Быраас буоларым оҕо эрдэхпиттэн биллибитэ
– Сайына Егоровна, үтүө күнүнэн! Бастатан туран, бэйэҥ тускунан ааҕааччыларга билиһиннэриэҥ дуо? Кимтэн кииннээххин, хантан хааннааххын?
– Мин Амма Алтаныттан төрүттээхпин, айбыт аҕам Алтан төрүт олохтооҕо Егор Васильевич Никитин, иһирэх ийэм Амма Лээгититтэн силистээх Дария Тихоновна Никитина. Бу ыалга бастакы оҕонон күн сирин көрбүтүм. Дьонум үйэлэрин тухары онно олорбуттара, ийэм Алтан балыыһатыгар сиэстэрэнэн үлэлээбитэ, 50 сыл ыстаастаах, Саха Өрөспүүбүлүкэтин доруобуйатын харыстабылын туйгуна, Алтан нэһилиэгин Бочуоттаах олохтооҕо. Олоҕун нэһилиэк доруобуйатын харыстабылыгар уонна уопсастыбаннай олоҕор анаабыт киһи, солбуллубат профсоюзнай үлэһит. Төһө да ыарахан үлэҕэ сырыттар, нэһилиэк ыытар тэрээһинигэр барытыгар кыттара, уопсайынан наһаа көхтөөх этэ.
Аҕам уһун кэмнэргэ электриктээбитэ, наар тэлэбиисэр, араадьыйа өрөмүөннүүр, ону хасыһар, интэриэһиргиир этэ. Дьиэбит иһэ толору дьон тэлэбиисэрэ буолара. Ону таһынан ыалларга сылдьан антенна туруорара, төлөпүөн киллэрэрэ. Өссө биир таптыыр дьарыга хаартыскаҕа түһэрии этэ. Кини оччотооҕуга түһэрбит хаартыскалара билигин дэриэбинэҕэ ыал аайы бааллар, докумуоҥҥа, пааспарга кытта кэлэн түһэллэрэ. Онон, кыракый нэһилиэк биир тутаах киһитэ этэ диэтэхпинэ, сыыспаппын. Аҕабыт барахсан, хомойуох иһин, биһиги ортобутугар суох. Дьоммут кырдьар саастарыгар хаһаайыстыба тутан олорбуттара, оттууллара-мастыыллара, тыа сирин үлэтин барытын кыайаллара. Билигин ийэм куоракка киирэн олорор, аттыбытыгар баар. Бииргэ төрөөбүт балтылаахпын, ыал буолан оҕолонон эмиэ манна, куоракка, олорор.
– Оҕо сылдьан ким буолуоххун баҕарар этигиний?
– Мин ким буоларым кыра эрдэхпиттэн быһаарыллыбыта диэхпин сөп. Ол курдук, балыыһаҕа улааппытым, оҕо сааһым онно ааспыта, оччолорго сиэстэрэлэр суукканан, күннэри-түүннэри хоно сытан үлэлииллэрэ. Аҕам эмиэ үлэлиир, онон куруук ийэбин батыһабын, балыыһа олоҕун толору билэбин, илин-кэлин түсүһэбин. Тохсус кылаас кэнниттэн сиэстэрэ үөрэҕэр киирбитим, икки сыл үлэлээн баран, быраас үөрэҕэр туттарсыбытым. Оччолорго орто үөрэх кэнниттэн үрдэтинии буолара.
