Булчут, айылҕаҕын харыстаа, Байанайгын кэлэтимэ
Эр дьоммут барахсаттар батараантастарын иилинэн, сааларын сүгэн, өйүөлэрин-тайааларын тэринэн барар кэмнэрэ чугаһаатар чугаһаан иһэр. Ханна да сырыттаргыт, бука диэн сиэри-туому тутуһуҥ, өттүк харалаах, илии тутуурдаах кэлиҥ дуу, Баай Байанайгыт күндүлүү, маанылыы турдун, дьиэлээхтэр үөрэ-көтө атаардыннар, Ньукуолуҥҥа кус амсатаргытын бука бары тэһийбэккэ күүтүөхпүт!!!
*Булчут дьиэтигэр-уотугар сылдьан бултуу барарын дьонугар эппэт, кистиир. Кэргэнэ, оҕолоро кини хомунарыттан сэрэйэллэр, мэһэйдээбэттэр. Булчут сэбин-сэбиргэлин арыылыыр, ыраастыыр, сытын суох оҥорор, ыһаарар. Бэйэтин эмиэ ыраастанар, бултуур сэбин ханалытан ааттыыр.
• Оҕону булт сэбинэн-сэбиргэлинэн, бултаабыт булдунан хаһан да оонньоппот буолаллара. Оҕо көрөрүгэр булду сүлбэттэр, булт кэхтэр диэн ааттыыллар.
• Дьахтар булт сэбин үрдүнэн атыллыа суохтаах.
• Булчут кэргэнэ оҕоломмут кэмигэр 40 хонук устата булка тахсара көҥүллэммэт. Булчут таҥаһын үрдүгэр дьахтар таҥаһа ууруллуо суохтаах.
• Өлбүттээххэ сылдьыбыт «кирдээх» киһи булка барбат.
• Булчут бултуйан кэллэҕинэ, дьиэлээхтэр үөрэ-көтө көрсөллөрө, малааһын тэрийэллэрэ.
• Байанай дэлэй булчуту сөбүлүүр. Булчут булдуттан дьонугар, булчута суох дьоҥҥо түҥэтэр, бэрсэр.
• Булчут бултуур, түһэр-хонор сирэ-уота ыраас буоларыгар кыһаллар, атыттарга холобур буолар.
• Булчут бэйэтин эбэтэр атын да үүтээҥҥэ хонон аастаҕына, барарыгар хайаан да биирдэ оттор маһы киллэрэн бэлэмниэхтээх, испиискэ, туус, чэй, уот саһаҕата мас хаалларыахтаах.
• Булчуттар бултуур сирдэригэр-уоттарыгар улаханнык саҥарбаттар, кыыһырсыбаттар, этиспэттэр. Үөгүлүүрү, улаханнык тыаһыыры бобон, эдэр булчуттары үөрэтэн сэрэтэллэр.
• Айылҕаҕа, тыаҕа-ойуурга сылдьар киһи хаһан да кутаа уокка силлээбэт-хахтаабат, уоту биилээҕинэн, уhуктааҕынан булкуйбат.
• Булчут ааһан иһэн атын дьон хапкааныгар, туһаҕар иҥнэн баран өлбөккө эрэйдэнэ турар кыылы, көтөрү көрдөҕүнэ, тыынын салҕыыр (кырбаан өлөрүллүбэт) уонна үөһэ ыйыыр. Ол кэннэ булчутугар биллэрэр. Yөр кыылга түбэһэн баран биири да ордорбокко үөрү үөрүнэн эһэн кэбиһии – хараҥа аньыы буоларын умнубат.
• Өрүһү, күөлү, ууну харбаан иһэр, халыҥ хаарга батыллан тирэҕин булбакка турар кыыллары бултаспат.
• Булду ыhар-тоҕор, сытытар эбэтэр көҥөнөр, харыһыйар буоллахха, булт кэхтэр дииллэр. Булчуттар оччону охтордубут, баччаны бултаатыбыт диэн хаһан да кэпсэнэ сылдьыбат дьон.
Ити курдук былыр дьиҥ кыһалҕаттан бултуур саха омуга айылҕаҕа сүгүрүйэр, төрүт үгэстэри, бобуулары ытыгылыыр, аньыыны тумнар, түктэри быһыыны таһаарбакка харыстана сылдьар этэ.
КУБА кырыыстааҕынан кырыыстаах буолан баран, икки куба кэллэҕинэ, иккиэннэрин өлөрүөхтээххин. Уопсайынан, барыларын өлөрүөхтээххин – хас да кэллин. Соҕотох буоллаҕына, ыппаккын. Доҕорун өлөртөрбүт куба онтукатын аһыйан ытыыра-соҥуура истиэххэ ынырык буолар, 9 сылы быһа умнубат, онтон тохсус сылыгар кэлэн ытаан-ытаан баран доҕоро өлбүт сиригэр үөһэттэн моонньун булгу түһэн кэбиһэр, ол кэннэ бэйэҥ бараҕын.
МАС КӨТӨРҮН ойуурга уйатын көрдөххүнэ, көрө-көрө көрбөтөҕө буолуохтааххын. Мас көтөрүн уйата киһиэхэ мээнэҕэ көстүбэт эбит, дьэ онно көрөн баран саба сүүрэн тиийэн көрдөххүнэ, уйатын быраҕан баран хаалар. Барыан иннинэ оҕолорун аһыйан айманара ынырык куһаҕан буолар, оннукка түбэспит киһи уһун үйэлэммэт.
КИРГИЛ эмиэ мээнэ көтөр буолбатах, анараа дойду уола диэн ааттыыллар атыннык. Дьиэ таһыгар кэллэҕинэ, ол дьиэттэн киһи өлөр, киһи кутун-сүрүн, дууһатын ыла кэлэр эбит. Онуоха маннык гыныахтааххын: тутан ылан: «Бырастыы гын, эн бэйэҥ киирэн биэрдиҥ, мин эйигин кытта тыытыһар санаам суоҕа”,- диэн баран моонньун быһа эрийэн кэбиһэҕин, кынатыттан биир куорсуну ылан тумсугар ытыттараҕын уонна сир анныгар кистиигин.
МУУС ТУМУС диэн баар (ити куоҕастартан саамай улаханнара, хоту, муоралаах сирдэргэ, Усуйаана эҥин диэки үөскүүр) ол саамай сэрэхтээх көтөрүнэн биллэр эбит. Былыргы хотугу ойууннар, удаҕаттар үксүн Муус тумус буолан сылдьаллар дииллэр.
Онон билбэт көтөргүн ытыма, туох барыта кэмнээх-кэрдиистээх дииллэрэ чахчы. Син биир бэйэҕэр эргийэн кэлэр, бэйэҕэр кэлбэтэҕинэ, бэдэргэр кэлиэ, онон сэрэхтээх буолуҥ.