26.07.2020 | 12:26

Бырайыас хайаан да төлөнүөхтээх!

Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

«Олохпут маннык уларыйдар, оннук тубустар” диэн ыраланабыт. Дьэ, коронавирус кэлэн, дьон ыарыы хантан кэлэрин, вирус киһиэхэ хайдах сыстарын биллилэр. Ити харчы хас илиинэн ааспыта буолуой? Онон сиэптэригэр, кумааһынньыктарыгар тимир, кумааҕы харчыны укта сылдьыбаттар. Улахан туһата суох! Туохха нааданый? Син биир түһэр!

Туох баар кыһалҕаны онлайн быһаарыахха сөп. Дьиэ-уот хомунаалынай төлөбүрү мобильнай баанынан төлүүбүт, оннооҕор аспытын-таҥаспытын смартфонунан булунабыт. Баҕар-баҕарыма, итэҕэй-итэҕэйимэ, олохпут оннук. Биир бэйэм төлөпүөммүн илиибэр туттум эрэ, баан каартатын уктубакка, банкоматтан харчы устубакка, биир суумканы кыбыммакка, ханна баҕарар тиийэр кыахтаахпын. Биир кэлтэгэй кэппиэйкэтэ суох сылдьан, виртуальнай баан каартатынан оптуобуска төлөһүөҕүм!

ТЕРМИНАЛ БУРУЙА ДУУ, БИИТЭР?

Аҕыйах хонуктааҕыта Дьокуускай куорат биир саамай сырыылаах, куруук элбэх дьонноох 14 №-дээх оптуобуһунан айаннаатым. Эппитим курдук, илиибэр да, сиэппэр да биир да кумааҕы харчым, бытархайым суох. Барыта –  төлөпүөммэр, цифровой, виртуальнай. Чопчулаатахха, «Google Pay, Samsung Paу, Apple Pay» кумааһынньыкпар сытар. Тохтобулум улам-улам чугаһаата, тахсарым бу кэллэ. Бырайыаспын төлөөрү, инним диэки терминалга тиийдим. Төлөпүөммүн терминалга даҕайан төлүү сатаатым да, төлөбүрүм ааспата. Оннук үстэ боруобалаатым! Ыксаан, суоппартан ыйыттым: “Эһиэхэ терминалгыт үлэлээбэт дуо? Төлөбүрүм ааспат!» Онуоха суоппар: «Оччоҕуна мобильнай баанынан төлөө»! – диэтэ. Саатар ыксыы аҕай сылдьабын. Оптуобус иһэ тобус-толору киһи! Дьон барыта ыксыыр буолуохтаах. Ол кэмҥэ суоппартан төлөпүөнүн нүөмэрин ылан, харчыбын киниэхэ ыыттым. Билэбин ээ, дьиҥинэн, маннык ыытар көҥүллэммэтин! Дьиэбэр киирэн баран, оптуобус суоппардара төлөбүрү тоҕо мобильнай баанынан ылалларын билээри, Дьокуускайдааҕы диспетчерскэй киин нүөмэрин булан эрийдим. Диспетчер оптуобустан хас чааска, ханнык тохтобулга түспүппүн, ПАЗ оптуобус нүөмэрин уонна ким диэн суоппарга ыыппыппын туоһуласта. Баары-баарынан эттим, саатар, ыксыы сылдьар буолан, оптуобуһум нүөмэрин көрбөтөхпүн. Ол оннугар суоппарым аата-суола, төлөпүөнүн нүөмэрэ баар. Диспетчер кыыс төлөбүр мобильнай баанынан ааһыа суохтааҕын бигэргэттэ. “Чэ, сөп”   диэн буолла. Уон күнүнэн быһаарыахпыт диэтилэр. Дьокуускайдааҕы Суол-иис управлениетыгар эрийэн, 14 №-дээх оптуобус хаһаайынын нүөмэрин сурастым. Хата, тута биэрдилэр. Сылааһына, куоттара иликпинэ быһаарсыахха диэн, оптуобус хаһаайыныгар эрийдим.

ЧААҺЫНАЙ ПРЕДПРИНИМАТЕЛЬ ЭБЭТЭР ХАҺААЙЫН ЭТЭРИНЭН:

Мин харчыта суох биитэр төлүөхпүн баҕарбатах буолан маннык балаһыанньаны үөскэппит үһүбүн. Оччоҕуна тоҕо биир-биэс тыла суох мобильнай бааҥҥа ыыттым? Харчыта суох оптуобуска киириэм да суоҕа эбитэ буолуо! Бырайыаспын төлүүр кыахтаах буолан оптуобуһунан айаннаатаҕым дии!

Манна даҕатан эттэххэ, мин кэннибиттэн тахсан барбыт дьон бырайыастарын терминалынан төлөөбүттэр. Ол туһунан Суол-иис управлениетын оптуобустары хонтуруоллуур салаата иһитиннэрдэ.

Итини кэпсээн туран уонна социальнай хабааннаах ыйытык оҥорон баран, бу балаһыанньаны быһаарсаары, Дьокуускайдааҕы Суол-иис управлениетын салайааччыта Динара Уаровалыын кэпсэттим.

