24.01.2021 | 10:28

Быраастары харыстааҥ, кинилэри аһыныҥ ...

Быраастары харыстааҥ, кинилэри аһыныҥ ...
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Ааспыт сыл саҥатыгар дойду үрдүнэн дьаҥ тарҕанан, дьону-сэргэни сылатта. Хаһан бүтэр ыарыыный?

Эйигиттэн буолбатаҕына миигиттэн ыйыталлар, миигиттэн буолбатаҕына кимтэн эрэ ыйыталлар. Дьэ, ол курдук сап саҕаттан салҕанан бара турар – ыарыы таайыллыбат таабырына. Онон сибээстээн норуоттан арыт бэргэн этиилэр тахсаллар эбит ээ. “Кууруссаттан тахсыбыт чоппуусканы күһүн тиийэн ааҕаллар. Оттон  ыарыы хаһан тохтуурун хантан билэбит?”. Ити курдук, бу ыарыы туһунан омуна суох, ырыа уонна хоһоон айыллар буолла. Куһаҕантан киһи бэркиһиир эрэ. Олохпут оннукка күһэйдэҕэ. Коронавируһу утары үлэлии сылдьар быраастарбыт хайдахтаах кудук ыарахан балаһыанньаҕа үлэлии сылдьалларын бэйэлэрэ эрэ билэн эрдэхтэрэ. Күнү быһа космонавтар скафандрдарыгар маарынныыр анал таҥаһы таҥна сылдьан үлэлииллэрэ, эт-сиин тыыммакка сылдьара тустаахтарга төһөлөөх ыарахан буолуой... Бүгүҥҥү олохпут кинилэртэн быһаччы тутулуктанна. Бу ыарыыга хаптарбыт киһи эмчиттэр сылаас илиилэригэр киирэн, этэҥҥэ үтүөрэн тахсарыгар, аанньал кэриэтэ саныыр дьоммут үтүөлэрэ тылынан кыайан этиллибэт буоллаҕа.

          Дьэ, кырдьык тыҥааһыннаах күннэр-дьыллар кэллилэр

Бассаапка дьон кэпсэтиитэ:
Ыарыынан сибээстээн барыта куттал. Аймахтарга да ыалдьыттыы барыллыбат балаһыанньа үөскээтэ.
Вакцинация туһунан: Хайдах да эргий, үөһэ-аллара түс. Син биир салалта быһаарар.
Салалта вакцинацияны ирдиир. “Кинилэри куттаабыт буолуохтаахтар, үлэҕититтэн үүртэлиэхпит” диэн.
“Россия 24” ханаалга доруобуйа харыстабылын миниистирэ Голикова баҕа өттүнэн прививка оҥоһуллар диэбитэ.
Улуус баһылыктара дьоннорун-сэргэлэрин харыстыыр буоллахтарына, харантыын биллэриэ этилэр.
Ядернай химическай сэриилэрин сэбэ сөп буолбакка, икки атахтааҕы имири эһээри араас ыарыы бактерияларын боруобалыыллар. Аны климатическай сэрии сэбэ диэн сири хамсатары, муора долгунун цунами оҥорорго эҥин боруобалыыр буоллулар.
Төһөнөн олох сайдар, ыарыы эмиэ сайдан иһэр. Ол иһин киһи сайдыылаахпын диэн киһиргиэн иннинэ, ханнык ыарыы сайдыахтааҕын билиэхтээх уонна вакцинаны сайыннаран иһиэхтээх. Арассыыйаҕа сылын аайы кирииптэн төһө киһи өлөрүн олох кэпсээбэттэр.
Ойоҕостоттуҥ да, киһи тыынара тууйуллан барар. Билигин сыстыганнаах ыарыы саҥа көрүҥэ кэллэҕэ буолуо, бука.
Арассыыйалар бу пандемия тарҕаныытыгар Американы уонна Кытайы  балыйа сатыыллар. Буруйдааҕы булар уустук, ол эрэн төһө эрэ кэминэн син биир биллиэҕэ.
Бу дьон уйулҕатын хамсатар “психологическай” сэрии буолар.
Коронавирус ыарыыттан Арассыыйаҕа төһө киһи суорума суолланара биллибэт. Дьиҥнээх информация суох, барыта кистэлэҥ. Саамай кутталлааҕа, күн-түүн ыарыы элбээн иһэрэ буолар.