1996 сыллаахха СГУ медицинскэй институтугар “лечебнэй дьыала” диэн салааҕа киирбитим. Быраас идэтигэр үөрэнии чэпчэкитэ суох. Үөрэнэргэ ыарахан этэ, ордук 1-2 куурустарга. Аҥаардас үс араас химия, икки араас физика, физиология, фармокология, латынь тыла үөрэнэргэ ыарахан предметтэр этэ. Ол оннугар практическай медицина өттүн чэпчэкитик ылыммытым, улаханнык ыарырҕаппакка үөрэммитим. Биһи аймах биир тумус туттар, олус ытыктыыр киһилээхпит. Ол аҕам чугас балта Екатерина Семеновна Никитина. Кини билигин даҕаны үлэлиир, ХИФУ математическай институтугар кафедра сэбиэдиссэйэ. Эдьиийим мин үөрэхтээх киһи буоларбар улахан оруолу оонньообута. Куоракка киллэрэн, куруук көмөлөһөн, сүбэлээн-амалаан, бу билигин быраас буолан сылдьарбар кини улахан өҥөлөөх. Уопсайынан, биһи аймаҕы барыбытын үөрэттэрбит, өйөөбүт олус улаханнык убаастыыр, холобур оҥостор, муударай, мындыр киһибит. Онон, түгэнинэн туһанан, ахсаабат кыһамньытын иһин муҥура суох махталбын биллэрэбин.
– Быраас буолан, аан бастаан ханна ананан тиийбиккиний?
– 2002 сылга институту бүтэрэн, аны ханна барабын диэн ыйытыы турбутугар, үөрэххэ сирдээбит эдьиийим Екатерина Семеновна сүбэтинэн Анаабыр улууһун Сааскылаах дэриэбинэтигэр барбытым. Онно тиийэн 9 сыл терапевтаабытым, аналбын көрсөн, Анаабыр табаһыт уолугар кэргэн тахсыбытым. Онтон 2011 сыллаахха көһөн кэлбиппит.
– Уһук хоту үлэлииргэр туох ыарахаттар бааллар этэй, усулуобуйа, хааччыллыы хайдаҕай?
– Тиийээппитин кытта икки эстээстээх уопсай дьиэҕэ түһэрбиттэрэ, биһиги төрдүө этибит: стоматолог, мин, хирург уонна анестезиолог. Мас балыыһалаахтар этэ. Онно олус эйэлээхтик олорон үлэлээбиппит. Хоту сир усулуобуйата урут да, билигин да уустук, оборудование тиийбэт, ыарыһахтар толору чинчийиини ааспаттар, киинтэн ыраах, онон бэйэҕэр эрэ эрэнэҕин, атын быраастар суохтар, көмө сулууспа диэн суох, рентген да,УЗИ да суох. Ол иһин үлэлииргэ олус ыарахан, түүннэри-күнүстэри бэйэҥ сылдьаҕын. Билигин да кыһалҕалара биир – быраас тиийбэт. Оннооҕор “Земскэй доктор” бырагырааманан икки мөлүйүөҥҥэ барбаттар. Биһи эдэр буоламмыт барытын тулуйан, сүрдээх көхтөөхтүк, бэриниилээхтик үлэлээн сылдьыбыппыт. Олохтоохтор да эйэҕэстэр, кэлии дьоҥҥо наһаа үтүө сыһыаннаахтар этэ.
Биирдэ ыстаадаҕа табаһыттары көрө, эмтии барбыппыт. Онно табаһыт идэлээх уол Юрий Алексеевич Туприны кытта билсибитим. Дьылҕабыт таайан, үөһэттэн ананан, биир сыл билсэн, доҕордоһон, ыал буолбуппут. Кини удьуор табаһыт. Ол курдук Анаабырга тоҕус сыл олорон, үлэлээн, икки оҕолонон баран мин дойдубар Аммаҕа көһөн кэлбиппит, киин балыыһаҕа учаастактааҕы терапевынан 7 сыл үлэлээбитим. Дьиэ-уот тэринэн, оҥостон олорбуппут, оҕолорбут оскуолаҕа үөрэммиттэрэ.
