01.06.2023 | 14:00

Буойуннарбытынан киэн туттабын

Ураты киһини кытта билистим, кэпсэттим. Иван Маркович Гурьев – пограничник, полковник, элбэх байыаннай дьайыыларга сылдьыбыт, эр киһилии судургу, көнө, быһаччы. Атын сэһэргэһэр дьонум курдук буолбатах, этэргэ дылы, барыта “честь по чести” уонна “конкретнай” кэпсэтии таҕыста.
Буойуннарбытынан киэн туттабын
Ааптар: Наталья Кычкина
Бөлөххө киир

1971 сыллаахха Чурапчы спортивнай оскуолатын бүтэрбитим, өбүгэлэрим бары төрүт уус чурапчылар. Төрөөбүт сирим Кэбээйи Кэбээйитэ. Убайдаах этим, балтылаах этим, билигин суохтар, ийэбин алталаахпар көрбүппүн өйдүүбүн, уонна суох, ыалдьан өлбүтэ. Томпоҕо детдомҥа иитиллибитим, онтон – Чурапчы оскуола- интэринээтэ, онон судаарыстыба ииппит оҕотобун. Ол иһин “кто против государства – все мои враги” диибин.

Спортивнай оскуолаҕа Чурапчыга Дмитрий Петрович Коркиҥҥа көҥүл тустууга эрчиллибитим да, мөлтөх тустуук этим. Онон чэпчэки атлетиканан, волейболунан, баскетболунан дьарыктаммытым, атах оонньуутугар 1971 сыллаахха Манчаарыга бастаан турабын.

Кыра кылаастарга күлүгээн, бандьыыт этиҥ диэн бииргэ үөрэммит оҕолорум этэллэр. Кырдьык, үөрэхпэр мөлтөхпүн, куһаҕаннык үөрэнэбин, наар кутуйахтаан тахсабын, дьон кууруссаларын уоран сиибин. Улахан кылаастарга дьэ өйбүн туппутум. Комсомольскай тэрилтэ сэкирэтээринэбин, хаартыскаҕа түһэриинэн дьарыктанабын, истиэнэ хаһыатыгар уруһуйдуубун. Физика, математика олимпиадаларыгар барытыгар кыттарым. Учууталларым мин үчүгэйбин эрэ кэпсииллэр, оттон бииргэ үөрэммит кыргыттарым мөҕөллөрө-этэллэрэ үгүс, былдьаабытым, баттахтарыттан таппытым элбэх буолуо ээ. Бэйэм наар мөҕүллэрбин өйдүүбүн.

Нууччалыы кэпсээннэри суруйабын, олохпун-дьаһахпын, сырыыларбын киллэрэбин. Онно 30 бырыһыаннара учууталлар уонна иитээччилэрим, тренердэрим тустарынан, кинилэргэ махталбын барытын онно этэбин. 

***

Оскуолабын бүтэрээт 1971 сыллаахха Ийэ дойдубун көмүскүү, ытык иэспин толоро аармыйаҕа барбытым. Казахстаҥҥа, Алма-Атаҕа пограничнай чааска сулууспалаабытым. Онтон түөрт сыллаах үрдүк үөрэххэ киирбитим, үчүгэй саллааттары офицер оҥороору ыыталлара, “Алмаатинское высшее командное пограничное училище” диэн. Лейтенант буолан бүтэрбитим. Онтон Забайкальеҕа застава начаалынньыга буолбутум, штаб старшай офицера, ол кэннэ Москваҕа Фрунзе аатынан байыаннай академияҕа үөрэммитим. Таджикистан, Афганистан, Киргизия, Мурманск, Северный Кавказ – сулууспалаабыт сирдэрим, байыаннай дьайыыларга да сылдьыбытым.

Онон саллааттан саҕалаан сержант, полковник, застава начаалынньыга, пограничнай дивизия начаалынньыга, Закавказье уокуругун хамандыырын солбуйааччыта буола үүммүтүм. Бу эттэххэ дөбөҥ гынан баран, хас биирдии саллаат маннык үүнэрэ, үрдүүрэ улахан сыраттан, элбэх үөрэхтэн, үлэттэн, хара көлөһүнтэн тахсар.

Спорду өрө тутабын, сүрүн дьарыктаммыт көрүҥнэрим самбо, илиинэн киирсии (рукопашный бой), ытыы уонна байыаннай троеборье. Манна барытыгар спорт маастарыгар кандидаппын.

Уолум эмиэ пограничник, полковник, уол сиэннэр эмиэ биһиги систиэмэбитинэн бэлэмнэнэллэр, онон династия салҕаныа диэн эрэнэбин.