Тута бырааһы ыҥырыҥ

С. Семенова, Дьокуускай куорат:

Ааспыт сыл ахсынньы ый ортотугар бастаан кэргэним коронавируһунан ыалдьыбыта. Кыраадыһа 38,3 этэ, сөтөллөрө. Суһал көмөнү ыҥырбыппытыгар, аҕыйах мүнүүтэнэн тута кэлбиттэрэ. Кэргэммиттэн уонна миигиттэн анаалыс ылбыттара. Кэргэним анаалыһын түмүгэ “положительнай”, миэнэ “отрицательнай” диэн бигэргэтиллибитэ. Кэргэним дьиэтигэр эмтэммитэ. Үс хонон баран, мин  кыраадыһым 38 буолбута. Кыратык сөтөллөр этим. Сыһыарыллыбыт поликлиникаҕар төлөпүөннээн эрийдэххинэ, ковид биригээдэтин быраастара кэлэн көрөллөр-истэллэр эбит. Биһиги ыҥырбыппытыгар түргэнник кэлбиттэрэ. Анаалыс ылбыттара, иһиллээн көрөн баран, миигин түргэнник КТ баран көрдөр диэбиттэрэ. Сарсыныгар компьютернай томографияҕа баран түспүтүм, тыҥам 15 %-на сиэммит этэ. Нөҥүө күнүгэр суһал көмө массыынатынан 3-с №-дээх өрөспүүбүлүкэтээҕи балыыһаҕа киллэрбиттэрэ. Онно КТ-га бэрэбиэркэлээн көрбүттэрэ, суукка икки ардыгар тыҥам 60-65 %  охсубут этэ.

Бэйэм улаханнык ыалдьан эрэрбин сэрэйэр этим. Интуициялаах киһи ыалдьан эрэрин билэр эбит. Ыарыым сибикитинэн күөмэйим наһаа аһыйар  уонна көхсүм бүтүннүү ыалдьар, тыҥам ньүөлүйэр этэ. Балыыһаҕа киирэн икки хоммутум кэннэ, кыайан тыыммат буолбутум. Реанимацияҕа киллэрэн, тута кислороднай мааска кэтэрдэннэр, тыыммын дьэ ылар буолбутум. Онно сытар кэммэр наһаа элбэх анаалыс ылбыттара. Күҥҥэ хаста да ылаллар этэ. Дьэ, манна сытаммын быраастар, сиэстэрэлэр, санитаркалар ыарахан ыарыһахха хайдах курдук истиҥник сыһыаннаһалларын, үлэлэригэр бэриниилээхтэрин сөҕө, уйадыйа көрбүтүм. Уонна олус аһыммытым. Космонавтар курдук көстүүмнээхтэр. Ыарыһаҕы кытта наһаа үчүгэйдик кэпсэтэллэр, уоскуталлар, санааҕын көтөҕө сатыыллар. Реанимацияҕа анаалыһыҥ “динамикатыттан” көрөн киллэрэллэр. Мин ыарыым туругунан икки нэдиэлэ устата манна сыппытым. Оронтон туруорбаттар, антибиотиктары укуолууллар, систиэмэ туруораллар.  Эмп бөҕөтө иһэрдэллэр. Сатурацияҥ хайдах үлэлиирин бэрэбиэркэлииллэр. Ол аата тарбаххар кыра туох эрэ аппарааты кэтэрдэн баран, тыҥаҥ хайдах үлэлиирин кэтээн көрөллөр. Сатурацияҥ үчүгэй буоллаҕына, бэттэх кэлбиккин диэн буолар. Күн аайы сарсыарда биэс чаастан кардиограммаҕа түһэрэллэр. Рентгеҥҥэ, УЗИ-га көрөллөр. Онон, куһаҕан үчүгэйдээх диэбиккэ дылы, доруобуйаҥ туругун барытын бэрэбиэркэлииллэр. “Реанимация” диэн тылтан куттанымыахха наада.  Реанимацияҕа киирэн баран, биэс күн кыайан аһаабатаҕым. Оннук сэниэҕин эмэн сиир ыарыы эбит. Олох мөлтөөбүт ыарыһаҕы ИВЛ аппараакка холбууллар. Мин көрдөхпүнэ, букатын анараа дойдуттан быыһаан ылаллар диэххэ сөп.