Үлэм быыһыгар бөһүөлэк уопсастыбаннай тэрээһиннэригэр көхтөөхтүк кыттарым. Амма балыыһата наһаа үчүгэй, түмсүүлээх кэлэктиип. Үлэм ыарахан, түүннэри-күннэри суһал көмөҕө сылдьабын. Онон дьиэни, оҕолору көрүү, оскуолаҕа таһыы, ас бэлэмнээһинэ, оһох оттуута кэргэним кэтит санныгар сүктэриллибитэ. Онон ийэм туйаҕын хатаран эмиэ балыыһа үлэтин толору билэбин, дьон доруобуйатын туһугар олохпутун биэрэ сырыттахпыт. Анаабырга бэриниилээхтик үлэлээммин “СӨ Доруобуйатын харыстабылын туйгуна” бэлиэ ылбытым.
– Идэҕэр саамай сөбүлүүрүҥ, дуоһуйуу ыларыҥ тугуй?
– Ыарыһаҕыҥ үтүөрэрэ, ыарахан ыарыы эрдэ булуллара, быраас сүбэтин-аматын ылан уоскуйаллара, санаалара дьаарыстанара буоллаҕа. Кэмигэр көмө оҥорон, киһи олоҕун быыһыыр да курдук буолаҕын. Бу биһиги идэбит биир сүрүн соруга, быраас буолан ыарыһахтарбытыгар үрүҥ халааттаах аанньалбыт дэтии туохха да тэҥнэммэт махтал.
– Быраас буолар киһиэхэ ханнык хаачыстыбалар, үөрүйэхтэр наадаларый?
– Быраас киһи идэтин толору баһылаабыт буолуохтаах, кэмиттэн кэмигэр үрдэтинэн иһиэхтээх уонна, этэргэ дылы, дьиэ кэргэнин быраҕан, умнан да туран бэриниилээхтик үлэлиэхтээх. Маны таһынан эргиччи хас да соругу барытын тэҥинэн быһаараҕын. Холобур, инбэлииттэргин, ыарыһахтаргын көрүү, суһал көмө оҥоруу, диспансеризация, вакцинация, кырдьаҕастары кэрийии, ол быыһыгар нэһилиэгиҥ доруобуйа өттүнэн боппуруоһун быһаарыы – бу барыта эн өйгөр баар, оҥоһуллуохтаах. Ол иһин түргэн-тарҕан буолуохха наада, этэргэ дылы, барытыгар “в курсе” сылдьаҕын, түргэн быһаарыныылары ылынаҕын, билиҥҥи олох ирдэбилинэн, компьютеры толору баһылыахтааххын, бытаан киһи хайдах да быраас буолар кыаҕа суох. Ону таһынан аһыныгас, дьон кыһалҕатын өйдүүр, эйэҕэс буолуу – бу эмиэ быраас киһи сүрүн хаачыстыбалара.
Учаастактааҕы терапевтар сарсыардаттан эбиэккэ диэри амбулаторияҕа прием оҥоробут, эбиэт кэннэ ыҥырыыларга сылдьабыт, кырдьаҕастарбытын кэрийэбит, онтон киэһэ хойукка диэри докумуонунан дьарыктанабыт. Онон үксүн дьиэбэр киэһэ 8-9 чааска да кэлиэхпин сөп.
– Чугас дьоҥҥор, оҕолоргор быраас буол диэн сүбэлиигин дуо?
– Наһаа сүбэлээбэппин. Бу үлэ сүрдээх ыарахан буолан, бүтүннүү бэриниилээх киһи аҕыйах. Сороҕор дьиэни-уоту, оҕолоргун, тус интэриэскин да умнан туран үлэлиигин, бэйэҕин бүүс-бүтүннүү үлэҕэр аныаххын наада курдук. Ону киһи эрэ барыта кыайбат. Ол да буоллар ким эрэ быраас буолуохтаах, дьону эмтиэхтээх буоллаҕа. Олох ыараабытыттан дуу, дьон билигин тоҥуй, киҥэ-наара холло сылдьарын биһигинэн таһаарыахтарын эмиэ сөп. Ыарыһах, ыалдьыбыт киһи майгыта араас буолар. Онно бэлэмнээх, бэйэҥ психолог, холку соҕус, “стрессоустойчивай”, тулуурдаах буолуохтааххын. Оннук үлэлииргэ бэлэм буоллахтарына, баһаалыста, быраас буоллуннар, билигин саҥа бүтэрбит оҕолорго, ыччакка усулуобуйа толору тэриллэн турар. Харчынан, дьиэнэн-уотунан көмө, уһуйаан булан биэрэллэр.
