11.11.2022 | 13:00

«Буруолуур» муода: бэйэни албыннаныы дуо?

Кэнники кэмҥэ хас иккис ыччат, оскуола оҕото, улахан да киһи вейп диэн ааттаах табаҕы тардара кистэл буолбатах. Омуннаабакка эттэххэ, ыччат ортотугар вейптээбэт буоллаххына, муодаттан хаалан иһэр аатыраҕын, сорох түгэҥҥэ сирэй-харах да анньыллыаххын сөп.
«Буруолуур» муода: бэйэни албыннаныы дуо?
Ааптар: Айталина Софронова
Бөлөххө киир

Ордук оскуола оҕолоро сарсыарда үөрэнэ баран иһэн “буруолуур”, кылгас переменаҕа ойон тахсан туруупканы соппойортон соло буолбат түгэннэрэ элбээтэ.

Ааспыт нэдиэлэҕэ биир ааҕааччыбытыттан сурук туттубут. Биллэр биричиинэнэн оҕо аатын уонна оскуолатын ыйбаппыт.

“Мин Дьокуускай куорат биир улахан оскуолатыгар үрдүкү кылааска үөрэнэбин. Кылааһым оҕолоро уонна доҕотторум уоллуун-кыыстыын бары вейптииллэр. Мин эмиэ бу табахха ылларан кэбистим, төрөппүттэрбэр тутуллан, айдаан бөҕө. Ханнык баҕарар маҕаһыыҥҥа атыылыыллар, онон хааччах диэн суох. Пааспар эҥин көрдөөбөттөр. Кэлин тыынарбар ыарахан буолла уонна куруук күөмэйим ыалдьар, тохтоло суох сөтөллөбүн, онтукайбыттан кыбыстар буолан эрэбин. Сатаан бырахпаппын, боростуой табаҕы тардыахпын баҕарбаппын. Айкоска көһүөм этэ даҕаны, онтон сылтаан сирэйим барыта хатаал буолар. Салгыы хайдах буоларбын, тугу гынарбын билбэппин. Баһаалыста, сүбэлээҥ”.

«Курутуой» аатыраары

Аныгы электроннай табах икки көрүҥэ баар: вейп уонна айкос. Арассыыйаҕа электроннай табахсыттары  вейпердэр диэн ааттыыллар.

Вейп паар буолан көтөр табах биир көрүҥэ. Дьиҥэр, бу электроннай гаджеттар  табахтан аккаастанар биир ньыма быһыытынан биллэллэр. Ол эрээри вейп ыччакка ордук киэҥник тарҕанна, ол эбэтэр – буруолааһын. Таһыттан көрдөххө, чахчы, аныгы гаджет курдук, хайдах эрэ Apple хампаанньа бородууксуйатыгар майгынныыр.

Биирдэ тардыллар вейпи ортотунан 600-1000 тиийэ бусхатыахха сөп. Убаҕаһа бүттэҕинэ быраҕыллар. Биитэр картриджын уларытан биэрэҕин, ол «жижа» диэн ааттанар. Онтубут сыаната ботуччу –  600-700 солк. эбит. Онтон вейп бэйэтин сыаната 600 солк. саҕаланар,  2000 тыһ. солк. тиийиэн сөп. 

Билиҥҥи кэмҥэ электроннай табаҕы тардар киһи социальнай статуһа үрдээтэ. Электроннай табахтааххын, ол аата эн “курутуойгун”, баай ыал оҕотоҕун, аныгы муодаттан хаалсыбаккын диэн “сыана быһыллар” буолла.

Айан таһаарааччылар суруйалларынан, доруобуйаҕа буортута суох, ол да буоллар туох да үтүөнү аҕалбата биллэр суол.

Биһиги айкос саҥа тарҕанан эрдэҕинэ эмиэ суруйан турардаахпыт. Ол боростуой табахтан туох даҕаны уратыта суох. Эмиэ табахтарын быраҕыан баҕалаах дьоҥҥо анаммыт гаджет. Девайс сыаната быһа холоон 2500-4000 солк. буолан турар.   Батарейката олордоҕуна, уокка холбоон ииттэрэҕин, иитэрэ эмиэ бэйэтигэр баар.  “Стик” диэн ааттаах боростуой табах аҥаарын саҕаны ылан тардаҕын, бородуукта маҕаһыыныгар “стик” сыаната – 180-230 солк. Биир хаа стик 3-4 хонукка тиийэр.

