү матырыйаалга бу тыл төлө көтөн тахсара ыарахан соҕус), организма, уйулҕата, эндокриннай уратыта атын буолан, эр киһитээҕэр кыраны да истэҕинэ, этэ-сиинэ түргэнник сүһүрэр, ол иһин куһаҕан дьаллыкка кэбэҕэстик бэринэр.

Биллэн турар, арыгыттан сылтаан доруобуйата айгырыыр, мэйиитэ, нооро, быара о.д.а. эмсэҕэлиир. Майгыта-сигилитэ алдьанар, өйө-санаата сатарыйар.

Арыгы кими да аһыммат: иһэр дьахтар кэрэ дьүһүнэ кэхтэр, түргэнник кырдьар. 

 

Тоҕо? Туохтан?

Дьахтар айылҕаттан уйан, ис туруга кэбирэх, санааҕа-онооҕо түргэнник ылларар. Ити чахчы. Билиҥҥи үйэ кэрэ аҥаардара үлэҕэ оройдорунан умса түһэллэр, дьиэ кэргэни, оҕо иитиитин биир тэҥник тута сатыыллар. Ол эрээри сорохтор ити ноҕоруусканы уйбаттар, тулуйбаттар, үлэҕэ, дьиэҕэ ыктараллар, куруук стресскэ сылдьаллар, устунан депрессияҕа ыллараллар. Куруук ыгылыйыы туругар сылдьар дьон аһыы утахха убаналлара дөбөҥ.

Уйулҕа үөрэхтээхтэрэ этэллэринэн, дьахтар арыгыга ылларыытын төрүөтэ үгүс. Үксүн олох ыарахаттарын тулуйбакка, соҕотохсуйууттан, “мин кимиэхэ да наадата суохпун” диэн санааттан.

“Эр киһи иһэр буоллаҕына, дьиэ аҥаара умайар, дьахтар истэҕинэ – дьиэ бүтүннүү умайар” диэн этии баар. Дьахтары күөх моҕой ытарчалыы ыллаҕына, онтон босхолоноро уустук, ону олоххо баар чахчылар туоһулууллар.

***

Былырыын сайын даача пляһыгар икки оҕолоох эдэр дьахтары күн аайы кэриэтэ көрөрбүт. Уола биэстээх эҥин быһыылаах, кыыһа арыый обургу, тоҕустаах-уоннаах. Ийэлэрэ мэлдьи холуочук (кур дуу?!) буолара, пиибэни тута сылдьан, чэй курдук иһэрэ, бытыылкатын куолайыттан утаппыттыы хантатара...

Биирдэ тутуу үлэтин үмүрүтэн баран, пляжпытыгар киэһэлик тиийбиппит, дьахтарбыт айдаан-куйдаан бөҕө. Итинник итирбитин саҥа көрбүппүт. Дьүөгэтин кытта этиһэллэр эбит. “Сибилигин киирэн тимирдэн кэбиһиэм”, – диэн куттуур. Быһа сэрэйдэххэ, туохтан эрэ мөккүһэн турбуттар. Анарааҥҥыта баттаҕар түһээри гынар. Ол аайы кыыс часкыйар, ийэтин тохтото, уоскута сатыыр, оттон уол ытаан сыҥсыйар. Онуоха ийэтэ буолуохсут сарылыыр, билэр-билбэт быдьар тылынан мөҕүттэр. Биир саастаах эр киһи, кэбилэнэллэрин көрө сатаан баран, тиийэн буойбутугар, төһө эмэ уоскуйдулар. Анараа дьахтара, дьүөгэтин баһыттан атаҕар диэри үөҕээт, хомунан баран хаалла. Пляж олоҕо чуумпурда, бары арыый “һуу” диэтибит.

Дьахтар оҕолоро арыый уоскуйдулар, ууга дьылыс гыннылар. Бэйэтэ бытыылкатын тобоҕолуу олордо. Санаан кэлэ-кэлэ дьүөгэтин үөҕэр, кыбдьырынан ылар. Кыыс быраатын кытта туох да буолбатаҕын курдук сөтүөлүү сырыттылар. Оҕо-оҕо курдук, мэниктииллэр, умсан оонньууллар. Биһиги эмиэ астына-дуоһуйа чомполоннубут, сөрүүкээн абыранныбыт. Биирдэ көрбүппүт, пляжтан даача диэки барар суолга дьахтарбыт охто сытар. Оҕолоро икки өттүттэн өйөөн туруора сатыыллар, кыайбаттар буоллаҕа, ийэлэрэ умса баран түһэр. Хаһыытыыр, ааһан иһэр массыыналары тохтото сатыыр. Оннук харахпыт далыттан сүттүлэр. Бардылар дии санаатыбыт.