***

1969 сыллар бүтүүлэригэр Сэбиэскэй Сойуус уонна Кытай  иирсээнэ буолбута. Даманскай арыыга сэрии бөҕөтө турбута, байыаннай быһыы-майгы сытыырхайбыта. Онуоха сахалары үчүгэй снайпердар диэн ыыталаабыттара. Ол иннинэ Воркутаҕа сулууспалыыллар этэ. Биһигини снайперынан Казахстаҥҥа илдьэ барбыттара, Уйбаан Андросов, Иван Шишигин, Василий Сидоров (Баата Ыстаан), аммалар, хаҥаластар, уус алданнар элбэх буолан тиийбиппит. Жайсан диэн куоракка Казахстан сиригэр сылдьыбыппыт. Биир да снайперы кыайан бэлэмнээбэтэхтэрэ, тоҕо диэтэххэ уолаттар атын “оҥоһуулаах” буолан биэрбиттэрэ. Ким худуоһунньук, спортсмен, ырыаһыттар да бааллара, ол иһин бары связист буолбуттара. Арай миигин, ыллаабат, уруһуйдаабат киһини, үөрэтэ ылбыттара.

***

Билигин ДЮСШ-5 тренердиибин, буулдьанан ытыыга оҕолору сэттис сылбын дьарыктыыбын. Уолаттар да, кыргыттар да сылдьаллар. 7-с кылаастан, 13 саастарыттан миэхэ эрчиллэллэр. Оҕону иитии, биллэн турар, барыта төрөппүттэртэн тутулуктаах. Ийэлээх аҕалаах оҕолор, тулаайахтар, элбэх бииргэ төрөөбүттэр аҥаардас ийэлэр оҕолоруттан олох атыттар. Дэриэбинэлэригэр оттоһон кэлэр, аҕаларын кытта бултаһар оҕолор эмиэ атыттар. Оттон аҥаардас ийэ ииппит оҕолоро наһаа атаахтар, эт-хаан өттүнэн мөлтөхтөр, ноҕоруускаалары гыннахха, куттаналлар, дьарыктарын көтүтэллэр, устунан быраҕан кэбиһэллэр.

Миэхэ дьарыктаммыт оҕолор өрөспүүбүлүкэҕэ, Уһук Илин региоҥҥа, Арассыыйаҕа кытары чөмпүйүөннүүллэр, миэстэлэспиттэр да бааллар. Нэдиэлэҕэ 5-6-та дьарыктаналлар, элбэх оҕо билигин ис дьыала уорганнарыгар үлэлиир, аармыйаҕа баран идэлэринэн старшайдыы сылдьаллар, СВОҕа снайпердар эмиэ бааллар.

Куһаҕан оҕо диэн суох, куһаҕан тренер, төрөппүт, учуутал диэн баар, оҕо барыта биир тэҥ.

Спорт бу көрүҥэ киһи майгытын-сигилитин бөҕөргөтөр, кытаанах характеры оҥорон таһаарар, олох атын оҕолор буолаллар, бэйэлэригэр эрэллээх, диссипилиинэлээх. Духуобунай, ис култууралаах буолаллар, тоҕо диэтэххэ манна ытан эрэ тахсыбаппыт, туохха барытыгар үөрэтэбит: саахымат, дуобат, хомус, гитара, ырыа, улахан дьону кытта дьарыктаналлар, күрэхтэһиигэ сылдьаллар, судьуйалыыллар. Саамай кылаабынайа, бэйэҕэ эрэллээх буолууну таһынан дойдуларыгар бэриниилээх патриот буолаллар, инники идэлэрин ылыыга көмөлөһөбүт. Бастаан Саха сирин картатын билбэт, дойдуларын да булбат оҕолор кэлэллэр, ону барытын историятыттан саҕалаан үөрэтэн, кэпсээн, тиэрдэн, кэлин интэриэһиргээн ыйыт да ыйыт буолаллар, биир тылынан эттэххэ, төрөөбүт дойдуларыгар тапталы, бэриниилээх буолууну иҥэрэбит.

Секцияҕа суруйтаран кэлэллэр, босхо сылдьаллар. Сайын секциябыт тохтообот, тир хаһан баҕарар аһаҕас, үлэ бөҕөтүн үлэлиибит. Икки-үс чаас үлэлээн, сибэккилэргэ уу кутан бардахтарына да туох куһаҕаннаах үһү, мээнэ сытыахтарынааҕар. Бары графиктаахтар, тутуһаллар, кэлбэт буоллахтарына, эрийэллэр. Төрөппүт оҕотун кытта тэҥҥэ үлэлиэхтээх, хас биирдии төрөппүт эмиэ тренер, оччоҕо эрэ оҕоҕо үчүгэй түмүк ситиһиллэр.