Вейпинг уонна оҕо доруобуйата

Электроннай табахха никотинын таһыма быдан үрдүк. Холобура, HQD диэн ааттаах вейп биир картриджа биир хаа боростуой табахха тэҥнэһэр. Никотинын таһыма үрдүк буолан, ордук ыччат мэйиитигэр күүскэ олохсуйар. Онтон сылтаан киһи күн аайы ылларан иһэр. Тоҕо диэтэххэ улаатан эрэр оҕо мэйиитэ химическэй элэмиэннэри түргэнник иҥэринэр.

Аҥаардас эти-хааны буортулуурун таһынан, өйү-санааны ыһар, холобур, болҕомто түмүллүүтүгэр куһаҕаннык дьайар. Ону сэргэ, электроннай табахсыттар ииктэрин дьүһүнэ букатын атын буолар.

Маны ааһан киһи иммунитетын кэбирэтэр. Ордук хаан баттааһыныгар, хаан эргииригэр охсуулаах. Бүтэр уһукка онкологияҕа тиэрдиэн сөп.

Муодунай табахтар сыттара суох буолар. Табахтааччы ханна баҕарар олорон тардара бэйэтин көҥүлэ. Ол иһин төрөппүт оҕотун тутара ыарахаттардаах. Холобур, оҕо истиэнэ да нөҥүө сытан тардар түгэнигэр, ийэтэ билбэккэ хаалыан сөп.

 

Оҥоһуута хайдаҕый?

Омос көрдөххө, ингаляторга майгынныыр. Обордоххуна, тыҥаҕар паар үөскүүр. Убаҕаһын састаабыгар: глицерин, пропиленгол (Е1520), амтаннаах эбиликтэр, никотин уонна токсическай веществолар бааллар.

Жижаны маҕаһыынтан атыылаһыахха эбэтэр анаан-минээн атыылыыр дьонтон чэпчэки сыанаҕа эмиэ булуохха сөп. Ол эрээри сэрэхтээх.

Төрөппүт тоҕо долгуйар?

Ыччат электроннай табах доруобуйаҕа буортута суох дии саныыр. Минньигэс амтаннаах паары тардар курдук толкуйдуур. Тас хаҕыгар даҕаны “доруобуйаҕа буортута суоҕун” ыйаллар, онон оҥорон таһаарааччылар оҕолор өйдөрүн сүүйэллэр. Ол курдук баара-суоҕа 5% никотиннаах, онтон атына уу эбэтэр паар диэн суруйаллар.

Өссө биир куттал табах тас көстүүтүгэр сытар. Оҥорон таһаарааччылар уонна реклама хампаанньалара бары сокуоннары тумнан тураннар, харах баайар гына киэргэтэллэр. Этэргэ дылы, муру-муодунай гаджет. Аны амтаннара араас буолар: манго, арбуз, дыня. Бу фрукталары биһиги сиирбит даҕаны ахсааннаах ини. Онон ыччаты итинник гынан угуйаллар.

Тоһоҕолоон эттэххэ, оҕолорго вейптэри уонна кинилэр девайстарын атыылыыр Арассыыйа сокуонунан көҥүллэммэт. Ол эрээри көрдөөбүт көһүйэ көмүһү булар дииллэр. Интэриниэти арыйа баттаатахха, талбыт электроннай табаххын ылар кыахтааххын. Онон вейптииргэ суол аһаҕас курдук!

Быраас сүбэтэ

Дьокуускайдааҕы наркологическай диспансер психиатр бырааһа Сайыына Софроновна Федорова:

Кэнники сылларга аан дойду үрдүнэн электроннай табахтартан эчэйии түгэннэрэ элбээтэ. Оҕолор уонна ыччат электроннай табахха түргэнник ыллараллар. Ол төрүөтэ солевой никотин буолар. Бу киһи организмыгар түргэнник олохсуйар. Инньэ гынан, боростуой табахтааҕар элбэх никотины иҥэринэр. Убаҕаһыгар буортулаах веществолар киирэллэр. Ол курдук глицерин, пропиленгликоль, канцерогеннар, ыарахан металлар, ароматизатордар содуллара куһаҕан. Ордук астма уонна пневмония ыарыытын сайыннараллар, сүрэх-тымыр систиэмэтигэр охсоллор. Электроннай табахтары тардар дьон сотору-сотору тыыналлара ыараханын, сүрэхтэрэ ыалдьарын, сөтөллөллөрүн үҥсэллэр. Ааттаабыт веществоларбыт бары кэриэтэ альвеолаларга (тыҥа халыыбыгар) олохсуйаллар уонна балачча дириҥ эчэйиини үөскэтэллэр.

Төрөппүт оҕото табахтыырын биллэҕинэ, тугу гыныахтааҕый?

