14.01.2023 | 09:00

Бу барыта — оҕо туһугар

Дьокуускай куорат Пригороднай сэлиэнньэтигэр баар 12 №-дээх муниципальнай оскуола салҕааһына бу күннэргэ үөрүүлээхтик арыллаары турар. Хаһыаппыт тохсунньу 10 күнүгэр аныгы кэм бары ирдэбилигэр толору хоруйдуур үс мэндиэмэннээх саҥа оскуоланы баран көрдө.
Бу барыта — оҕо туһугар
Ааптар: Айталина Софронова
Бөлөххө киир

Саҥа таас оскуола киэҥ-куоҥ, сып-сырдык кэбиниэттэрдээх, үүнэр көлүөнэҕэ сөптөөх аныгылыы, үрдүк таһымнаах дизайннаах, тупсаҕай көстүүлээх бырайыактаах.

 

Үөрэхтээһин сайдыытыгар — «АРКТИК КАПИТАЛ»

Оскуолаҕа уопсайа 20-25 оҕоҕо сөптөөх отучча үөрэх кэбиниэтэ тэриллибит. Санатан эттэххэ, эбийиэги тутуу үлэтэ 2021 сыл ахсынньытыгар саҕаламмыта. Тутааччынан «АРКТИК КАПИТАЛ» хампаанньа (дириэктэр, Ил Тумэн дьокутаата Матвей Николаевич Евсеев) анаммыта, бэдэрээтчит тэрилтэнэн – «ГлавСтрой» хампаанньа. Икки сыл иһигэр тутар тэрилтэ үрдүк хаачыстыбалаах сылаас, киэҥ эбийиэги олоххо киллэрдэ.

Саҥа оскуола «Үөрэхтээһин» национальнай бырайыагынан судаарыстыбаннай уонна чааһынай партнерство бырагырааматынан үбүлэнэн тутуллубут.

Тарбахха баттанар бастыҥ оскуола

Михаил Уйгуров, оскуола дириэктэрэ:

— Иллэрээ сыл ахсынньы 10 күнүгэр оскуолабыт бастакы сыбаайата түспүтэ. Ол курдук, 2018 сыллаахха оскуолаларга эбии тутуу (пристрой) бырагырааматыгар киирсэммит, үп-харчы көрүллэн, бүгүн номнуо ааммытын арыйарга бэлэм олоробут. Бу ыра санаабыт олоххо киирбитинэн Ил Дархаммыт Айсен Сергеевич Николаевка, дьокутааттарбыт Надежда Константиновна Тимофееваҕа, Антонина Анатольевна Кычкинаҕа бүтүн оскуола кэлэктиибин, оҕолор, төрөппүттэр аатыттан махтанабыт. Кинилэр кэмигэр туруорсан, «Дорожнай картаҕа» киллэрэн, биһиги Пригороднайбытыгар бу курдук бэртээхэй эбийиэк эбилиннэ, ыччаттарбыт киэҥ-куоҥ, аныгылыы дьиэҕэ үөрэнэр, сайдар кыахтаннылар. Тоҕо диэтэххэ нэһилиэнньэ кэҥиирэ, оҕо элбиирэ куорат бары уокуруктарыгар курдук биһиэхэ эмиэ бэлиэтэнэр. Холобура, 2006 сыллаахха баара-суоҕа 60-ча үөрэнээччилээх саҕалаабыт буоллахпытына, билигин 669 оҕолоох олоробут. Ол иһигэр нуучча тыллаах оҕо ахсаана оннунан турар, оттон саха тыллаах оҕо ахсаана лаппа улаатта. Итини сэргэ 15 атын омук оҕото баар. Бэлиэтээн эттэххэ, Пригороднайга, куорат бары тыа нэһилиэктэрин курдук, улуустан көһөн кэлии сыллата үксүү турар.

Оптуобус тохтобула оскуолаттан чугас дуо?

— Оптуобус тохтобула чугас, сатыы биэс мүнүүтэнэн тиийэҕин. 103 №-дээх Хатас оптуобуһа ааһар, ону тэҥэ син тэйиччи куорат 18 №-дээх уонна Табаҕа 101 №-дээх оптуобустара тохтоон ааһаллар. Итини таһынан куораттан кэлэр оҕолорбутун таһарга “ЯПАК” муниципальнай тэрилтэ анал оптуобуһу анаабыта. Оттон Гимеин уонна Сайсары оройуоннарыгар олорор оҕолорбутун оскуола оптуобуһа таһар. Бу оптуобуһунан итини сэргэ тыйаатырга, музейдарга сылдьабыт.

Билигин элбэх төрөппүт видеонаблюдение баарын ирдиир , бу өттүнэн хааччыллыы хайдаҕый?

— Хас биирдии этээскэ, кирилиэскэ камера хонтуруола турар, барыта үлэлиир. Үөрэнэр кэбиниэттэргэ билигин тура илик, ол эрээри Биир кэлим эксээмэн ыытыллар кэбиниэттэригэр ирдэбил быһыытынан булгуччу туруоҕа.

Каадырынан хааччыллыы хайдаҕый?

— Оскуола 100% каадырынан хааччыллан олорор. Учуутал орто сааһа 45. Уопуттаах учууталлар даҕаны бааллар, эдэрдэр даҕаны сөбүлээн үлэлииллэр.

Саха тылын үөрэтэҕит дуо?

