10.07.2021 | 16:00

Буруоттан хайдах харыстанабыт?

Ааптар: Розалия Томская
Бөлөххө киир

Саха сирэ билигин дойду үрдүнэн саамай киэҥ сири ылар баһаардаах, элбэх уот турбут сирдээх регион буолан турар. Үгүс улуустар буруоҕа тумнастан эрэллэр, турар-турбат дьон барыта уоту утары охсуһууга таҕыста...
Соторутааҕыта Дьокуускайы аһыы буруо сабардаата – бу билигин Горнайга буола турар ойуур баһаарын буруота тиийэн кэллэ.

Элбэх уута иһиҥ

Роспотребнадзор Саха сиринээҕи салаата иһитиннэрбитинэн, баһаар буруотуттан харыстанарга маннык быраабылалары тутуһуохтаахпыт:

Таһырдьа сылдьарбытын төһө кыалларынан аҕыйатабыт, ордук куйаас күннэргэ;

Оҕо балаһааккаларыгар, спортивнай, оонньуур балаһааккаларга оҕолор сылдьыыларын бобор тоҕоостоох;

Организм уутун кэмигэр толорон иһэргэ элбэх ууну иһэбит. Киһи күннээҕи нуормата 1,5-2 л эбит буоллаҕына, куйаас күҥҥэ иннээҕэр элбэх уу наада, тоҕо диэтэххэ, киһи тиритэн көлөһүннүрэн элбэх ууну сүтэрэр;

Киһи куйааска тиритэн туһалаах элеменнэрин уонна тууһун сүтэрэр буолан, аһылыкка туустаах, щелочьтаах минеральнай ууну, аһыйбыт үүттэн оҥоһуллар утахтары иһэр туһалаах. Гаастаах утахтары испэппит.

Битэмииннээх, иҥэмтиэлээх, ол эрэн куртахха чэпчэки астары аһыыбыт.

Эт-хаан үлэтин аҕыйатабыт.

Аһыы буруолаах кэмҥэ тыынар уорганнары харыстыыр мааскалары, респиратордары кэтэбит. Онтубутун сотору-сотору ыраас уунан илитэр ордук; түннүккэ, ааҥҥа инчэҕэй таҥаһы ыйыыбыт, кондиционерынан салгыны ыраастыыр үчүгэй;

Буруоттан ордук кичэйэн кырдьаҕас дьоммутун, оҕолорбутун уонна тыынар уорганнара ыалдьар дьону харыстыахтаахпыт. Кинилэргэ промышленнай респиратордары туттар табыгастаах;

Дьиэ иһин сотору-сотору быылын сотобут, уулаах сууйабыт;

Күҥҥэ хаста да душтанабыт - буруо киһи хараҕар көстүбэт микрочастицаларын уунан сайҕыыбыт;

Арыгыны, пиибэни иһиэ суохтаахпыт, табахтыыр эмиэ куһаҕан;

Буруоттан сылтаан сэниэҕит суох, мэйиигит эргийэр, тыыҥҥыт кылгыыр, сөтөл киирэр, сатаан утуйбат буоллаххытына, хайаан да бырааска тиийиҥ эбэтэр суһал көмөнү ыҥырыҥ.

Дабылыанньаҕытын хонтуруоллааҥ

Арассыыйа Доруобуйа харыстабылын министиэристибэтэ, эт-хаан үлэтигэр сылдьар дьоҥҥо буруолаах кэмҥэ үлэлэрин чааһын кылгатан биэрэргэ ыҥырар.

Хаан, тымыр, сүрэх  ыарыылаахтары, хаан баттааһынын күҥҥэ иккитэ мээрэйдииргэ, хонтуруолга ыларга сүбэлиир. Күҥҥэ хаста да душтанаргыт таһынан, айаххытын, мурун хайаҕастарын сууна сылдьыҥ.

Буруоттан сүһүрүү бэлиэлэрэ: төбөҕүт ыалдьар; тыыҥҥыт кылгыыр; сылайан, сэниэҕит эстэн хаалар; болҕомтоҕутун биир сиргэ сатаан хатаабаккыт; тулалыыр эйгэҕэ сүтэн ылаҕыт; тахикардия; хаан баттааһына үрдүүр; тартарыахха сөп. Маныаха туора киһи бастакы көмөнү сатаан оҥорбот, тута анал идэлээх быраастары ыҥырыахтааххыт.

