22.02.2022 | 20:00 | Просмотров: 2624

Булчут ыты хайдах быһаарыахха сөбүй?

Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Тайах ордук үрүҥ-хара эриэн дьүһүннээх ыкка тохтуур.

Булчут ыт кус уҥуоҕун сиэбэт, эһэ этин сиир, куттас ыт эһэ этин сиэбэт.

Эккэ ыт булчута суох буолар.

Киһини батыһа сылдьар ыт – мөлтөх ыт.

Улахан саҥалаах ыт – тайахха ордук.

Тот ыт кыайан бултаабат. Ыты күҥҥэ биирдэ-иккитэ аһатыллар.

Ыты 3 сааһыгар аттыыллар. Аттаммыт ыт 13-14 сыл устата бултуур, уһуннук олорор, оттон атыыр ыт булка 10 сыл сылдьар.

Ыты булка уһуйарга моҕотойу, тииҥи, андаатары өлөрөн, тириитин сүлэн баран этин эрэ биэриллэр.

Булчут ыты ыты кытта охсуһуннарбаттар, оҕоҕо үлбүрүттэрбэттэр.

 

Ыты үөрэтии

Кыылга илдьиэх иннинэ араас хамаанда тылы истэргэ үөрэтиллэр. Ыты үөрэтиигэ кылаабынайа – истигэн буолуутун ситиһии. Күргүйдээн, тэбэн-охсон буолбатах, кытаанахтык ирдииргин биллэрэн туран, эйэҕэстик сыһыаннаһан. Хамаанда тыллара чопчу кылгас, дорҕоонноох буолуохтаахтар. Ыт оҕотун 2-3 ыйыттан хамаанданы истэргэ үөрэтэн барыҥ. Бу кэмигэр кини тулалыыр эйгэни өйдүүр, аатын билэр, тылы истэр дьоҕурданар. Лаайканы үөрэтии сүрүн ньымата – кырдьаҕас ыты үтүгүннэрии. Бу ньыма үөрэтии болдьоҕун биллэрдик сарбыйар, ол эрэн эдэр лаайка кырдьаҕастан ол-бу куһаҕан майгытын ылыныан сөп. Соҕотохтуу үөрэттэххэ, бэйэтэ өйүттэн булугас буола улаатар, туһааннаах кыылыгар үчүгэйдик үлэлиир.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Егор Слепцов: "Хейтердэртэн иммунитеттаах киһибин"
Дьон | 02.09.2026 | 18:30
Егор Слепцов: "Хейтердэртэн иммунитеттаах киһибин"
Егор Слепцов 100-чэкэ киһилээх Орто Дойду диэн Муома улууһугар баар кыра бөһүөлэктэн төрүттээх.
Сибэккилээн бүппүт бархатцыны туһаҕа таһаарар 8 ньыма
Сонуннар | 02.09.2026 | 16:00
Сибэккилээн бүппүт бархатцыны туһаҕа таһаарар 8 ньыма
Бу сибэккини Саха сирин олохтоохторо сайын аайы сөбүлээн үүннэрэбит. Ол эрээри күһүн үгүстэр үргээн ылан, бөххө утаараллар. Оттон уопуттаах оҕуруотчуттар тугун да бырахпаттар – туһатын бэркэ билэн эрдэхтэрэ.
Сулустар тугу кэпсииллэр: атырдьах ыйын 31 – балаҕан ыйын 6 күннэрэ
Сонуннар | 31.08.2026 | 13:50
Сулустар тугу кэпсииллэр: атырдьах ыйын 31 – балаҕан ыйын 6 күннэрэ
Бараан Нэдиэлэ саҕаланыыта олус тыҥааһыннаах, онон тулуурдаах буол, быһаччы дьайыылары оҥорума. Ханнык да түгэҥҥэ санааҕын түһэримэ. Чэппиэргэ үлэҕэр үтүө уларыйыылар буолуохтарын сөп. Саҥарыаҥ иннинэ толкуйдаа, аны иирсээн тахсыа диэн сулустар сэрэтэллэр. Өрөбүллэргэ өйдүүн-санаалыын сынньан, күүстэ-сэниэтэ мунньун.   Оҕусчаан Санаа түһүүтүттэн босхолон. Бу нэдиэлэҕэ идиэйэлэргин тута ылымматаллар даҕаны, хас биирдии көҕүлээбит этииҥ...
“ФЕРМА КЫРГЫТТАРА” ырыа быйыл 45 сааһын туолла
Дьон | 31.08.2026 | 19:00
“ФЕРМА КЫРГЫТТАРА” ырыа быйыл 45 сааһын туолла
Сэмэн Данилов тылларыгар, Иван Иванов матыыбыгар “Ферма кыргыттара” хит буолбут ырыа быйыл 45 сааһын туолла.