22.02.2024 | 11:00

Бырааһынньыкка бэлэмҥин дуо?

Бырааһынньыкка бэлэмҥин дуо?
Ааптар: Наталья КЫЧКИНА
Бөлөххө киир

Эр киһи, ыал аҕата, уолаттарбыт бу күннэргэ бырааһынньыктара чугаһаан долгуйа сылдьаллара саарбаҕа суох. Билигин уһуйаантан саҕалаан Аҕа дойдуну көмүскээччилэр күннэрин, этэргэ дылы, оҕотуттан оҕонньоругар диэри ылабыт. 
Хаһаайкалар, кыргыттар эмиэ долгуйабыт, тоҕо диэтэххэ аны аҕыйах күнүнэн бэйэбит бырааһынньыкпыт кэлиэ турдаҕа дии. Ол эбэтэр кинилэр бырааһынньыктарын хайдах тэрийэбит да, эппиэтэ эмиэ оннук буолар. Маны биһиги кыра эрдэхпититтэн билэбит. Оскуолаҕа үөрэнэ сылдьан «тоҕо да биһиги бырааһынньыкпыт бастакы буолбатаҕай» дии саныыр этим.

Биһиги бүгүн бэлэх эрэ туһунан буолбакка, эр киһиэхэ тугу астаан үөрдэрбитин, ханнык киинэлэри көрүөн, өрөбүллэргэ тугунан дьарыктаныан сөбүн сүбэлиэхпит.

 

Бастатан туран, бэлэх

Бэлэх биэрии туһунан кэпсэтиигэ, биллэн турар, дьүөгэлэрбин, кыргыттарбын кыттыһыннардым. Биир дьүөгэм ыраах Кэбээйи улууһугар учууталлыыр. Кини кылааһын уолаттарыгар лего уонна билииккэ сакалаат, уолугар 3Д магнитнай конструктор уонна пазл, кэргэнигэр кыргыттара массыына докумуонугар уонна пааспарыгар аналлаах хах, бэйэтэ футболка уонна джемпер ылбыттар. Маны таһынан 9-с кылааска үөрэнэр кыыһа үс уолга бэлэх оҥорор эбит. Быйыл уолаттара массыына ыытар быраап туттарар буоланнар, эмиэ докумуон угар хах ылларбыт. Кыра кыыс, хата, икки уола көҕүрээн, биир уолга термокурууска бэлэхтиир үһү. Ол иннинээҕи сылларга алта үөрэтэр оҕобор үрүҥ көмүс харысхал, кыра колонка, флешка ылар этим диир.

Биир дьүөгэм кэргэнигэр эр киһи туттар тэрилин, малын-салын бэлэхтиир үгэстээхпин диир.

Тус бэйэм ыал буолуохпутуттан кэргэммэр күн-ый талбытын барытын бэлэхтээн кэллим. Эдэрбиттэн саҕалаан бултуур тэрилинэн, таҥаһынан-сабынан барытынан хааччыйдым. Монголлар сэлиэччиктэрэ, наскылара, ыстааннара, үрүсээк, бинуокул, саппыкы, атах таҥаһа, кэлин футболка, сибиитэрэ, ис таҥас, тас таҥас, кинигэ о.д.а. Бу кэлин, хата, сертификат диэни булан, олуһун диэн астына сылдьабын. Урут наар биир булт маҕаһыыныттан ылар буоллахпына, кэлин “Одарич” диэни сэҥээрдим. Маны дьиэм эр дьонугар барыларыгар биэрэбин. Быйыл Саҥа дьылга эмиэ биэрбиппин туттубакка сытыараллар эбит, онно эбии ыллахтарына, суумата элбээн тахсар. Онон бэйэлэрэ да сөбүлэһэн, үөрэ-көтө кэтэһэллэр.