Онтон, сатыы дьон сиэринэн, дьиэбит диэки хаамтыбыт. Арай, сүрүн суолга тахсыбыппыт, икки өттүттэн массыына бөҕө, улахан “пробка” буолбут. Пляжтан барааччылар да, утары кэлээччилэр да хаайтаран тураллар. Били дьахтар суол ортотугар сытар, эбиитин таҥаһыгар ииктээн кэбиспит. Оҕолоро ытыы тураахтыыллар. “Мама, барыахха”, – диэн көрдөһөөхтүүллэр (төһөтүн да иһин, ийэлэрэ буоллаҕа). Эр дьон хас да буолан илиититтэн ыла сатаатылар, ол аайы охсуоланар, тэбиэлэнэр. Онтон биир киһи “достала” диэтэ уонна массыынатын диэки соһон кэриэтэ киллэрдэ. Оҕолорго “бардыбыт” диэтэ. Салоҥҥа олорор ойоҕо айдаарара иһилиннэ. Онтон ааннарын саптан, бара турдулар...            

Билбэт киһибитин туораттан туох диэхпитий, ол эрээри дьахтар атаҕар уйуттубат, суулла сылдьар буолуор диэри итирбитин онно көрбүтүм уонна сүрдээҕин харааста санаабытым. Оҕолор ытыы тураллара бу баар...

 

Кутталлаах бөлөххө ким киирэрий?

Өрөспүүбүлүкэтээҕи наркология диспансерыгар үксүн огдооболор, кэргэннэриттэн арахсыбыт уонна “асоциальнай” диэн араҥаҕа киирэр дьахталлар учуокка тураллар эбит.

Ити бөлөххө эрэ киирэр кэрэ аҥаардар арыгыга ыллараллар диэн быһаччы этэр хобдох. Үрдүк үөрэхтээх, үлэлээх, дьиэлээх-уоттаах, оҕолоох-уруулаах дьахталлар испэттэр үһү дуо?  Ким баҕарар аһыы утах сиэртибэтэ буолуон сөп: ыал ийэлэрэ, эбэлэр, эдэрдэр, кыаммат-түгэммэт, баай, кыахтаах. Онон иһэр-аһыыр дьахталлар биир чопчу мэтириэттэрин субу маннык диэн ойуулуур уустук.

Аны туран, хаан-уруу аймахтарыгар арыгыһыт дьонноох киһи хайаан да кинилэр суолларын батыһар диэн уопсастыбаҕа бигэтик олохсуйбут өйдөбүл баар.

– Арыгыга ылларыы удьуорунан бэриллэр ыарыы буолбатах. Оннук геннээх киһи аһыы утаҕы амсайыа да суоҕун сөп. Аймахтарга сигэнэр сыыһа, киһиттэн бэйэтиттэн тутулуктаах, – диэн санаалаах Өрөспүүбүлүкэтээҕи наркология диспансерын нарколог бырааһа Светлана Шемякина. 

 

Көмө көрдөөбөккө

Светлана Шемякина этэринэн, дьахтар аймах депрессияҕа ордук ылларар, ол иһин кинилэри эмтиир олус ыарахан. “Арыгылааһын төрүөттэринэн стресс, чугас киһини сүтэрии, үлэтэ суох хаалыы буолуон сөп”, – диир кини.

Үгүс исписэлиистэр дьахталлар аһыы утахха убаммыттарын билиммэттэрин бэлиэтииллэр. “Кыбыстабын, дьон сирэй-харах анньыаҕа” диэн эмтэммэккэ, көмө көрдөөбөккө сылдьан, ыарыыны дириҥэтэн кэбиһэллэрэ олоххо баар көстүү.   

Эмтэнии болдьоҕо араас буолар. Ыарыы стадиятыттан, киһи сааһыттан, бэл диэтэр, тус хаачыстыбаларыттан тутулуктаах. Бу туһунан элбэхтик суруйан турабыт.

 

Өрөспүүбүлүкэтээҕи наркология диспансерын туһалаах нүөмэрдэрэ:

Диспансернай-поликлиническай салаа – Михаил Николаев проспега, 38. Төл.: 33-15-49

Биир кэлим контакт-киин нүөмэрэ – 8-800-100-14-03

Стационар салаата – Богдан Чижик уул., 33/2. Төл.: 21-00-63

Реабилитация салаата – Кангалаас дьоҕус оройуона, Дачнай уул., 1. Төл.: 20-04-67

Быһа линия – 8-924-591-10-20

Итэҕэл төлөпүөнэ: 8-924-567-89-90

***

Р. оскуола историятыгар киирбит туйгун үөрэнээччи, бастыҥ олимпиадник этэ. Оччолорго дэриэбинэттэн икки эрэ оҕо “Артек” лааҕырга сылдьыбыта, онтон биирдэстэрэ – кини.

Оскуола кэнниттэн учуутал үөрэҕин бүтэрэн кэлбит Р. үөрэммит оскуолатыгар үөрэ-көтө үлэҕэ ылбыттара. Сотору кэминэн кэргэннэммитэ, эдэр ыал кыыс оҕоломмута. Хомойуох иһин, дьоллоро уһаабатаҕа, өр бииргэ олорботохторо. Эр киһи ойоҕун, оҕотун быраҕан, улуус киинигэр атын дьахтарга көһөн барбыта.