Организм биир суукка ыраастанар

Уһуннук буруонан тыына сырыттахха организм интоксикацияланан барар диэн быраастар суруйаллар. Аһыы буруону кытта уот таһаарар микрочастицаларын киһи тыынан ылар, тыҥаттан бу частицалар хааҥҥа киирэллэр, салҕыы ньиэрбинэй систиэмэҕэ тиийэллэр, ол иһин киһи көрөрө уонна истэрэ мөлтөөн барыан сөп. Интоксикация буолан төбө ыарыыта, хотуо саҕаланар.

Буруоҕа 6-7 чаас үлэлээбит киһи организма бэйэтэ-бэйэтин ыраастанарыгар биир суукка наада.

Тыынар уорганнара, хаан уонна нейрогеннай систиэмэ ыарыылаахтар буруоҕа сылдьаллара табыллыбат.

Утуйар уу ыһылыннаҕына

Киһи утуйар уутун үөрэтэр сомнолог быраастар суруйалларынан, куйааска киһи утуйар уута ыһыллар. Онуоха эбии буруо сыта киирэр буоллаҕына олох да утуйбат буолан хаалар дьон элбэхтэр эбит. Маныаха быраастар туох да эмп аныыр кыахтара суох, буруо ааһарын эрэ күүтэбит. Утуйар эми күҥҥэ биирдэ, уһаабыта икки нэдиэлэ устата иһиллиэхтээх. Ону даҕаны быраас сүбэлээбит эрэ буоллаҕына.

Хараххытын харыстааҥ

Хараҕы эмтиир офтальмолог специалистар сүбэлииллэринэн, харахтара ыалдьар дьон буруолаах кэмҥэ дьиэҕэ олорбуттара ордук. Конъюнктивит, блефарит, харах таһын сүһүрүүтэ – барыта буруоттан үөскүөхтэрин сөп.

Буруоттан харыстанар ачыкы туһалыан сөп.

Буруо харахха икки дьайыыны оҥорор эбит:

Ньиэрбэтин сүһүрдэр. Киһи сырдыктан саатар, хараҕыттан уу кэлэ сылдьар, харахха сыыс киирбит курдук буолар;

Ханнык баҕарар баһаар буруота араас химическэй эттиктэрдээх, ол эттиктэр харах уутун каналыгар киирдилэр да сүһүрүү саҕаланар.

Офтальмологтар сүбэлииллэринэн, буруолаах кэмҥэ линзаны кэтэргитин тохтотуохтааххыт.

Астмалаахтар дьиэҕэ олоруҥ

Астмалаахтарга, хроническай бронхиттаахтарга, тыҥа обструктивнай ыарыылаах дьоҥҥо буруолаах кэмнэр олус ыараханнык ааһаллар. Ыарыылара бэргиирин таһынан, уопсай туруктара кытта мөлтүүр.

Бу үөһээ этиллибит ыарыылаахтар баһаардар кэмнэригэр дьиэттэн тахсыбакка, түннүгү да арыйбакка олоруохтаахтар. Быраастар инчэҕэй маарыланан мааска оҥосторго сүбэлииллэр.

Маны таһынан тыыныы гимнастиката туһалаах. Тыҥаны толору салгыны эҕирийэн баран эмискэ салгыны барытын төттөрү үрэн таһаарабыт.

Сөтүөлүүр эмиэ олус туһалаах, тыҥа сөтүө кэмигэр күүскэ үлэлиир буолан буортулаах частицаларыттан бэйэтэ ыраастанар.

Буруонан сүһүрүүнү чэпчэкитик аһарынар туһугар натуральнай фрукталары, фрукта утахтары сиир туһалаах.

Айылҕаҕа сылдьыы быраабылаларын тутуһуҥ!

Айылҕаҕа сынньанааччылар сэрэхтээх буолуу олус судургу быраабылаларын тутуһуохтаахтар:

мангал уматалларыгар сирин хаппыт оттон-мастан ыраастыахтаахтар;

кутаа уот оттоллоругар сиргэ хаһыы оҥоруохтаахтар;

баралларыгар умайа сытар уоту хаалларыа суохтаахтар, мангал утуйа илик күлүн сиргэ тэбиир сыыһа. Бараргытыгар кутаа оттубут сиргитигэр ууну, буору кутуохтааххыт;

табахсыттар сигареталарын утуппакка сиргэ элитэллэр. Умайа сылдьар табаҕы массыынанан айаннаан иһэн кытта быраҕаллар.

Кып-кыра да кыым уоту тыал хабан ылан тарҕатан кэбиһэрэ түргэн буолар. Бастаан кураанах от, мас сыыһа умайар, онтон баһаар ойууру сиэн барар. Инньэ гынан дьон сыыһа-халты туттуутуттан тыһыынчанан кв. м. иэннээх хаарыан тыабытын сыллата уокка былдьатабыт.