БААН КААРТАТЫНАН ТӨЛӨБҮР БЭРЭЭДЭГЭ

  • Айан төлөбүрүгэр нэһилиэнньэ ордук “Сбербаан”, “ВТБ баан” каарталарынан туһанар.  Кимиэхэ эрэ биир каарталаах, кимиэхэ эрэ икки. Бырайыаһы төлүүргэ каартаҥ актыыбынай, болдьоҕо тахса илик уонна саамай сүрүнэ харчылаах буолуохтаах. ПИН-код суруйар наадата суох. Каартаҕын терминалга даҕайдыҥ эрэ, төлөбүрү аһардар уонна харчыҥ киирбитин, каартаҕыттан устубутун терминал иһитиннэрэр. Төлөбүр сууматын бэчээттээн таһаарар.

ВИРТУАЛЬНАЙ КААРТА

  • Өскөтүн айанныыр киһи, цифровой идентификаторынан төлүүр санаалаах буоллаҕына эрдэттэн «Google Pay, Samsung Paу, Apple Pay» мобильнай сыһыарыыта төлөпүөнүгэр баар буолуохтаах. Маннык төлүүргэ интэриниэт ситимэ үчүгэйдик үлэлиэхтээх.

ТӨЛӨБҮР ААСПАТАҔЫНА?

  • Айан төлөбүрэ ханнык эрэ биричиинэнэн сатаан оҥоһуллубат буоллаҕына, айанньыт ханнык баҕарар атын төлүүр ньыманан төлүөхтээх. Эйигин суоппар тустаах тохтобулгар аҕалла, эн хайаан да бырайыаскын төлүөхтээххин. Оҥоһуллар өҥө төлөнүөхтээх. Билигин дьоҥҥо барытыгар «Сбербанк Онлайн» төлөпүөннэригэр баар. Терминал харчыны аһардыбат буоллаҕына, биричиинэ каартаҕа сытар.

БААН КААРТАТА ТӨЛҮҮР КЫАҔА СУОХ БУОЛЛАҔЫНА, СҮРҮН БИРИЧИИНЭЛЭР МАННЫКТАР БУОЛУОХТАРЫН СӨП:

  • Каартата “блокировкалана” сылдьар эбэтэр урукку өттүгэр айан төлөбүрүгэр иэстээх;
  • Каарта алдьаммыт буолуон сөп. Оччоҕуна терминал аахпат, төлөбүрү ылар кыаҕа суох;
  • Каарта болдьоҕо тахсыбыт;
  • Каартаны терминалтан олус түргэнник ыллахха эбэтэр уһуннук туппатаххына, терминал төлөбүрү аахпат;
  • Терминалга хас да каартаны биир кэм ууннахха;
  • Каарта оптуобус рейсигэр биирдэ эбэтэр иккитэ эрэ төлөнүөхтээх. Үһүстээн терминалга даҕайан төлөөтөххүнэ, төлөбүр ааспат;
  • Баан сокуонунан эн каартаҕар, төлөбүр оҥоһуутугар хааччахтааһыннар бааллар;
  • Техническэй биричиинэнэн төлөбүр оҥоһуллар кыаҕа суох, маннык түгэҥҥэ эһиги бааҥҥа тиийэн сураһаҕыт.

ТАХСАН БАРДАХХА

  • Эппитим курдук, ханнык баҕарар оҥоһуллар өҥө хайаан да төлөнүөхтээх. Өскөтүн каарта, терминал үлэлээбэт буоллаҕына, төлөөбөккө тахсан барар олох сыыһа. Дьон, нэһилиэнньэ суобастаах буолуохтаах. Төлөөбөккө тахсан барбыт киһини, суоппар айаннаабакка, айан чааһын кэһэн тоҕо эккирэтэ сылдьыай. Хас биирдии оптуобуска камералар ыйанан тураллар, онон кини кимин, тугун, тоҕо куотан тахсыбытын быһаарар кыахтаахпыт.

НЭҺИЛИЭННЬЭ САНААТА:

Семен  Константинов: Мин каартам да, бытархайым да суох этэ. Ол иһин суобаһым оонньоон, мобильнай баанынан төлөөбүтүм. Дьиҥинэн, мобильнай баанынан төлөөмөҥ дии-дии туойаллар даҕаны. Төлөөбөтөххө эмиэ кыһалҕа дии. Суоппар терминала үлэлиир этэ. Миэхэ «Samsung Paу, Apple Pay» диэннэр суохтар, сатаабаппын.

Таисия Николаева: Бүтэһигин, пандемия саҕаланыан иннинэ мобильнай баанынан төлөөбүтүм. Саамай сырыылаах 17 №-дээх оптуобус. Бэйэбэр кумааҕы харчы, эгэ, бытархай баар буолуо дуо? Хаста даҕаны дьон оннук төлүүллэрин көрбүтүм. Санаабар, киһи барыта мобильнай баанынан төлүүрэ. Ону истэн, мин эмиэ төлөөтөҕүм дии. Тырааныспар каартатын олох туһаммаппын, куруук түһэрэн, сүтэрэн кэбиһэбин. Аны айаннаабатаххына онтуҥ умайан иһэр, наадата суох!