Р. кэргэниттэн арахсыаҕыттан аһыы утах оборчотугар умса түспүтэ, аҕыйах сылынан киһи билбэт дьахтарыгар кубулуйбута. Үлэтиттэн уураппыттара. Дьиэтигэр арыгыһыттар ордууланар буолбуттара. Ол сылдьан киһи илиититтэн өлбүтэ.

Хомойуох иһин, оскуола киэн туттуута, нэһилиэк эрэлэ эдэр сааһыгар олохтон ити курдук туораабыта. Оттон оҕото тулаайах хаалбыта...

 

Дьиҥэр, араас түһүүлээх-тахсыылаах кэмнэр хас биирдии киһи олоҕор бааллар. Хомойуох иһин, сорохтор “быыһаналлара” – бытыылка, “абыраналлара” арыгы буолан хаалар. Олох очурдарыгар оҕустаран бүдүрүйбүт үгүс, ол эрээри көнөр суолга үктэнэр аҕыйах. Сөптөөх көмө, чугас дьон өйөбүлэ эрэ өрүһүйэллэр, аһыы утах кими да дьоллооботоҕо, дьоллуо да суоҕа.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Тапталга уйдаран
Спорт | 03.10.2024 | 16:00
Тапталга уйдаран
Көҥүл тустууга Герман, Александр, дуобакка Станислав Контоевтар курдук үс аан дойду чөмпүйүөнэ оҕолордоох Степан, Варвара Контоевтар олохторо мүччүргэннээх, көрүдьүөс түгэннэринэн толору. Аҕалара, эһэлэрэ Степан Степанович Горнай улууһун Маҕараһын оскуолатыгар күнүһүн физруктуурун быыһыгар, киэһэ өттүгэр оҕолору тустуунан уонна дуобатынан дьарыктаан, спорка уһуйан, аан дойду алта чөмпүйүөнүн таһаартаабыта улахан ситиһиинэн буолар. Ийэлэрэ,...
Киин куоракка саҥа сквер тутуллуон сөп
Дьон | 05.10.2024 | 14:00
Киин куоракка саҥа сквер тутуллуон сөп
2022 сыл кулун тутар 8 күнэ биһиэхэ ыар сүтүк күнэ этэ, ыраас халлааҥҥа этиҥ эппитинии аймаабыта: ыарахан ыарыы дьүөгэбит Ирина Елизарова сырдык тыынын ылан барбыта.   Чугас киhиҥ, дьүөгэҥ, доҕоруҥ суох буоллаҕына, биллэн турар, бастакынан үйэтитии туhунан санаалар киирэллэр эбит. Кини биллэр, бэйэтэ ааттаах-суоллаах, историялаах, сүгүрүйээччилэрдээх, истээччилэрдээх буоллаҕына, атыннык толкуйдуу да...
Сирэй-харах анньыбакка, күлүү-элэк оҥостубакка...
Сонуннар | 04.10.2024 | 18:00
Сирэй-харах анньыбакка, күлүү-элэк оҥостубакка...
Ийэ тылын билбэт, төрүт үгэһиттэн тэйбит киһи өбүгэтин кытта ситимэ быстарын туһунан суруйдубут ини, суруйбатыбыт ини. Оттон оҕотугар төрөөбүт тылын иҥэрбэт төрөппүт бэйэтэ да билбэтинэн күҥҥэ көрдөрбүт көмүс чыычааҕын көтөр кынатын сарбыйар...  Бу иннинэ «Саха тыла 400» уопсастыбаннай хамсааһын көҕүлээһининэн, Дьокуускай куорат Олохтоох дьаһалтатын өйөбүлүнэн «Саха сирин киин куоратыгар тыл...
Сыл тоҕус ыйыгар «Үйэ оҕолоро» тус сыаллаах хапытаал 7,5 тыһыынча дьиэ кэргэҥҥэ бэриллибит
Сонуннар | 03.10.2024 | 21:38
Сыл тоҕус ыйыгар «Үйэ оҕолоро» тус сыаллаах хапытаал 7,5 тыһыынча дьиэ кэргэҥҥэ бэриллибит
Арассыыйаҕа буола турар Оҕо саас сылын ааспыт тоҕус ыйыгар Саха сиригэр 7 499 ыал «Үйэ оҕолоро» тус сыаллаах хапытаалы тутта, диэн үлэ уонна социальнай сайдыы министиэристибэтигэр иһитиннэрэллэр. Санатар буоллахха, Ил Дархан Айсен Николаев дьаһалынан өрөспүүбүлүкэ 100 сылынан олохтоммут «Үйэ оҕолоро» тус сыаллаах хапытаал биэс сылга уһатыллан, 2022 сыл тохсунньу 1...