Ойуур умайда да туох баар тиитэ, ыарҕата барыта сиэнэр. Ол кэннэ умайбыт маһы тыал суулларар. Онтон сир аннынааҕы ирбэт тоҥ мууһа уулларга барар. Биир сылынан баһаар миэстэтигэр кута, бадараан үөскүөн сөп.

Ойуур чөлүгэр түһэрэ олус бытаан буолар. Бастаан от, хатыҥ уонна кыра ыарҕалар үүнэллэр. Сир аһын уга манна хаттаан үүнэн тахсыбат.

Ытыктабыллаах бар дьоммут, ойуур баһаарын уодьуганныырдааҕар кутаа уоту, мангалы кичэллээхтик умулларан барбыт чэпчэки буолар. Хас биирдии киһи ытык иэһэ – Ийэ айылҕабытын харыстааһын!

 

Ойуур баһаарын туһунан иһитиннэриилэри маннык төлөпүөннэринэн ылаллар:

ЫБММ (МЧС) – 01

Лесничество диспетчердэрин сулууспата — 44-17-19,

Авиалесоохрана —  44-74-76.                                                                                

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Дьон | 21.11.2024 | 12:00
Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Суруналыыс кэпсэтэр киһитин кытта кини олоҕун, үөрүүтүн, үлэтин-хамнаһын, кыһалҕатын тэҥинэн үллэстэр. Оннук эрэ сүрэҕэр чугастык ылынан суруйдаҕына, ааҕааччыга тиийэр ыстатыйа тахсар. Мин Александрдыын кэпсэтэрбэр, чэчэгэйим кэйиэлээн, төбөм ыараан да ылбыта, сотору атаҕын быстарын кэпсиир, ону хайдах эрэ тулуйан истибит киһи дии олорбутум. Хараҕым уута да сүүрэрэ, күөмэйбин туох эрэ кэлэн...
Биэнсийэлээхтэргэ туох көмө баарый?
Сонуннар | 09.11.2024 | 10:00
Биэнсийэлээхтэргэ туох көмө баарый?
Быйылгыттан 100 сааһын туолбут ытык кырдьаҕастарга 1 мөл. солк. харчы төлөнөр буолбута. Биэнсийэлээхтэргэ өрөспүүбүлүкэ уонна дойду таһымнаах өссө ханнык өйөбүллэр баалларый?   Үлэ бэтэрээннэригэр Үлэ бэтэрээннэригэр, 55 саастарын туолбут эр дьоҥҥо уонна 50 саастарын туолбут дьахталларга, социальнай өйөбүл тугу үлэлээбиттэриттэн тутулуга суох көрүллүөхтээх.   Биэнсийэҕэ эбии 1226 солк. төлөнөр, сайабылыанньаҕытын МФЦ-га эбэтэр...
Тулагыга «Икки булчут» скульптура баар буолла
Сонуннар | 12.11.2024 | 17:14
Тулагыга «Икки булчут» скульптура баар буолла
Баай Байанай ыйыгар түбэһиннэрэн, сэтинньи 9 күнүгэр Тулагы Киллэм нэһилиэгэр «Икки булчут» пааматынньык үөрүүлээх арыллыытын Тулагы оскуолатын үөрэнээччилэрэ киинэҕэ устаннар, сурукка тиһэннэр, нэһилиэк биир бэлиэ түгэнин үйэтиттилэр. Муниципальнай хантараак чэрчитинэн боруонсаттан кутуллубут скульптурнай композиция ааптарынан Арассыыйа худуоһунньуктарын сойууһун чилиэнэ Роман Викторович Босов буолар. Композицияҕа уончалаах уолчаан убайын таҥаһын кэтэн, бобуччу...
Кэлэр нэдиэлэттэн, сэтинньи 18 күнүттэн, куорат оптуобустара саҥардыллыбыт схеманан айанныахтара
Сонуннар | 14.11.2024 | 14:28
Кэлэр нэдиэлэттэн, сэтинньи 18 күнүттэн, куорат оптуобустара саҥардыллыбыт схеманан айанныахтара
Сэтинньи 18 күнүттэн куорат уопсастыбаннай тырааныспарын ситимин уларытыы бырайыагын маҥнайгы түһүмэҕин быһыытынан бастакынан 2, 4, 5, 6, 7, 14, 16, 19, 35 №№-дээх оптуобустар саҥардыллыбыт схеманан айаннаан саҕалыахтара. Быйылгыттан маны кытта икки урут суох, саҥа маршрут киирдэ – 11 №-дээх уонна 12 №-дээх. Санатар буоллахха, 11 №-дээх маршрут алтынньы 14...