***

Табаарыс дьокутааттар, салайааччылар бырагыраама оҥоруохтарын наада. Анатолий Бурнашев оскуолатын пропагандалыахха наада, “Айыы кыһата” оскуола бырагыраамата эмиэ оһуобай үчүгэй, патриотизмы киллэрдиннэр, биһиги элбэҕи сүбэлиэхпитин сөп. Оҕону кыра эрдэҕиттэн патриот, дойдутун таптыыр, бэриниилээх буолар гына иитэр инниттэн оробуочай бөлөх тэрийэн үчүгэй бырагыраама оҥоһуллуохтаах. Соҕуруулар киэннэрэ сүрдээх мөлтөх, бэйэбит сахалыыны киллэриэхтээхпит. Сахалар култуура, спорт өттүгэр наһаа күүстээхтэр, барытыгар үчүгэйдэр, салгыы баралларын, үөһэ тахсалларын, аан дойдуга сахалары ытыктыылларын курдук. СВОҕа сылдьар уолаттартан ким да дойдутун түһэн, таҥнаран биэрбэтэ. Арай биир, дойдутун эппэппин, таҥнарыахсыт баар, сахалар кэпсэтэллэрин тылбаастаан биэрэр диэн уолаттар кэпсииллэр. Итинник таҥнарыахсыттар Аҕа дойду сэриитин историятыгар, атын да сэриилэргэ: Корея, Вьетнам, Афганистан, Ангола, Таджикистан буоллун, суохтара. Ити бастакы  таҥнарыахсыт көһүннэ. Дьонноругар, биллэн турар, куһаҕан буолуо. Харчы диэки охтон хаалбыт дуу, сахаларга былыр-былыргыттан итинник диэн суох ээ.

Уолаттар адьас маладьыастар, туох да диэн этэр кыаҕым суох, хас да киһи миэхэ кэлэ сылдьыбыта, снайпердар сүбэ-ама ылбыттара.

Кимтэн да, туохтан да куттанымаҥ, ханнык да түгэҥҥэ ыһыктынымаҥ, чуоргутун сүтэримэҥ диибин. Билиҥҥи балаһыанньа олох атын, үөһэттэн дронунан ыталлар, артиллерия ыраахтан көтөн кэлэр, урукку сэриилэр буолбатах, ол иһин олох чуҥнук сылдьыахха наада.

Киһи сылайар, уйулҕаҥ да алдьанар. Бэйэ-бэйэлэрин өйөһүөхтэрин наада, онно 20 саастарыттан саҕалаан 50-нарын ааспыт дьон бааллар. Уолаттар аҕаларын кытта бииргэ сылдьар курдуктар. Саастаахтар эдэрдэри сэнээбэтиннэр, уолаттарын көрө, хараанныы сырыттыннар. Аҕа дойду сэриитигэр сахалар бары бииргэ суулаһан, сүбэлэһэн, санааларын атастаһан, биир сомоҕо этилэрэ. Уонна, саамай кылаабынайа, диссипилиинэ наада.

Мобилизованнайдар билигин дьэ уопутурдахтара дии, маладьыастар, хорсун быһыыларын истэ-истэ, сороҕор салла да саныыбын. Мэҥэ уола таанканан киирэн саайталыырын, хас да таанканы суулларбытын иһиттигит ини. Танкиһыҥ эмиэ снайпер ээ. Мээнэ ыттаххына ол тимир сэби хотуппаккын. Уолаттар ханна кэбирэх миэстэтин билэллэр, олох дьиҥнээх буойуннар. Мындырдар, барытын толкуйдууллар. Булчут хааннаахтара адьас көмөлөһөр.

Урут бултуу барар этим, улахан тойон курдук аатыраммын мээнэ хайаларга эҥин хаамтарбаттар, асчытынан хааллараллар, аһыналлар, сынньаннын диэн. Кинилэри кытта хайа устун сатаан бииргэ сылдьыбаппын, кинилэр хаамалларын кыайан хаампаппын, дьиҥэр, спортсмен эрээрибин, миигин соһон кэбиһэллэр, эрчиллиилээх бөҕө буоллаҕым дии. Мээнэ дьону булчуттар илдьэ барбаттар ээ, бэйэлэрэ хамаандалаахтар. Итинтэн да көстөр, биһиги уолаттарбыт булчуттар, сонордьуттар, мындырдар, онтулара ити туһалыы сырыттаҕа. Сахалар хааннарыгар баар, Аҕа дойду сэриитигэр эһэлэрбит, аҕаларбыт хайдахтаах курдук чиэстээхтик ийэ дойдуларын көмүскээбиттэрэй? Хаста да араас ханаалларга истэн турабын, сахалары хайаан да этэн, хайҕаан ааһалларын.