Олус ыарахан ыарыы, киһи эмискэ анараа дойдуга баран да хаалыан сөп эбит дии санаатым. Ыарахан туруктаах ыарыһаҕы санитаркалар оҕо курдук бүөбэйдииллэр. Саха куттаах дьон буоларгыт быһыытынан, айылҕа биир дьикти көстүүтүн болҕойон көрөр уонна көрбүт буолуохтааххыт. Онно кымырдаҕастар бары түмсэн, бокуойа суох кэл да бар буолаллар, туохха эрэ ыксыыр курдуктар. Эмчиттэр олох кымырдаҕас курдук үлэлииллэрин илэ харахпынан көрөн наһаа долгуйдум. Дьон араастык ыалдьаллар. Сорохтор 2-3-тэ хат ыалдьаллар эбит. Дьиктитэ диэн, мин “отрицательнай” анаалыстаах балыыһаҕа киирбитим. Сорох дьоҥҥо оннук көрдөрөр үһү. Ким кэбирэх доруобуйалаах, хроническай ыарыылаах буоллаҕына, сэрэхэдийиэн, ирдэниллэр быраабылалары кытаанахтык тутуһуон наада. Онон бу ыарыы киһиэхэ араастык дьайар эбит. Температураҕыт таҕыста да, тута бырааһы ыҥырыҥ. Коронавирус тыҥаҕа түргэнник тарҕанар. Быраастарбыт олох уопутуран, таһымнаахтык эмтиир буолбуттар.

  Бу ыарыыга ыалдьа сытан “тоҕо мин улаханнык ыарыйдым” дии санаабытым. Онтон эмтэнэн истэҕим аайы, этэҥҥэ тыыннаах хаалбыппыттан үөрбүтүм. Хата, ыарыы арыый намтаабыт кэмигэр эмтэнэн таҕыстым. Уйулҕабар олус ыраас санаалар киирэн барбыттара. Ыарыйдым, онтон үтүөрдүм диэн санааттан, оннук “позитивнай” турукка киирбит этим.

Вакцинацияны туох дии саныыгыт?

Николай Иванов, Мэҥэ Хаҥалас:

Вакцинация ылар санаам суох. Баҕалаахтар ылаллар диэбиттэрэ дии. Мин сылгыһыппын, бэйэм бэйэбэр куруук айылҕаҕа сылдьабын, сибиэһэй салгынынан тыынабын. Туох куһаҕан ыарыыта тарҕанан аан дойдуну аймаата? Урут чуумпутук да олорбут эбиппит. Билигин ити ыарыы өрө туран, киһи киһиэхэ сыһыана, олоҕу көрүүтэ уларыйда. Аймахтарга да мээнэ сылдьыбат буоллубут. Дэриэбинэҕэ атын сиртэн кэлбит киһи “баҕар, ыарыы аҕалбыта буолуо” диэн олохтоохтор уорбаларыгар киирэр. Бачча сааспар диэри прививка ылбакка, этэҥҥэ сылдьабын. Салгыы пандемия балаһыанньата хайдах буолан иһэрин кэтээн көрүөхпүт. Нэһилиэнньэни уопсай вакцинациялааһын саҕаланна диэн тэлэбиисэр сонуннарыгар кэпсии олороллорун  көрбүтүм. Икки үйэ алтыһыыта буолан, улахан политическай уларыйыылар буола тураллар.