Бастатан туран, табахха бэйэтин сыһыанын  көрдөрүөхтээх. Интэриниэти даҕаны арыйа баттаатахха, вейпинг содулун туһунан элбэх иһитиннэриини булуохха сөп. Холобур, бэрт соторутааҕыта Амур уобалаһыгар эрдэҕэс оҕо вейпинг содулуттан өлбүтэ.

Оҕону кэмигэр таптыахха, кэмигэр мөҕүөххэ наада. Биллэн турар, барытын бобо сырыттахпытына оҕо баҕарбатар даҕаны боруобалыа, амтаһыйыа, ылларыа. Аныгы кэм оҕолоро сүрдээх уйаннар. Төрөппүт оҕотун санаатын кэмигэр истиэхтээх уонна биир-бииргэ олорон кэпсэтиэхтээх.

Сурук ааптарыгар тугу сүбэлиигит?

Ыксаабакка, ыгылыйбакка, аймаммакка, уһуну-киэҥи толкуйдаан, киэҥ көҕүстэнэн сылдьара сөп. Бириэмэни халтайга ыыппакка, төрөппүтэ тугу сүбэлиирин истиэ этэ. Күөмэйэ, тыҥата ыалдьар буоллаҕына, тута бырааска көрдөрөрө, консультация ылара ордук. Вейп содула боростуой табахтааҕар олус улахан. Доруобуйаҕын харыстаа.

Мария Борисовна Саввина, Өрөспүүбүлүкэ-тээҕи клиническэй балыыһа  терапевт, пульмонолог бырааһа:

– Табах тыҥаҕа улахан буортулааҕын бары билэргит буолуо. Электроннай табах боростуой табахтааҕар доруобуйаҕа өссө улахан охсууну оҥорор. Тоҕо диэтэххэ тыҥаҕа аэрозоллар киирэллэр. Вейп араас амтаннаах, сыттаах буолар. Ол нөҥүө химическэй веществолары аһардар, ол дозата боростуой табахтааҕар уон төгүл да улахан буолуон сөп. Диацетил (2,3-бутандион, диметилглиоксаль) диэн вещество тыҥаҕа киирэн, олохсуйан хаалар ыарыыга кубулуйуон сөп. Киһи тыҥатыгар альвеолалар диэннэр бааллар. Бу баларга диацетил сүһүрдүүнү үөскэтэр, иһэн тахсар, киһи тыынара да ыарыыр. Оннооҕор бронхиальнай астмаҕа да кубулутуон сөп.

Табахтыыр киһи ордук бронхиолитынан ыалдьар. Бу ыарыы тыҥа кыра бронхаларын алдьатар, сүһүрдүүнү үөскэтэр (альвеолаларга химическэй элэмиэннэр дьайдахтарына). Кэнники киһи аҕылыы, сөтөллө сылдьар буолуон сөп.

Электроннай табах састаабыгар баар химическэй холбоһуктар киһи иммунитетын мөлтөтөллөр. Ол иһин кыратык да тымныйдахха, бронхиттыахха эбэтэр кэнники тыҥа ыарыһах буолуохха сөп.

Күөмэйгэ, харахха, туох баар салыҥнаах бүрүөлэргэ (слизистые оболочки) эмиэ дьайыылары оҥорор. Табахха баар никотин тымырдары кыаратар. Тымыр кыараатаҕына киһи сүрүн уорганнарыгар хаан тиийбэт буолан, өйүн да сүтэриэн, сүрэҕигэр охсуу ылан, приступтуон сөп. Статитистика көрдөрөрүнэн, дьон “Хроническая обструктивная болезнь легких” (ХОБЛ) диагноһынан ыалдьаллара элбэх. Бу маннык түгэҥҥэ туох даҕаны көмөлөспөт, дьон ингалятор эрэ көмөтүнэн сылдьаллар, бүтэр уһугар кислороднай көмөтө суох бэйэлэрэ тыыммат буолан хаалыахтарын сөп.

Вейп табах өлүүскэлэрэ кыра буолан киһи бронхатыгар түргэнник киирэллэр. Ордук тыҥа ис тутулун, наадалаах килиэккэлэрин алдьаталлар. Бу саамай кутталлаах. Өлүүскэлэрэ кыра буолан, тыҥаҕа чэпчэкитик баар буолан хаалаллар, олохсуйан стенкаларын алдьаталлар. Маны таһынан сыт, амтан таһаарааччылар истэригэр никотин улахан дозатын куталлар.

