24.07.2021 | 12:00

Буруоттан доруобуйа эмсэҕэлээбэтин туһугар

Буруоттан доруобуйа эмсэҕэлээбэтин туһугар
Ааптар: Надежда ЕГОРОВА-НАМЫЛЫ
Бөлөххө киир

Дьокуускай куоракка уонна өрөспүүбүлүкэ улуустарыгар улахан баһаардар тураннар, күммүт-ыйбыт көстүбэтэҕэ быданнаата. Хойуу буруо өр турара доруобуйаҕа буортулаах. Онон, доруобуйаны айгыраппат, атын ыарыылар көбөллөрүгэр тириэрдибэт уонна нус-хас туруктанар туһугар тугу гынабыт?

***

Наркология өрөспүүбүлүкэтээҕи диспансерын кылаабынай бырааһа, Саха Өрөспүүбүлүкэтин  Уопсастыбаннай балаататын чилиэнэ Альбина Владимировна СИВЦЕВА:

– Баһаары умулларарга төһө да миэрэлэр ылыллыбыттарын иһин, балаһыанньа билиҥҥитэ ыарахан. Онон, Саха сирин олохтоохторун  хабархай буруоттан  долгуйаллара өйдөнөр. Оҕолор, кырдьаҕас дьон доруобуйалара мөлтүүр. Маннык балаһыанньаҕа тугу гыныахха?

Төһө кыалларынан салгыҥҥа баар хоруо түһэриттэн бэйэни  харыстанар  уонна тыынар уорганы, организмы  угаардаах гааһынан сүһүрдүбэт туһугар  судургу быраабылалары билиэххэ наада.

Айылҕа баһаарыттан сылтаан,  салгыҥҥа углекислай гаас, угаардаах гаас уонна азот окиһа курдук  кутталлаах биэсэстибэлэрдээх  олус элбэх буруо тарҕанар. Ол иһин, бастатан туран,  төһө кыалларынан салгыҥҥа аҕыйахтык сылдьыҥ. Улахан наадата суох  дьиэттэн тахсымаҥ. Уулуссаҕа тахсар да буоллаххытына, респираторда уонна мааската ылыҥ. Мааска оннугар 5 дьапталҕалаах маарыла барсар. Буруоҕа баар буортулаах өлүүскэлэртэн эрэллээхтик харыстанарга мааскалары уонна бэрэбээскилэри  сотору-сотору илитиэххэ эбэтэр пульверизаторынан ыраас уунан ыстарыахха наада. Бу  быыл уонна смог өлүүскэлэрэ киирбэттэригэр   көмөлөһөр. Мааска куурда даҕаны  өссө төгүл илитиҥ.

Улахан болҕомтону кырдьаҕастар уонна сүрэх-тымыр ыарыылаах, саахарынай диабеттаах, тыынар үөһээ уорганнарыгар кыһалҕалаах дьон  эрэйэллэр. Кинилэр быраастар этиилэрин толоруохтаахтар (хааннарын баттааһынын сотору-сотору бэрэбиэркэлиэхтээхтэр,  наада буоллаҕына, төһө эми иһэллэрин  хос быһаартарыахтаахтар). Эмтиир быраас анаабыт эмтэрин, ол иһигэр уоскутар сириэстибэлэри,  мэлдьи бэйэлэрин кытта илдьэ сылдьыахтаахтар. Кырдьаҕас дьону уулуссаҕа таһаарбат курдук,  кинилэргэ кыһамньыгытын ууруҥ, туох наадатын бэйэҕит аҕалан биэриҥ. Оҕо күүтэр дьахталлары уонна оҕолору, чуолаан оскуола иннинээҕи саастаахтары, эмиэ харыстыахха наада. Оҕолор төһө кыалларынан дьиэҕэ сылдьаллара ордук.

Тууйар-тумнарар салгыннаах уопсастыбаннай тырааныспарынан туһаммат буола сатааҥ. Массыына ыытааччылар ордук болҕомтолоох буолуҥ! Улахан буруоҕа  суол көстөрө мөлтүүр, киһи хардарар дьайыыта  бытаарар.

 Саатар түүн уонна буруо муҥутаан эбиллэр кэмигэр эрдэ сарсыарда түннүктэргитин ыксары  сабыҥ. Күн аайы сииктээх тирээпкэнэн дьиэҕит малларын сото сылдьыҥ уонна дууштаныҥ.  Салгыны  сөрүүкэтэр эрэ буолбакка, ыраастыыр, кэриэни аһардыбат тэриллэри туһаныҥ.

Испиирдээх утахтары иһимэҥ, табахтыыргытын аҕыйатыҥ – бу сүрэх-тымыр уонна тыынар систиэмэ  ыарыыларын көбүтэр.

Токсиналары организмтан таһаарарга   элбэхтик  ыраас уута эбэтэр утахта, күөх чэйдэ (организмы ыраастыыр таниннардаах), минньигэһэ суох компуотта, муоруста уонна дөлүһүөн уутун иһиҥ. Оҕолорго  буортулаах биэсэстибэлэри оборор   үүтү иһэрдэр ордук. Маннык кэмҥэ кофены уонна кофеиннаах утахтары иһимэҥ.

Организм чэпчэкитик иҥэрэр, битэмииннэринэн уонна минеральнай биэсэстибэлэринэн  баай аһылыгы аһааҥ. Аскорбиновай кислоталаах оҕуруот аһын уонна балыгы сиэҥ. Бу бородуукталар биһиги килиэккэлэрбитин тас эйгэ сабыдыалыттан көмүскүүр  айылҕа антиоксиданнаахтар. Смог организмҥа буортулаах дьайыытын намтатарга  поливитаминнары сиэххэ сөп.