— Саха тылын уруок быһыытынан биэрэбит. 2016 сыллаахха алын сүһүөххэ сахалыы тыллаах кылаастары арыйбыппыт, олорбут билигин сэттис кылааска тиийдилэр. Ону таһынан 2014 сылтан 5-11 кылааска диэри физико-математическай хайысхалаах кылаастардаахпыт. 2021 сыллаахха  «Точка роста» научнай уонна технологическай хайысхалаах үөрэх киинэ аһыллыбыта.

Сайдыы суола – олох тэтимэ

Саҥа тутуу уопсай иэнэ 5000 кв. миэтэрэттэн тахса. Икки улахан лииптээх. Бастакы этээскэ аныгылыы хабааннаах библиотекалаах, 160 миэстэлээх остолобуойдаах, медицинскэй пуун, ону таһынан лингафоннай уонна лабораторнай кэбиниэттэрдээх.

Иккис этээскэ 300 миэстэлээх туох баар тиэхиньикэнэн толору хааччыллыылаах актовай саалалаах, спортивнай саала уонна хореография кылааһа бааллар.

Үһүс этээскэ компьютернай кылаас, музыкальнай саала уонна үөрэх предметтэрин кэбиниэттэрэ баар. Наушниктан саҕалаан уустук тиэхиньикэтигэр тиийэ барыта кыстанан, орун-оннугар турар. Хас биирдии үөрэх кэбиниэтэ аныгы оборудованиенан хааччыллыбыт. Ол курдук, химия, биология, ОБЖ курдук уруоктарга үөрэххэ ирдэниллэр туһааннаах тэрил барыта баар. Үлэ уруога иистэнэр массыынатыгар тиийэ хааччыллыбыт.

Аныгы үөрэх ирдэбилэ

Оскуола киэргэтиитин, аныгы тылынан истиилин, дизайнын туһунан кэпсээбэккэ буолар сатаммат. Дизайнер Ксения Николаева, чахчы да, киинэҕэ эрэ көстөр омук дойдуларын оскуолатын курдук оҥорбута хас биирдии оҕо, төрөппүт болҕомтотун тардыаҕа, оҕолор маннык кыраһыабай, тупсаҕай оскуолаҕа, бука, сөбүлээн дьарыктаныахтара. Ол курдук, хас биирдии көрүдүөр истиэнэтэ, олорор олбоҕо барыта ураты көстүүлээх.

 

Бу курдук бары өттүнэн табыгастаах оскуолалар үөрэх хаачыстыбата өссө тупсарыгар, саҥа соруктар туруоруллалларыгар тирэх буолаллар.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Дьон | 08.12.2024 | 14:00
Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Биһиги ортобутугар араас дьылҕалаах, үлэлээх-хамнастаах, дьарыктаах дьон элбэх. Хас биирдии киһи син биир туох эрэ уратылаах, талааннаах, киһи кэрэхсиир кэпсээннээх. Биир оннук киһини кытта сэһэргэспиппин ааҕааччыларбар тиэрдиэхпин баҕарабын.   — Валентин Титович, кэпсэтиибитин билсиһииттэн саҕалыахха. — Бэйэм Сунтаартан төрүттээхпин, Хатырыкка олохсуйбутум 44 сыл буолла. Хадан нэһилиэгэр 1951 сыллаахха төрөөбүтүм. Бииргэ төрөөбүт...
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
Сонуннар | 01.12.2024 | 12:00
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
«Теща» туһунан атын омуктарга олус элбэх анекдот, көр-күлүү баар. Оттон биһиги, сахалар, күтүөт уолбутун хайдах ылынабыт, сыһыаммыт хайдаҕый, төһө тапсабытый? Өйдөспөт түгэн таҕыстаҕына, кыыскын көмүскүүгүн дуу, күтүөт диэки буолаҕын дуу? Онон бүгүн күтүөттэр туһунан кэпсэтиэххэйиҥ.   Светлана Петровна: — Мин ыал буолбутум оруобуна 40 сыл буолла. Ол эбэтэр 1984 сылга дьонум...
Ийэ буор
Сынньалаңңа | 07.12.2024 | 10:00
Ийэ буор
Гаврильева Оксана Павловна – Айсана 1963 с. Мииринэй оройуонун Ботуобуйа нэһилиэгэр күн сирин көрбүтэ. 1982 с. Н.Г. Чернышевскай аатынан Бүлүүтээҕи педагогическай училищены бүтэрбитэ, 1988 с. Дьокуускайдааҕы судаарыстыбаннай университеты бүтэрэн, нуучча тылын уонна литературатын учууталын идэтин ылбыта. Ити идэтинэн Н.Е. уонна П.Н. Самсоновтар ааттарынан Хатас орто оскуолатыгар үлэлиир. Педагогическай билим хандьыдаата,...
Өкүүчэ
Сынньалаңңа | 01.12.2024 | 16:18
Өкүүчэ
(Салгыыта, иннин “Холумтан” сыһыарыы алтынньы 10 күнүнээҕи нүөмэригэр ааҕыҥ)   Күһүҥҥү күннэр күлүгүрэн турдулар. Биир күн Ааллаах Үүнтэн убайдара Миитэрэй таһаҕас тиэйиититтэн кэлэн, эбиитин бу эрэ иннинэ аҕаларыттан сурук тутан, дьиэлээхтэр санаалара чэпчии сылдьар кэмнэрэ. Миитэрэй 20-гэр чугаһаабыт, түргэн-тарҕан туттуулаах, сытыы-хотуу харахтаах, уҥуоҕунан кыра соҕус да буоллар, дьоһуннук туттар эдэр киһи....