Биир эрэллээх дьүөгэм Таня Жондорова кэпсиир: “Кэргэним төбөтө тоҥмотун диэн анаан-минээн сакаастаан сылаас бэргэһэ бэлэхтээбиппэр наһаа үөрбүтэ, массыынаҕа эҥин кэтэригэр олус табыгастаах. Кыһыммыт уһун, тымныы диэн наар ичигэс таҥас биэрэ сатыыбын. Эр киһим элбэх, уолаттарым Ньургун уонна Николай, сиэннэрим Дархан уонна Матвей диэннэр. Аҕабыт бултуур буолан, булка кэтэригэр эмиэ ичигэс таҥас, утуйар мөһөөччүк, манок, балаакка эҥин биэрээччибин. Уопсайынан, бэйэлэригэр туһалааҕы бэлэхтии сатыыбын. Быйыл кэргэммэр бэргэһэ, улахан уолга булка аналлаах туох эмит, кырабар остуол оонньуута, сиэннэрбэр саастарынан көрөн эмиэ оонньуур бэлэхтиэм”.

Маанылаах остуол

Мин ол күн тугу астыахтаахпын эрдэттэн былаанныыбын. Былырыын уолбар, күтүөппэр уонна бырааппар анаан ас нобуора бэлэмнээбиппин кэлэн үөрэ-көтө ылан барбыттара. Онно быырпах, духуопкаҕа буспут убаһа оһоҕоһо, хартаттан шашлык, кырдьаҕас этэ буһаран биэрбитим. Быйыл да эт-ас, бэрэски буһарар санаалаахпын, быырпахпын хайаан да эрдэттэн туруорабын, тоҥ балык, эт, индигирка баар буолуоҕа.

Кэбээйитээҕи дьүөгэм кыыһым торт, пицца буһарыа, ону таһынан салаат оҥоруохпут, итии аска бэлимиэн, духуопкаҕа кус, суши (итии уонна кэмбиэргэ), уонна көрөн иһиэхпит диир.

Таня аҕабыт эттээх бэрэскини сөбүлүүр, онон хайаан да буһарабын, истээх собо, салаат оҥортуом диэн санаатын үллэһиннэ.

Үгүс хаһаайкалар, биллэн турар, эр дьонноругар эттээх оливье салаат, бэрэски, харта, хаан, убаһа этэ, тоҥ ас, муорус, собо, чыыр бэлэмнииллэр. Ол быыһыгар рестораҥҥа да ыҥырааччылар бааллар. Быйыл үс күннээх өрөбүл буолан, дэриэбинэҕэ дьоммутугар тахсабыт, эбэтэр ыалдьыттыы барабыт дэһэллэр. Халлаан туругун көрөн-истэн, куорат таһыгар шашлыктыы, сибиэһэй салгыҥҥа күүлэйдии, дуоһуйа сынньана бараары оҥосто сылдьааччылар даҕаны аҕыйаҕа суохтар.

Онон, ким тугу былааннаабыта барыта туолуохтун, кылаабынайа, эр дьоммутун, уолаттарбытын үөрдэ-көтүтэ, уһун кыһын кэнниттэн санааларын көтөҕөн, бэлэх-туһах биэрэн, тото аһатан, эһиилгэ диэри өйдүү-саныы сылдьалларын курдук бырааһынньыкпытын тэрийиэххэ.

Тугунан аралдьытабыт

Манна, дьэ, ким хайдах фантазиялааҕыттан. Биир сыл аймах кыргыттар уолаттарбытыгар тирга билиэт ылбыппыт. Маннык миэстэ куораппытыгар аҕыйах буолан, эрдэттэн сакаастаан кэбиһэр ордук эбит. Биһиэхэ билиэт нэһиилэ көстүбүтэ. Уолаттарбыт олус астынан, ытыалаан, күрэхтэһэн кэлбиттэрэ. Кэлээттэрин кытта остуол толору астаах көрсүбүппүт. Онон маннык тэрээһин бэрт эбит этэ.