Ирина Егорова: Мобильнай төлөбүр быдан судургу курдук. Аҕыйах хонуктааҕыта 25 №-дээх оптуобуска эмиэ мобильнай баанынан төлөөн тахсыбытым. Тимир харчым суоҕа, транспортнай каартам болдьоҕо бүтэн хаалбыт этэ. Куорат дьоно бары мобильнай баанынан төлүүбүт уонна хото туһанабыт. Оптуобустарга уонна суоппардарга өскөтүн мобильнай баанынан төлүүр көрүллэр буоллаҕына, төттөрү киллэрдиннэр ээ, нүөмэрдэрин ыйаатыннар.

Филипп Романов: Мин куруук мобильнай баанынан төлүүбүн. Кырдьык, сороҕор терминаллара ылбат буолар быһыылаах, ол иһин суоппартан нүөмэрин ыйыта-ыйыта киниэхэ ыытаҕын. Бу боппуруоһу олохтоох дьаһалта хонтуруолга ылыан наада. Эбэтэр сөптөөх терминаллары туруордуннар. Өссө биири этиэм этэ, ПАЗ оптуобустар наһаа кирдээхтэр, ырааһы тутуохтарын наада. Киһи сиргэнэр.

ХАЛТАЙГА ХААЛБАТЫН

Суолбут-ииспит уонна оптуобустарбыт үлэлэрин син биир хонтуруолга ылыахха наада. Нэһилиэнньэ мобильнай баанынан элбэхтэ төлөөн айанныыр эбит, оччотугар олохтоох дьаһалта бу боппуруоһу хаттаан көрөрө буоллар... Нэһилиэнньэ  мобильнай баанынан төлүөххэ сөп эбит диэн билиэхтээх.

Хаартыскалары киэҥ эйгэҕэ тахсыбыт олохтоох сайтартан туһанныбыт.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Дьон | 08.12.2024 | 14:00
Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Биһиги ортобутугар араас дьылҕалаах, үлэлээх-хамнастаах, дьарыктаах дьон элбэх. Хас биирдии киһи син биир туох эрэ уратылаах, талааннаах, киһи кэрэхсиир кэпсээннээх. Биир оннук киһини кытта сэһэргэспиппин ааҕааччыларбар тиэрдиэхпин баҕарабын.   — Валентин Титович, кэпсэтиибитин билсиһииттэн саҕалыахха. — Бэйэм Сунтаартан төрүттээхпин, Хатырыкка олохсуйбутум 44 сыл буолла. Хадан нэһилиэгэр 1951 сыллаахха төрөөбүтүм. Бииргэ төрөөбүт...
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
Сонуннар | 01.12.2024 | 12:00
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
«Теща» туһунан атын омуктарга олус элбэх анекдот, көр-күлүү баар. Оттон биһиги, сахалар, күтүөт уолбутун хайдах ылынабыт, сыһыаммыт хайдаҕый, төһө тапсабытый? Өйдөспөт түгэн таҕыстаҕына, кыыскын көмүскүүгүн дуу, күтүөт диэки буолаҕын дуу? Онон бүгүн күтүөттэр туһунан кэпсэтиэххэйиҥ.   Светлана Петровна: — Мин ыал буолбутум оруобуна 40 сыл буолла. Ол эбэтэр 1984 сылга дьонум...
Ийэ буор
Сынньалаңңа | 07.12.2024 | 10:00
Ийэ буор
Гаврильева Оксана Павловна – Айсана 1963 с. Мииринэй оройуонун Ботуобуйа нэһилиэгэр күн сирин көрбүтэ. 1982 с. Н.Г. Чернышевскай аатынан Бүлүүтээҕи педагогическай училищены бүтэрбитэ, 1988 с. Дьокуускайдааҕы судаарыстыбаннай университеты бүтэрэн, нуучча тылын уонна литературатын учууталын идэтин ылбыта. Ити идэтинэн Н.Е. уонна П.Н. Самсоновтар ааттарынан Хатас орто оскуолатыгар үлэлиир. Педагогическай билим хандьыдаата,...
Өкүүчэ
Сынньалаңңа | 01.12.2024 | 16:18
Өкүүчэ
(Салгыыта, иннин “Холумтан” сыһыарыы алтынньы 10 күнүнээҕи нүөмэригэр ааҕыҥ)   Күһүҥҥү күннэр күлүгүрэн турдулар. Биир күн Ааллаах Үүнтэн убайдара Миитэрэй таһаҕас тиэйиититтэн кэлэн, эбиитин бу эрэ иннинэ аҕаларыттан сурук тутан, дьиэлээхтэр санаалара чэпчии сылдьар кэмнэрэ. Миитэрэй 20-гэр чугаһаабыт, түргэн-тарҕан туттуулаах, сытыы-хотуу харахтаах, уҥуоҕунан кыра соҕус да буоллар, дьоһуннук туттар эдэр киһи....