***

Ыам ыйын 28 күнүгэр Пограничник күнүн бэлиэтээтибит. Онон, кыратык хойутаан да буоллар бойобуой доҕотторбун, пограничнай сулууспа офицердарын ааттарын ааттаан туран эҕэрдэлиэхпин баҕарабын: Усементай Николаевич Алексеевы, Афганистан дьоруойун, Сергей Александрович Никоновы, Виктор Федорович Сивцевы, таможняҕа үлэлээбитэ. Барыларыгар кытаанах доруобуйаны, энчирээбэт эрчими, уостубат уйгуну баҕарабын. Саха сиригэр бу күн араас улуустарга Намҥа, Мэҥэ Хаҥаласка буоллун бары мусталлар, пограничниктар элбэхпит, манна куораттар эмиэ бу күнү үгэс быһыытынан чиэстээхтик ыллыбыт.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Биэнсийэлээхтэргэ туох көмө баарый?
Сонуннар | 09.11.2024 | 10:00
Биэнсийэлээхтэргэ туох көмө баарый?
Быйылгыттан 100 сааһын туолбут ытык кырдьаҕастарга 1 мөл. солк. харчы төлөнөр буолбута. Биэнсийэлээхтэргэ өрөспүүбүлүкэ уонна дойду таһымнаах өссө ханнык өйөбүллэр баалларый?   Үлэ бэтэрээннэригэр Үлэ бэтэрээннэригэр, 55 саастарын туолбут эр дьоҥҥо уонна 50 саастарын туолбут дьахталларга, социальнай өйөбүл тугу үлэлээбиттэриттэн тутулуга суох көрүллүөхтээх.   Биэнсийэҕэ эбии 1226 солк. төлөнөр, сайабылыанньаҕытын МФЦ-га эбэтэр...
Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Дьон | 21.11.2024 | 12:00
Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Суруналыыс кэпсэтэр киһитин кытта кини олоҕун, үөрүүтүн, үлэтин-хамнаһын, кыһалҕатын тэҥинэн үллэстэр. Оннук эрэ сүрэҕэр чугастык ылынан суруйдаҕына, ааҕааччыга тиийэр ыстатыйа тахсар. Мин Александрдыын кэпсэтэрбэр, чэчэгэйим кэйиэлээн, төбөм ыараан да ылбыта, сотору атаҕын быстарын кэпсиир, ону хайдах эрэ тулуйан истибит киһи дии олорбутум. Хараҕым уута да сүүрэрэ, күөмэйбин туох эрэ кэлэн...
Тулагыга «Икки булчут» скульптура баар буолла
Сонуннар | 12.11.2024 | 17:14
Тулагыга «Икки булчут» скульптура баар буолла
Баай Байанай ыйыгар түбэһиннэрэн, сэтинньи 9 күнүгэр Тулагы Киллэм нэһилиэгэр «Икки булчут» пааматынньык үөрүүлээх арыллыытын Тулагы оскуолатын үөрэнээччилэрэ киинэҕэ устаннар, сурукка тиһэннэр, нэһилиэк биир бэлиэ түгэнин үйэтиттилэр. Муниципальнай хантараак чэрчитинэн боруонсаттан кутуллубут скульптурнай композиция ааптарынан Арассыыйа худуоһунньуктарын сойууһун чилиэнэ Роман Викторович Босов буолар. Композицияҕа уончалаах уолчаан убайын таҥаһын кэтэн, бобуччу...
Кэлэр нэдиэлэттэн, сэтинньи 18 күнүттэн, куорат оптуобустара саҥардыллыбыт схеманан айанныахтара
Сонуннар | 14.11.2024 | 14:28
Кэлэр нэдиэлэттэн, сэтинньи 18 күнүттэн, куорат оптуобустара саҥардыллыбыт схеманан айанныахтара
Сэтинньи 18 күнүттэн куорат уопсастыбаннай тырааныспарын ситимин уларытыы бырайыагын маҥнайгы түһүмэҕин быһыытынан бастакынан 2, 4, 5, 6, 7, 14, 16, 19, 35 №№-дээх оптуобустар саҥардыллыбыт схеманан айаннаан саҕалыахтара. Быйылгыттан маны кытта икки урут суох, саҥа маршрут киирдэ – 11 №-дээх уонна 12 №-дээх. Санатар буоллахха, 11 №-дээх маршрут алтынньы 14...