Бу өрөбүл күннэргэ, биллэн турар, күөх экраҥҥа байыаннай тиэмэҕэ араас биэриилэр, киинэлэр, кэнсиэртэр хото көстөллөр. Маны ордук саастаах өттө көрөрө биллэр. Оттон эдэрдэр атыннык тэриниэххитин сөп. Сарсыарда ойон тураат, тапталлааххыт утуйа сыттаҕына аармыйаҕа сиэбит хааһытын буһараҕыт, «бүгүн эн хамандыыр буолаҕын, мин тугу эппиккин барытын толорон иһэбин, бүгүн эн күнүҥ» диэн киһигитин үөрдэҕит. Дьэ ол кэннэ кини эппитинэн, тыыммытынан бараҕыт-кэлэҕит, төһө кыалларынан күүлэйдиигит, дьиэттэн тахсыбакка аһыы-аһыы сытыаххытын да сөп.

Оттон ыйытык көрдөрбүтүнэн, бу күн эр дьон үгүстэрэ доҕотторун, табаарыстарын кытта атын сиргэ баран бырааһынньыктыылларын ордороллор эбит. Онон кинилэргэ көҥүл биэрэн, бииргэ сулууспалаабыт доҕотторун, кэллиэгэлэрин, убайдарын-бырааттарын кытта баралларын, көрсөллөрүн олох бобумаҥ. Кылаабынайа, аһыы утаҕы аһара испэккэ, эйэ-дэмнээхтик олорон, кэпсэтэн, уруккуну-хойуккуну санаһан аастахтарына, олус дуоһуйан, астынан кэлиэхтэрэ, уонна аны Дьахтар күнүн хайдах ылары, биһигини хайдах үөрдэри толкуйдаан, былааннаан барыахтара.

Дьиэҕэ олорор буоллахха

Үс күнү быһа дьиэҕэ олорооччулар эмиэ бааллар. Дьэ оччотугар тугунан эрэ аралдьыйыахха наада буолар. Дьиэҕэ таах олорор эмиэ сылаалаах, онон кыратык эмит салгыҥҥа тахсан хаамсан, күүлэйдээн киириҥ, саатар эр киһигитин бөх тохторо таһаарыҥ. Кини бырааһынньыга биир эрэ күн буоларын санатыҥ, онон аһара барымыахтарын наада.

Эр киһи ханнык киинэлэри көрүөн сөбүй. Эр киһи эрэ буолуо дуо, иккиэҥҥитигэр сөптөөх, тэҥҥэ көрөр киинэлэргитин сүбэлээн биэриэхпит. Бу күн сыл аайы “Офицеры” көстөр. Кэлин, аҕыйах сыллааҕыта өҥнөөх оҥорбуттара. Киинэҕэ үс көлүөнэ көстөр. Гражданскай сэрииттэн саҕалаан, Аҕа дойду сэриитигэр, Суворовскай училищеҕа үөрэнэр сиэннэрин дьылҕатыгар тиийэ.  Киһи олус уйадыйа, астына, киэн тутта көрөр киинэтэ. Онон дьиэ кэргэнинэн көрүөххэ сөп. “Летят журавли”, Канскай бэстибээл үрдүк наҕараадатын ылбыт хартыына. “Брестская крепость”, дьиҥ чахчыга олоҕуран уһуллубут сүрдээх күүстээх сценарийдаах киинэ. Аҕа дойду Улуу сэриитин саҕаланыыта өстөөхтөртөн Бириэс кириэппэһин көмүскүүллэрэ, хайдах курдук бэриниилээхтэрэ, хорсун быһыылара көстөр. “Собибор”. 1943 сыллаахха буолбут дьиҥнээҕи көрдөрөр киинэ. Собибор диэн нацистар лааҕырдарыгар 3 нэдиэлэ иһигэр Александр Печерскай хаайыылаахтары өрө туруоран, бастаанньа тэрийэн, күрүүллэрэ кэпсэнэр.

Бэйэм олус сөбүлүүр киинэм “Диверсант”. Талааннаах артыыстар түмүллүбүттэр, ис хоһооно киинэ былаһын тухары киһини дьиксиннэрэр, таайтарар, куттуур, бэйэҥ дьоҥҥор “ыалдьа” олороҕун, биллэн турар, бүтэһигэр син биир кыайыылаах тахсаллар. Мин бу кэлин уһуллубут киинэтин ордоробун. Инникитин көрбөтөххүнэ да, өйдүүгүн.