Ирина Васильева, куорат  олохтооҕо:

Мин экономист киһи өйдөбүлбүнэн, ыалдьа сылдьыбыт да, ыалдьыбатах да киһи ИФА анаалыс туттарыахтаах. Онно ковидка антитела кыра буоллаҕына, быһыы оҥорторуохха сөп. Ол эрэн, бу прививка алта эрэ ый туһалаах. Сорох киһи үс ый, сорох биир сыл иммунитеттаныан сөп. Анал медицинскэй чинчийии түмүктэрэ биир да суох быһыылаах. Билигин үлэлии сылдьар дьоҥҥо, үлэлиир буоллулар да, вакцинацияны судургутук биэрэн саҕалаан эрэллэр курдук. Дьэ, хайдах реакциялаах вакцина эбитэ буолла? Билбит суох. Прививка  биэрии күһэйиигэ кубулуйбатар бэрт буолуо этэ дии саныыбын. Мин билэр дьонум үксүлэрэ ылан эрэллэр. Дьэ, хайдах буолар?

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Өксөкүлээх суолунан...
Дьон | 27.09.2024 | 10:00
Өксөкүлээх суолунан...
Саха норуотун сайдыытын суолун түстэспит улуу киһибит А.Е. Кулаковскай-Өксөкүлээх Өлөксөй олорбут олоҕо, сүҥкэн суолталаах айымньылара күн бүгүн ааҕылла, үөрэтиллэ тураллара кини сүдүтүн, кэрэхсэбиллээх олоҕу олорон ааспытын туоһулуур. Өксөкүлээх Өлөксөй олоҕун биир дойдулааҕа, С.Р. Кулачиков-Эллэй аатынан Чычымах орто оскуолатын алын сүһүөх учуутала  Вера Богдокумова чинчийэн үөрэтиитин бу нүөмэргэ билсиэҕиҥ. Вера Васильевна...
Тапталга уйдаран
Спорт | 26.09.2024 | 12:00
Тапталга уйдаран
(1-кы чааһа)
Римма Бережнева: «Кинилэр иннилэригэр төлөммөт иэстээхпит!»
Дьон | 26.09.2024 | 16:00
Римма Бережнева: «Кинилэр иннилэригэр төлөммөт иэстээхпит!»
Анал байыаннай дьайыыга тыылга көмөлөһөр дьоммут уолаттарбытыгар биир улахан тирэх, өйөбүл буолалларын ааҕан сиппэккин. Кинилэр тустарынан хайаан да билиһиннэрэр, дьоҥҥо-сэргэҕэ кэпсиир эбээһинэстээхпит.   2022 сыл сэтинньи ыйтан анал байыаннай дьайыы тиэмэтигэр суруйабын. Ийэлэри, уолаттары, сүтүктээхтэри, волонтердары... Биһиги, суруналыыстар, кинилэри сырдатарбыт, кэпсиирбит, ааҕааччыларга тиэрдэрбит олус наада. Сорох ардыгар суруйар дьоруойгун көрдүүрүҥ уустуктардаах...
Тапталга уйдаран
Спорт | 03.10.2024 | 16:00
Тапталга уйдаран
Көҥүл тустууга Герман, Александр, дуобакка Станислав Контоевтар курдук үс аан дойду чөмпүйүөнэ оҕолордоох Степан, Варвара Контоевтар олохторо мүччүргэннээх, көрүдьүөс түгэннэринэн толору. Аҕалара, эһэлэрэ Степан Степанович Горнай улууһун Маҕараһын оскуолатыгар күнүһүн физруктуурун быыһыгар, киэһэ өттүгэр оҕолору тустуунан уонна дуобатынан дьарыктаан, спорка уһуйан, аан дойду алта чөмпүйүөнүн таһаартаабыта улахан ситиһиинэн буолар. Ийэлэрэ,...