21.04.2024 | 14:00

Булчут сиэрэ-туома

Булчут сиэрэ-туома
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Көнө майгылаах, үөрүнньэҥ, сайаҕас, сайдам киһи үтүө булчут буолар. Булчут киһи бэйэтин туһунан мээнэ кэпсэммэт, киһиргэммэт. Сир-дойду, көтөр-сүүрэр туһунан айахха киирбиччэ мээнэ тылласпат. Ол эрээри сылбырҕа, мүччүргэннээх кэмҥэ уолуйбат, киэҥ, холку көҕүстээх, наада буоллаҕына быһаарыныылаах, күүстээх-уохтаах, сырыыны-айаны тулуйар, хорсун, эр санаалаах буолар.

Булчут тыаҕа сылдьарыгар сиэри-туому тутуһуохтаах, өбүгэлэр олохтообут үтүө үгэстэрин кэһиэ суохтаах.

Булчут бэйэтин эрэ иннин көрүнэрэ сатаммат. Булт кэнэҕэһин даҕаны үөскүү-төрүү турарыгар кыһаныахтаах. Чугас аймаҕыҥ өлбүт буоллаҕына, бултууруҥ, киһиҥ түөрт уон хонуктаах ахтыыта ааһыар диэри, тохтуохтаах.

Бултуу сылдьан өрүсүһүү, атын киһиэхэ туһаайыллыбыт булду эккирэтэр сатаммат. Оччоҕо булдуҥ хаҥнар, көтөр-сүүрэр эйигиттэн тэйэр.

Булчут өлөрбүт, бултаабыт булдун хайаан даҕаны туһаныахтаах, сытытыа-ымытыа суохтаах. Ол иһин чугастааҕы ыалларыгар бэрсиэхтээх, үллэстэн сиэхтээх.

Атын булчут сэбигэр-сэбиргэлигэр (туһаҕар, сохсотугар, туутугар, илимигэр) киирбит булду ыйытыыта, көҥүлэ суох ылыа суохтаах.

Улахан булка (эһэҕэ, тайахха о.д.а.) сылдьар булчут куобаҕы, мас көтөрүн уо.д.а. бытархай булду көрдөҕүнэ да бултаспат, көннөрү айаҕар сөп буолар гына бултуон сөп.

Күөстэнэргэ Баай Байанайтан көрдөһөн уокка ас бэриллэр. Онуоха маннык алгыс этиллэр:

Баай хара тыам иччитэ

Баай Барыылаах тойон!

Тоҥмот тобук сыалаахта,

Бүөрбэт бүтэй сыалаахта

Суолбутугар тосхойон кулу,

Аартыкпытыгар атааран кулу.

Аһаан-сиэн чалларый!

Күлүм аллан мичилий!

Идэтийбит булчуттар сирдэригэр, олохсуйар отууларыгар, кыстыыр үүтээннэригэр тиийдэхтэринэ, аал уоттарын оттон, чаанньыктарын өрүнэн, күөс буһарынан, остуол тардан олорон субу курдук алгыыллара:

Үрүйэлэр, үрэхтэр

Үтүө иччилэрэ,

Хара тыалар

Хаарыаннаах иччилэрэ,

Иэччэхтээх бэйэм

Имиллэн олорон,

Аал уотунан айахтаан

Аһаттаҕым буоллун!

(Ас биэрэр)

Кутаа уотунан куолайдаан

Иһэттэҕим буоллун!

(Кымыс кутар)

Истибэт да буолларгыт

Истэ сэҥээриҥ,

Көрбөт да буолларгыт

Көрөр курдук буолуҥ!

Хара тыабар

Хаамар ыллыктааҥ!

Салыҥнаах ытыстааҥ!

“Булчут кинигэтэ”,  “Бичик”,  2017 с.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Турист:  «Эдэрдэр олохтон барыыларын көрөр ыарахан»
Дьон | 03.05.2024 | 17:30
Турист: «Эдэрдэр олохтон барыыларын көрөр ыарахан»
Кинини кытта кэпсэтэн баран хайдах эрэ маннык байыастар, буойуннар биһигини көмүскүү сылдьалларыттан дойдубар, сарсыҥҥыбар, хас бииирдии күммэр эрэллээх эбиппин диэн санаатым. Кини ыйытыыларбар байыаннайдыы чопчу хоруйдары биэрэр, уһун-киэҥ толкуйдаах, чиэһинэй, дойдутугар чахчы бэриниилээх, күһэйиинэн буолбакка, харса суох баҕаран туран сылдьар хорсун буойун.   — Дорообо, эйигин буойун буолан ананан төрөөбүт киһи...
Лидия Бурнашева:  «Кыайыы ыһыаҕар сылдьыбыппын умнубаппын»
Дьон | 03.05.2024 | 10:00
Лидия Бурнашева: «Кыайыы ыһыаҕар сылдьыбыппын умнубаппын»
Арассыыйаҕа Дьиэ кэргэн сылынан, Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр Оҕо аймах сылынан,  кэлэн иһэр Кыайыы күнүнэн бүгүн 12 оҕону төрөтөн киһи-хара оҥортообут Лөгөй нэһилиэгин олохтооҕо Лидия Николаевна Бурнашевалыын кэпсэттим.   Биһиги оҕо эрдэхпитинэ төрөппүттэрбит ыалларбытын кытта наһаа эйэлээх этилэрэ. Оччотооҕу ыаллар элбэх оҕолоохтор, бэйэ-бэйэлэригэр көмөлөсүһэллэр, ылсаллар-бэрсэллэр. Ол үгэс биһиги сайын дойдубутугар таҕыстахпытына сиэннэрбитигэр, оҕолорбутугар...
Элбэх оҕолоохторго эбии социальнай өйөбүллэр туһунан ыйаах баттанна
Сонуннар | 01.05.2024 | 08:29
Элбэх оҕолоохторго эбии социальнай өйөбүллэр туһунан ыйаах баттанна
Ил Дархан Айсен Николаев 2024 сыл балаҕан ыйын 1 күнүттэн олоххо киирэр элбэх оҕолонууну өйүүр эбии социальнай өйөбүллэр туһунан ыйааҕы баттаата.  Саҥа сокуонунан, Саха сиригэр олохтоох элбэх оҕолоох ыаллар олорор дьиэҕэ уонна хомунаалынай өҥө иһин олохтоммут төлөбүр 30%-тан итэҕэһэ суох чэпчэтиини ылар бырааптаахтар. Оҕолор саастарыттан уонна дьиэ кэргэн дохуотуттан тутулуга...