Уонна, биллэн турар, кэнсиэр, сахалыы да, сүрүн да ханаалларга көстүөҕэ, аралдьытыахтара. Аҥаардас “Любэ” да бөлөх кэнсиэрин көрдөххө, киһи астына дуоһуйуохтаах.

Чэ, онон, кыргыттар, күүстээх аҥаардарбытын бэйэбитин түһэн биэрбэт гына эҕэрдэлиэҕиҥ, саамай наадалаах эрэ бэлэхтэри туттарыаҕыҥ, саамай минньигэс аһы эрэ астыаҕыҥ, саамай үчүгэй аралдьыйыылары аныаҕыҥ! Уонна бу күн таптыыбыт, эрэнэбит, киэн туттабын диэн тыллары харыстаабакка этиэҕиҥ!!!

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Дьон | 21.11.2024 | 12:00
Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Суруналыыс кэпсэтэр киһитин кытта кини олоҕун, үөрүүтүн, үлэтин-хамнаһын, кыһалҕатын тэҥинэн үллэстэр. Оннук эрэ сүрэҕэр чугастык ылынан суруйдаҕына, ааҕааччыга тиийэр ыстатыйа тахсар. Мин Александрдыын кэпсэтэрбэр, чэчэгэйим кэйиэлээн, төбөм ыараан да ылбыта, сотору атаҕын быстарын кэпсиир, ону хайдах эрэ тулуйан истибит киһи дии олорбутум. Хараҕым уута да сүүрэрэ, күөмэйбин туох эрэ кэлэн...
Аҕаа, бырастыы
Сынньалаңңа | 27.11.2024 | 10:00
Аҕаа, бырастыы
Уйбаан нэһиилэ сэттис этээскэ сынньана-сынньана кирилиэһинэн тахсан, кыыһа олорор ааныгар кэлэн, оргууй соҕус тоҥсуйда. Баҕардар дьиэҕэ ким да суоҕа дуу дии санаан, кулгааҕын ааҥҥа даҕайан иһиллээн тура түстэ. Киһи атаҕын тыаһа хааман кэлэн, сиэнэ уол куолаһа нууччалыы: «Кто там?» – диэн ыйыппытыгар: – Мин. Тоойуом, мин кэллим, ааҥҥын арый, –...
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Сытыы муннук | 28.11.2024 | 14:00
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Үөһээ Бүлүү улууһун Маҥаас нэһилиэгин 9 оҕолоох ыалын улахан уола Байбал Васильев оҕо эрдэҕиттэн эппиэтинэскэ үөрэммитэ, хайдахтаах да уустуктан чаҕыйбат, кыраларга холобур буола улааппыта күн бүгүнүгэр  диэри биллэр. Ытык киһибит быйыл 75-с хаарын санныгар түһэрдэ, сааһырда. Ол эрээри олоххо киллэрбит кыһыннары кымыстыыр дьарыгын тохтотуон, өбүгэ кымыстыыр үгэһин үйэтитэр баҕатыттан аккаастаныан...
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сынньалаңңа | 25.11.2024 | 23:17
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сардаана куруук да холку-наҕыл бэйэтэ, мэктиэтигэр хараҕын уута биллэ-көстө ыгыллан тахсыар диэри абатыйда. Кыһыйбытын омунугар „үөрүүлээх“ сонуну тиэрдибит суотабайын дьыбааҥҥа элиттэ. Хаарыан былаан!! Күүтүүлээх көрсүһүү хаалла!! Бүгүн үлэтигэр бардаҕына табыллар буолбут!   Саатар, бэҕэһээ биллибитэ буоллар. Түүҥҥү дьуһуурустубатын кэнниттэн сынньаммакка, түүннэри былаачыйа тиктэн „быччайан“ олоруо суох этэ! Кыргыттара төһө эрэ хомойоллор....