– Билиҥҥи кэлэктиибиҥ туһунан кэпсиэҥ дуо?
– Билигин Табаҕа врачебнай амбулаториятыгар үлэлиибин, онно үрдүттэн бэйэтэ стационардаах, дьону көрөр амбулаториялаах. Кэлэктииппитигэр сэбиэдиссэй, терапевт, педиатр, акушер гинеколог, сиэстэрэлэр, санитаркалар уо.д.а. киирэллэр. Кэлэктииппит олус үчүгэй, бэйэ-бэйэбитигэр көмөлөсүһэбит, ким да туора турбат. Бары Табаҕа нэһилиэнньэтин доруобуйата тупсарыгар, этэҥҥэ олороллоругар кыһаллабыт. Эдэрдэр да, өр үлэлээбиттэр да бааллар, наһаа эйэлээхтик үлэлии-хамсыы олоробут.
Табаҕалар куорат 3 № балыыһатыгар сыстабыт. Ол иһин ыарыһахтарбыт 3-с поликлиникаҕа баран туох баар исписэлиискэ көрдөрүөхтэрин, чинчийиини барытын ааһыахтарын сөп, ону тэҥэ өрөспүүбүлүкэ улахан кииннэригэр эмиэ направление биэрэн, көрдөрүүгэ, эмтэниигэ ыытабыт.
– Ааҕааччыларга баҕа санааҥ, доруобай, чэгиэн сылдьарга туох саамай нааданый?
– Нэһилиэнньэ биири өйдүөн наада. Киһи бэйэтин доруобуйата бэйэтин илиитигэр баар, быраас киниэхэ сүбэ-ама эрэ буолар. Эрдэттэн чөл олоҕу тутуһан, табах тардыбакка, арыгы испэккэ, хамсанан-имсэнэн, үлэлээн, чөл туруктарыгар кыһаллыахтарын наада. Ыарыы ыла илигинэ бырааска баран доруобуйаларын кэмиттэн-кэмигэр көрдөрүнэллэригэр сүбэлиэм этэ. Ордук эр дьон көрдөрүммэттэр, балыыһаттан куттаналлар, кэргэттэрэ сиэтэн аҕалаллар, оннооҕор ыарыйдахтарына да кэлбэттэр. Билигин араак ыарыы наһаа тарҕанна, бу ыарыы эрдэ булулуннаҕына кыайтарар, эмтэниллэр. Онуоха араас чинчийии барыта оҥоһуллар, ол курдук онкомаркер, цитология мазога, КТ, МРТ курдукка көрдөрүннэххэ, ыарыыны булар кыах толору баар. ФГДС сыл аайы да бар, маммографияны эмиэ, ити үрдүнэн дьон син биир көрдөрбөт, 4-с стадияҕа тиэрдэллэр. Билигин медицина сайынна, араас ыарыыны буларга обследование арааһа элбэх эбээт. Доруобуйаҕыт барыта бэйэҕититтэн тутулуктаах, бэйэҥ баҕа өттүгүнэн көрдөрбөт, эмтэммэт буоллаххына, быраас эккирэтэ сылдьан күүһүнэн эмтээбэт буоллаҕа дии. Онон ааҕааччыларга барыгытыгар чэгиэн доруобуйаны, чөл олоҕу, этэҥҥэ буолууну баҕарабын.