Эт-сиин хамсанар ноҕуруускаларын муҥутаан аҕыйатыҥ. Наһаа хамсаныы эһиги сотору-сотору уонна дириҥник тыынаргытыгар күһэйэр. Ол буруо-тараа усулуобуйатыгар  доруобуйаҕытыгар   күүскэ уонна өр кэмҥэ буортуну аҕалар.

Өскөтүн чугас дьоҥҥутуттан ким эмэ угаарынай гааһынан сүһүрбүт сибикитин (хараҕын  иччитэ кэҥиир,  итирик киһи курдук саҥата уонна туттара-хаптара бытаарар, өйүн сүтэрэр, иҥиирэ тардар, тыынара кэһиллэр) биллэххитинэ, түргэнник   “103” нүөмэринэн  “суһал көмөнү” ыҥырыҥ эбэтэр 112 нүөмэринэн  Быыһыыр сулууспа биир кэлим нүөмэригэр эрийиҥ.

Кылаабынайа – наһаа айманымаҥ. Баһаары умулларарга элбэх күүс уурулунна, балаһыанньа туруктанарыгар миэрэлэр ылыллаллар. Федеральнай былаастар, Арассыыйа Ыксаллаах быһыы-майгы министиэристибэтэ көмөлөһөллөр.  

 

Сүүтүк сүбэлэр:

 

Харах аһыйдаҕына – инчэтэр хааппылалары куттуҥ;

Кыра сүһүрүүгэ “Активированнай чох”, “Смекта”, “Энтеросгель”, “Полисорб” уо.д.а. эмтэри иһиэххэ сөп;

Оһоҕоһу ыраастыырга эбиэс кисиэлин, ириис буспут уутун, хааһылары сиэххэ;

Лүөн сиэмэтэ оһоҕос үлэтин тупсарар, ыраастыыр;

Сиикэй хаппыыстаттан, сүбүөкүлэттэн, моркуоптан салаат оҥостон сиэҥ;

Суораты, кэпиири иһэр туһалаах;

Хоскутун салгылата сатаамаҥ. Өскөтүн  түннүгү астаххытына, инчэҕэй бырастыынаны ыйааҥ. Бырастыына буруону кытта кэлсэр токсиналары киллэрбэт;

Респираторы боростуойу буолбакка,  Р3 диэн диэн бэлиэлээҕи ыла сатааҥ.

Ууну күҥҥэ 2-3 лиитэрэни иһиҥ;

Күөмэй кыһыйарын сэрэтэргэ 5 бырыһыаннаах суода суурадаһынынан сайҕана сылдьыҥ;

Күҥҥэ хаста да дууштаныҥ, муннугутун ыраастаныҥ.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Өксөкүлээх суолунан...
Дьон | 27.09.2024 | 10:00
Өксөкүлээх суолунан...
Саха норуотун сайдыытын суолун түстэспит улуу киһибит А.Е. Кулаковскай-Өксөкүлээх Өлөксөй олорбут олоҕо, сүҥкэн суолталаах айымньылара күн бүгүн ааҕылла, үөрэтиллэ тураллара кини сүдүтүн, кэрэхсэбиллээх олоҕу олорон ааспытын туоһулуур. Өксөкүлээх Өлөксөй олоҕун биир дойдулааҕа, С.Р. Кулачиков-Эллэй аатынан Чычымах орто оскуолатын алын сүһүөх учуутала  Вера Богдокумова чинчийэн үөрэтиитин бу нүөмэргэ билсиэҕиҥ. Вера Васильевна...
Тапталга уйдаран
Спорт | 26.09.2024 | 12:00
Тапталга уйдаран
(1-кы чааһа)
Римма Бережнева: «Кинилэр иннилэригэр төлөммөт иэстээхпит!»
Дьон | 26.09.2024 | 16:00
Римма Бережнева: «Кинилэр иннилэригэр төлөммөт иэстээхпит!»
Анал байыаннай дьайыыга тыылга көмөлөһөр дьоммут уолаттарбытыгар биир улахан тирэх, өйөбүл буолалларын ааҕан сиппэккин. Кинилэр тустарынан хайаан да билиһиннэрэр, дьоҥҥо-сэргэҕэ кэпсиир эбээһинэстээхпит.   2022 сыл сэтинньи ыйтан анал байыаннай дьайыы тиэмэтигэр суруйабын. Ийэлэри, уолаттары, сүтүктээхтэри, волонтердары... Биһиги, суруналыыстар, кинилэри сырдатарбыт, кэпсиирбит, ааҕааччыларга тиэрдэрбит олус наада. Сорох ардыгар суруйар дьоруойгун көрдүүрүҥ уустуктардаах...
Тапталга уйдаран
Спорт | 03.10.2024 | 16:00
Тапталга уйдаран
Көҥүл тустууга Герман, Александр, дуобакка Станислав Контоевтар курдук үс аан дойду чөмпүйүөнэ оҕолордоох Степан, Варвара Контоевтар олохторо мүччүргэннээх, көрүдьүөс түгэннэринэн толору. Аҕалара, эһэлэрэ Степан Степанович Горнай улууһун Маҕараһын оскуолатыгар күнүһүн физруктуурун быыһыгар, киэһэ өттүгэр оҕолору тустуунан уонна дуобатынан дьарыктаан, спорка уһуйан, аан дойду алта чөмпүйүөнүн таһаартаабыта улахан ситиһиинэн буолар. Ийэлэрэ,...