Киһи бэйэтин харыстаныахтаах, таптыахтаах. Кырдьар сааскар ингалятор көмөтүнэн сылдьыаххын уонна орон-тэллэх киһитэ буолуоххун баҕарбат буоллаххына, электроннай табахтан аккаастан, ордук эдэр дьоҥҥо туһаайан этэбин.

Аны туран, электроннай табаҕынан үлүһүйэр хат дьахтар оҕото сайдыбат. Оҕо мэйиитэ, уорганнара сайдар кэмигэр кислород тиийбэккэ, оҕоҕо гипоксия үөскүүр. Мантан сылтаан уорганнара бэйэлэрин функцияларын сыыйа сүтэрэллэр. Уорган уларыйар түгэнигэр хайа да быраас, күүстээх медицина көннөрөр кыаҕа суох.

«Капля никотина убивает лошадь» диэн этиини бары билэргит буолуо. Вейптэн, айкостан сылтаан өссө атеросклероз, инсульт, инфаркт курдук ыарыылар күөрэйэн тахсаллар.

Хас биирдии киһи доруобуйата – бэйэтин илиитигэр!

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Биэнсийэлээхтэргэ туох көмө баарый?
Сонуннар | 09.11.2024 | 10:00
Биэнсийэлээхтэргэ туох көмө баарый?
Быйылгыттан 100 сааһын туолбут ытык кырдьаҕастарга 1 мөл. солк. харчы төлөнөр буолбута. Биэнсийэлээхтэргэ өрөспүүбүлүкэ уонна дойду таһымнаах өссө ханнык өйөбүллэр баалларый?   Үлэ бэтэрээннэригэр Үлэ бэтэрээннэригэр, 55 саастарын туолбут эр дьоҥҥо уонна 50 саастарын туолбут дьахталларга, социальнай өйөбүл тугу үлэлээбиттэриттэн тутулуга суох көрүллүөхтээх.   Биэнсийэҕэ эбии 1226 солк. төлөнөр, сайабылыанньаҕытын МФЦ-га эбэтэр...
Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Дьон | 21.11.2024 | 12:00
Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Суруналыыс кэпсэтэр киһитин кытта кини олоҕун, үөрүүтүн, үлэтин-хамнаһын, кыһалҕатын тэҥинэн үллэстэр. Оннук эрэ сүрэҕэр чугастык ылынан суруйдаҕына, ааҕааччыга тиийэр ыстатыйа тахсар. Мин Александрдыын кэпсэтэрбэр, чэчэгэйим кэйиэлээн, төбөм ыараан да ылбыта, сотору атаҕын быстарын кэпсиир, ону хайдах эрэ тулуйан истибит киһи дии олорбутум. Хараҕым уута да сүүрэрэ, күөмэйбин туох эрэ кэлэн...
Тулагыга «Икки булчут» скульптура баар буолла
Сонуннар | 12.11.2024 | 17:14
Тулагыга «Икки булчут» скульптура баар буолла
Баай Байанай ыйыгар түбэһиннэрэн, сэтинньи 9 күнүгэр Тулагы Киллэм нэһилиэгэр «Икки булчут» пааматынньык үөрүүлээх арыллыытын Тулагы оскуолатын үөрэнээччилэрэ киинэҕэ устаннар, сурукка тиһэннэр, нэһилиэк биир бэлиэ түгэнин үйэтиттилэр. Муниципальнай хантараак чэрчитинэн боруонсаттан кутуллубут скульптурнай композиция ааптарынан Арассыыйа худуоһунньуктарын сойууһун чилиэнэ Роман Викторович Босов буолар. Композицияҕа уончалаах уолчаан убайын таҥаһын кэтэн, бобуччу...
Кэлэр нэдиэлэттэн, сэтинньи 18 күнүттэн, куорат оптуобустара саҥардыллыбыт схеманан айанныахтара
Сонуннар | 14.11.2024 | 14:28
Кэлэр нэдиэлэттэн, сэтинньи 18 күнүттэн, куорат оптуобустара саҥардыллыбыт схеманан айанныахтара
Сэтинньи 18 күнүттэн куорат уопсастыбаннай тырааныспарын ситимин уларытыы бырайыагын маҥнайгы түһүмэҕин быһыытынан бастакынан 2, 4, 5, 6, 7, 14, 16, 19, 35 №№-дээх оптуобустар саҥардыллыбыт схеманан айаннаан саҕалыахтара. Быйылгыттан маны кытта икки урут суох, саҥа маршрут киирдэ – 11 №-дээх уонна 12 №-дээх. Санатар буоллахха, 11 №-дээх маршрут алтынньы 14...